Биһиги буоллаҕына, дьоҥҥо аралдьыйан, куоракка барар сүбэбитин умнан кэбистибит. Ити гэннэ муҥха тахсара чугаһаабыт, онон балык кэллэҕинэ көрүөхпүт диэн сырыттыбыт. Мин биир саханы кытары бэчимэ тардыстым. Ол икки ардыгар тоҥмуппут ааһан, биһиги оонньоон-күлэн бардыбыт. Бэчимэ тарда турдахпытына, били улахан манаахпыт биһиэхэ хааман дөдөлдьүйэн кэллэ.
– Тоҕо бэчимэҕитин кыайан таппаккыт? – диэн баран, манаах кэлэн, аҥаар илиитинэн тардыспыт буолла.
«Көр, бу манаах буолан баран, сахалыы үчүгэйдик да саҥарар эбит», – дии санаан, мин улаханнык муодарҕаан, манааҕы өрө көрөн, мыҥаан турдум.
Манаах хара лэҥкэйбит бэргэһэлээх, күлбүһэҕи уоппут курдук уһун бытыктаах, хараҕа мууһу кыбыппыт курдук күөх, мунна хонтоҕор, уоһа кыһыл эбит.
Онтон арай чардаат диэки дьон саҥата мээлэ аймана түстэ. Мин, бэчимэбин бараҕан баран, ол диэки сүүрэн тиийдим. Муҥхалаах тойоммут Томторук оҕонньор үөлээннээхтэрин кытта сыарҕаҕа арыгылыы олорор эбит. Итирик-кутурук мээлэ элбээбит. Биир итирбит, маҕан туос этэрбэстээх хаһаак, кимиэхэ даҕаны ис буолбакка, көрүлээн эрэр эбит. Ырыата-тойуга, үөхсүүтэ мээлэ үксээбит. Били хаһаак, үҥкүүлээтэҕим буолан, ыстанан кэллэ да, биир хаарыс сонноох саха дьахтарын, илиититтэн харбаан ылан, эргичитэн аҕалан, мууска тиэрэ быраҕан кэбистэ. Ол гэннэ ыллыы-ыллыы арыгы иһэ олорор дьон диэки ыстаҥалыы турда. Ону көрөн, дьон күссүүлэрэ-үөрүүлэрэ ыраатта.
– Ити кыайар уола сүгүннээмээри гыммыт ээ, бадаҕа, – дэстилэр Томторук уолаттара, чардаат аллара туран…
– Дьэ, сүрдээх киһи, доҕор, ити хаһаак! – диэтэ Борокуопай.– Көр эрэ, Уйбааны эбэтэ эмээхсин булбут.
Мин ону өйдүөн көрбүтүм, Уйбааны итирбит нуучча эмээхсинэ өрө көрөн туран саҥарар: «Тоҕойум оҕото, тоҕойум оҕото, оннук буолбат дуо?»
Уйбаан буоллаҕына, абааһы көрбүт киһи быһыытынан, иэдэс биэрэн баран, тугу да саҥарбакка, биһи диэки аһыннарыах курдук көрөн турда. Киһибит тоҥмут, аччыктаабыт быһыылаах, – үүтүн тохпут оҕо курдук буолан хаалбыт. Мин аттыгар тиийэн: «Уйбаан, ити эбэҥ эмээхсин дуу?» – диэн күлэ-күлэ ыйыттым. Онуоха Уйбааным өһүргэннэ быһыылаах: «Күтүрү ким билэр, абааһы кыыһын курдук баҕайы булла дии!» – диэтэ, муннунан сыҥсыйан баран.
– Дьэ, сүрдээх дьүһүннээх киһи, итирбит буола-буола! – диэтэ Борокуопай.
Ити итинэн ааста.
Муҥха тахсыытыгар дьон бары чардааты тула үмүөрүстүлэр. Манаахпыт чардаат уутун илиитинэн кириэстии охсон баран, бэспиирэ бытаҕайын бырахта.
– Эбэбит түгэҕин көрдөрөө ини, – диэтэ Томторук оҕонньор, кыл хамыйаҕынан ууну буккуйа туран.
Кырдьык, кини эппитин курдук, икки киһи арычча тардар, үчүгэй баҕайы дьүһүннээх кыһыл собо бачыгырыы түстэ.
– Көр, балык кэллэ ээ! – дэстилэр үөрбүт дьон саҥата.
Балыктарын мууска баһан кэбистилэр. Манаахпыт балык үс гыммыт биирдэрин быһа хомуттаран ылан, күүлгэ куттарда да, сыарҕалаах акка олорон, куоракка тэптэрэн хаалла. Кини барарын аҕай кытта, айдаан буола түстэ. Хаһаактар балык үс гыммыт биирдэрин биһиги ылыах кэриҥнээхпит диэн мөккүөрү туруордулар. Онуоха сахалар буолумматылар, балыгы баар киһи баһынан үллэстэргэ сөп диэн. Онтон этиһии, үөхсүү буолла. Ол икки ардыгар били итирик эккирээбит хаһаак, хантан эрэ ыстанан кэлэн, туох да эппиэтэ суох кутулла сытар балык оттотугар киирэн туран:
– Балыгы аҕалыҥ да сабаас, – дии-дии, үөгүлүү турда.
Онуоха Томторук оҕонньор, маатыралыы түһэн баран, итирбит хаһааҕы тутан турар кыл хамыйаҕынан сүүскэ сырбатта. Хаһаак хаана өрө тыга түстэ, киһи эрэ буоллар, уолуйан, саҥата суох ах барда. Онтон туран, өлүү болдьохтооҕун, Томторук биир хардааччы уола түөскэ аста. Дьэ, онтон хаһаак өйдөнө биэрэн, уолу сыҥаахха биэрдэ. Инньэ гынабын диэн, хаһаак эрэйдээх, дьэ, өллө – Томторук уолаттара кинини көмөлөөн, хасса суох охсон-тэбэн бардылар. Киһилэрин биир да хаһаак көмүскэспэтэ. Ити икки ардыгар дьон, балыгы былдьаһан, ыһыы-хаһыы буола түстэ. Сытар собону ким санаалаах иһиттэригэр хаһыйдылар. Киһиттэн эрэ ордук Томторук уолаттара балыгы кыайдылар. Оҕонньордоро хаһыытаан-ыһыытаан көрдө да, ким да ону истибэтэ. Биһиги эрэйдээхтэр соһуйбут курдук туран хааллыбыт, балык былдьаһар диэн санаа киирбэтэ. Биһиги дойдубутугар балыгы былдьаһан охсуспат үгэстээхтэр. Инньэ гынан, биһиги бэккэ диэн муодарҕаатыбыт, абааһы көрдүбүт. Мустубут дьон дэлби этиһэн, үөхсэн баран, дьиэ дьиэлэригэр тарҕастылар. Киэһэ буолан, хараҥатыйан барда. Биһиги били мааҕыан тахса сылдьыбыт ыалбытыгар хоно таҕыстыбыт. Онно тахсан, дьэ, чэйдээн, иттэн, мээлэ абыранныбыт. Ыалбытыгар хас да эр киһи үлэһиттэр бааллар эбит. Кэпсээннэрэ наар балык былдьаһыыта буолла. Сорохторо, муҥхаҕа киирэ сылдьан баран, мэлийэн тахсыбыттар. Биир киһи эттэ:
– Доҕоттоор, сассын киирэн, балык кэллэҕинэ, былдьаһан көрүөҕүҥ, – диэн.
Ону доҕотторо сөбүлээбитэ буоллулар. Биһиги киһибитин Дьылаарбаны, кыттыс, доҕор, биһиэхэ диэн, оонньуу оҥостон хаайдылар. Дьылаарба иэҥин-дьиэҥин биллэрбэтэ.
Сассыарда эрдэ турдубут. Мин, чэй оргутан иһээри, ойбоҥҥо уу баһа киирдим. Күн тахсар саһарҕата эбир былыкка тыкпыт. Киэҥ толоону саба түспүт маҕан хаар үрдэ хайтах эрэ көҕөрөн, туналыйан көстөр буолбут. Толоон оттотугар онно-манна ойдом үүммүт хатыҥнар, кылабачыгас кырыа хаарынан симэнэн, нусхаһан тураахтыыллар. Туох да тыас-уус иһиллээбит чуумпу сассыарда буолбут. Марха дэриэбинэ нууччаларын дьиэлэрэ харааран көстөллөр. «Хайдах дьон ити дьиэлэргэ олороллор?» – дии санаан баран, мин ойбонтон уубун баһан баран, төптөрү таҕыстым.
Аа-дьуо чэйдээн, аһаан баран, биһиги күөлгэ киирдибит. Томторук оҕонньор айгыстан, алтахтаан киирэн, хат муҥхалаата. Аҕыйах аҕай киһи мустубут. Биһиги эмиэ киэһэ буолуор диэри сырыттыбыт. Туох да иирээн тахсыбата. Арай хаһаак оҕонньоро, биир саха уолун кырбаары, кыл хамыйаҕы тутан баран, эккирэттэ.
Уол эрэйдээх, тыаттан саҥа киирэ сылдьар быһыылаах эбит, кураанах ыаҕайаны тутан баран, хаһаактан куттанан, дьону тула сүүрэн акыһыйда. Хаһаагы буоллаҕына, оттолуу уолу эккирэтэн эрдэҕинэ, кыыһа кэлэн, синньигэс биилигэр ыйааста түһэн баран, хаһыытаата:
– Тээтэ, тээтэ! Кэбис, тохтоо да, тохтоо! – диэн.
Онуохаҕа тээтэбит тохтоон абыраата. Сахалар бары күлүстүлэр, хаһаак оҕонньору туппатылар. Томторук атаһа эбит, инньэ гынан көҥүл тойомсуйда.
Ханнык эрэ балык кэлбитин үллэстэн баран, биһиги куораппытыгар төттөрү салларыһан киирдибит. Дэлби аччыктаан, ыран, дьиэбитин нэһиилэ буллубут. Онтон ыла күһүн куорат баҕадьытыгар, хаһан да үтүө тахсыа суох диэн, биһиги сылдьыбат буолбуппут.
КУТТАЛ
Киэһэ буолла. Кыһыҥҥы күн киирэн эрэр сардаҥата, тыа баһын кытардан баран, мэлийэн хаалла. Күөх халлаан ньуура, кубарыйан баран, харааран барда. Онон-манан сулустар чаҕылыһан көһүннүлэр. Тыа иһэ хараҥатыйда. Тыас-уус иһиллээбит курдук чуумпу. Киһи тыына бурҕайар тымныыта буолла.
Тыа суолун устун түргэн соҕустук баһыахтаан хааман, бугдайбыт кэтит сарыннаах киһи ааһан иһэр. Куругар эмиэрикээн сүгэни анньыммыт, атаҕар эргэ баҕайы, кубарыйан эрэр кыһыл хаатыҥка этэрбэһи оллоччу анньынан кэбиспит, төбөтүгэр хара куобах өрөҕөтүнэн тигиллибит бэргэһэ сыыһын ньаппаччы уурунан кэбиспит, моонньугар элэмтэ буолбут кыһыл саал былааты эриммит. Санныгар холто буолбут хаппары иилиммит. Уһун баҕайы бытыктааҕа мууһуран хаалбыт, сырайа кытаччы тоҥмут, хараҕын уута ыгыллан тахсан, үөһээ бытыгар чопчулаһа тоҥмут. Ханнык эрэ торбос үтүлүк элээмэлээҕэ, сонун сиэҕэ кылгаһа бэрт буолан, харытын саппат эбит, инньэ гынан онтуката дэлби кытаран хаалбыт. Хаатыҥкатын баһа хаар буолбут, тиҥилэҕэ мууһуран, атаҕын тыаһа кыычыгыраан, ыраахтан иһиллэр. Тымныыта бэт буолан, көһүйүөр диэри дэлби тоҥмут.
Бу киһи үлүйэн, ыксаан, иһигэр үөхсэ истэ:
– Туох абааһы тымныылаах дойду буолла! Ыччакабын нии! Бу буолтум кэннэ сахалар аны дьиэлэригэр киллэриминэ сордуохтара буоллаҕа. Хайтах гыныамый, ыксаатарбын эрэ сүгэбин көрдөрүөм. Оччоҕо кинилэр баҕас сөптөрө көстөр ини. Куттанналлар эрэ, киллэриэхтэрэ буоллаҕа. Сордоммут дьон, маннык тымныыга киһи тыаҕа тоҥон өлүө дии санаабаттар. Ол эрээри мин, хайтах да буолтун иһин, киирэн арахсыам ээ.