– Чэ, Кэриспэндиэн, бөлөһүөктээн бүт эрэ, олох устубутун курдук уста туруо, күн тахсар кэмигэр тахсыа, киирэр кэмигэр кириэ. Оттон биһиги, орто дойду оонньуурдара, олох аһыытын-ньулуунун билиэхтээхпит. Уол оҕо саадаҕын үстэ курданан киһи-хара буолар дииллэр.
– Таҥара көмөтүнэн оннук буспатах-хаппатах киһи баар ини. Тугу эмэ удумаҕалатар киһи атыттар алҕастарыттан үөрэниэхтээх, бэйэ этинэн-хаанынан боруобалаабакка. Ыччуу, хата хантан тугу булан киһи-хара буолабыт?
– Дьэ, маннык ахтыбыт ынахха дылы тэпсэрэҥнэһэ сырыттахпытына суолга охтуохпут. Бүччүм сиргэ турар кыра соҕус маҕаһыыҥҥа киирэн тугу эмэ хаамтарыахха, аны кэлэн тугун харсай, – Күөх Харах балаһыанньаттан тахсар суолу тобулбуттуу килиэр-халаар көрүтэлээбитигэр, бары да саҥата суох сөбүлэстилэр.
Биир дьоҕус маҕаһыыҥҥа сыбдыһан киирдилэр. Атыыһыт эдэркээн нуучча кыыһа чэпчэки баҕайытык кэлэ-бара элэстэнэр. Харабыллара остуол үрдүгэр турар тэлэбиисэри кириэһилэҕэ тиэрэ түһэн олорон көрөр, ол быыһыгар киирэр-тахсар дьону аахайбатахтыы кылап гынан ылар.
– Дьэ уол оҕото сылаас дьиэҕэ олорон эрэн тэлэбиисэр көрөр, бөх-бөх курдук, манньатыгар хамнас аахсан эрдэҕэ, – Кэриспэндиэн, аттыгар турар дьон истэллэрин курдук, саҥа аллайда.
Иннигэр турар мааны дьахтар эргиллэн көрөн баран сиргэнэн сирэйин мырдыҥнатта:
– Фу, сыт-сымар! Чугаһаама миэхэ. Бу бэйэтигэр өссө дьону сиилээбит буола-буола! Кэлтэй кэппиэйкэни үлэлээн ылбат аата өссө дьону сэтэрээбиттээх баҕастаах.
– Һэ-һэ, мин инбэлиит буоллаҕым дии, үлэҕэ ханна да ылбаттар, ол иһин сиргэ-буорга тэпсиллэ сырыттаҕым. Ылаллара буоллар маннык сору-муҥу муннубунан тыыра сылдьыам этэ дуо?! Хата, эдьиийим, бытархайгынан көмөлөс эрэ.
– Ол туоххунан инбэлииккиний? – мааны дьахтар сымныы быһыытыйан ыйытта.
Атыыһыт, атыылаһааччылар болҕомтолоро дьахтарга уонна Кэриспэндиэҥҥэ хатанна. Бэл, харабыллара сэҥээрэн экрантан хараҕын араарда. Күөх Харах ону эрэ кэтэһэн туран, остуол нөҥүө илиитин уунан омук буоккатын ылан хоонньугар уктан кэбистэ уонна тугу да билбэтэх-көрбөтөх курдук туттан, тэпсэҥэлээн баран, көхсүн этиппитэ буола-буола, тахсан барда.
– Быарым цирроз диэн омуктуу ааттаах ыарыылаах. Бу соторутааҕыта испин хайытан көрөн баран туһата суох диэн саппыттара. Көрдөрөбүн дуо? Куоракка билэр дьоно, аймаҕа суох киһибин.
– Эрэйдээх, иэдэйбит да эбиккин. Халлаантан түспүт киһи диэн суох, төрдүлээх-уустаах буолуоҥ дии, дойдулаан хаалыаххын.
– Ыраах хоту олоробун. Барыахпын наһаа баҕарабын да, харчыбын барытын эмпэр ыытан кэбистим, онно кырдьаҕас ийэм миигин кэтэһэн иэдэйээхтээтэҕэ, – Кэриспэндиэн кирдээх ытыһынан хараҕын уутун соттор.
– Дьэ эрэйи көрөөхтөөбүт эбиккин. Сымыйанан кэпсээбэт буоллаххына, мээрийэҕэ тиийэҥҥин дойдуҥ бэрэстэбиитэлистибэтиттэн көмөтө көрдөс.
– Кырдьык даҕаны, оннук тэрилтэ баар буолуохтааҕын туһунан олох да долоҕойбор хоннорбокко сылдьабын. Сүбэҥ иһин улахан баһыыба, эдьиэй! – кырдьык-хордьук үөрбүтэ-көппүтэ буолла.
– Мэ, мантан ордугу биэрэр кыаҕым суох.
– Оо, махтал-махтал. Таҥара эйиэхэ уон оччонон көмөлөстүн! – дии-дии, тоҥхоҥноото уонна ытыһын тоһуйан аан айаҕар сукуйан турда.
Муус хамсаата да уста турарыныы, биир киһи аһынан харчы биэрдэ да, атыттар эмиэ ону үтүктэн, санааларыгар үтүө быһыыларын иһин таҥараттан көмөлөһүннэрээри, Кэриспэндиэн лобуой курдук кирдээх ытыһыгар кумааҕы, тимир харчылары таммалаттылар. Киһибит баһыыбалаан тоҥхоҥнуур, мичээрдээн аҕыйах ордон хаалбыт саһархай тиистэрэ атыгыраһаллар. Чочумча буолан баран харабыл кэлэн кини аттыгар тохтоото.
– Атас, сөп буолуо, иһэр харчыгын буллуҥ быһыылаах, мантан бар уонна аны манна үктэнимэ.
– Сөп, бардым, ыарыһах киһини өйдөөбүккэр махтал.
– Итэҕэйиэхпин ыарыһаххын бигэргэтэр ыспыраапкаҕын көрдөр эрэ.
– Ыспыраапкабын түһэн олорор дьоммор, аймахтарбар хаалларбытым.
– Сибилигин аҕай аймахтарым, биир да билэр киһим суох диэн ытаан ньолҕоруйбутуҥ дии, син бэркэ артыыстаатыҥ. Чэ, түргэнник быардыы иликпинэ сүтэн хаал. Аны биирдэ манна киириэҥ да, моһуораҕын көннөрүөм.
– Сөп-сөп, – биирдэһэ, доҕолоҥнообута буола-буола, тахсан барар.
– Ыт сирэй, сибиинньэ! – уонна да элбэҕи маатыралаан үөхсэ-үөхсэ, Кэриспэндиэн бөх дьааһыгын хаһа турар үөлээннээхтэригэр тиийэр.
– Өрүөл, хайа төһө ырааһы хотордуҥ?
– Бээ-бээ, хабарҕалаан түһэҥҥин наһаа бээҕинээмэ. Наҕылыччы күлүк сиргэ баран ааҕыллыа. Онтон эһиги тугу эмэ буллугут-таллыгыт дуо?
– Анараа дьааһыктан үс-түөрт киилэ холобурдаах бэрт сибиэһэй сибиинньэ этин көтөхтүбүт уонна кыра өҥнөөх тимир буллубут. Сырыы табылынна, бэрт баартаах уолаттар буоллубут.
– Туох тимирий?
– Уу сүүрдэр кыраан уонна хомуллар орон. Ити дьиэ анныгар кистээтибит. Чэ, чугастыы онно киириэххэ.
Дьоммут, дьиэ анныгар суксуруһан киирэн, ип-итии турба үрдүгэр таҥас тэлгээн олордулар. Бытыылкаларын бүөтүн төлө эрийэн, кэритэ сылдьан айаҕыттан истилэр, килиэп тоорохойун кур-хар ыстаан сокуускаланнылар.
– Хайа, бу дойду ип-итии эбит дии. Анараа дьиэбититтэн үүрүлүннэхпитинэ манна кэлэн олоруохха сөп эбит ээ, – Турантай эргим-ургум көрүтэлээтэ.
– Манна икки киһи хоно сылдьаллар эбит, бөхтөрө-сахтара элбээбит. Кимнээх буолуохтарай?
– Олорор буоллахтарына чуумпу буоллаҕа. Кимнээх да буоллуннар, чыхаал диибин. Ол-бу буолан дьиэлээҕимсийэн чорбоҥностохторуна, муостарын ылҕаталаан биэриллиэ. Ханна сылдьарбытын, хонорбутун хас кумалаантан ыйыта сылдьыахпытый, сынньанар буолуохтаахтар!
– Күөх Харах, сөпкө этэҕин. Ити киһиттэн куттанан, ол киһиттэн сэрэнэн уһун сонноммоппут чуолкай. Муос муоска, тиис тиискэ. Аны кэлэн сүтэрэрбит суох!
– Оннук, ол гынан баран биир ноолоох эбит, – Кэриспэндиэн сэрэхэдийэр.
– Ол эмиэ туохха ноолоннуҥ, кутуруккун кумуччу тутуннуҥ?
– Сылааһа үчүгэй, онтон оскуола чугаһа куһаҕан. Дьэ сотору халлаан ылааҥытыйыыта ыччаттарбыт табахтыы, көҕүрэттэ, сыбыдаанньалыы манна киирэ-тахса туруохтара суоҕа дуо? Субуоталарга иһэн-аһаан, үҥкүүлээн баран, куоска кутуйаҕы ирдэһэрин курдук, анаан эккирэтиһэн биһигинньиктэргэ илиилэрин эрчимин бэрэбиэркэлиэхтэрэ, сутуруктарынан ойоҕосторбутун ааҕыахтара турар ээ. Ол дьонуҥ быһаҕа, тимирэ, бэстилиэтэ суох сылдьыбат буолуохтаахтар. Туох диигит?
– Кырдьык, маҕаһыын эҥин чугаһа үчүгэй эбит да, сотору халлаан уһаатаҕына, хас саас аайы буоларын курдук, полицайдар дьиэ анныларын кэрийэн хомуйталыахтара. Оччоҕо ааны бүөлүү турдуннар, саппаас аана суох куоппат буоллахпыт дии, тараччы тутан ылыыһыктар, – Турантай ситэрэн биэрэр.
– Кэбис, сэрэҕэ бэрт буолсу. Киирэргэ-тахсарга да кутталлаах. Аны түүн киириэхтэрэ диэн сэрэхэдийэн, сүгүн утуйбакка, араас тыаһы-ууһу иһиллээн эрэйи көрөр айыка, оннооҕор тииҥ уйата икки ааннаах буолар. Бэйэбит олорор сирбит маннааҕар арыый сөрүүн буолуо даҕаны, киэҥэ-куоҥа, киирэр-тахсар, куотар хайаҕаһа элбэҕэ манна холоотоххо быдан ордук буоллаҕа. Этэҥҥэ чуумпутук олордоххо, сотору күн уһуо, сыыйа-баайа саас кэлиэ.
– Оннук-оннук, сылааһыгар ымсыыран бу бүтэй хааһахха киирэн арҕахтаах эһэ курдук быстахха былдьатыахпыт, ыт сиэтин бу ордууну!
– Хата, абырахтанаммын арыый бэттэх соҕус кэллим, этим-хааным итийбит курдук буолла.
– Этимэ даҕаны, олох үчүгэй буолуоҕун кыра тиийбэтэ, доҕордообут киһи бэрт да буолуо эбит. Тугу эрэ толкуйдуохха.
– Били маҕаһыыҥҥа иккиһин киирэр табыллыбат. Наһаа көстөн хааллахпытына тутан ылыахтарын сөп. Һок, чуумпуруҥ! Кимнээх эрэ кэллилэр.
Тимир аан турба тэстибит уутугар аллараа өттө хамсаабат гына хам тоҥмутун үөһээ өттүттэн күүскэ аппаччы тардан, хаһаайыстыбаннай суумканы иһирдьэ анньан баран, бэрт төрөлкөй киһи, кыбылла-кыбылла киирэн, нэлэркэйдэммит сонун хомуйа тутан тимэхтэннэ. Иккиһэ кыра, хачаайы киһи туох да мэһэйэ суох киирдэ.
– Һуу, дьиэбитигэр кэллэхпит. Айыы-айа, киэҥ да сири хаамтыбыт. Тугун хараҥатай, бээ, харахпыт үөрэннэҕинэ үчүгэй буолар ини.
– Этимэ даҕаны, бэтэрээ туочукаҕа тимири туппат буолан, куорат биир уһугар бардахпыт үһү. Хата онно, төһө да балыйдаллар, син тутан абыраатылар, онтон атын таҥара накааһа буолуо этэ. ДСК-ҕа барыа этибит да, ол букатын тойук дойду буоллаҕа.