Дьоҥкуудай эбэ
Баһаардар кэлин син хаптайыталаан, сотору окко киирии саҕаламмыта. Дьоҥкуудай эбэ үрдүнэн уот куйаас сатыылаабыта. Бугуллаах окко хап-хара гына аһыҥалар саба түhэн олороллоро. Киһи ходуһаҕа киирэн хаамтаҕына, икки өттө үп-үллэҥнэс аһыҥа. Хор, оннооҕор аһыҥа түстүн диэн алаастар саҕаларынан хаһыллыбыт миэтэрэнэн дириҥнээх уһун ханаабаларга толору симиллэн, бараныахтааҕар өссө сытайан элбиир курдуктара. Туох баар сэрбэйэри барытын тимир тиистэринэн тугу да ордорбокко тиниктээбиттэрэ. Алаастан алааска хара былыт буолан, сырдьыгыныы көтөллөрө. Аны онно эбиискэ буолан, кугас дьүһүннээх түүлээх үөн, тииттэр мутукчаларын сиэн, күөх ойуур эмиэ дьулаан көрүҥнэммитэ. Бу сир-ийэ үрдүнэн сатыылаабыт ыар күннэр кытаанах санааны, тулууру, олоххо дьулууру эрэйэллэрэ. Оттон Чурапчы дьоно-сэргэтэ ити иэдээни туоруурга, кыанардыын-кыамматтыын бары күүһүн түмэн, эрдээхтик охсуһара.
Дьоҥкуудай алааһын уолан эрэр уутун кытыытын отун аһыҥаттан былдьаһан, окко эрдэлээн киирбиттэрэ. Оттоон да диэн, курааннаабыт алаас уолбатын отун баһа-атаҕа биллэрэ. Лөгөнтөй, Баhылай, Ньукуус уонна хас да отчут, от харбааччы Аанчык уонна Даайыс оллоонноругар омурҕанныы тахсыбыттара. Күлүккэ сөрүүкээри, кэмчи үтэлэрин тэлгэтэн, чэйдии олорунан кэбистилэр. Лөгөнтөй кырдьаҕас, итии чэйин ыйырбахтыы олорон:
– Бу маннык кураан түөрт уон сыллааҕыта түhэн турар, көр, онно син быстан хаалбакка өрүhүммүппүт ээ. Оччолорго үлэни кыайар дьон баар бөҕө буоллаҕа дии, хата, бу билигин, ити аат сэриитэ буолан, төһүү күүһэ суох хаалан, бу саба бүрүүкээбит сараһын үөнэ саранча аһылыга буолаары гынныбыт дии.
Баhылай сылбархай чэйин сыпсырыйан ылаат:
– Уот сут, уот кураан диэн манныгы этэн эрдэхтэрэ. Аны баhаар бөҕө турар, барыта наар аанньа бараары гынныбыт. Бу кыһын Алаҕарга дьон сутаан, хоргуйан өлбүттэригэр, куораттан хамыыһыйа тахса сылдыбыт сурахтааҕа.
– Бурдук лимиитин аһара аччаппыттара, арыый эбэллэрэ буоллар итинник иэдээн тахсыа суох этэ буоллаҕа дии, – диэн, Аанчык ол сордоохтору аһынан тыл кыбытта.
– Дьэ, туох-туох буолан иһэр, бу барыта сэрии сэтэ-сэлээнэ буоллаҕа буолуо, – диэн быһаарда Лөгөнтөй кырдьаҕас.
Ньукуус харытынан тириппит сүүһүн сотто-сотто:
– Сут буолла да наар кураан, от мас барыта кэхтэр. Оо, үчүгэй аҕайдык этиҥнээх ардах да түспэт ээ, уонча хонуктаах, оччоҕо барыта орун-оннугар түhүө этэ. От, бурдук да үүнүө этэ, дьон да хоргуйуо суоҕа этэ. Саатар ити кэлэн түһүөх, бу кэлэн түһүөх буолан, этиҥнээн лиһигирээн баран үрэллэн, симэлийэн хаалар ээ, тыал түһэн, уоту эрэ күөдьүтэн биэрэр. Кыһыыта диэн онно баар.
Лөгөнтөй сиэнин диэки көрөн ылла, көхсүн этитэн баран:
– Ааспыт үйэ алта уонус сылларыгар «халыҥ хаар», онтон «муус мотуок» дьылларын кэнниттэн, тоҕус сыллаах иэдээннээх «кучу сут» буолан турар. Ол тоҕус сыллаах кучу сут бүтэһик сылыгар мин төрөөбүтүм үһү. Онон кырдьаҕастар оҕо эрдэхпинэ, Куччугуй кучу диэн таптаан ааттыыллара. Онтон ыла сэттэ уонча хаарбын уулларан кэллэҕим.
Эдэрдэр Лөгөнтөй кэпсээнин сэргээн ону-маны ыйыталаһан эрдэхтэринэ, уот сиэн хараарбыт куула тыатыттан аттаах киhи кинилэр диэки хаамтаран иhэрэ көһүннэ. Баhылай табаҕын умуруоран баран:
– Бай, бачча үлэ үгэнигэр киммит атынан кэрийэ сырыттаҕай?
– Хонуу биригэдьиирэ Миитэрээс дии, – диэн кыраҕы харахтаах Ньукуус быһаара оҕуста.
– Туохха истэҕэй? – диэн, дьиктиргээбит сирэйдээх кэтэһэн олордулар.
Аттаах киhи сотору хаамтаран битигирэтэн кэлэн, атыттан түһэн, үүнүн күрүө тоһоҕотугар иилэ бырахта. Тымныы уу көрдөөн ылан ыйырбахтаат:
– Табаарыстар, өйүүн Нам оройуонун Арбын сиригэр, Нуотара үрэҕэр оттуу киирэр үһүгүт. Уон икки киhиттэн биригээдэ тэриллэр үhү. Онон Баhылай салайааччынан, Ньукулай, Лөгөнтөй, Ньукуус, Аанчык, Даайа, үлэни кыайар дьон тахсан тэринниннэр, тэйиччи сир диэн Уйбаан Бөтүрүөбүс дьаһал ыытта. Манна Сиидэркэ кырдьаҕас биригээдэтэ тахсан ситэри оттуур үһү, – диэн илдьитин биир тыынынан тоҕо тэбээн кэбистэ уонна, сорукпун толордум диэбиттии атын миинэн, салгыы битигирэтэ турбута.
Онон Ньукуустаах омурҕан кэнниттэн отторун түһүн чөкөтөн баран, отууларыгар тахсан хомунан, хотуурдарын, атырдьахтарын сүгэн дьиэлэригэр бардылар.
Дэриэбинэ иһигэр ыт охсор киһи суох. Билигин кыралыын-улаханныын бары от, хонуу үлэтигэр түбүгүрэ сырыттахтара. Арай хонтуора аһаҕас аанынан иһирдьэ сөп-сөп суот тыаһа таһыргыыра, кумааҕы хачыгырыыра иһиллэр. Хонтуора иһигэр холкуос бэрэссэдээтэлэ Уйбаан Бөтүрүөбүс уонна суотчут эрэ бааллара. Сотору таһырдьа ат туйаҕын тыаһа иһиллибитэ, чочумча буолан баран наарыһынай киирэн дорооболоһон баран, оройуонтан аҕалбыт бакыатын ууммута. Уйбаан Бөтүрүөбүс ылан, сэрэнэн соҕус туттан, сургуустаах бакыаты хачыгыратан аһан, ааҕа олорон:
– Бурдук лимиитин улаатыннарар туhунан сурукпутугар эмиэ аккаас кэлбит, – диэтэ.
– Ол туох диэн?
– Уобалас үрдүнэн сэрии ыарахан балаhыанньатыгар олоҕуран, бурдук саппааhа аҕыйаабытынан.
– Дьэ, буолар да эбит. – Бары ах баран сирэй-сирэйдэрин көрсөн кэбистилэр. – Сэрии, билигин ханна барытыгар ыарахан, тулуйарбытыгар эрэ тиийэбит.
– Хайдах эмит тулуспут киһи, дьон-сэргэ аччыктаан эрэр, – диэн Уйбаан Бөтүрүөбүс, санааҕа ылларан олорон, саҥа аллайда.
– Бу кыстык, манан буоллаҕына, ыарахан кыстык буолара буолуо.
– Бэйи, ол гынан баран Арбыҥҥа от үүнүүтэ үчүгэй дииллэр, билиҥҥи туругунан бардаҕына, кыстык оппутун булунар кыахтаахпыт, онон санааны наһаа түһэрэр сатаммат, – диэн Уйбаан Бөтүрүөбүс кытаанахтык кэпсэтиини түмүктээбитэ.
Тойон Арыы
Тойон Арыы, ааттыын да Тойон Арыы дэнэр, арыы талахтардаах, киэҥ нэлэһиспит хочолордоох, көмүстээх Алдан Элиэнэ эбэ хотуҥҥа түһэр Нам оройуонун Арбынын сирэ. Өрүс арыытын үүнүүлээх ходуһатыгар ыраах күөх буруо тунаарыйа сыыйыллар. Бу Хайахсыт Түмсүү холкуоһуттан Баһылай биригээдэтэ кэлэн, күүрээннээх үлэ үөһүгэр өлгөм үүнүүнү сомсон үлэлии сылдьар. Отууга Лөгөнтөй хотуур таптайан чапчыйар тыаһа ыраахтан иһиллэр. Отуу уота барахсан күлэн-үөрэн чачыгыраччы умайар, оллооҥҥо күнүскү омурҕан чэйэ оргуйаары сыыгыныыр. Отчуттар балайда киэҥ сири чэрчилээн, охсон тэлэкэлээбиттэр. Ыраах бугуллар бачыгыраабыттара көрүөххэ астык. Ньукуус көлөhүн буолбут сүүһүн соттоот, аҕата Баһылай кэнниттэн тэҥҥэ түсүhэн, дайбаан даллаахтаан истэ. Оо, бу курдук үүнүүлээх сиргэ киһи илиитэ-атаҕа тахсан, оттуурга үчүгэй да баҕайы. Оҥоһуулаах хотуур тыаһа биир кэм «куус»-«куус» гына тыаһаан, охсуллубут от бэйэтэ кыра субуу курдук буолан, Ньукуус хаҥас өттүгэр хаалан истэ. Оо, арай сэрии буолбатах буоллун, убайа Сүөдэрдиин төһө эрэ сири тэлэкэлээбит буолуохтара этэ. Ньукуус иннигэр үүммүт оту, ньиэмэс саллааттарын курдук саныы-саныы, эһэтэ Лөгөнтөй сатабыллаахтык таптайбыт буускап хотуурунан өлгөмнүк үүммүт хойуу оту төрдүттэн халбыйа дайбаан, биир кэмник хардыылаан, хотуулаахтык дьүккүйэн истэ. Арай эмискэ аттынааҕы көлүйэҕэ элиэ кынатын тыаһа сирилээн аллара түһэн эрэрин көрөн тохтуу биэрдэ. Элиэ дэгиэ тыҥырахтарын сарбатан, тугу эрэ ылаары көлүйэ үрдүгэр чугаһаан истэҕинэ, ийэ чыккымай мээтиргээбитинэн элиэҕэ кэтиллэрдии утары көтөн таҕыста. Элиэ соһуччу көрсүһүүттэн куйбах гынан аһаран биэрээт, төттөрү өрө ханарыйан, үөһэ көтөн таҕыста. Ийэ кус барахсан, кутталларыттан хомус быыһыгар үрэл гыммыт оҕолорун ыҥыртаан, мээтиргии-мээтиргии, көлүччэҕэ төттөрү түһүнэн кэбистэ. От ыйын ортото, кус оҕото балайда улааппыт кэмэ этэ. Бу уот кураан, сут көтөр аймаҕар эмиэ дьайан, ороһулаан, сутурук эрэ саҕа буолаахтаатахтара. Дэгиэ тыҥырах аһылыга буола сыспыт кус оҕолоро, үрүҥ тыыннарын өллөйдөөбүт ийэлэригэр махтаммыттыы, тула үмүөрүһэн, бары хомус быыһыгар киирэн сүтэн хааллылар. Куттаҕас киһини «кус сүрэх» дииллэр даҕаны, ийэ кус оҕотун көмүскэлигэр эрдээх быһыытын Ньукуус сөҕө санаата.
Оттон үөһэ туох да буолбатаҕын курдук тэлээрэ дайар элиэни өстөөх, ньиэмэс дьарапылааныгар холуу көрөн, убайа Сүөдэр улахан сэриилэһэр бууска диэн тэргэнинэн сууллары ытыан санаталаан, хотуурун дуускатын ыгыта туппахтаата.