– Чэ, хата, барыта этэҥҥэ буолла, аһыыр астанныбыт, сылааста киллэрэ охсуохха.
– Уолаттар, дорооболоруҥ! – Күөх Харах муннукка кирийэн олорбут сириттэн туран кэллэ, тыыллаҥнаата.
– Һок, бабат-татат, бу кимҥиний?
Сылаас турбаҕа атаҕын тыылыы тэбэн олорбут бөдөҥ-садаҥ киһи соһуйан ойон турда. Кыра киһи суумкатын иһиттэн арыгыны ороон иһэн соһуйан ходьох гынна да, түргэн үлүгэрдик төттөрү аста.
– Абааһыны көрбүккэ дылы туох ааттаах соһуйдугут? Сантехниктарбыт, – Күөх Харах, суос бэринэн үөхсүбүтэ буола-буола, киирбит дьоҥҥо ынан кэллэ.
Кини ойоҕоһугар турбут Турантай, суоһурҕанан, маһынан турбаны охсуолаан тиҥиргэттэ.
– Бу буомустар биһиги көрөр-истэр турбаларбыт үрдүгэр хорҕойон алдьаталлар-кээһэтэллэр, киртитэллэр эбит дии. Дьэ, итинник буоллаҕына кэпсэтии атын буолуо, – Кэриспэндиэн өттүк баттанан киирэр ааны туора турда.
– Убайдар, тыытымаҥ, биһиги бэрт начаас иттэ киирбиппит, манна урут хаһан да сылдьыбатахпыт, – кыра киһи, кэлиэх-барыах сирин булбатахтыы, төбөтө лэкээриҥнии түстэ.
– Көстөн турар дьыалаҕа сымыйанан мэлдьэһэ турбуккун, хата, үчүгэй аҕайдык уоптарыам ээ. Хатыы сылдьар күлүүспүтүн эһиги алдьаппыт эбиккит! Ааны аһыллыбат да, сабыллыбат да гына кэбилээбиккит.
– Быладьыымырабыс, тугу кэпсэтэ тураҕын! Бу дагдайбыт кыылы уонна хатаччы хаппыт үөнү төбөлөрүн хаһа түһэн, аны хаһан да манна кэлэн өҥөҥнөөбөттөрүн курдук сахсыйа түһэн биэриэххэ!
– Кэбис-кэбис, бэйэбит да быста-ойдо сылдьар дьоммут, эйэ дэмнээхтик арахсыахха, – үскэл киһи этии киллэрдэ.
– Этэҥҥэ эчэйэ иликкитинэ иэскитин төлөөҥ! – Күөх Харах кыра киһини уолугуттан ылла.
– Туох иэһин этэҕин?
– Өссө эн, үөн, иэстээххин билиммэккэ тураҕын дуо?! Күлүүһү алдьаппыккыт, ааны аһыллыбат гына мууска хам тоҥорбуккут! – диэт, кыратык далайан сирэйгэ оҕуста.
– Айыка, убаай! – кыра киһи өрө мөхсө түстэ, сирэйин кистии сатаата.
– Бээ эрэ, тохтооҥ!
– Тугу орооһо тураҕын, хата, төбөҥ сиигинэн бу маһы түһэрээйэхпиний! – Турантай, маһын күөрэччи туппутунан, дагдайбыт киһиэхэ ыга хаамта.
– Биһиги ол ха-ха-йаатыбыт? – анараа киһи кэннинэн чинэрийэн истиэнэҕэ сыһынна, үтүлүктэрин сиргэ быраҕан баран көмүскэнээри илиитин утары уунна.
– Хайа, ыт баара өссө охсуһаары ыстаҥалыыр дуу, дьэ итинник буоллаххына көрүлээтэхпит! – Күөх Харах сиэбиттэн бүк тутар быһаҕын ылан туруорда. – Эһигини баҕас, ханнык эрэ хаамаайылары, үнтү сынньан, өлөртөөн да кэбистэхпитинэ, ким ирдэһэн биһигини буруйга-сэмэҕэ тардыаҕай?
– Тохтооҥ! – Кэриспэндиэн, дьонун иннигэр киирэн, муннукка көмүскэнээри бэлэм турар киһиэхэ туһаайан эттэ.
– Ыччат, эрэй элбии, үлүгэр үөскүү илигинэ аны манна кэлимэҥ. Бүгүн ааны оҥорон хатыахпыт, ону алдьатыаххыт даҕаны холуобунай дьыала тэрийтэрэн оннугутун буллаттарыахпыт. Куотан, саһан туһа суох, биһиги илиибит уһун, син биир булуохпут! Билигин биһигини кытта хонтуораҕа барсаҕыт. Ыстараап төлүүргэ харчылааххыт дуо?
– Суох. Кыра баарын барытын ити ас оҥорбуппут.
Кырбаныыттан төлө туттарбыт киһи быһыытынан чэпчээбиттии өрө тыынна, сүүһүттэн бычыгыраан тахсыбыт көлөһүнүн туора сотунна.
– Төлүүр харчыгыт суох буоллаҕына, ити суумкаҕытын хаалларан баран, элэс гынан хаалыҥ. Бастакы сырыыгыт буолан, бырастыы гынабыт.
– Өйдөөтүбүт.
Кыра киһи дьон быыһынан сылыпычыйан кэлэн киһитигэр үтүлүгүн ылан биэрдэ, уонна, хайдах киирбитин курдук, аан быыһынан түргэн баҕайытык элэс гынан хаалла. Киһитэ саҥата суох кэнниттэн, кыбылла сыһа-сыһа, тахсан барда.
Хаарга атахтарын тыаһа хоочугураан сүтэрин истэ олорбохтоон баран, бэйэ-бэйэлэрин саҥата суох көрсөөт, күлсэн тоҕо бардылар.
– Дьэ, саамай улахан өҥөлөөх Кэриспэндиэн обургу, булбут-талбыт суумкаҕын баһаалыста аһан көрдөр эрэ.
Киһилэрэ тэскэйбит суумка иһиттэн биир-биир суулааҕы таһааран табаар дьааһыга остуолларыгар уурталаата.
– Һок, буокка, тоҥ убаһа быара, киилэ аҥаара буолар быһыылаах, бай, аны халбаһы, туустаах балык, килиэп. Сибиэһэй маҥан килиэби сиэбэтэх да ыраатта.
– Ок-сиэ, дьэ бу буоллаҕа дьэргэстэй ыһыаҕа диэн. Ол иһин да муннум бэркэ кыһыйбыта, – Күөх Харах сутуругунан ытыһын тэс гына оҕуста.
– Өссө туох эрэ тыаһаата ээ, күндү аспыт аргыстаах ээ быһыыта, хараҕым мөлтөҕүн аанньа кулгааҕым барахсан, төһө да иһэлийдэр, буобура кулгааҕын курдук чуор буолар этэ, – Турантай өндөҥнөөн ылла.
– Игирэ аҥаара барахсан баар. Чэ, ити «оҕобут» суутугар сууланан сыта түстүн, бириэмэтэ кэллэҕинэ биһиги обургулар кинини да ньэлбиэхпит. Бастаан бу аспытын үөрэ-көтө уос-тиис үллэстэн кэбиһиэххэ. Күөх Харах, быһахтаах киһи быары, килиэби кырбастаа. Турантай, олох мастары булаттаа, үрүүмкэҕэ майгынныырда тэрий.
– Бай, бу тойоммут биһигиттэн харыс үрдүү оҕустаҕа тугун сүрэй? Тута дьаһалымсыйан, соруйан барда дии, киһиэхэ кыра да наада диэн маны этэн эрдэхтэрэ.
– Этимэ даҕаны, астаах суумканы тутан олордоҕо эбээт. Аны «баһаалыста, өссө кыратык кут эрэ» диэн көрдөһүннэрэрэ буолуо. Оччоҕо көмөлөөн муостарын эрийтэлээн биэриэхпит. Сөп диир инигин?
– Сөбө бороҕон. Ханнык эрэ табаны үрдүбүтүгэр ытыннара оонньообот эрэттэр инибит, тиэрэ баттыы сытан кулгаахтарын көннөртөөн биэрдэххэ сөп буола сыһыаҕа.
– Эмиэ мин хоту тардыылаахпыттан уонна аҥаар таллайбыт кулгаахпыттан иҥиннигит. Кыра сылдьан хотон сабараанньатыттан охтон дэҥнээбит үһүбүн, онтум итинник таллайа оһон хаалбыт. Онтон олохтоох омук сыдьаана буоларбыттан олох кыбыстыбаппын. Мин өбүгэлэрим хантан эрэ хаппыт дүлүҥү миинэн куотан кэлбэтэхтэрэ.
Биир бэйэм санаабар, биһиги, сахалар, быһа охсор быһаҕаспыт хаан булкаастаах дьон буолуохпут ээ, хантан эрэ Сахаараттан дуу, Тибиэттэн дуу бары бииргэ суулаһан кэлбит дьоммут диэн дойҕоҕу олох итэҕэйбэппин. Киһи ымсыырыах, Кавказ, Орто Азия омуктара бары бэйэлэрэ туспа тыллаахтар-өстөөхтөр, ааттаахтар-суоллаахтар, итэҕэллээхтэр, уонна ханнык омук буолалларын киһи эндэппэккэ билэр. Ол курдук сирэйдиин-харахтыын, быһыылыын-таһаалыын бэйэ-бэйэлэригэр майгыннаһаллар. Бэйэлэрин икки ардыгар хаһан да атааннаспаттар, ар-бур дэспэттэр, көмүскэсиһэллэр.
Оттон биһиги хайдахпытын бэйэҕит көрөҕүт, ааппыт-суолбут суох, аҥаардас тылбыт эрэ ордон хаалбыт да, нууччалыы билэр киһи биһиги тугу кэпсэтэрбитин быһаарар. Итэҕэлбит да дьүүлэ-дьаабыта биллибэт, биир сүнньэ суох. Тас дьүһүммүтүн этэ да барыллыбат, халлааннаах сир курдук араастаһар. Онон биһиги хомуур омук буоларбыт хараҕа да суох киһиэхэ көстөн турарын үрдүнэн, соҕурууттан кэлбит аҕыйах күтүөт сабыдыалын үрдүктүк тутабыт. Тылбытыгар аҕыйах тылы кыбыппыттарын иһин түүрдэрбит дэһэбит. Оттон түүр омуктара бары биир тылынан кэпсэтэн өйдөһөллөрүн билэҕит дуо? Итэҕэллэрэ эмиэ биир.
– Чэ, Кэриспэндиэн, тыынна ыла түс, эн биһигини ити кэпсээҥҥинэн син биир итэҕэтиэҥ суоҕа, хаһыабыт да, оччонон бары аҥыы-аҥыы туойа сылдьар тойооскуларбыт. Холобура, мин ариецпын диэхпин сөп, онно хаптаҕай сирэйим эбиллэн, мэйиим икки чөмчөкөтө тэҥҥэ үлэлээн тиҥиргэтэ сылдьаллар диэҕим.
– Хата, ону-маны сымыйаны анаарбакка, уолаттар барахсаттар, күннээҕи олохпутугар төннүөххэ, биһиги да уулуссабытыгар күн уота тыкта. Дьоро киэһэбитигэр ирэ-хоро, кэпсэтэ-ипсэтэ, күө-дьаа олорон аһыаххайыҥ.
– Дьэ, бэрт аата бэрт! Аны наһаа тото аһаан ойох көрдөөн маска ыттыбат инибит?
– Кырдьык даҕаны, маннык мааны астаах кэмҥэ тыһы кыычалаах киһи мааһа табыллыа эбит. Мааны Розалаах кэнники кэмҥэ көстүбэт буолан хааллылар. Хара Аанчыгы балыыһаҕа киирэн өлбүт диэбиттэрэ.
– Тыый, Баллайбыт Аанчыгы этэҕин дуо?
– Кинини, «Туймаада» маҕаһыын иннигэр умналыы сырыттаҕына, оскуола оҕолоро ааһан иһэн кэнниттэн хатыйан түһэрбиттэр, охторугар бүөрүн көтүрү түспүт үһү. Ааспыт ый саҥатыгар көрсүбүтүм, нэһиилэ өкчөҥнүү сылдьар буолбут этэ.
– Эрэйдээҕи, Аанчык бэйэ киһитэ этэ, баардаах буоллаҕына атын дьахталлар курдук көҥөнөн көнчөҥнөөбөккө, үөннэммэккэ-күрдьэҕэлэммэккэ баары баарынан, суоҕу суоҕунан көнөтүнэн сылдьаахтыыра. Кинини кытта аһыы-сии сылдьан, атын дьахталларга курдук, сыстаҥнаабаккын, атаакалаабаккын, хайдах эрэ аймаҕыҥ эбэтэр балтыҥ курдук саныыгын.