Куоста кинини, Надяны, хаһан, ханна көрдө этэй?!
Икки сыллааҕыта Надя саас мунньахха киирэ сырыттаҕына, алҕаска эбиэт кэмигэр остолобуойга биир остуолга түбэсиһэн аһыы олорон, эдэр дьон тоҕо эрэ бэрт дөбөҥнүк билсибиттэрэ. Өрүс уҥуоргу нэһилиэктэн сылдьар уһун кыламаннарын быыһынан барыныбары сонурҕуу көрбүт, ис киирбэх, номоҕон, эдэркээн кыысчааны көрөөт да тута сөбүлээбитэ. Кыыс Хабаровскайга саҥардыы үөрэҕин бүтэрэн кэлэн, төрөөбүт-үөскээбит дэриэбинэтигэр библиотекарынан үлэлии сылдьара. Аата Надя, Надежда диэн эбит этэ. Надябын диэбитигэр, Куоста сонно тута, тоҕо эрэ «Вера, Надежда, Любовь» диэн оскуолаттан билэр, араас ырыанньыктарга эт илиитинэн элбэхтик суруйбут тылларын санаан кэлбитэ уонна, бэйэтэ да билбэтинэн, дьикти нарын алыптаах абылаҥҥа саба куустарбыта.
Бука бу маны этэн эрдэхтэрэ дуу, нууччалыыта «любовь с первого взгляда» диэн.
Кырдьык даҕаны, кини субу түгэнтэн дьиҥнээх таптал баарын итэҕэйбитэ, сырдык-ыраас тапталга эрэммитэ, Надяны ис сүрэҕиттэн таптаабыта.
Ол онтон ылата Куоста утуйар уута көппүтэ, аһыыр аһа ас буолбатаҕа, санаата-оноото барыта кини эрэ туһунан буолбута. Бэл диэтэр, дэҥнэтэн атастарын-доҕотторун кытары сөбүгэр аһыыр-сиир бэйэтэ, арыгы диэн астан тэйбитэ. Уолаттара биир дэриэбинэ иһигэр олорор эрээрилэр, бүтэр уһуга көстүбэт көрсүһүүлэригэр ыҥырдахтарына, араас төрүөтү булан кыккыраччы аккаастыыра, адьас даҕаны мас-таас курдук батан кэбиһэрэ. Онон хата, арыгы иһэр атастара сырыы аайы киһилэрэ буолумматын билэннэр, кэлин бэйэлэрэ да, ууга тааһы бырахпыттыы, сүппүттэрэ. Устунан ити биир куһаҕан дьаллыгын быраҕан, бэйэтэ абыраммыта.
Дьэ ол оннугар Куоста, урукку өттүгэр улаханнык кинигэни сэргээбэт итиэннэ аахпат бэйэтэ, тууһугуран туран таптал туһунан романнары, сэһэннэри, кэпсээннэри библиотекаттан уларсан ааҕар идэлэнэн, библиотека хара тэриллиэҕиттэн үлэлиир библиотекарь Раяны сөхтөрбүтэ. Киһиҥ өссө утаппыттыы түүннэри-күнүстэри ааҕан, бэл диэтэр, сыл кыайбат кэм иһигэр нэһилиэгэр биир бастыҥ ааҕааччылар кэккэлэригэр эрэллээхтик киирбитэ. Элбэх саҥата-иҥэтэ суох, олус мындыр Рая ханнык айымньылары уларсан ааҕарыттан сэдиптээн, эдэр уол кыыһы таптаабытын сэрэйбитэ. Уонна өссө бэйэтэ бүөмнээн, Куоста аныгыскы кэлиитигэр, эдэр киһи истиҥ-иһирэх үрдүк иэйиитигэр сөп түбэһиннэрэн, ордук чуолаан омук суруйааччыларын: Александр Дюма, Мопассан, Джек Лондон, Вальтер Скотт, Теодор Драйзер, Эмиль Золя – айымньыларын бэлэмниирэ.
Сорох сарсыарда ийэтэ Маарыйа алта чааска оһоҕун отто туран баран, биир да мүнүүтэ хойутааһына суох тоҕуска дизельнай станцияҕа үлэтигэр баар буолуохтаах уола түүннэри утуйбакка, кинигэ ааҕа сытарын көрөн соһуйан: «Бу сатаатар түүн тоҕо утуйан сынньаммаккын?» – диэн мөҕөрө. Онтон хотонуттан киирэригэр Куостата суунан-тараанан, остуолун тардан бэлэмнээн көрсөрө эрээри, остуолун аттыгар илиититтэн араарбат кинигэтин ааҕа олорор буолан, ийэтин сонньутара.
Суругунан да суруйсан, быыһыгар-ардыгар төлөпүөнүнэн кэпсэтэн, уоллаах-кыыс икки сыл устата, син бэйэ-бэйэлэрин нэмнэрин билсибиттэрэ. Ол гынан баран, дьиктитэ-дьиибэтэ диэн, бу тухары хайа-хайалара да таптал туһунан, эгэ таайтаран да, биир тыл быһаҕаһа быктарсыбатахтара.
Дьэ онтон ити Надятын бэҕэһээ мунньахха киирэ сырыттаҕына көрсөн, киинэҕэ ыҥыран, ол онтукайыттан үөрэн уонна долгуйан, бу киэһэ сэттэ чаастан кулуупка тахсаары, ийэтиттэн кистээн, санаатыгар бэйэтэ билэринэн бэлэмнэнэ сылдьар. Тугу-тугу кэтэн тахсарын, бэл диэтэр, ханнык одьукуолуну ыстарынарын кытары быһаарынан бүппүтэ. Урут «Тройнойу» туттар бэйэкэтэ, билигин сүөргүлүүр. Аны сайдыбыт аатыран, барбах эрэ «Шипрынан» эрэ соттор. Тастыҥ эдьиийэ быһайын соҕуруу Сочига күүлэйдии бара сылдьан, киниэхэ эрэ анаан-минээн «Красная Москва» диэн ааттаах наһаа үчүгэй сыттаах, ол эрэн сыаналаах баҕайы одьукулуон кэһии аҕалбытын харыстаатаҕа буолан туттубат. Көрүнньүк гынан туруорар. Хата биирдэ эмит кулуупка биэчэргэ эбэтэр үҥкүүгэ бараары, аргыс буолан киирээччи бииргэ үөрэммит, эмиэ бэйэтигэр дылы холостуой доҕоро Хаппытыан, ытыһыгар кутта-кутта харса суох бистэн, онто суох кыра хоһун иһин одьукулуон сытынан толорон кэбиһэн сордуур.
Табаарыһа Хаппытыан, дьэ чахчы, үчүгэй уол. Күлэн-үөрэн, кэлэн-баран, саҥаран-иҥэрэн. Кими да биир да мүнүүтэ чуҥкуппат киһи. Оскуола кэнниттэн уолаттар иккиэн СПТУ-га үөрэнэн, суоппар-тракторист идэтин ылбыттара. Суоппар быраабын уонна тракторга үлэлиир дастабыранньаны ылаат да, саас бэбиэскэ тутан, Сэбиэскэй Армияҕа ытык иэстэрин төлүү барбыттара. Хаппытыаны, икки сыл армияҕа суоппардаан кэлбит киһини, суол тэрилтэтигэр үөрүүнэн, эргэ да буоллар Камаз суоппарынан ылбыттара, онтон Куоста, танкист идэлээх киһи, саҥата-иҥэтэ суох дизельнэй электростанцияҕа дизелиһинэн киирбитэ. Уолаттар бэркэ тапсаллар, саас-күһүн бииргэ кустууллар, бииргэ илимнииллэр. Арай итэҕэстэрэ диэн, бакаа иккиэн ыал буола иликтэр. Эдэрдэр диэҕи, быйыл номнуо сүүрбэ биэстэрин туоллулар, оттон саастаах уолаттар диэҕи, баара-суоҕа сүүрбэ биэстэрэ эрэ.
Аллар атаһа Хаппытыан дьиэтигэр киирэн: «Бүгүн киэһэ киинэҕэ сылдьыахха», – диэн эппитигэр, туох диэн аккаастыан мунааран олорбохтуу түһэн баран, Надям кэллэҕинэ син-биир билиэ уонна көрүө диэн: «Биир кыыһы киинэҕэ ыҥырбытым», – диэн билинэн этэригэр тиийдэҕэ дии. Оо, онно Хаппытыана үөрбүтүөн!
– Кырдьык дуо? Кырдьык этэҕин дуо?! – дии-дии үрүт-үөһэ лэбэйдээн төбөтүн таһаара сыста.
– Кырдьык этэбин.
– Мин кинини билэбин дуо? – табаарыһа эбии лаппыйан ыйытан истэ.
– Суох, доҕоор. Маннааҕы буолбатах, тыаттан сылдьар, – хаһан да кыыһы киинэҕэ ыҥырбатах, кыыһы кытары биирдэ да сэргэстэһэ хаампатах Куоста аараттан бэйэтэ долгуйан киирэн барда. – Кэллэҕинэ көрүөҥ. Уонна оттон бастакынан атаспын бэйэм да билиһиннэриэм дии.
– Ээ дьэ, бэрт эбит. Кулуупка отой эрдэ кэлииһибин оччоҕо, – Хаппытыан, оҕо эрдэҕинээҕитинии доҕоругар истиҥник имнэнэн кэбиһээт, дьиэтигэр таҕыста.
Куоста ийэтин кытары хотонугар күкүрүн абырахтыы тахсыбыта, үлэтэ онон эрэ бүппэт буолан биэрдэ. Ол тахсан хотонун муостатын хаптаһынын балайда бодьуустаһан уларытта. Онтон кыһын сибиинньэ турар уйатын, салгыы күкүрүн абырахтыы сырытта. Оттон үлэтин ухханыгар киинэҕэ барардааҕын умнан кэбиһэн, эмискэ чаһыытын өйдөөн көрбүтэ – бириэмэтэ ырааппыт. Сэттэ буолара баара-суоҕа чаас аҥаара хаалбыт. Хаһан суунан-тараанан, таҥнан-саптан кулуубугар тиийиэр диэри хойутууһу.
– Ийээ, мин бардым… – Куоста, өмүрэх эбэтинии тоһоҕотун кытары өтүйэтин муостаҕа талыр гына быраҕаат, буулдьа курдук таһырдьа ойдо.
– Хайа бу, нохоо, хайдах буоллуҥ?! Үлэҕин бүтэрэн, хаптаһыҥҥын ситэри саайан баран барыаххын, – Маарыйа уола туохха ити айылаах тиэтэйэн, эрдэттэн кэмнээн быһан-сотон бэлэмнээбит күкүрүн хаптаһынын ситэри саайбакка эрэ, тугун барытын быраҕан туран, ийэтигэр хаптаһынын баһын туттарбытынан элэс гыммытын өйдөөбөккө, кэнниттэн үөгүлээн эрэ хаалла. Арай туох да быһаарыыта суох, уолун кэнниттэн: «Хойутаатыам!» – диэн саҥатын дорҕооно сүтэ да илигинэ, саадьаҕай ынах тириитэ бүрүөһүннээх хотон аана, кэпсэтии манан бүттэ диэбиттии, хап-сабар сабыллан «лип» гынна.
Оччону көрөн кэлбит Маарыйа, уолун мөҕүттэ-мөҕүттэ, хотон иһигэр биир гына ыһыллыбыт туттар сэби-сэбиргэли: сүгэни, эрбиини, чыскыны-иктэни, хаптаһын эрбэммит лоскуйдарын, мас сыыһын – аргыый наллаан хомуйа сырытта.
Оттон ийэтиттэн кистээн бэлэмнээбит таҥаһын-сабын кэтэ охсубут Куоста үөһэ-аллара түһэн, чугастыы кулуупка хаамар-сүүрэр ыккардынан аҕылаан-мэҥилээн тиийбитэ – «Танцор диско» диэн хаһыс да күнүн субуруччу көстө турар индийскэй киинэҕэ бүгүн эмиэ киһи бөҕө кэлбит. «Танцор диско» киинэттэн сылтаан саҥа аатыран эрэр кырасыабай Индия артыыстара Митхун Чакраборти, Калпана Айер ааттарын ити кэмҥэ билбэт да киһи суоҕа эбитэ буолуо. Хойутаабыт дьон, билиэттэрин ыла-ыла, кииртэлээн эрэллэр, эрдэ кэлбиттэр, билиэттэрин быстаран бараннар, көҥүллэтэн таһырдьа тахсан, ким табахтыы, кимнээх эрэ сонуну үллэстэн сэлэһэ тураллар. Ыксаан аҕай кэлбит атастарын Куосталарын көрөн, табаарыстара илии тутуһан эҕэрдэлэһэн кэпсэтээри гыммыттара, киһилэрэ илии тутуспута буолаат, ыксал бөҕөнөн үргүлдьү сүүрүү быластаан иһирдьэ ааста. Санаатыгар, кыыһым урут кэлэн, күүтэ сатаан баран, баҕар залга киирэн хаалбыта буолуо диэн ыксыыр. Аны киномеханик эрээри, бэйэтэ билиэт атыылааччы уонна быһааччы кырдьаҕас Киинэ Мэхээлэтэ Надяны хаһан харахтаан билиэ-көрүө баарай? Билээхтээбэт буоллаҕа! Онон киниттэн ыйытан да туһа суох. Ыйыттаҕына даҕаны, дьээбэ-хообо хаата, эбиитин улахан саҥалаах Мэхээлэ, кини киһи хайаан да тоокколоһон, сонно кулууп иһин толорор. Туһугар эмиэ кыһалҕа диэтэҕиҥ.