Литмир - Электронная Библиотека

Василий Гоголев-Уйулҕан

Көһөрүллүү

Күндү ааҕааччы!

Эн Василий Гоголев-Уйулҕан «Көһөрүллүү» диэн ааттаах айымньытын илиигэр тутан олороҕун.

Аҕа дойду Улуу сэриитэ аҕалбыт алдьархайдарыттан биирдэстэрэ, чопчу сахаларга эрэ, Чурапчы улууһун дьонугар ааҥнаабыта. Урукку кэмнэргэ бу туһунан аһаҕастык кэпсэтэр да бобуллар буолара, кэлин уларыта тутуу сылларыгар чурапчылары көһөрүү туһунан суруйуу элбээбитэ, ахтыылар бэчээттэммиттэрэ, Саха Республикатын Правительствота көһөрүллүү кыттыылаахтарыгар чэпчэтиилэри көрбүтэ. Бэтэрээннэр теплоходунан, анаан-минээн, сэрии саҕана олорбут, үлэлээбит эҥээрдэринэн, эрэйи тэлбит сирдэригэр хаста да баран кэллилэр.

Кэм-кэрдии ааһан истэҕин аайы бу төрдүттэн алҕас дьаһал содула дьиҥнээхтик көстөн иһэр. Ону кытта көһөрүллүүгэ түбэспит чурапчылар тулуурдара, кытаанахтара, үлэһиттэрэ, хорсун санаалаахтара эмиэ ырааһыран тахсан кэлэр. Онно эбии бу көһөрүү дьон дьылҕатыгар дьайыыта, хоту олохсуйуу, аймахтаһыы эмиэ ситимнэнэр. Ол аата история бу чахчытын уус-уран айымньыга киллэрэн бөлүһүөктүү анаарар кэм кэллэ. Бу уустук соҕус сыалы-соругу бэйэтин иннигэр Василий Гоголев-Уйулҕан туруорунна. Кини – саха литературатыгар саҥа биллэн эрэр сонун аат.

«Көһөрүллүү» жанрынан сэһэҥҥэ тардыһар. Сүрүн геройа Ньукуус олох ыарахаттарын санныгар сүгэн, эдэр сааһыгар дьиэ кэргэн туллар тутааҕа буолар. Кини олорор кэмин уустук тургутууларын өйдүү-ситэ сатыыр, сэһэн саҕаланыытыгар оҕотук бэйэтэ, түмүгэр сиппит-хоппут, өйүн туппут, олох аһыытын-ньулуунун билбит киһиэхэ кубулуйар… Бу барыта олус итэҕэтиилээхтик, киһини долгутар гына ойууламмыт.

«Көһөрүллүү» өссө биир ураты суолтата – бу айымньыны эдэр, ол кэмнэр тустарынан истэн, ааҕан эрэ билэр киһи суруйбута буолар. Ол, мин санаабар, көлүөнэлэр ситимнэрин, саха дьонун бэйэтин историятыгар болҕомтотун туоһулуур.

Мин «Көһөрүллүү» сэһэн чурапчылар эрэ ис туттууларыгар сылдьыбакка, саха литературатын эйгэтигэр бэлиэ, сонун көстүү быһыытынан сыаналанарыгар баҕарабын. Оннук да буолуо диэн эрэнэбин!

Наталья Харлампьева,

саха народнай поэта

Өлөр өлүүнү кыайбыттарга

Уйулҕан

Сир дойду иинэ хатан,

Уот кураантан умайан,

Хайыта баран харааран,

Ардах мэҥэ уутун сүтэрэн,

Көлүкэлэрим, күөллэрим

Биир таммах сиик баҕалаах

Харааччы уолан хаппыттара.

Сараһын үөнэ саранча

Сирдьигинии сириэдийэн,

Тимир тиистээх тэҥсигэ

Алаастарым халдьаайытын

Хайа салаан, хараардан,

Өтөхтөрүм өҥүн өлбөөрдөн,

Уолбаларым уйгутун

Уораҕастаан, уоһуннаран,

Ол сыллар уот сэрии,

Уот кураан «кугас кунана»

Хара буору хаһыйбахтаан,

Хааннааҕынан дьөлө көрөн,

Хаарыан дьоммун хаараан,

Улуу сирдьитинэн сирэйдэнэн,

Күүс өттүнэн күһэйэн,

Оччотооҕу салалта салаҥ

Ынчык ындыылаах ыйааҕынан,

Хаан олбохтоох дьаһалынан

Сор-муҥ субалаах уурааҕынан

Холоруктаах хара дьуоҕар

Хомуйа тардан, күүһүлээн,

Кыһыл оҕотуттан саҕалаан,

Иннилэрэ кылгаабыт аарымалары,

Иннилэрин сирдэтинэрдэрэ суох

Аар-архах буолбут кырдьаҕастары,

Кыанардыын, кыамматтыын

Үүрбэ сүөһүтүн курдук үүрэн,

Үөс-батааска биэрбэккэ

Иитэ сиэх иэдээҥҥэ,

Аана суох алдьархайга,

Күһэҥэй бөҕө күһэлэҥинэн

Күһүҥҥү хахсаат түһүүтэ,

Төлкө, түөрэх бырахпыт

Төрөөбүт төрүт түөлбэлэриттэн

Тэйитэн, ыраах араарбыттара.

Муҥ суолун муннуларынан,

Сор суолун сотолорунан солуу,

Хоту дойду чысхааныттан

Харыстаабат халтаҥ таҥастаах

Алаас оҕолоро барахсаттар,

Ол дойду уонунан көстөөх

Улуу уораҕайдарын улаҕатын,

Дойду сир бултуур тэрилэ

Долгуппакка, тургуйбакка,

Туос аччык, элэ-была сэниэлэрин

Тоҕус көлөһүнүн тобуктарыгар тоҕон,

Аҕыс көлөһүнүн сүүстэригэр аҕаан,

Хаарыаннаах алаас дойдуларын

Хатыҥ чараҥнарын ахтан,

Ол чэҥ муус кудулу байҕал

Уордаах кыыдааннаах тыынын

Ала холорук сиксийэ сиэлэр

Курдары үрэр тибиитигэр

Буор куттарын булбакка,

Салгын куттара сайҕанан,

Ийэ куттара иэнигийэн,

Туох буруйун-сэмэтин иһин

Хааннаах харах уутунан

Сууннаран, суорума суоллаан,

Боҕутарга санаммыккыт буолла…

Ити олох хабараан охсуутун

Харыларынан хайа силэйэн,

Сырдык тыыннарын солуок,

Үрүҥ тыыннарын толук ууран,

Чурапчы чулуу дьоно туруммута.

Өркөн өйүнэн өрүһүнэн,

Дохсун дьаныарынан тардынан,

Туруу дьулуурунан турунан,

Булгуруйбат буулаҕа санааларынан,

Энчирээбэт эрдээх эрчимнэринэн,

Өлөр өлүүнү кыайбыттара,

Өргөс-кылаан аспыттара!

Аан тыл

Убаастабыллаах ааҕааччым, тоҕо бу ыарахан ис хоһоонноох тиэмэни талан суруйарга холоннуҥ диир буоллаххына… Урут чурапчылары хоту балыкка көһөрбүттэрин туһунан дьон кэпсээниттэн истэр этим. 2000 сыллаахха доҕорум Николай Никитинниин устубут «Суор тиһэх кыланыыта» диэн, сахаттан бастакы видеодетективым презентациятын кэнниттэн, көһөрүү алдьархайдарын туһунан кэпсэтии буолбутугар, Вячеслав Попов диэн билэр киһим «биир оҕо хоргуйан өлөр тиһэх мүнүүтэтигэр Сталиҥҥа сурук суруйа олорон сырдык тыына быстаахтаабыт» диэн кэпсээбитэ. Ол мин, айар киһи, уйаҕас дууһабын сүрдээҕин долгуппута.

Онтон көһөрүллүүнү Агафья Птицына үчүгэйдик билэр диэбиттэригэр, ыйыталаһан, көрсүбүтүм. Кини миэхэ көһөрүүгэ сыһыаннаах кинигэлэри, сүбэ-ама биэрбитэ. Тыа хаһаайыстыбатын оччотооҕу миниистирэ Егор Афанасьевич Борисов эмиэ сэргээбитэ. «Чурапчы алдьархайа» диэн кинигэни ааҕан баран, киинэ сценарийын суруйарга холоммутум. Прокопий Петрович Флегонтов ахтыыларын олус долгуйа аахпытым уонна онно олоҕуран суруйбутум. Сүрүн геройум Ньукуус кини прототиба буолуон сөп.

Көһөрүллүү 60 сылын көрсө сценарий бэлэм буолбута. Учууталлыыр буоламмын, киинэнэн дьарыктанар кыаллыбат этэ. Онон тохтообутум. Кэлин Намнааҕы педучилищеҕа бииргэ үөрэммит, Чурапчыттан сылдьар доҕорум Дмитрий Новгородов «суруйар дьоҕурдаах эбиккин, аны онтуккун сайыннар» диэн сүбэлиирэ, көҕүлүүрэ. Онон сценарийбын уус-уран сэһэн гынарга санаммытым. Аны Чурапчы улууһун Хайахсыт нэһилиэгиттэн төрүттээх дьону сураһан, «Саха» НКИК араадьыйатын дириэктэрэ Тарас Лукич Тарасовы көрсөн, бу кэнники сылларга үлэм син иннин диэки хамсаабыта. Кини убайын Иван Лукич Тарасовы, көһөрүллүү тыыннаах кыттыылааҕын көрсөн, кэпсэтэн, кини ахтыыларын, кэпсээннэрин бэлиэтэммитим. Уонна дьэ бу холонон көрдүм. Араас ахтыыларга олоҕуран биир саха ыалын дьылҕатын суруйдум. Бэйэм ити кэпсиир сирбэр бииригэр да сылдьыбатаҕым, көрбөтөҕүм. Онон туох эмэ сыыһа баар буоллаҕына, өйдөөн, баалаабаккытыгар көрдөһөбүн.

Мин бу үлэҕэ саха норуотун сэрии сылларынааҕы алдьархайын ыарахаттарыттан булгуруйбакка, кырдьыктара кыайбыт Чурапчы чулуу дьонугар сүгүрүйэн туран ылыстым. Араас докумуоннары, ахтыылары, суруналыыс Т. Кардашевскай «Ыар сүтүктээх суолларынан», суруйааччы И.Е. Федосеев-Доосо хомуйан оҥорбут «Чурапчы алдьархайа» кинигэлэрин, ону тэҥэ «Литовцы у Ледовитого океана» диэн хомуурунньугу туһанным.

Дьон-сэргэ, ыччаттарбыт история ис дьиҥин билиэхтээхтэр, ааспыты сыаналыахтаахтар, харыстыахтаахтар диэн ыра санаалаах айымньым аан тылын түмүктүүбүн.

Ааптар

Бастакы чааһа

Мас ат

Каунас арҕаа сайдыылаах дойдулары кытары ыксалаһа сытар Литва биир улахан куората. Үөһэ халлааҥҥа харбаспыт очуостар үөрбэлэригэр майгынныыр килэйбит-халайбыт дьиэлэр быыстарынан, сыыйыта тардан кэбиспит курдук ыраас уулуссаларынан, араас дьэрэкээн өҥнөрүнэн оонньуу, быыстала суох массыыналар элэгэлдьиһэллэр. Уулусса икки өттүнэн аата-ахсаана биллибэт үгүс дьон халҕаһалыы анньан аалыҥнаһаллар. Улахан куорат биир кэм өрө ньиргийэн олорор.

1
{"b":"827526","o":1}