Литмир - Электронная Библиотека
A
A

В.Г. Семенова,

филологическай наука кандидата

Николай Неустроев

ҮРҮҤ КҮӨЛГЭ

(Оҕолорго кэпсээн)

Куораттан сэттэ биэрэстэ аттакылар олорор дэриэбинэлэрэ Марха диэн баар. Ол дэриэбинэ чугаһыгар Үрүҥ Күөл диэн ааттаах улахан күөл баар эбит. Биир күһүн биһиги, хаһыа да буолан, ол күөл муҥхатыгар куораттан таҕыстыбыт. Биһиги, тыаттан саҥа үөрэххэ киирбит оҕолор, куорат дьоно хайдах муҥхалыыллар эбит диэн, ити гэннэ тыаҕа бу кэмҥэ муҥхаҕа сылдьарбытын да ахтан, ону көрөөрү бардыбыт. Бастаан куораттан тахсыыбытыгар үөрүүбүт-көтүүбүт сүрдэннэ, түргэн соҕустук Марха суолунан баран истибит. Былыттаах итии күн этэ. Хаар бэт чараас гына түспүт.

Муучун кириэһэ диэн ааттаах, киһи уҥуохтардаах халдьаайыны аннынан ааһан иһэн, Дьылаарба Мэхээлэ эттэ:

– Манна түөкүттэр киһини кэмэтэ суох талыыр-өлөрөр сирдэрэ.

– Дьэ, оннук! – диэтэ Сэмэн, бастаан иһэн.

Биһиги, оҕолор, куттанан: «О-о-о!» – дэстибит.

«Бу түөкүттэр өлөттөөбүт дьоннорун уҥуохтара буоллаҕа», – дии санаатым мин испэр. «Тоҕо баҕас куһаҕанай, киһини өлөрөллөрө. Оннугу оҥорботохторуна, кинилэр сатаан сылдьыбат буоллахтара. Бу дойду биһиги тыабытыгар төрүт маарыннаабат – киэҥ баҕайы толоон, онно-манна арыы тыалар харааран көстөллөр. Маннык сир түөкүннээх да буолуон сөп». Ити курдук кэри-куру санаан, биһиги суол устун баран истибит. Бу дойду суола даҕаны кэтитэ, киэҥэ бэт. Ыраах алар быыһыгар нуучча дьиэлэрэ көстөллөр. «Хайаан маннык түөкүннээх сиргэ дьон олороллор?» – диэн мин испэр мунаахсыйа истим.

Ол икки ардыгар куттаммыппыт ааһан, эмиэ күлсэн-оонньоон бардыбыт. Арай иннибитигэр сыарҕа акка икки нуучча дьахтара олорон баран иһэллэр эбит. Сыарҕа иннигэр куучардара хороччу олорбут.

«Оҕолоор, ити нуучча дьахталларын куттуоҕуҥ эрэ!» – диэтэ ким эрэ. Онуохаҕа туран биһиги бары, итирбит дьон буолан хаһыытаһа-хаһыытаһа балааскайдаан, суолу икки өттүнэн айаннаатыбыт. Өс киирбэх, били дьахталларбыт, биһигиттэн куттанан, суолтан туораан тахсан, биһигини эргийэ бардылар. Кинилэр тустарыгар кэлбиппит гэннэ, сырайдара туой биһиги диэки. Дьону куттаабыт дьон буоламмыт, күссэ-күссэ, биһиги суол устун ааһа турдубут. Нуучча дьахталлара биһигини туох эрэ диэн санаатылар буолла? Ойоҕоспутунан киэҥ баҕайы бурдук сонуоктара ааһан истилэр. Бу дойду бүтэйэ даҕаны биһиги бүтэйбитигэр майгыннаабат. Иккилии тоґо±олоох сигэ бүтэй киэҥ хонууну устатын тухары быһыта сүүрбүт. Элбэх да бурдугу ыһаллар эбит – бу аттакы диэн ааттаах дьон.

Барбахтаан иһэн, хас да эт тиэйбит угустаах тыа сахаларын көрүстүбүт. Биһиги чугаһаан кэллэхпит аайы, куораччыттарбыт туой угустарын суол кырыытын диэки салайаллар, ол гэннэ биһиги диэки сэрэммит харахтарынан көрөллөр. «Кинилэри туох билиэй? Баҕардаҕына, ити дьон эппитин талаан ылыахтара», – диэн саныыллар быһыылаах.

– Хайа диэкилэргитий, доҕоор? – диэн Дьылаарба ыйытта.

– Намнарбыа-ыат! – дэһэ-дэһэ, угустаах дьон хап-сабар ааһа турдулар.

Бу дойдуга киһи киһини кытта, суолга көссөн баран, төрүт тохтоон кэпсэппэт. Тоҕо баҕас куһаҕанай? Билбэт дьоннорун ити курдук итэҕэйбэттэр. Биһиги тыабытыгар буоллар, биссибэт да дьон буоллахтарына, өр баҕайы ону-маны кэпсэтэн, сэһэргэһэн ааһыахтара этэ. Куорат чугаһа ити курдук кутталлаах, сэрэхтээх буолар эбит.

Сотору соҕус буолан баран, киэҥ толоон хаба оттотугар элбэх баҕайы нуучча дьиэлээх дэриэбинэ көһүннэ. «Ол аттакылар олорор дэриэбинэлэрэ», – дэстилэр аргыстарым. Суол кырыытыгар баар бурдук сонуогун мүччү түһээт, биһиги киэҥ баҕайы күөл кытыытыгар тиийэн кэллибит. Күөл, килэччи тоҥон баран, саҥа хаарынан сабыллан төгүрүйэн сытар эбит. Күөл арҕаа өттүгэр уһун ньолбоҕор нуучча дьиэлэрэ көстөллөр. Ол дьиэлэр тастарыгар хас да кэбиһиллибит от турар. Күөл тулатыгар эрбэгэй соҕус мастаах алар тыа алааран көстөр. Анараатах мыраан маҥхайан, туналыйан көстөр. Күөл мууһун оттотугар дьон бөлүөхсэн турар. Биһиги сиэлэр былаастаах хаамыынан муҥхаһыттарга тиийэн кэллибит. Баҕадьылаах тойон, Томторук оҕонньор, илиитигэр кыл хамыйаҕы тутан туран, уолаттарын дьаһайан бааҕыныы турар эбит. Бэйэтэ уҥуоҕунан кыра, туоратынан барбыт, мөкү дьүһүннээх саха оҕонньоро; элэмтэ буолбут кугас дьүһүннээх кулун тириитэ саҥынньахтаах, баһыгар эргэ баҕайы тугут чомпой бэргэһэлээх, илиитигэр эмиэ сылгы тыһа дуу, ханнык эрэ улахан баҕайы үтүлүгү кэтэн кэбиспит. Кини бэйэлээҕи манна ким даҕаны утары көрбөт – муҥхалаах тойон буолар.

Өр баҕайы сааҕынаһан баран, саҥа дьон эбии кэлбиттэрин гэннэ, дьэ, муҥхаларын түһэрдилэр. Дьылаарба Мэхээлэ икки бытыга мууһуран хаалбыт, тоҥон өкчөччү таттаран баран, биир анньыыны сулбу тардан аҕалан, муус анньан экчэрэҥнээтэ. «Эрэйдээх төһө эрэ балыгы сиэн абыранаары муҥнанан эрэр буолла», – дии санаатым мин испэр. Ол эрээри мин даҕаны туран көҕө тоһуйдум: үтүмэх муус аннынан тыаһа түлүгүрэйэн кэлэрэ эмиэ да үчүгэйгэ дылы буолар. Сотору соҕус буолан баран, муҥхабыт таҕыста да, балык кэлбэтэ. «Бу бэйэлээх киэҥ күөл буолан баран, балыга суох буолар эбит дуу?» – диэн Уйбаан биһикки бэйэбит икки ардыбытытар сибигинэстибит.

– Аны улахан уутун тардан көрүөххэ, – диэтэ Томторук.

Ол кэнниттэн, айманан-сайманан, күөл улахан уутун тарда бардыбыт.

Ити икки ардыгар тымныы баҕайы тыал тыалырда, хаар түһэн кэллэ. Биһиги, оҕолор, дэлби тоҥнубут, аччыктаатыбыт даҕаны.

– Оҕолоор, тоҥмут буоллаххытына, барыҥ, ити сайыымкаҕа тахсан, иттэн, чэйдээн киириҥ, – диэтэ Дьылаарба.

Уйбаан биһикки, күүллээх өйүөбүтүн сүгэн баран, өс киирбэх, күөл үрдүгэр баар сайыымкаҕа таҕыстыбыт. Киһим улахан баҕайы бараан бэргэһэлээх, бараан сонноох. Дьэ, түргэн соҕустук хааман холлурдаһан, сайыымкабытыгар тиийдибит. Күөл сыырын үрдүгэр кыра муус түннүктээх нуучча дьиэтэ оһоҕун буруота тыргыйа турар эбит. Дьиэ ааныгар хас да сыарҕалаах ат баайыллан тураллар, дьиэҕэ дьоннор киирэллэр-тахсаллар. Ол эрээри биһиги, ол куһаҕан дьиэҕэ саантаабакка эрэ, антах, олбуор иһигэр киирдибит. Олбуор иһигэр улахан нуучча дьиэтэ баар эбит, ол анараа өттүгэр улахан баҕайы, оттотунан киирэр, аана чуулааннаах саха балаҕана турар. Биһиги, хайа да дьиэҕэ киирэрбитин билбэккэ, дьулайбыт дьон быһыытынан отур-ботур кэпсэтэ турдубут. Ол турдахпытына, аттыбытынан саҥа ырбаахылаах, баһыгар үрүҥ былааттаах эдэр, үчүгэй дьүһүннээх саха дьахтара, түргэн соҕустук хааман, балаҕан диэки барда.

– Ыл, ити дьахтартан ыйыт, – диэтэ Уйбаан сибис гынан.

Онуоха мин хап-сабар ыйыттым:

– Сахалар манна хайа дьиэҕэ олороллоруй? – диэн.

– Манна бааллар, – диэн баран, дьахтарбыт били саха балаҕаныгар киирэн хаалла.

Биһиги кэнниттэн батыһан киирдибит. Киэҥ баҕайы балаҕан эбит. Хаҥас диэки оһохтоох, уҥа диэкинэн үс түннүктээх. Дьиэ иһигэр хас да киһи баар эбит. Били үчүгэй дьүһүннээх дьахтарбыт, таҥаһын сыҥынньахтанан баран, дьонугар муҥхаҕа сылдьыбытын сиһилии кэпсээтэ. Арай дьиэлээх дьахтар эбит.

– Муҥхаҕа сылдьар оҕолоргут дуу? – диэн ыйытта биһигини биир халы-мааргы дьүһүннээх, хара ырбаахылаах, эмэхсийэн эрэр дьахтар.

– Ээ, муҥхаҕа сылдьабыт, – дэстибит биһиги.

Итинтэн ураты атын кэпсэтии диэн суох буолла. Биһиги дьиэлээхтэри одуулаһа, туох да саҥата суох, атах ороҥҥо олордубут. Аччык өлбүппүт диэн сүрдээх буолан баран, биһиги, дьиэлээхтэртэн килбигийэн, иһит көрдүөн ылан, чэй оргутунан испэт дьон буоллубут. Дьиэлээхтэрбит даҕаны, биһигини бу оҕолор тоҥмуттара, аччыктаабыттара буолуо диэн, аһаппат ыал буоллулар. Биһиги дойдубутугар эбитэ буоллар, ыал аһатыа этэ. Бу дойдуга куһаҕан да буолар эбит. Өр соҕус олорбохтоон баран, биһиги күөлгэ төннөн киирдибит. Ол киирэн иһэн сүбэлэстибит: доҕоор, биһиги бу дойдуга аччыктаан да өлүүһүкпүт, онон куоракка бу киэһэ төннүөх, кинилэр балыктарын улахан сиэтин диэн. Ити курдук сүбэлэһэн баран, биһиги, күөл хамыһын быыһыгар саһан олорон, тоҥ сиикэй кырбас эти бэрэчиинэй быһаҕынан сии сатаатыбыт буолан баран, быһахпыт хотумна, аччык турдубут. Арай күөл оттотугар киирэн көрбүппүт, киһи диэтэх баҕайы элбээбит: нууччалар, хаһаактар мээлэ кэлбиттэр. Биир хара бараан сонноох улахан баҕайы манаах манастыыр аатыттан балык үллэстэ кэлбит. Үрүҥ Күөл тулатын ходуһата сорҕото манастыыр сирэ эбит, онон сылтаан манаах балык ылаары оҥостон кэлбит эбит.

4
{"b":"827532","o":1}