Литмир - Электронная Библиотека

Ити курдук Чурапчы холкуостара Нуотара, Куолума төрдүгэр Тойон арыыга, Хомустаах, Нөдүөттүнэ, Муҥур үрэхтэргэ сыл тахсар оттоноллоруттан санаалара бөҕөхсүйэн, сылайары аахсыбакка, ууларыгар-хаардарыгар киирэн, күүрээннээх үлэ үөһүгэр түбүгүрэ сылдыбыттара.

Уодаһыннаах 213 №-дээх уураах

Атырдьах ыйа үүммүтэ. Сайыҥҥы күн уотун кутааланар сыралҕана арыый сөҕүрүйэн, куорат лааппыларыгар, ларектарыгар бастакы оҕурсу, помидор атыыта саҕаламмыта. Быыллаах уулуссаларынан байыаннай таҥастаах дьон төттөрү-таары аалыҥнаһаллара, хам-хаадьаа массыыналар бирилэһэн ааһаллара. Куорат күндэлэс киэҥ түннүктэрдээх таас дьиэлэрин үрдүнэн сабардаан, сиэрэй күннэр устан испиттэрэ. Биир оннук күн Тулагы-Киллэмҥэ бурдук бааһынатын кытыытыгар буору бурҕатан кэлэн массыына хорус гыммыта. Массыынаттан хас да киһи түһэн, бурдуктаах бааһына диэки хаамсыбыттара. Инники испит киһи төҥкөс гынан курааннаабыт бурдук куолаһын ытыһыгар сыыйа тардан ылан, онтун одуулаһа турбута. Кэннинээҕи дьоно эмиэ, кинини үтүктэрдии бурдугу тоноон, төҥкөҥнөспүттэрэ. Онтон кэннигэр турааччылартан биирдэстэрэ инники турар киһиэхэ чугаһаан кэлбитэ уонна: «Иван Иванович, арай биир эмит улаханнык курааннаабыт оройуон холкуостарыттан үлэни кыайар дьону хомуйан, балыктыыр артыаллары тэрийэн, хоту ыыттахха хайдах буолуой?» – диэбитэ. Онуоха киһитэ хардарбакка, атыны тугу эрэ толкуйдаабыт сирэйдээх, ытыһыгар ылбыт ситэн эрэр бурдугун туорааҕын үөрэтэрдии бэрийэ турбута.

Нөҥүө күн сарсыардата үүнэн, куорат дьоно үлэлэригэр тиэтэйэн, сиэрэй уулуссаларынан аалыҥнаспыттара. Куорат киинигэр турар багдаллыбыт Обком дьиэтин үлэһиттэрэ эмиэ кэлитэлээн барбыттара. Килэрийбит муосталаах, холлороон курдук көрүдүөрдэр устун кумааҕы тутуурдаах дьон, кабинеттан кабинекка сыбыытаан, ааннарын тыаһа лабырҕаан олорбута.

Муннун анныгар тор курдук хара бытыктаах Совнарком биир тутаах үлэһитэ Егор Дмитриевич Бурҕааһайап, киҥинэйэн ыллыы-ыллыы, Сталин мэтириэтэ кичэллээхтик ыйаммыт кабинетыгар туох эрэ суолталааҕы, ырааҕы толкуйдуурдуу боччумура туттан олорбута. Ити кэмҥэ хос аанын тоҥсуйаат, кыырыктыйбыт баттахтаах аҕамсыйа барбыт Бастаахап киирэн кэлбитэ. Илии тутуһан дорооболоһоот, олорунан кэбиспитэ. Бурҕааһайап, бэрийэ олорор докумуоннарын туора ууран баран, киирбит киһиэхэ туһаайан:

– Бэҕэһээ Остапенконы кытары Киллэмҥэ тахса сырыттыбыт. Били Сибиир уонна Дальнай Восток өрүстэригэр балык артыалларын тэрийиэххэ диэн үөһэттэн кэлбит уурааҕы олоххо киллэриэххэ баара диэбиппэр Остапенко утарбата, – диэн эттэ.

– Туох диэтэ? – Бастаахап токкоолосто.

– Тугу да саҥарбата, ол аата сөбүлэстэҕэ дии, – диэн, боппуруоһу быһааран бүтэрбит саҕа сананан, Бурҕааһайап тор курдук хара бытыгын дуоспуруннаахтык имэринэн ылаат, ыарахан сутуругун остуолга лис гына уурда.

– Дьэ, оччоҕо, бу уурааҕы үчүгэйдик, тэрээһиннээхтик ылсан атаҕар туруордахпытына, улахан махталлаах дьыала буолара саарбахтаммат, – диэт, Бастаахап Бурҕааһайап саннын таптайда.

Онуоха Бурҕааһайап, Сталин мэтириэтин диэки көрөн ылаат, эттэ:

– Ити боппуруоһу ылсан хайыы-үйэ дьарыктана сылдьабын. Дьэ итинник сатабыллаах, толкуйдаах буолуохха наада.

Онуоха киһитэ мичик гынан баран:

– Бу дьыала табылыннаҕына, Сталинтан наҕараада ыларбыт буоллаҕа дии, – диэн ньылбаарытта.

Санаабыта табыллан эрэриттэн астыммыт сирэйдээх Бурҕааһайап төлөпүөн туруупкатын ылан сорунуулаахтык эрийэн барда.

Ити кэмҥэ аллараа этээс биир кабинетыгар сир исписэлииһэ докумуон бэрийэ олорбута. Кумааҕы хачыгырас тыаһын үргүтэн, эмискэ төлөпүөн тырылыы түспүтэ.

– Алло, – киһи, Бурҕааһайап куолаһын истээт, ойон турбута. – Истэбин, Егор Дмитриевич.

– Бюроҕа көрүллэр боппуруос бырайыагын бэлэмнээтигит дуо?! – диэн нүһэр куолас иһиллибитэ.

– Ээ, барыта бэлэм, бэлэм, отут холкуоска бэлэмнээтим, – диэн тардыалатта, чиккэччи тэбинэн турар киһи.

– Тоҕо отутуй эрэ, түөрт уон диэн көннөрөн биэр! Онтон тохтуу түһэн баран:

– Суох, түөрт уон биир диэ! – диэн көбүөлээтэ сөҥ куолас уонна кэпсэтии бүппүтүн туоһулаан туруупка тыаһа халыр гынаат, биир кэм «туук-туук» тыаһаата. Онно эрэ өйдөнөн, мүччү тутуом диэбиттии, ыга тутан турбут туруупкатын ылан төлөпүөн үрдүгэр талыр гына бырахта. Бөппүрүөскэтин ылан, айаҕар уобаат, испиискэтин көрдөөн сиэптэрин хасыһан хачыгырайда.

Истиэнэҕэ ыйаммыт төгүрүк хара араадьыйаҕа диктор куолаһа уоттаах сэрии хаамыытын туhунан сводканы билиһиннэрдэ. Маннык иһитиннэриилэр дөрүн-дөрүн оҥоһулла турар буоланнар, оччотооҕу кэм тыҥааһынын өссө кытаатыннаран биэрэллэрэ.

– Атырдах ыйын 11 күнэ үүммүтэ. Обком мунньахтыыр саалатыгар бюро чилиэннэрэ аа-дьуо мустан барбыттара. Сотору бары оннуларын булан олорбуттара. Мунньаҕы партия Обкомун холкуостары көһөрөр хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ, Сир наркома Алешин арыйбыта. Кини көрүллүөхтээх боппуруостар бэбиэскэлэрин билиһиннэрбитэ. Мунньах сэкирэтээрин кичэйэн суруйар бөрүөтүн тыаһа ыраас кумааҕыга сурдурҕаабытынан барбыта.

«Протокол № 213. Заседание бюро Якутского Обкома ВКП(б).

От 11 августа 1942 года…»

Обком үрдүк өһүөлээх саалатын ыарахан аана лиһигир гына сабыллан, киэҥ уораҕайыгар туох эрэ сүдү содуллаах боппуруоһу кистиирдии ньим барбыта.

Көһөрүүнү тэрийэр хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Алешин, бюро чилиэннэрэ Бурҕааhайап, Бастаахап кэннэ уонча киhи уонна Чурапчы оройуонун салалтатыттан састааптаах делегация мунньахтарын саҕалаабыттара.

Бурҕааһайап кыһыл бүлүүс сабыылаах остуолга нүһэрдик сабыччы көрөн олорон, мунньаҕы салгыы ыытан испитэ. Биир аҕамсыйбыт киһи уоттаах сэрии сводкатын билиһиннэрбитэ. Кэнники үүммүт кэккэ кураан сылларга Чурапчы оройуонун холкуостарын туруктарын туһунан уонна ону туоратарга иһитиннэрии оҥоһуллубута.

Бурҕааһайап тор курдук хара бытыгын имэринэн, олоппоһуттан орҕостон туран кэлбитэ, Алешин диэки ньылбаархайдык тоҥхох гынаат, хоруомабай хаачыгырас саппыкытынан лиһиргэхтээн тиийэн, багдаллыбыт сүүнэ бэйэлээх трибунаттан ылыннарыылаах сөҥ куолаһынан саҥаран лиҥкинэтэн барбыта:

– Сибиир уонна Дальнай Восток өрүстэригэр балыгы бултааhыны сайыннарар туhунан Партия Киин Комитетын уонна Советскай Союз Правительствотын уурааҕа таҕыста. Партия уобаластааҕы комитета бу уурааҕы бүгүҥҥү бюроҕа дьүүллэһэн, олоххо киллэрэр дьаһаллары ылыныах кэриҥнээхпит. Фашистскай Германия халабырдьыттара сэриинэн саба түспүттэрэ иккис сыла. Бүтүн сэбиэскэй норуот үрдүнэн ыарахан тыын сабардаата. Арҕаа фроҥҥа биһиги биир дойдулаахтарбыт улуу нуучча норуотун кытта Ийэ дойдуларын көмүскэлигэр олохторун толук ууран туран хорсуннук кыргыһаллар. Сэбиэскэй норуот уонна уобалас үрдүнэн үөскээбит уустук балаһыанньаны сөптөөхтүк сыаналыах тустаахпыт, – диэн баран, чочумча тохтоон, Чурапчыттан кэлбит делегация диэки кытаанахтык көрөн баран, – Чурапчы оройуонун 41 холкуоhун хоту, Кэбээйи, Эдьигээн, Булуҥ оройуоннарыгар, балык булдугар трудовой фроҥҥа үлэ күүhүн быhыытынан туhанарга көhөрөбүт. Онон көһөрүүнү тэрийэргэ уталытыллыбат маннык соруктары туруорарга:

1. Холкуостар бүттүүн көһөллөр, ким да хаалара көҥүллэммэт. Балык бултааһыныгар көспүттэргэ судаарыстыбаннай чэпчэтиилэр олохтоноллор. Көспүттэр аармыйаҕа ыҥырыллыбаттар. Дьиссипилиинэни кэһии, буруйу оҥоруу байыаннай кэм сокуоннарынан көрүллэллэр.

2. Көһөн тиийбиттэргэ олорор, үлэлиир усулуобуйа толору тэриллэр. Дьиэ-уот туттарга матырыйаал толору бэриллэр, оҕолор интэринээтинэн толору хааччыллаллар, ыйга биир киһиэхэ 16 киилэ бурдук бэриллэр.

3. Көһөр үстүү ыалга биирдии көлө булуллуохтаах, ыал 16 киилэттэн ордук таһаҕаһы ылара көҥүллэммэт. Холкуостар сүөһүлэрин, сылгыларын заготхонтуораҕа туттараллар, көлөлөрүн барытын, ыанар ынахтарын сорҕотун илдьэ бараллара көҥүллэнэр.

4. Холкуостар сүөһүлэрин сорҕотун, сүрүн сириэстибэлэрин, инбэнтээрдэрин хаалар холкуостарга туттараллар. Бары хардарыта ылсыыга-бэрсиигэ ахсааны оҥорор, холкуостары эһэр хамыыһыйалар тэриллэллэр.

5. Балаҕан ыйын 5 күнүгэр оройуон үрдүнэн көһүү саҕаланар, ый маҥнайгы декадатыгар бары холкуостар Аллараа Бэстээххэ баар буолуохтаахтар. Онон көhүү буолар оройуоннарын экономическай туруктарын туhунан ыспыраапкалары бэлэмнээн үс хонугунан туттарарга сорудахтыыбын, – диэн Бурҕааһайап бэйэтин этиитин түмүктээбитэ.

5
{"b":"827526","o":1}