Литмир - Электронная Библиотека

– Арааһа арҕааттан тэргэн сэрии дүрбүөнүттэн, уот кутаа суоһуттан күрэнэн, дойдуларын ахтылҕанын туойа турууктаан эргилиннэхтэрэ, – Күөрэгэй оргууй ботугураата. Чочумча саҥата суох, борук-сорукка далбаатаһар үөр туруйалары харахтарын далыттан сүтүөр диэри одуулаан турдулар. Аанчык тахсан, дьонун киэһээҥҥи чэйгэ ыҥырда. Бары дьиэҕэ киирэн, миэстэлэрин булуталаан, ибири-сибири чэйдээтилэр, онтон оннуларын булунан, утуйардыы оҥоһуннулар. Арай ийэлэрэ Өрүүнэ эдэр кийиитин Күөрэгэйи кытары кыраһыын лаампа уотугар Сүөдэр сарсыҥҥы айаныгар өйүө бэлэмнээн таҥаһын-сабын бэрийдилэр. Сотору бүтэн, кыраһыын уота умуллан, дьиэ иһигэр түлэй түүн бүрүүкээбитэ.

Быыс кэннигэр Күөрэгэй Сүөдэрин, оо, хаһан да ыыппатарбын диэбиттии, ыксары кууһан сытар.

– Сүөдэр, биһиги хайдах буолабыт? Лөгөнтөй быйыл сайын өссө улахан кураан сатыылыа диир. Эн сарсын аармыйаҕа бараҕын, сэгэриэм, туох-туох буолар, – оргууй хараҕын уута халыйан кэлбитин Сүөдэр сэрэнэн сото-сото:

– Күөрэгэй, доҕоччуок, дойдубун, дьоммун көмүскүүр ытык иэһим буоллаҕа дии. Көрөөр, сотору эргиллэн кэлиэҕим, дьоллоохтук олоруохпут, оҕо бөҕөтүн төрөтүөхпүт. Биһиги да алааспытыгар өҥ дьыллар кэлиэхтэрэ, – Сүөдэр Күөрэгэйин сүр сымнаҕастык кууһан, уураан ылла. Күөрэгэй арыый уоскуйа быһыытыйан, сэгэрин кулгааҕар сыста түһэн:

– Доҕоор, ыл, бигээн көр эрэ, эн уураабыккар хайдах эрэ бэрт дьиктитик мөхсөн ылла, аҕатын саҥатын истээхтиир быһыылаах, – диэн сипсийдэ. Онуоха Сүөдэр күүстээх үлэттэн чэрдийбит модьу ытыһынан Күөрэгэйин иһин оргууй имэрийэн көрдө, онтон истиҥник мичээрдээт:

– Тыый, хамсыыр дии. Күөрэгэй, олох харыстана сырыт, тоҥоойоххунуй-хатаайаххыный. Этэҥҥэ буолар ини.

– Сэгэриэм, эн эрэ этэҥҥэ буол, сураҕа олус сүрдээх, суостаах сэрии дииллэр дии. Биһиги, манна тыылга хаалар дьон, этэҥҥэ буолуохпут…

Тапталлаахтар түлэй бараан, арахсар бүтэһик хараастыылаах түүннэрин аймаабакка, харыстаан, кэлэри, кэрэни эрэ ыралана, хойукка диэри ботур-ботур кэпсэтэ сыппыттара.

Оттон Туллук Сүөдэр бэлэхтээбит атын бобо кууһан сытан, тугу эрэ, оҕо саас дьоллоох түгэннэрин түүлүгэр көрөн, минньигэстик мичээрдээн, саҥа таһааран күлэн ылан баран, салгыы утуйан, муннун тыаһа буккураабытынан барбыта.

Ыам ыйын 15 күнэ үүммүтэ. Үөһэ күн уотуттан кубарыйбыт былаахтаах холкуос кэнсилээрийэтин дьиэтин иннигэр дьон-сэргэ атаарыы миитинигэр мустубуттара. Бүгүн Хайахсыт нэһилиэгин тоҕус чулуу ыччаттара иккис хомуурга бэбиэскэ тутан, арҕаа фроҥҥа аттанаары, ботуоҥкаларын сүгэн, стройдаан тураллар. Бары лиҥкинэһэн, талбыт курдук күөгэйэр күннэригэр сылдьар туруу эр бэртэрэ. Кинилэр дьиппиэрбит сирэйдэригэр булгуруйбат кытаанах санаа көстөрө. Нэһилиэк олохтоохторо саха дьонун сиэринэн ыччаттарын харыстаан, аһара аймаммакка, кыана туттан турбуттара. Оройуонтан тахсыбыт байыаннай таҥастаах киһи уонна нэһилиэк бэрэссэдээтэлэ Уйбаан Бөтүрүөбүс мустан турар дьоҥҥо сэрии тыҥааһыннаах сводкатыттан иһитиннэрии оҥордулар. Онтон байыаннай таҥастаах киһи эмискэ: «Равняйс! Смирно!» – диэн хамаандалаан сатарытта уонна полевой суумкатыттан испииһэги таһааран, биир-биир ааттаталаан субурутта:

– Илларионов Николай!

– Баарбын!

– Марков Илья!

– Баарбын!

– Софронов Дмитрий!

– Баарбын!

– Решетников Егор!

– Баарбын!

– Кондратьев Николай!

– Баарбын!

– Прокопьев Федот!

– Баарбын!

– Барашков Василий!

– Баарбын!

– Протодьяконов Федор!

– Баарбын!

– Флегонтов Игнат!

– Баарбын!

Итини барытын чуумпуран истэн турбут ийэлэр, эдэр кыргыттар, оҕолор долгуйан суугунаһа түстүлэр. Байыаннай таҥастаах киhи:

– Аттаргытыгар! – диэн хамаанда биэрээтин кытары атаарааччылар, тоҕо сууллан, уолаттар диэки былдьастылар.

Ньукуустаах Туллук Сүөдэргэ сүүрэн тиийдилэр. Сүө- дэр Ньукуус илиитин эрчимнээхтик ыга тутаат:

– Ньукуус, быраатым эрэ буолларгын, саҥаскын олох харыстаан, көрө-истэ сылдьаар, – диэт, Туллугу, Ньукууһу төбөлөрүттэн имэрийтэлээн ылаттаабыта.

Өрүүнэ уолун оргууй нөрүччү тардан сүүhүттэн сүр сахалыы сыллаан ылан баран, ытамньыйарын кыатана сатаата. Сүөдэр Күөрэгэйин, аргыый кууhан ылан, иэдэһиттэн сыллаата. Күөрэгэй оҕо күүтэ сылдьар буолан, уйарҕаабытын кыатаммакка саҥа таһааран ытаан, хараҕын уута сарт түстэ. Баһылай уолун кэтит дараҕар санныттан кууһан ылла, Лөгөнтөй кырдьаҕас сиэнин сүүһүттэн сыллаат: «Саалаахтан самныма, охтоохтон охтума», – диэн алгыы хаалла. Ити атаарыы аймалҕанын быһа баттаан, байыаннай таҥастаах киһи чөллөркөй куолаһынан өссө ордук саталаахтык:

– Аттаргытыга-ар! – диэн хаһыытаан бытарытта.

– Сүөдээр! Сүөдэриэм! – Күөрэгэй бу тапталлаах кэргэнин, сэгэрин сэрии уот-кутаа толоонугар, баҕар, бүтэһиктээхтик атааран эрэрин аччыгыйкаан күүтүүлээх киһичээниниин курдаттыы сэрэйэн, сүрэхтэрэ толугуруу мөхпүтэ. Аанчыктаах Өрүүнэ харааһынналлар да туттунан, кийииттэрин уоскута сатаабыттара. Ити аймалҕантан уйуһуйбут аттар кистээн дьириһитэллэрэ, киһи этин сааһын атытан, дьон-сэргэ уйулҕатын ордук долгуппута. Сэриигэ барааччылар аттарын миинитэлии охсон, уунан туолбут харахтарын кистии туттан, тус арҕаа сиэллэрэ турбуттара. Аттар туйахтарын анныттан тураҥ буор өрө күдээрийэн, үөһэ халлааҥҥа харбаспыта. Хаалааччылар бу ыарахан күннэргэ баар суох эрэнэр, инники күөҥҥэ сылдьар ыччат дьоннорун сайыһа, аймана, Дьоҥкуудай арыы тыа кэтэҕэр киирэн сүтүөхтэригэр диэри далбаатыы турбуттара.

Сэрии, оо, аан дойдуну атыйахтаах уулуу үлтү ытыйбыт уодаһыннаах, хара кырыыстаах сэрии, бу саха чулуу ыччаттарын уот-кутаа холоруккар үлтү ытыйан, төһөлөрүн-төһөлөрүн төрөөбүт төрүт түөлбэлэригэр төнүннэрэриҥ буолла…

Уот

Бэс ыйын саҥата үүммүтэ. Олох бэйэтин хаамыытынан салҕанан, устан испитэ. Кураан дьыл сатыылаан, сотору-сотору улахан уот турара. Инньэ гынан холкуостаахтар кыанар өттүлэрэ уонна улахан оҕолор ойуурга тахсан уоту умуруорууга сыралара-сылбалара баранара. Киэһэ хойут дэлби таҥастара хоруо, күл буолан, таныылара, бэлэстэрэ уот аһыйан төннөллөрө. Күн ыыс-быдаан буруо быыһынан кып-кыһыл төгүрүк тэриэлкэ курдук буолан көстөрө.

Биир оннук күн Ньукуустаах хас да буолан Улахан өтөх сиһигэр турбут уоту умуруорар сорудахтаах айаннарыгар туруннулар. Күнүскү омурҕан саҕана ыыс-быдаан буруо, уот суоһа күҥкүйэн онто да суох куйаас күнү өссө ититэн, суостаахтык куугунуу, таһыргыы көрүстэ. Уот, кыһыл моҕой үөн курдук, тииттэргэ өрө эриллэҥнээн, хара хоруоҕа кубулутан, чачыгырыы күлэргэ-үөрэргэ дылыта. Ньукуустаах уоту күөйэ, аҕыйах мастаах сирдэри талан, ханааба хаһан, титириктэри охтортоон, тиритэ-хорута сырыттылар. Yлэлэрин үгэнигэр аралдыйан, халлаан тыалырбытын өйдөөбөккө хааллылар. Уот, өлгөм аһылыктаах сис тыатын быыһыы сатыыр дьоҥҥо уордайбыттыы, умайа сылдьар мас лабааларынан кыыдамнаан, халлааҥҥа өрө куугунуу күүдэпчилэнэр итии суоһа Ньукуустааҕы сабыта биэртэлээтэ.

Баһылай онно эрэ өй ыла охсон, «барыаҕыҥ, куотуҥ» диэн хаһыытаан эрдэҕинэ, сүүнэ мас төбөтө уот түүтэх курдук куһуурбутунан Ньукуус аттыгар кэлэн түстэ. Уот итии төлөнө, ыһылла түспүт кыһыл кыымнара уол сирэйин салаамахтаан ылбыттара. Бары уоттан куотан, иннилэрин хоту түһүнэн кэбиспиттэрэ. Оттон уот үөһээнэн мастан маска ыстаҥалаан, кинилэри икки өттүлэриттэн күөйэрдии, аһыҥастаах көтөр кыыл курдук эккирэтэн, биир кэм күүдэпчилэнэн, өрө уһууран бу ситэн кэлбитэ.

«Тыый! Уокка тыыннаахтыы былдьанар буоллубут буолбаат!» диэн санаа барыларын үүйэ-хаайа туппута. Иэдээн! Уот иннилэрин күөйэ, быһа түспүтэ. Ньукуус ыыс быдаан буруо быыһыгар инники сүүрэн иһэн, ыксалыгар көрбөккө, силистэн иҥнэн умса баран, сирэйинэн тымныы ууга бар гына түспүтэ. Онтон өйдөнөн, буруоттан чачайан сөтөллө-сөтөллө, дьонун ыҥыртаан хаһыытаабыта. Дьоно бөтүөхтэһэн, буруолуу сылдьар таҥастаах сырсан кэлээттэрин кытта:

– Ууга! Ууга киириҥ! Сыта охсуҥ! – диэн хаһыытаталаан, сорохторун, уолуйан иннилэрин хоту уокка сүүрэн эрдэхтэринэ ууга түҥнэри тардыталаабыта. Оттон уот тилэх баттаһан, ойуур кыра ырааһыйатын сэтиэнэҕэр кэлэн буорах курдук күлүм гынан, көхсүлэрин салаамахтаталаабыта. Дьон, төбөлөрүн хам туттан баран, тымныы ууга умса түспүттэрэ. «Булдун» мүччү тутан абарбыт уот моҕой, үрдүлэринэн балайда умайа сылдьар мас лабааларын тамнааттаан, өрө куугунаан, улуйбахтыырга дылы гынан, ыыс быдаан буруо, күл-хоруо олбохтонон, салгыы бара турбута. Ньукуустаах уот суоһа ааһаатын кытары, тобуктарыгар диэри ууга олоро биэрэн, тыын ылан, сөтөллөн бөтүөхтэспиттэрэ, умайан буруолуу сылдьар көхсүлэрин уунан сабыта ыһыспыттара. Бу кинилэр дьоллоругар үрүҥ тыыннарын өллөйдөөбүт, ойуур хотоолугар уолбакка ордон хаалбыт, балаҕан оннун саҕа маар уутугар махтана санаатылар. Оттон мүччү туттаран, бэйэлэрин былдьыы сыспыт уот, аһыҥастаах кыыллыы кытыастан, алаас сыырын таҥнары салаан киирэн, уу кытыытынааҕы халыҥ хомуһу күүдэпчилэтэн, үөһэ халлааҥҥа өрө уһуурар ынырык көстүүтэ барыларын уйулҕаларын хамсаппыта.

3
{"b":"827526","o":1}