Литмир - Электронная Библиотека

– Этэҕин ээ, олоҕор табыллыбакка төһө да ускул-тэскил сырыттар, судургута, көнөтө, туох да албына-көлдьүнэ суох, ис санаата үчүгэйэ бэрдэ. Кэргэнэ, оҕото хас да сыллааҕыта массыына саахалыгар өлбүттэр үһү. Улаханнык истэҕинэ наар ону ахтан, ытаан-соҥоон биэрээхтиирэ. Ол иһин аһыы олорон арыгыбытын киниттэн кистээн утуйбутун кэннэ иһэрбит. Өлүүтүн хайаан да ордорон сарсыарда иһэригэр уурарбыт. Ким да киниэхэ сыстаҥалыы, сарбаҥныы барбат буолара. Бэйэтэ да ити чааһыгар түһэн биэрбэт кытаанах киһи этэ. Буомус буолла да бүппүт киһи дии саныыллара буолуо да, барыта оннук буолбатах. Биллэн турар, сорох дьахталлар арыгылааххын, харчылааххын биллэллэр эрэ сыҥаланан сырса сылдьар буолааччылар. Хайа баҕарар дьиэ анныгар тиэрэ көтүөххэ сөп.

– Хата, инньэ диэбиккэ дылы, биир эмэ бытааһаҕы көрсүбүт киһи бэрт буолуо этэ, – Күөх Харах ойон туран, илиилэрин сиэптэригэр уктан баран төттөрү-таары хааматалаата.

– Бу киһи омунун. Сүүлүргээбит атыыр куоскаҕа дылы буолан түһэн. Аһыы олорон эмиэ тугуҥ тэһэ кэйэн тура эккирээтиҥ? Сандалыбытын түҥнэри көтө сыстыҥ дии.

– Кырдьык даҕаны, кэпсэтэ олорон бэйэм да өйдөөбөккө хааллым, – Күөх Харах кулук-халык тутунна. – Бииртэн кыһыйабын ээ. Нуучча бииһин нуучча киһитэ саараама тарбаҕын да төбөтүнэн таарыйыа суоҕа, оттон саханы ким барыта оҕотугар тиийэ охсо-тэбэ атаҕастыы сылдьыахтарын сөп.

– Хата, инньэ диэ. Былырыын бөхтөргө түбэһэн баран куотабын диэн дубинканан атаҕым быччыҥын быһа оҕустаран кэбиһэн, нэһиилэ содьороҥноон иһэн Аанчыгы көрсө түстүм. Туохха, хайдах дэҥнэммиппин ыйыталаһа түһэн баран, өйөөн-убаан дьиэ анныгар киллэрдэ. Көрдөр диэтэ. Сатахха, кыараҕас баҕайы ыстааны кэтэ сылдьабын, нэһиилэ көмөлөөн уһуллубут. Туруусук эҥин диэн кэлиэ баара дуо. «Кыбыстыбыта буолан кыймаҥнаама, оччолооҕу көрүллүбүтэ» диэн саба саҥаран кэбистэ. Буутум күп-күөх буола сүүлэ иһэн тахсыбытын тутан-хабан, баттыалаан көрөн баран манна күүт диэт, элэс гынан хаалла. Мин хамсыыр да кыаҕа суох халлаан хараҥарыар диэри олордум. Албыннаан, харчылаах дьону көрсөн иһэ-аһыы барсан хаалыа диэҕи, Аанчыгы билэрим бэрт буолан, бүк эрэллээхпин. Кэтэстэххэ бириэмэ сыыллан түһэн бытааныан, кэмниэ кэнэҕэс тиритэн-хорутан ахан кэллэ. Бааспын дьуотунан сотон баран, биинтэнэн ыбылы тардан бэрэбээскилээн кэбистэ, укуол эҥин оҥордо, олох хамсатыма диэн сэрэттэ. Балтытыгар сылдьан күтүөтүн таҥаһыттан ис таҥас, киэҥ ыстаан эҥин аҕалбыт. Хабаровскайга быраас үөрэҕин бүтэрбитин туһунан кэпсээбитэ. Ол курдук миигин уонча хонук эмтээн, ньээҥкэлээн үтүөрдэн турар.

– Чэ, бу үрүүмкэни кини сырдык кэриэһин туһугар иһиэххэйиҥ, – Турантай, үөһэ тыынан баран, өлүүтүн тэп гыннаран кэбистэ.

– Аанчык, эн сырдык дууһаҥ бу аньыылаах-харалаах сиртэн арахсан, ырайга тиийэн, кэргэниҥ, оҕоҥ дууһаларын кытта көрсүбүтэ буолуо диэн санаабытын алы гыныаххайыҥ. Ити гынан хас сааһыгар өлбүтэ буолуой?

– Миигиттэн үс хас сыл балыс этэ, оччотугар отутуттан саҥардыы тахсан эрдэҕэ буолуо.

– Па, олох оҕо эбит дии, мин өссө түөрт уонуттан лаппа тахсыбыт курдук көрөрүм ээ. Барахсан былыт быыһыттан күн көстөн ааспытын курдук кылгас олоҕу олороохтообут эбит. Сатахха, оҕо-уруу хаалларбакка, имниин сүттэҕэ.

– Чэ, уолаттар, бачча аһыы олорон кутурҕаннааҕы кэпсэтэн бүтүөххэ. Јлбүт өлбүтүнэн, биһиги, тыыннаахтар, инники өттүбүтүн толкуйдуохтаахпыт.

– Бу аспыт сотору бүтүө, онтон сарсын быыс-хайаҕас булан, сымса туттунуубутунан кып гыннаран хонноххо уктуу эҥин туһунан сүбэлэһиэххэйиҥ. Биһиги оҕо дьиэтигэр олорон барытын эрдэттэн былаанныыр буолар этибит, – Күөх Харах кэпсэтиини атыҥҥа иэхтэ.

– Табыллыбатахпытына тутуллуохпут, оччоҕо – кырата үөҕүллүү, үүрүллүү. Ортото – охсуллуу, кырбаныы. Улахана – сууттаныы уонна хаайыллыы, – Турантай сөбүлээбэтин биллэрдэ.

– Инньэ диэн оттон олох хаамыыта оннук буоллаҕа дии. Аччыктаан, ымсыыран, эбэтэр ордук санаан, бэлэмҥэ дураһыйан оннукка тиийиллэр. Оннооҕор халаан, уоран, уматан номоххо киирэн дьоруой буолбут дьон бааллар дии. Холобур, сааһын тухары хаайыыга сыппыт Манчаары аатын туохха барытыгар сыбыыллар, бэл тыыннааҕар дьөрү кулун да ыһыаҕар күрэхтэспэтэх киһи аатынан спорка сыһыаннааҕы барытын ааттыыллар. Омуоча да аатын дьон умнубат. Биһиги, олоро сылдьыбыттар, кинилэр ааттарынан киэн туттабыт, ыллык үктээбит суолларын салҕааччылар курдук сананабыт.

– Билиҥҥи биһиги олохпут уоруйахтарын, хаайыылаахтарын аны сүүс сылынан кэрэ кэпсээн, сэргэх сэһэн гынан сэһэргиэхтэрэ дуо? – Күөх Харах мин да Манчаарыттан туох улахан уратылаах үһүбүн, арыый уҥуоҕум эрэ үрдүк ини диэх курдук тутунна-хабынна.

– Саарбах! Былыр уоруу суоҕун тэҥэ буоллаҕа дии, билигин оннук дьаллыктаах дьоммут элбэхтэрэ бэрт. Аны анал ааттара да суох, нуучча киһитин аатынан араспаанньалаах дьон киэҥ Сахабыт сирин устатын тухары ыһар буор курдук элбэхтэр, онтон кими иилэн ылан аатын үйэтитиэххиний? Уоруу, талааһын туһунан ирэ-хоро кэпсэтии дьиэ анныгар саһан олорооччуларга эрэ тэнийэн эрдэҕэ. Ол да биллэн, урукку уоруулара ыраас мууска ууруллан, сууттанан, хаайыыга баран эрдэхтэрэ. Сүөһү эриэнэ таһыгар, киһи эриэнэ иһигэр диэн мээнэҕэ эппэттэр. Огдолуйбут олохтоох ороойко диэбитиҥ опер буолуо. Биис диэбитиҥ бэлисиэйскэй буолан соһутуо. Ол иһин сэрэтэн эрдэхтэрэ салгыннаахха саҥарыма, дьыбардаахха тыыныма диэн. Тыл уҥуоҕа суох дии-дии, мээнэ кулдьугуруу-халдьыгырыы, кэпсии-ипсии сырыттаххына түүнүктээх түрмэни начаас булларыахтара. Уһун тыллаах, халбас харатын тутуспут киһи бүгүн баар, сарсын суох! Табыллыы эбэтэр алдьаныы, иккиттэн биирэ күн аайы күүтэн турдаҕа. Эрэй, кыһалҕа оту-маһы кэрийбэт, киһини булан эрдэҕэ. Күҥҥэ түөрт уон түөрт оһол төрүөт төрдүн туоруугун, оччоҕо бу бороҥ урааҥхай мутугунан быраҕар муҥур үйэтигэр төһөлөөх моһолу мүччү түһэрэ буолуой?

Арыгы алыптаах дьаатыгар ылларбыт сордоох дьиэтин-уотун, ойоҕун-оҕотун быраҕан, бэйэтин көҥүлүнэн уулусса киһитэ буолан, тото-хана аһыырыттан, итирэ-кутура арыгы иһэриттэн атыҥҥа төбөтө ыалдьыбат, атын кыһалҕа кыһарыйбат, үлэлиэн-хамсыан баҕарбат, арыгы туһугар тугун барытын биэриэ этэ да, туга да суох буоллаҕа. Ол иһин албыннаан, эрэннэрэн, уоран, умнаһыттаан, былдьаан-талаан, булбутун атыылаан, батаран иһэр, аһыыр. Ол кэмҥэ бэйэтин булугас-талыгас уол оҕотунуу сананар, эр киһи үс-түөрт кырыылааҕынан ааҕынар.

– Эн, Кэриспэндиэн, кырдьык, хайдахтаах да ыарахан балаһыанньаҕа түбэстэххинэ, үүтү-хайаҕаһы булан, син биир ууттан кураанах тахсыаҕыҥ. Тоҕо диэтэххэ, олоҕу чэпчэкитик ылынаҕын, барыта табыллыа, сатаныа диэн бэйэҥ санааҕар бэйэҥ эрэнэн, хоҥоруугар тугу да хоннорбоккун.

– Тпу-тпу! Үстэ силлээ. Киһини хаһан да сирэйигэр хайҕаабат баҕайыта. Быһа кымньыылааһын курдук, кырыыстааҕар охсуулаах буолан тахсыан сөп. Мин элбэхтэ эчэйбит, ыарыыны эппинэн-хааммынан билбит киһи бити-билгэни итэҕэйэр буоллум эбээт.

– Бииртэн сонньуйабын, бу орто туруу-бараан дойдуга кылгас кэмҥэ олорон ааһаары, умса-төннө түһэн хайдах да бай-тай, дуоһунастан, күннээ-күөнэхтээ, анараа дойдуга кими да «үрүсээктээх» ылбаттар, бары ийэттэн хайдах кэлбиппитий да, оҕурдук сыгынньах барыахпыт турдаҕа.

– Эс, наһаа оннук тэҥ буолбата ини. Баай, элбэх харчылаах дьон күн кыһалҕата суох олороллоро буолуо. Баҕардахтарына, ханнык баҕарар кыһалҕаны быһаараллар, тугу барытын атыылаһаллар, ол иһигэр доруобуйаны эмиэ. Өллөхтөрүнэ даҕаны лаахтаах дууп хоруопка угуллан, анал, бастыҥ миэстэҕэ боростуой дьонтон ойуччу сытыахтара, – Турантай ымсыырбыт санаатын таһыгар таһаарда.

– Бээ, мин кинилэр олохторун-дьаһахтарын син билбэхтэһэбин, наһаа чэчирээбэтэх дьоннор. Үгүстэрэ бэрт кыраттан саҕалаан үрүҥ харахтарын өрө көрбөккө күннэри-түүннэри үлэлээн тахсаллар. Аны атахтарыгар турдахтарына сойуолаһыы-сонордоһуу саҕаланар. Мин биир бэйэм онно эмиэ кыттан турабын, саалаах-сэптээх киирэн дьиэ кэргэннэрин кыдыйыах буолан саанарбыт. Төһөнөн баайгын, кыахтааххын, балаһыанньалааххын да, соччонон үгүс өстөөхтөөххүн, чуумпу олоҕуҥ уйгута ыһыллар. Иннилэрин-кэннилэрин кэтэнэ сылдьыахтарын наада.

Биир эмэ сыыһа хамсаныыны оҥорон биһиги кылыыбытын үктээн биэрдилэр да, уон оччонон төлөтөрбүт. Быһата, киһи ымсыырбат олоҕо. Аны туран сымыйа сурах-садьык ыытан түҥнэрэ сатааһын баар. Тугу да гыммакка тиэрэ түһэн сытан көмөлөһүннэрэ сатааччы да элбэх. Били, этэллэригэр дылы, баай уот тэллэххэ, дьадаҥы куобах суорҕаҥҥа утуйар диэн өс хоһооно сөп түбэһэр. Кинилэр төһө да сүүрэн-көтөн оскуола-дьааһыла, атыы-эргиэн онтон да атын тутуулары ыыттардыннар, дьон-сэргэ махталын син биир ылбаттар. Ити барыта көлдьүн, ким да өйдүө, сыаналыа суоҕа, «баай, харчылаах буолан баран, ама, ити сыыһын оҥорторуо суоҕа дуо, бэйэтэ итинтэн төһөнү эмэ туһаннаҕа?» диэн буолуохтааҕын курдук ылыналлар, өссө эбии ыан ыла сатыыр, сиилиир, ордугурҕуур сыһыан үгүс буолар.

4
{"b":"830828","o":1}