Литмир - Электронная Библиотека
A
A

Былаас уонна кини рупора – литературнай кириитикэ ити кэмҥэ тутуһар суоллара туох этэй? Бастакытынан, уус-уран айымньыга партия салайар оруола уонна нуучча норуотун бастыҥ бэрэстэбиитэллэрин көмөтө көрдөрүллүбэтэ бөдөҥ идейнэй итэҕэскэ уонна алҕаска аахсыллара. Суруйааччылар Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа «Сааскы кэм» ромаҥҥа, С.П. Ефремов «Ини-бии» драмаҕа нуучча норуотун баһылыыр-көһүлүүр оруолун арыйбатахтара улаханнык сэмэлэммитэ. Онон айымньылар иккис тахсыыларыгар, партийнай кириитикэ бэлиэтээһиннэрин аахсан туран, улахан көннөрүүлэр киирбиттэрэ, ол иһигэр персонажтар ситимнэригэр биэлсэр Виктор Бобров, хамандыыр Михаил Бадин уобарастара эбиллэн биэрбиттэрэ.

Иккиһинэн, норуот итэҕэлигэр, тылынан уус-уран айымньытын сюжетыгар олоҕурбут, тылын-өһүн туһаммыт айымньылар сэҥээриллибэт этилэр, баайдары арбааһыҥҥа, омугумсуйууга буруйданаллара. «Культовай мифологияны (иччини, абааһыны, таҥараны итэҕэйиини) уонна революция иннинээҕи олох араас реакционнай хаалынньаҥнарын кытта ситимнээх уобарастары, матыыптары критическэйэ суохтук үлүбүөй туһаныыга» М.Н. Тимофеев-Терешкин «Сирдьиттэр тустарынан сэһэннэр» кинигэтигэр киирбит поэмалара, С. Васильев «Ленскэй абатыйыыта», «Ат ырыата», Таллан Бүрэ «Уолан Эрилик» поэмалара буруйдаммыттара. Манна даҕатан эттэххэ, айар үлэтин революция иннигэр саҕалаабыт, кэлин хараҕынан көрбөт буолбут М.Н. Тимофеев-Терешкин, урут улууһугар кулубалыы сылдьыбытынан, өрүү үтүргэҥҥэ-хабырҕаҥҥа тутулла сылдьыбыта.

Үөһэ ыйыллыбыт уочаркаҕа С. Васильев «Ленскэй абатыйыыта» айымньытыгар айылҕа араас иччилэриттэн фашистары утары охсуһарга күүстээх-уохтаах оҥороллоругар көрдөһөр Ленскэй иччини, абааһыны улаханнык итэҕэйэр киһи быһыытынан көрдөрүллүбүтэ, айымньы социалистическай реализм ньыматыттан биллэр тэйии курдук сыаналаныахтааҕа ыйыллыбыт. Оттон «Ат ырыата» айымньыга былыргыны арбааһынынан үлүһүйүү баара көстөрө этиллэр: «Автор бу хоһоонугар колхоз атын олус ырыган, дьүдэх, көрүүтэ-истиитэ суох курдук дьүһүннүүр. Ат билиҥҥи олоҕор революция иннинэ саха баайдарыгар олорбут олоҕун утары туруорар, ону бэйэтин олоҕун үтүө кэминэн ааҕар». Суорун Омоллоон «Күкүр Уус» пьесатыгар саха патриархальнай-феодальнай аҥаардаах урукку олоҕун романтическай кырааскалаан өрө көтөҕөн көрдөрүүтэ сытыы партийнай кириитикэ дьүүлүгэр турбута. Л.А. Попов 1945 с. суруйбут «Улуу Туймаада» диэн ааттаах, 1642 с. бойобуода былааһын утары сахалар бастаанньаларын ойуулаан көрдөрөр историческай драмата 1995 с. биирдэ туспа кинигэнэн тахсыбыта. Драманы оччотооҕу партийнай кириитикэ омугумсуйуу тыына баар диэн театрга да туруортарбатаҕа, бэчээккэ да таһааттарбатаҕа. Н.Н. Павлов-Тыаһыт «Кыстаанык» сэһэнэ баайдары норуот дьыалатын иһин охсуспут дьон курдук көрдөрөр диэн буруйдаммыта.

Үсүһүнэн, социалистическай реализм ньымата социализмы, коммунизмы тутааччылар олохторун мэлдьи уруй-айхал доҕуһуоллаах, үөрүү-көтүү аргыстаах гына көрдөрөрү булгуччулаахтык ирдиирэ, онон санаа түһүүлээх айымньылары сэмэлиирэ. Д.К. Сивцев-Суорун Омоллоон «Торҕо буруо» диэн 1943 с. суруйбут кэпсээнигэр Аҕа дойду улуу сэриитин фронугар өлөн эрэр саха саллаата төрөөбүт дойдутун, дьонун, таптыыр кыыһын кытта бырастыылаһыыта монолог быһыытынан бэриллибит. Улахан кириэтээһиннээх кириитикэ кэннэ суруйааччы «алҕаһын» билинэргэ күһэллибитэ. «Мин айар үлэм туһунан» диэн «Хотугу сулус» сурунаал 1953 с. 3№-гэр тахсыбыт ыстатыйатыгар ааптар: «1943 с. «Кыым» хаһыакка бэчээттэммит «Торҕо буруо» диэн кэпсээним санаа түһүүлээҕин, онон буортулааҕын быһыытынан, куһаҕанын, сыыһатын булгуччу билинэбин», – диэн суруйбута.

Суруйааччылар «алҕастара» «Саха литературатын историятын сырдатыыга тахсыбыт буржуазнай-националистическай токурутуулар тустарынан» диэн БСК(б)П Саха уобаластааҕы кэмитиэтин 1952 с. олунньу 6 күнүнээҕи уурааҕар ырытыллан дьүүллэммитэ.

Биллэн турар, айар дьону ыгыы-түүрүү, сирэй-харах анньыы, кэнэйдээһин суола-ииһэ суох ааспатаҕа. Олоҕу хайдах баарынан көрдөрүү, кырдьыктаахтык суруйуу уустугурбута. Бу кэмҥэ хас төгүл айар баҕа уостубута, төһөлөөх талаан кэхтибитэ, харгыстаммыта буолуой? Норуот бүттүүнүн өйүгэр-санаатыгар улахан охсуу оҥоһуллубута. 1952 г. кулун тутар 20 күнүгэр партия обкомун V пленумугар С.З. Борисов «Республикаҕа идеологическай үлэ туруга уонна тупсарыыга туһуламмыт дьаһаллар» диэн дакылааты оҥорбута. Дакылаат балаһыанньаларын сүнньүнэн Г.П. Башарин дьыалатыгар быһаччы дьайыылар оҥоһуллубуттара: Г.П. Башарин уонна И.М. Романов үлэлэриттэн уһуллубуттара, учуонай салайар «История» научнай куруһуогун чилиэннэрэ, устудьуоннар М.С. Иванов, В.С. Яковлев, эдэр суруйааччы А.И. Федоров хаайыллыбыттара.

Партия ХХ съеһин кэнниттэн быһыы-майгы үтүө өттүгэр уларыйбыта. 1962 с. олунньу 16 күнүгэр ССКП обкомун «Об исправлении ошибок в освещении некоторых вопросов истории якутской литературы» диэн уурааҕа тахсыбыта, классик суруйааччыларга сыһыан тупсубута. Ол эрээри былаас литератураны, искусствоны «муоһалыыр илиитин» ситэри холкутаппатаҕа. Маннык быһыы-майгы уларыта тутуу кэмэ буолуор диэри салҕанан барбыта.

Кэлин бобуллубут айымньылартан хомуурунньукка Иван Гоголев «Өлүөнэ сарсыардата» драмата киирдэ. Саха Академическай театрын музейын сэбиэдиссэйэ Е.Н. Степанов көрдөрбүт барыйааннарыттан биир бастакыларын уонна бастыҥнарын таллыбыт, уруучуканан сотуллубуту көннөрбөккө, ааптар бэйэтэ хайдах массыыҥкаҕа бэчээттээбитинэн хааллардыбыт. Театрга бастакы туруоруу бобуллубут. Онтон 1968 с. иккистээн төхтүрүйэн туруоруллар. Саха Республикатын норуодунай артыыската З.П. Багынанова архыыбыгар 1968 с. ахсынньы 18 к. И. Гоголев «Туймаада сарсыардата» драматын ырытыһар мунньах боротокуола харалла сытар. Боротокуолтан көрдөххө, Саха сирэ Арассыыйа састаабыгар киирбитэ оччотооҕу партия ыытар политикатыгар сөп түбэспэтинэн ордук историк учуонайдар утарбыттар. Саха дьахтара Хаачылаан Жанна Д’Арк курдук хорсунун сөбүлээбэтэхтэрэ эмиэ көстөр. Айымньыга өссө Кытай ахтыллыбыта айымньы сыанаҕа тахсарыгар харгыһы үөскэппит. 1979 с. «Туймаада сарсыардата» үсүһүн турбута уонна эмиэ бобуллубут. Суруйааччы өсөһөн туран, түүн аайы саҥаттан саҥа барыйааны суруйан аҕалан испит. Ол гынан, көрөөччүгэ мунна-уоһа кэрдиллибит айымньы тиийээхтээбит. Драматург 1997 с. «Киэҥ Күөрээйи» диэн трагедиятын Саха театрыгар биэрэ сылдьыбыт. Репетициялар саҕаланан иһэн, тохтоон хаалбыттар. Зоя Петровна маҥнайгы испэктээҕи көрөөччүгэ тиэрдэргэ ис сүрэхтэн кыһаллыбыт драматург Иван Гоголев уонна режиссер Федот Потапов тустарынан маннык бэлиэтээбит: «Арай ити дьоһуннаах үлэлэрин оччолорго өйдөөн, үөрдэ-көтүтэ дьоҥҥо-сэргэҕэ көрдөрүллэригэр киэҥ аартыгы арыйан, көҥүл диэн күндү тылы сүктэрбиттэрэ буоллун. Оччоҕо отуччалаах эрэ дьон төһө эрэ үөрэн-көтөн, сириэдийэн өссө да элбэх көҥүл айымньылары дуоһуйа айыах этилэрий!» Артыыска айымньы бобуллуутун содула суруйааччы, туруорааччы, толорооччу артыыстар доруобуйаларын кэбирэппитин, олохторун огдолуппутун туһунан эмиэ ахтан ааһар.

Д.Г. Дыдаев (1935—1974) «Өр сыллаах ахтылҕаным» хомуурунньугар бэчээттэммит «Хара быраат хара убайыгар суруйбут суруга» хоһоонун сэбиэскэй олох ис дьиҥин киртитиигэ буруйдаабыттара, хоһоону идейнэй өттүнэн сыысхаллаах айымньынан ааттаабыттара. Ол түмүгэр ССКП Саха уобаластааҕы кэмитиэтин бюрота 1974 сыл ахсынньы 24 күнүгэр «Д. Дыдаев «Өр сыллаах ахтылҕаным» диэн хоһооннорун хомуурунньугар таһаарыллыбыт бөдөҥ алҕастар тустарынан» диэн уурааҕы ылыммыта. Ол кэннэ поэт Д. Дыдаев ити хомуурунньуга атыыланара, библиотекаҕа уларсыкка сылдьара бобуллубута. Саха сиринээҕи кинигэ издательствотын салайааччылара үлэлэриттэн уһуллубуттара, партийнай сэмэҕэ тардыллыбыттара. Суруйааччы И. Федосеев-Доосо бигэргэтэринэн, ити, дьиҥинэн, үөһэттэн дьаһалымсыйыы, административнай-хамаандалыыр үлэ истиилин биир көстүүтэ этэ. Ол содулугар Д. Дыдаев айымньылара 15 сыл устата бэчээттэммэккэ, күн сирин көрбөккө сыппыттара. 1989 с. эрэ саҕалаан хаһыаттарга, сурунаалга бэчээттэнэн барбыттара.

Дьэ онон, күндү ааҕааччы, эн тоталитарнай режим кэмигэр бобуллубут, сорохторо хаайылларга, бэл, ытылларга төрүөт буолбут айымньылары үгүстэрин холбуу тутан, илиигэр ылан ааҕар кыахтанныҥ. Кинигэни ааҕа олорон, сахаҕа даҕаны Алампа, Н. Неустроев, Арбита, Кындыл курдук кырдьыгы этэр, көҥүл санаалаах хорсун дьон баалларыттан киэн туттуоҥ, И. Попов кыра-хара дьон кутурҕан аргыстаах олохторун суруйбутуттан курутуйуоҥ, Оонньуулаах Уйбаан, М. Корнилов курдук айар дьон олорон ааспыттарын билиэҥ, Алтан Сарын, Суорун Омоллоон, С. Васильев айымньыларыттан оччотооҕу кэм тыынын истиэҥ.

3
{"b":"827532","o":1}