* * *
Сарсыарда халлаан суһуктуйа сырдыыта хаһан да сууйуллубакка-сотуллубакка, киринэн-хаҕынан, муус кырыанан бүрүллүбүт дьиэ аннынааҕы түннүктэринэн сырдык барбах эрэ туртайда. Киирэр-тахсар аан сотору-сотору аһылларыттан-сабылларыттан, атах тыаһа араастаан тоһугурууруттан сылыктаатахха, сарсыарда буолбута билиннэ.
– Һуу, өр да кэтэстим бу сарсыарданы, олус да өлөттөрбүппүн.
– Этимэ даҕаны бу тастан аҕалар арыгылара улахан алдьатыылаах ас быһыылаах, чэпчэкитин аанньа ылан сордонобут ээ. Онно эбии топпоккобут түүннэри таксистартан таракаан эмин эбэн тупсаран оҥорбут сомогуоннарын ылан алдьанныбыт.
– Оннук эбит. Олох сэниэ-сээбэс эстибит. Сүһүөхтэрим тип-титирэстэр, хап-хачыгырастар, босхо баран ыһыллан хаалбыт курдуктар.
– Хайдах гыныахпытый, таһырдьа тахсан сүһүөхпүтүн тэнитиэххэйиҥ. Тымныы, ыраас салгынынан тыыннахпытына арыый дьэгдьийэр инибит.
– Оннук, тахсан дьиэ таһын ыраастааччылар биригэдьиирдэригэр Бөтүрүөбүскэ баран ханнык дьиэлэр тастарын хомуйтарарын ыйытыахха, арба бэҕэһээ «Байылыат» маҕаһыын таһын ыраастаарыҥ диэбитэ ээ.
– Сөпкө эттиҥ. Эһиги көнөтүк онно барыҥ, мин дьааһыктары кэрийэн көрө-көрө тиийиэм, баат биэрдэҕинэ тугу эмэ булуом, тардыллан хааллахпына күүтээриҥ. Тоһоҕолоон сэрэтэбин, үлэлиир маҕаһыыҥҥытыттан тугу да уорбаккыт, ылбаккыт. Сыыһа-халты саҥаран өһүргэтэ сылдьаайаххытый, тугу дьаһайалларын тук курдук толороҕут. Уора сылдьан тутулуннаххытына иэдээн, быстардахха аһыыр-таҥнар хаһаас сирэ суох хаалабыт. Ол кэриэтин көнөтүнэн сылдьан үлэлээн, бас билэр чааһынай үүттээх ынахпыт курдук күн аайы ыан ыла сылдьарбыт быдан ордук. Өйдөөтүгүт ини.
– Оннук-оннук, көрсүөххэ диэри, барыта этэҥҥэ буоллун. Эн, Турантай, бу күн сиригэр арыый уһуннук олорбут киһи сиэринэн сөрү-сөпкө сөллөҥнөөтүҥ, бэри-бэркэ бэллэҥнээтиҥ. Кырдьаҕаһы хааһахха укта сылдьан сүбэлэт диэн ол иһин этэн эрдэхтэрэ. Хата, биһиги туспутугар үрдүк айыылартан көрдөһө хаал, саҥа үүммүт күн дьолу-соргуну тосхойдун, эрэлбит эстибэтин, модун санаабыт булгуруйбатын диэн.
– Бээ эрэ, өссө биири этэрдээх эбиппин. Аргыый аҕай, тыаһа суох, дьон уорбалаабатын курдук, биир-биир тахсыҥ. Мин эһиги кэннигититтэн балачча буолан баран батыһыам. Араас дьон баар буолар, аны полицияҕа биллэрэн айдааны таһаарыахтара. Кими да кутуруккутугар сөрөөн манна үктэннэримэҥ. Бу эргин маннык бүөмчү сири булар саарбах, саппаас дьиэ оҥостуо этибит буоллаҕа.
Турантай, соҕотоҕун хаалан баран, ааспыт олоҕун эргитэ санаан төбөтүн хам туттан хараастан олордо. Бастааҥҥыттан орто дойдуга оройунан түһээт, дьоллоох оҕо саас диэни билбэтэҕэ. Киһини өйдүөҕүттэн тулаайах буолан ийэ, аҕа сылаас тапталынан угуттамматаҕа. Хата, баччаҕа кэлиэх быатыгар тастыҥ эдьиийигэр эҥээрдэһэн борбуйун көтөхпүтэ. Ол соҕотох, хаһан да эргэ тахса сылдьыбатах, оҕо-уруу төрөппөтөх кырдьа барбыт эдьиийэ киҥэ-наара холлоро, хаппырыыстыыра баа буолуо дуо. Ону уйбакка, саҥардыы чороччу улаатан иһэн элбэхтэ уулуссаҕа сылдьарын, маннык олоххо тиийиэхтээҕин биттэммиттии, олох сирбэт этэ. Барыта хайдах эрэ көҥүл, туох да буойуу-хаайыы суох, үчүгэй баҕайы курдуга. Уруогун төһө да аахпатар, айылҕаттан бэриллибит дьоҕурунан оскуоланы куһаҕана суохтук бүтэрбитэ.
Онтон, дьэ, өйүн туппут курдук буолан, үрдүк үөрэххэ киирии эксээмэннэрин улаханнык ыарырҕаппакка туттаран, устудьуон үрдүк аатын сүкпүтэ. Дьоллоох-соргулаах эдэр саас сатыылаабыта. Ол үөрэнэ сылдьан кырасыабай, үчүгэй дьонноох-сэргэлээх эмчит үөрэҕэр үөрэнэр кыыһы кэргэн ылан, кыыс дойдутугар тахсан икки сүүс киһилээх сыбаайба оҥорон ньиргиппиттэрэ. Иннилэригэр барыта сырдыгынан эрэ сыдьаайар курдуга. Өр буолбатаҕа, утуу-субуу икки кыыстаммыттара, онтон кэтэһиилээх уол оҕо төрөөбүтэ. Ойоҕо үөрэҕин бүтэрэн, балайда хамнастаах үлэлээҕэ. Арай Турантай сирбитэ-талбыта буолан, хас да үөрэххэ киирэ-киирэ быраҕаттаабыта. Кэнники, кэргэнэ дэлби күһэйэн, биир үөрэҕи син бөрөөбүт курдук буолбута. Ботуччу соҕус хамнастаах алмаастаах кыраайга тиийэн дьиэ-уот тэринэн уонча сыл этэҥҥэ олорбуттара. Онно олус тото өлөн, ыт баһа көмүс кытахтан төкүнүйбүтүгэр дылы, олох дьэбэрэтигэр тимирбитэ. Ол төрүөтэ күөх моҕойго аһара убаныыттан, барытыгар ээл-дээл сыһыаннаһыыттан этэ.
Алмаастаах кыраайга харчы эргиирэ маннааҕар ботуччу буолан, наркоман аймах элбэҕэ. Сорох түүн арыгылаан баран, сарсыарда баһыҥ хайа барар туруктаах баран иһэн бэйэҥ курдук балаһыанньалаах, таҥастаах-саптаах киһини көрсөн үөрэ түһэҕин. Сүбэни холбоон, ону-маны кучу-мачы гынан арыгы кыттыһан атыылаһыахпыт дии саныыгын. Онтуҥ баара, киһиҥ ханнык эрэ кыраасканы, лааҕы көрдүү сылдьар токсикоман буолан хомотор. Сорох ардыгар ол киһиҥ «косяк» диэн аатырар көлөпүнэни көрдүү сылдьар буолан кыһытар. Сорох букатын да испириискэ наадыйар. Хата кини ол дьаллыктарга сыстыбакка наар арыгыттан күнүн таһаарара.
Билигин ону санаан кэллэҕинэ «дьылҕам утума аллара ыйа сылдьар буолбутун кэннэ хайыахпыный» диэн бэйэтин алы гынан уоскутунар. Аны кэлэн тоҕоноҕу кирэн да диэн, туох туһата кэлиэй, ынах тириитин иккистээн сүлбэккин, төннөр суол суох, барыта буолуохтаах буолан манныкка тиийдим ини дии санаан арыый көхсө кэҥээбит курдук буолан, хам туттан олорор илиитин төбөтүттэн араарда.
Конец ознакомительного фрагмента.
Текст предоставлен ООО «ЛитРес».
Прочитайте эту книгу целиком, купив полную легальную версию на ЛитРес.
Безопасно оплатить книгу можно банковской картой Visa, MasterCard, Maestro, со счета мобильного телефона, с платежного терминала, в салоне МТС или Связной, через PayPal, WebMoney, Яндекс.Деньги, QIWI Кошелек, бонусными картами или другим удобным Вам способом.