Нөҥүө сылыгар саас, хаар үрдэ сахсайан харалдьык тахсыыта Борускуо оройуон киинигэр роддомҥа киирэн үчүгэйкээн уолламмыта. Үүтэ киирэн оҕотун тото-хана эмнэрэр буолан, сотору суол алдьана илигинэ дойдутугар тахсаат, кэпсэтии быһыытынан ииттэ ылыахтаах ыалыгар уолун, төһө да аһыннар-харыһыйдар, оҕотун инники дьылҕатын санаан, ийэ сүрэҕэ төһө да түөһүн иһигэр кымыстаатар эһээхэйин тута биэрбитэ. Ыал аҕата, аҕыс кылаастаах оскуола саха тылыгар уонна литературатыгар учуутала Арамаан Дьарааһынабыс сыарҕалаах аттаах кэлэн, Борускуо суос-соҕотох туруорсар көрдөһүү аҥаардаах усулуобуйатын тутуһан – төрөөбүтүнэн уон хонуктаах, суорҕаҥҥа сууламмыт кыһыл оҕону түннүгүнэн күрэтэн ылан, сыарҕалаах атыгар кэннинэн хааман тиийэн «лах» гынан олоро биэрээт, дьиэтин диэки ахсым атын атара сэлиинэн түһэрэн кэбиспитэ.
Арай Борускуо эрэйдээх, кыстаан олорор Чоҥоротун ферматын уопсайыттан тахсан, сыарҕалаах аттаах киһи күлүгэ барыгылдьыйан алаастан тахсар аартыкка киирэн сүтүөр диэри сымыһаҕын быһа ытыран, саҥата суох икки санна дьигиҥнии турбута…
Уолу тыа оскуолатын сааһыран эрэр, оҕото суох учуутал ыал – Аана уонна Арамаан Уйбаныаптар ылан ииттибиттэрэ. Онон оҕо таптал аатынан Арамааскы, оттон ииппит дьонунан, сурукка киирбитинэн: Уйбаныап Арамаан Арамаанабыс диэн сүрэхтэнэн дьоһуннаах киһи буола улааппыта. Борускуо тус бэйэтигэр эппит андаҕарын толорон оҕотун ииппит дьонугар хаһан даҕаны баайсыбатаҕа, оҕотугар хаһан да чугаһаабатаҕа, биирдэ айах атан кэпсэппэтэҕэ эрээри – өйө-санаата бу биэс оҕотун кэнниттэн, Кыраһа Уйбаантан күҥҥэ көрбүт күүтүүлээх, эстибит эрэлин иккиһин тилиннэрбит уолчааныгар этэ. Оҕотугар хара төрүөҕүттэн, бэйэтэ да билбэтинэн, Чыбычык диэн ааты иҥэрбитэ. Бука, Татыйык диэн чыычаах аатыгар майгыннатан ити Чыбычык диэхтээбитэ буолуо баара дуо? Дьэ ону билигин кимим кэлэн билиэ баарай.
Арамааскы этэҥҥэ улаатан, оскуола кэнниттэн техникумҥа үөрэнэ сылдьан, быыһыгар армияҕа сулууспалаабыта. Үөрэҕин салҕаан механик идэлэнэн, Амма кыыһа учуутал кэргэннэнэн, дойдутугар ананан үлэлии кэлбитэ. Ииппит дьонун таһыгар уһаайба ылан дьиэуот туттубуттара, үчүгэйкээн бэйэлээх үс кыыс, үс уол оҕоломмуттара. Ол тухары Борускуо уолун аанын боруогун атыллаабатаҕа, кийиитиниин атах тэпсэн олорон чэй испэтэҕэ, сиэннэригэр эбэ буолан ымманыйбатаҕа.
Борускуо кэлин быытыкаа холкуостаах биэнсийэтигэр тахсан баран, төрөөбүт-үөскээбит дэриэбинэтин биир уһугар бэйэтин төрүт уһаайбатыгар, Киргиэлэйиниин бастаан ыал буолаат, туттубут эргэ дьиэлэригэр суос-соҕотоҕун олорбута. Дэҥнэтэн учууталлыы дуу, биэлсэрдии дуу кэлбит кыргыттары ырааҕынан уруута, таайа, олохтоох Сэбиэт бэрэссэдээтэлэ, сэрии бэтэрээнэ Баһылай Уйбаанабыс көрдөһөн онуоха-маныаха диэри олордоро да: кыргыттара сыл аҥаара буолбакка, олохтоох уолаттарга кэргэн сүктэн көһөн иһэллэрэ. Ити курдук Борускуо эрэйдээх олоҕун тиһэх күнүгэр диэри, өлбүт кэргэнин, оҕолорун аһыытын хонноҕор анныгар кистэнэн, баҕаран туран көссүүттэн оҕоломмут эрээри, ииппэтэх уолун олоҕунан, айах атан кэпсэппэтэх кийиитинэн, минньигэс сыттарын сыллаабатах сиэннэринэн дьоллонон, хата, кимнээҕэр ордук олороохтобута.
Өлбүтүн кэннэ биирдэ Борускуо баар-суох соҕотох уола Арамааскы уонна уолун ииппит дьоно Уйбаныаптар, кийиитэ, сиэннэрэ ийэлэрин, эбэлэрин дьиэтин боруогун атыллаабыттара туһугар биир таайыллыбатах таабырын этэ. Ол иннинэ Арамааскы ким оҕото буоларын билэр дьон, ол иһигэр сорох-сорохтор Борускуону оҕотун ыалга ииттэрэ биэрэн баран чугаһаабата, кийиитигэр уонна сиэннэригэр сыстыбата диэн сүөргүлүү саныыллара, оттон Уйбаныаптар, үрдүк үөрэхтээх учууталлар эрээри Борускуону уолуттан көҥөнөн чугаһаппатылар, уолларыгар төрөппүт ийэтин билсиһиннэрбэтилэр диэн сири-буору аннынан сиилиир-хоһулуур быһыылаах кэпсэтэр этилэр. Дьэ оннук, бу оҕото суох ыал уонна Борускуо олоҕун кэтэх өттүн ис таайбараҥа бэйэтэ эмиэ дьиктилээҕэ.
Борускуону кытары бырастыылаһа кэлбит дьон, Ааналаах Арамаан, баччааҥҥа диэри кимиэхэ да быктарбакка сылдьыбыт кистэлэҥнэрин, бокуонньугу тиһэх суолугар атаарар эрэ күн билбиттэрэ. Арамаан Арамаанабыс бырастыылаһар этиитигэр таайыллыбытах таабырын ис дьиҥин арыйан кэпсээбитин, дьэ бу бүгүн кэлэн, субу истэн-билэн олус диэн соһуйбуттара, сөхпүттэрэ. Бэл диэтэр, эр дьон харахтарын уута ыгыллан тахсарын кыамматахтара.
Тиэргэҥҥэ, күүлэ иннигэр икки олох маска хоруобу ууран, кэлбит дьон-сэргэ тула төгүрүччү турбуттарын кэннэ Арамаан бокуонньук баһыгар тиийэн, аттыгар кэргэнин Аананы, уолларын Арамааскыны, кийииттэрин Антонинаны, хороччу улаатан эрэр сиэннэрин ыҥыран аттыгар туруортаан баран, долгуйан кэһиэҕирэн хаалбыт куолаһынан мустубут дьоҥҥо, Арамааскыга, кини кэргэнигэр, оҕолоругар туһаайан бу курдук диэн эппитэ:
– Борускуо, оҕо эрдэҕинээҕи таптал аатынан Боскуойалыын, биһиги иккиэн, колхуос ыанньыксыттарын оҕолоро буоламмыт, киһини билиэхпититтэн кыстык ферматыгар, сайылыкка, салҕыы интернакка бииргэ оонньоон улааппыт, үөскээбит, били этэргэ дылы, кырдьык бииргэ эрэ төрөөбөтөх дьоммут. Кини да, мин да сүрдээҕин тапсар, өйдөһөр этибит.
Онтон кини дьоно эрдэ өлөн, тулаайах уонна кыаммат буолан салҕыы үөрэммэтэҕэ. Дьиҥинэн, биһиги кылааска кини үөрэхпитигэр саамай бастыҥмыт этэ. Холкуоска үлэлии сылдьан сааһа ситэн эрдэ кэргэннэммитэ, биэстэ оҕоломмута эрээри, хомойуох иһин, биир да оҕото атаҕар турбатаҕа, кэргэнэ эмиэ өлбүтэ. Онтон ити ыаллыы нэһилиэк киһитэ Кыраһа Уйбаантан оҕолонон баран, эрдэ кэпсэтии быһыытынан, төрөөбүтэ уон хонуктаах оҕону түннүгүнэн күрэтэн биһиэхэ иитийиэххэ биэрбитэ. Онон Арамааскы – эн дьиҥнээх төрөппүт, эт-хаан ийэҥ, кийииппит Антонина – хотунуҥ, сиэннэрбит – эбэҕит Борускуо барахсан, дьэ бу сытар…
Оҕолорун, кэргэнин харайан баран, бу эһиги ууһуохтэнийиэх быаҕытыгар Боскуойа муҥнаах санаатын түһэрбэтэҕэ. Биирдэ миигин соҕотохтуу көрсөн баран, биһиги оҕоломмоппутун иһин бэйэтин бүччүм санаатын быктарбыта. Ол кэннэ кини Аана биһиккини Чоҥороҕо Өктөөп бырааһынньыгар ыалдьыттата ыҥырбыта уонна Кыраһа Уйбаантан ыарахан сылдьарын, ол оҕотун төрөөтө да биһиэхэ иитийиэххэ биэрэр санаалааҕын эппитэ.
Туоһум, кэргэним Аана бу турар. Онно тиийбиппитигэр Боскуойа остуолга олорон: «Аана, эн дьахтар быһыытынан миигин өйдүөҥ дии саныыбын. Арамаан биһикки эдэр эрдэхпитинэ бэйэ-бэйэбитин сөбүлэһэр этибит ээ. Биһиги тапталбыт сырдык уонна ыраас этэ. Кистээбэккэ эттэххэ, мин Арамааны билигин да сүрдээх истиҥник саныыбын. Ону эн баалаама, бырастыы гын. Оттон бу миэхэ оҕо турбатын, оҕо өлүүлээхпин, биэс оҕобуттан илии соттубуппун, эр аһыылаахпын эһиги билэҕит… Тыыннаахпар оспот, аһаҕас сүрэх баастаах киһи, бу оҕобун кыайан иитэр кыаҕым суох, сүтэрдэхпинэ тулуйбаппын билэбин!.. Оҕобун эһиэхэ эрэ итэҕэйэбин, ол иһин төрөөтүм да эһиэхэ биэрэбин… Оҕобун оҕо, киһи гыныҥ. Уол оҕо төрөөтөҕүнэ Арамаан бэйэҥ ааккын, кыыс оҕо буоллаҕына Аана ааккын биэрээриҥ… Оттон мин тыыннааҕым тухары хаһан да бу мин оҕом диэн баайсыам, тыл быһаҕаһа быктарыам, кимиэхэ да кэпсиэм суоҕа. Эһиги да кэлин оҕоҕутун оннук иитээриҥ. Оҕо абааһытын муннаран, абааһыттан күрэтэр былыргы сиэри-туому тутуһуохпут диэн арай көрдөһүүлээхпин. Мин оҕобун абааһы булбатын туһугар үйэм тухары кыһаллыам», – диэхтээбитэ уонна ол эппит кэриэс андаҕарын толорбута.
Ол да курдук Боскуойа, бары билэргит курдук, оҕотугар Арамааскыга, сиэннэригэр хаһан да чугаһаабатаҕа. Дьиҥинэн оҕотун, кийиитин, сиэннэрин төһөлөөх кууһуон, ууруон-сыллыан, таптыан баҕарбыта буолуой?! Арамааскы, бу сытар төрөппүт ийэҥ Борускуо, эн тускар хайдахтаах курдук кытаанах санааны ылынан, олоҕун устата ыарахан сүгэһэр оҥостон, тыыннааҕын тухары дьарамай санныгар ыар баттыктаах сылдьыбытын билигин сэрэйэн эрдэҕиҥ. Онон эн ийэҕин, тоҕо уонна туох санааттан эйигин иитийиэххэ биэрбитин бүгүн кэлэн билэҥҥин, дьиҥ чахчытын өйдөөҥҥүн ийэҕин бырастыы гыныах тустааххын.
Чэ, Боскуойа, эн эппит көрдөһүүгүн Аана биһикки толордубут. Уолгун Арамааскыны киһи-хара гынныбыт, дьоһуннаах кийииттэнниҥ, сиэннэрдэнниҥ… Уолуҥ, кийиитиҥ, сиэннэриҥ эйигин тиһэх суолгар бу атаара кэллилэр… Оҕо сааһым доҕоро, Боскуойа, бырастыы, быдан дьылларга быраһаай!