Владимир Тарабукин, Иван Тарабукин
Дьокуускай харах уутун итэҕэйбэт
© Оформление. ООО «Издательство Айяр», 2019
© Владимир Тарабукин, Иван Тарабукин, 2019
Ыччуу-ычча
Үс атастыылар, Турантай, Кэриспэндиэн уонна Күөх Харах, борук-сорук кураанах уулусса устун хаамсан хоочугураһан иһэн, итир-ботур сэлэһэн, бүгүҥҥү күннээх былааннарын торумнууллар:
– Ыччуу-ычча, тугун баҕас тымныытай! Хайа, нохолоор, ханна баран киһи-хара буолабыт?
– Урукку эбитэ буоллар кураанах бытыылка туттаран абырахтаныа этибит, билигин, үйэ уларыйан, бытыылка да тутан абыраабаттар, бөх дьааһыгын аайы омук бытыылката тобус-толору. Өҥнөөх тимири туттарыахпытын урукку курдук мээнэ ыһылла сыппат, буларга уустук.
– Ээ, бэйэбит курдук ускул-тэскил сылдьар дьон күн-түүн аайы элбээн, эбиллэн иһэллэр, туох эмэ кылах гынан көһүннэ эрэ тута ылаллар, онно дьиэ таһын ыраастааччылары эбэн кэбис, кинилэр эмиэ хомуйан туттараллар. Дьиэ таһын хомуйан ылбыт хамнастарынааҕар, тимири туттаран элбэх харчыны аахсаллар. Ол дьонуҥ хомуйар ыырдарыгар туора киһини саараама чугаһаппаттар, көмөлөһүннэрэр эрэ дьоннорун киллэрэллэр.
– Халҕыаһы билэҕин дии, ол киһи дьиэ таһын ыраастааччыларга сыстан түүлэнии-өҥнөнүү бөҕө үһү. Зиналаах тиийбиттэригэр сириттэн көҥөнөн ыстаҥалааһын бөҕө буолбут, кыратык саайсан да ылбыттар, аны манна кэлимэҥ эҥин диэтэлээбит, – Кэриспэндиэн буруолуу сылдьар сибиэһэй сонуннарыттан үллэһиннэ.
– Сирэҕэһи, кини баҕас киһи билэр сүөһүтэ этэ ээ! Көрүстэххэ сирэйин тэҥнээн биэриллиэ, – Күөх Харах кыбдьырынан ылла.
– Ол дьиэ таһын хомуйааччылар ылгын уолларын сыгынньах илиигинэн таба туппатыҥ буолуо ээ. Били кыра Ньуккууну билэҕин дии. Кини эмиэ ол дьон тэллэхтэрэ буолан, сиппиир, күрдьэх тутан баран, төттөрү-таары төөтөҥнөөһүн бөҕөтө. Уҥуохтуун үрдээбит курдук буолбут, «бөх дьааһыгын хаһарын хаһыҥ да, таһыгар мээнэ ыһымаҥ-тоҕумаҥ» диэн дьаһалымсыйыы бөҕөтө.
– Бу сэлээрчэҕи көрүҥ эрэ, аҕыйах хонук иһигэр уларыйа охсубутун. Хата, дьааһык хаһары көҥүллээбит эбит дии.
– Этимэ даҕаны, түүлэнэн истэҕин аайы өссө ыттыйан иһэрэ буолуо?!
– Дьэ, оччоҕо хайа диэки баран, тугу булан үссэнэбит? Сайсаар диэки барыаҕы Хахай Лүөбэлээх барытын хомуйан бүтэрдэхтэрэ. «Тыгын Дархан» диэки баран көрөрбүт дуу, онно да туһата суох буолара буолуо. Таҥара дьиэтигэр барыаҕы бүгүн нэдиэлэ ортотугар сылдьар киһитэ аҕыйах буолуохтаах. Таах баран ыттыы тоҥон титириэхпит. Урукку курдук таҥара дьиэтигэр иттэ киириэхпитин, саҥа ханньайбыт харабыллара саа тэбиитэ да сиргэ чугаһаппата чахчы, уонна арба да онно биһиги эҥээр улуустары атын улуустар хаамаайылара үтүрүйбүт сурахтаахтара, олох да туһата суох эбит. «Дракоҥҥа» хайдах эбитэ буолла, тобоххо-ибэххэ тиксиэххэ сөп эбитэ дуу, суоҕа дуу? Эбэтэр эрэйэ суох отунан-маһынан сэбилэнэн биир эмэ кыра-хара киһини халыахха баара.
– Па, «Дракоҥҥа» хойутаатахпыт дии! Хаһан хоочугураһан тиийиэхпитигэр диэри онно дугуйданар эрэттэр түүнү быһа көрүлээбит дьон ыспыттарын-тохпуттарын начаас ньылбы ыраастаабыттара буолуо ээ. Оттон түүнүктээх түрмэнэн дугуйданыаххын баҕарбатаххына, дьоҥҥо саба түһэр толкуйгун киэр кыйдаа.
– Өскүөрүтүн этэбин. Биһиги айылҕа атаҕастаабыт дьоно буолбатах курдукпут да, тоҕо өрүү таппат тараһа, тиийбэт тирии буолан тоҥо-хата сылдьыахтаахпытый? Ычча, тугун тымныытай. Халлааммыт дьэ иирбит дии, биэс уонча кыраадыс буолбут бадахтаах, – дии-дии, Күөх Харах, атаҕа тоҥмутун биллэрэн, өрүтэ ыстаҥалаан ылла.
– Эс, бу киһи омунун, бэлиэргиттэн оччо буоллаҕай. Дьэ сотору баҕарбатаҕыҥ да иһин тымныйан бытарытара буолуо, силлээтэххинэ силиҥ сиргэ тиийэн муус буолан төкүнүйэр ини. Хата, хаачыктарга баран холтууралыырбыт дуу? Кэм сылаас сиргэ олорон аһыа, үлэлиэ этибит, – саҥата суох испит Турантай кэпсэтиигэ кыттыһа, төһө сөпкө эттим диэбиттии, дьонун кэриччи көрүтэлээтэ.
– Бу да киһи, бытыккын быһа үктүөххэр диэри өйдөммөтөх муҥнааххыный? Былырыын баччаҕа ол дьоҥҥо үлэлээн тугу туһанныбыт этэй? Баччаны төлүөхпүт, оччону биэриэхпит диэн эрэннэрэн баран холуоһаҕа олордубуттарын умна оҕустуҥ дуо? Сарсыарда аҕыстан киэһэ аҕыска диэри тохтоло суох кирпииччэни, бетону бастакы этээстэн бэһис этээскэ тас да тас. Кырдьык, аһаталлара үчүгэй этэ да, үлэтэ элбэҕэ бэрдэ, киэһэ олох эстэн хаалар этибит дии, – Кэриспэндиэн өрүкүнэйэ түстэ.
– Онтон киэһэтин сылаас дьиэҕэ арыгы иһэрдэр этилэрэ ээ. Ороҥҥо утуйан турарбыт да үчүгэй буолбатах этэ дуо? Оннооҕор тэлэбиисэр кытта баара гынан баран, ону көрөн кыҥастаһа олорор соло суоҕа.
– Кыһыны быһа үлэлэтэн баран кэннилэрин көрдөрөн кэбиспиттэрэ дии. Соххор солкуобайы да утары уумматахтара. Эбиитин, эмэһэҕэ тэп диэбиккэ дылы, кырбыы сыһан үүрбүттэрэ.
– Баҕар, онно бэйэбит наһаа туттан кэбистэхпит буолуо. Эһиги истигит да бэйэ-бэйэҕитин кытта этис да этис, тараҕайдар быттаспыттарыгар дылы охсуһаары тилигирэһии бөҕө буолбуккут дии.
– Эн да холоон этиҥ.
– Элбэх киһи аһааһына-сиэһинэ хайдах айдаана-куйдаана суох буолуоҕай? Билигин атын хаачыктары булан бэйэбит эрэ сылдьыахха ээ, – Турантай өссө да бэйэтин санаатын туруулаһан көрдө.
– Биир килиэккэлээх киһиэхэ дылы, туох ааттаах кэнэҥҥиний? Хаачык хаачыктан туох уратылаах буолуой? Дойдуларыгар кырасыабай хайалартан ураты туох да киһи сэргиирэ суох, үлэ-хамнас мэлигир сириттэн ыксаан, уһун солкуобай кутуругун сырсан, биһиги муус-кырыа дойдубутугар ыарахан үлэҕэ үс көлөһүннэрин тоҕон ылбыт ханнык эмэ харчыларын эн биһиккини кытта төбө аҥаарынан тыырсан үллэстиэхтэрэ дии саныыгын дуо? Мүөттээх тылынан тугу баҕарар эрэннэриэхтэрэ. Киһи баар буоллаҕына сылтах көстүөҕэ, эрбэхтэриттэн да эмэн таһааран, туох эмэ биричиинэни син биир булан ыт атаҕын туттарыахтара этэ.
– Чэ, ити хааллын, сах салаатын, бэйэтин кэмигэр син аһаатахпыт-сиэтэхпит, арыгы да истэхпит диэн күлүккэр имнэн.
– Тугу эмэ булан абырахтаммыт киһи тылбыт-өспүт сөллөн, барарбыт-кэлэрбит сыыдамсыйан иккис да бытыылка көстүө этэ. Баксаал диэки барыахха, уол оҕо дьоллоох – таҥара баайдаах, баҕар, билэр киһибитин көрсөн тугу эмэ дук гыннарыахпыт.
– Тпу-тпу, бу киһи акаарытын. Онно буоллаҕа дии бөхтөр уйалара. Арба да бэҕэһээ Зина сэрэнэ сылдьыҥ диэн сэрэппитэ ээ. Соҕурууттан ханнык эрэ улахан тойон кэлиэхтээх үһү. Оччотугар киин уулуссалары полицайдар ыраастаабыт буолуохтаахтар, туттахтарына дьэ таҥара накааһа кэлэр. Сылбархай уунан уонна хаппыт килиэп тоорохойунан аһата-аһата, ыйы быһа хаайан сытыаран, күннэри-түүннэри үлэлэтэн сордуохтара. Аны хаамыралара тымныыта, быт-былахы да баһаам дойдута. Ааспыкка сөп буо-лан, быстар быһаҕаһым эрэ ордон, сыккырыыр тыыным эрэ тахсыбыта, – Кэриспэндиэн чахчы кэһэйбит киһи сиэринэн чыпчырынан ылла.
– Буруй эрэ Моттойоҕо диэбиккэ дылы, хас тойон-хотун кэллэҕин аайы барыта биһиги үрдүбүтүнэн ааһар буоллаҕа. Ол кинилэр олорор Москваларыгар биһиги курдук биистэр суохтар үһү дуо?! Киэҥ иһит салааһыннаах дииллэринии, онно, сылаас сиргэ, өссө элбэхтэр ини. Маннааҕы бэйэбит тойотторбут анараа дьоҥҥо үчүгэйдик көстө сатаан аллааҕымсыйаллара буолуо. Кырдьык, оччо кыһаллаллара буоллар, биһиги курдук кыаммат-түгэммэт, үлэтэ-хамнаһа суох дьоҥҥо көмөлөһүөхтэрэ этэ, – Күөх Харах, төһө сөпкө эттим диэбиттии, эргим-ургум көрүтэлээтэ.
– Дьоллооҕунан аатырар долгуйар Дьокуускай куорат, этэллэригэр дылы, харах уутун итэҕэйбэт. Саас аайы саха сирин бары муннуктарыттан ыччат бөҕө үөрэххэ киирээри тоҕо анньан кэлэр. Биллэн турар, үксэ үөрэххэ киирэр, сороҕо төннөр, онтон ордубуттара киэҥ, көҥүл сиргэ кэллибит диэн үлэ эҥин көрдөспүтэ буола хаалаллар. Арааһынай түүҥҥү кулууптардаах, дьалхааннаах сиргэ ол ыччаттарбыт онно-манна түбэһэллэрэ баар суол. Түөрэх түҥнэстэрэ өртөн буолбат, докумуоннарын уордараллар, сүтэрэллэр даҕаны. Пааспара суох дойдуларыгар кыайан көппөттір, дьонноро ыыппыт харчыларын почтаттан кыайан ылар кыаҕа суох буолаллар, үлэҕэ чугаһаппаттар. Дьэ оччоҕо барар сирэ баҕана үүтэ, кэлэр сирэ кэлии үүтэ буола түһэр, уулуссаҕа быраҕылыннахтара ол. Үчүгэй аймахтаах, табаарыстаах өттө быыс-хайаҕас булан хайдах эмэ дойдутун булуо, онтон ордуктара манна куоракка сөҥөн хаалаллар. Биирдэ аһыыр туһуттан онно-манна түбэспит элбэх. Харчы булар туһуттан халааһын, уоруу, охсуһуу, өлөрсүү да тахса турар буоллаҕа. Ону туох күүһэ хам баттаан тохтотуой? Үнүрүүн эн маҕаһыынтан арыгы ылан тахсан истэххинэ саба түһэн былдьаан ылбыттар этэ дии. Ол кимнээх буолуохтара диигин, көрбүт да, сэрэйбит да биир, ускул-тэскил сылдьар ыччаттар буоллаҕа. Итинник уора-талыы сылдьан, аньыылара-харалара таайан, биир түбэлтэҕэ түбэһэрдии түбэһиэхтэрэ. Этэргэ дылы, түбэһэллэригэр түрмэ аана аһаҕас, тахсалларыгар – хатыылаах. Барыта кыраттан, биир буокка туһуттан, олоҕу саҥардыы олорон иһэн, испиччэ, холуочуйбучча халлаан хабарҕаларынан, муора тобуктарынан буола сылдьан, хаарыан эдэр саастарын күлүгүртэхтэрэ ол. Олох эндирэ, очура-чочура араас буоллаҕа, балыырга да түбэһэр ыраахтан буолбатах.