Литмир - Электронная Библиотека
A
A

Ити курдук абалана санаан кыыһыра истэҕинэ, чугас соҕус иннигэр ыт үрдэ.

– Ээ, ыалга кэллим ээ, бадаҕа, – дии санаата.

Үөрбүт киһи быһыытынан түргэн соҕустук хааман, тыаттан сулбу ыстанан тахсаат, биир кыра соҕус, хаарынан көмүллүбүт балаҕаҥҥа иҥнэ түстэ. Балаҕан үөлэһинэн кыым, хойуу баҕайытык бытарыйан тахса-тахса, умуллан иһэр. Ону көрөн, били киһи үлүйбүтэ-тоҥмута ордук сүрдэннэ. Сылааска киириэн сүрдээхтик баҕарда. Түргэн соҕустук ааны аһа баттаата да, дьиэҕэ көтөн түстэ.

Киирээт, өйдүөн көрбүтэ: уот иннигэр хас да эр киһи ону-маны кэпсэтэ олороллор эбит. Кини киирэрин кытта, бары соһуйбут курдук аан диэкки көрө түстүлэр. Били киһи уҥа диэкки ааһыан дьулайда. Ааҥҥа туран эрэ, ньууччалыы ыйытта:

– Хозяин, можно ночевать?

Онуоха биир сытыы сирэйдээх-харахтаах саха икки сутуругун быччаччы туттан баран ойон турда. Ол кэннэ ньууччалаабытынан барда:

– Туох наада, ньуучча? Зачем пришел? Пошел… тахса тур! Тут нельзя ночевать. Ишь ты, каналья, с топором еще!

Инньэ диэн баран, ньуучча диэкки ыҕарыйан кэллэ. Ньуучча ыксаата. Көхсүн этитэн баран, куттанан, таһырдьа ыстанна.

– Дьон буолбатахтар. Дьиикэй кыыллар, – диэтэ уоһун иһигэр, хараҕыттан уу-хаар баһа-баһа.

Ампаар кэнниттэн ыт, бардьыгыныы түһэн баран, кэлэн, ньуучча борбуйугар олоро түстэ. Ньуучча, хаһытыы түһэн баран, сүгэтин сулбу тардан ылла. Ол икки ардыгар аан тыаһа аһылынна. Онуоха ньуучча кэннин хайыһан көрбүтэ: дьиэлээхтэр тахсан тураллар, илиилэригэр тугу эрэ туппуттар. Ньуучча, сулбу хааман, тыа диэкки таҕыста. Ол баран иһэн көрбүтэ: тыа саҕатыгар балаҕан уота кытаран көһүннэ. Ол балаҕаны көрөөт, киниэхэ эр санаа киирдэ. Хайаатар даҕаны ити ыалга хонон баран арахсыам дии санаата. Ол кэннэ түргэн соҕустук балаҕан диэкки барда.

* * *

Балаҕан иһигэр итии. Оһохторо дэлби буруолаабыт. Дьиэлээх тойон, баһын былаатынан хам тардынан баран, кэтэҕэриин ороҥҥо тиэрэ түһэн сытар. Биир уҥуоҕунан кыра соҕус, кирдээх ырбаахылаах кыыс оһох чанчыгар хобордооххо алаадьылыы олорор. Уон алталаах уол аан аттыгар быһаҕынан оҕо оонньуура оҥорор. Кыра баҕайы кыыс оргуйа турар сылыбаарга чох угар. Таҥара анныгар от тэлгээбиттэр. Холорукка таҥараларын иннигэр хас да саһаххай симэчини хатаан кэбиспиттэр. Сассын Кыһыҥҥы Ньукуолун кэлэр. Сассыҥҥы таҥараларын алаадьытын сиэри олороллор эбит.

Арай соҕотохто дьиэлэрин аана аһылынна да, тымныы туманы кытта улахан баҕайы киһи бэкис гына түстэ, дьиэлээх тойон соһуйан оронугар олоро түстэ.

– Здравствуй! – диэтэ ньуучча, иннин диэкки биирдэ атыллаан баран. Уҥуоҕа салыбырыар диэри үлүйбүт.

– Дыраастый, – диэтэ дьиэлээх киһи, оронуттан туран иһэн, – сто надо?

– Можно здесь ночевать? – диэтэ кытаанах куолаһынан ньуучча, ол кэннэ ыксаабыт киһи быһыытынан уот диэкки көрдө. Сэлиэһинэй алаадьытын сыта сүрэҕэр киирдэ.

– Какой ночуй нада? – диэтэ дьиэлээх киһи, ньууччаны ыҕарыйан кэлэ-кэлэ.

– Ночевать, я говорю тебе. В такой мороз разве можно ночевать в лесу? Пойми ты сам, толковый!

Дьиэлээх киһи, ньуучча сирэйин-хараҕын одуулаан көрөн баран, аһынна быһыылаах. Уҥа орон диэкки ыйан баран эттэ:

– Вот место. Сиди там…

Инньэ диэбитигэр, ньууччата сүрдээхтик үөрдэ. Түргэн баҕайытык таҥаһын сыгынньахтанан кэбистэ, сүгэтин орон анныгар укта. Ол кэннэ көһүйэн хаалбыт тарбаҕын бычыгырата-бычыгырата, уокка кэлэн, саба түстэ. Бытыгын мууһун ыраастаммытын кэннэ көрбүттэрэ: эдэр баҕайы, кыһыл бытыктаах, хонтоҕор муруннаах, күөх харахтаах ньуучча уола эбит.

– Ча, брат, холодно на дворе, – диэтэ ньуучча, тарбаҕын уокка салла-салла.

– Да, колодно. А ты отуда идес? Куда барда? – диэн ыйытта дьиэлээх киһи, ньууччатын сырайын-хараҕын одуулаһа-одуулаһа.

– Я иду из села Амги. Там работал, теперь иду в город. Не знаю, доберусь ли жив.

– Сто работай там? – диэн иккиһин ыйытта дьиэлээх киһи.

– Строили амбар для почтовой конторы. А далеко отсюда до города?

– Тридцать биэрстэ.

– Ой, еще далеко, чорт возьми!

Ити кэнниттэн балай эмэ саҥата суох олордулар.

– Как тебя звать? – диэн ыйытта дьиэлээх тойон.

– Как звать?! Не помню… Ну, Иван, положим. Начто тебе мое имя?..

– Как сто нада?! Мин хоноһом имя нада ыснат. Ты дурак, сто ли?

– Ха-ха-ха! Доҕор, не сердись, я пошутил… Так, ха-ха-ха! – диэн ньуучча айаҕын ата-ата күллэ.

– Чо смейся нада! Моя не любит смейся… Смотри, мин толкай нада будет… – инньэ диэн баран, дьиэлээх киһи талах олох маһы сулбу тардан ылла.

Ону көрөн баран, ньуучча куттанна:

– Ты чего, доҕор, сердишься? Ну, я пошутил. Что из этого обидного? Не понимаю. Ты меня пустил в свою юрту, вот твои соседи не пустили, почему они не пустили? Да потому что я бродяга, посельга, а ваш брат нашего брата трусит, боится… Но я не из таких. Я должен сказать тебе спасибо. Почему? Да потому, что ты пустил меня в свою юрту, а то бы я замерз в лесу. Тогда вам пришлось бы плохо. Я не стану трогать тех людей, которые меня принимают, дают мне теплый угол.

Ньуучча тылыттан дьиэлээх тойон кыыһырбыта ааста.

– Хотуой, чайгын тат, – диэтэ кыыһыгар.

Кыыс, ньууччаттан куттанан, сэрэнэн-сэрэнэн остуолун, уот кытыытыгар аҕалан тардан баран, сылыбаарын уурда, чааскы татта, арыылаах хобордооххо алаадьытын уган аҕалла. Дьиэлээх киһи ыалдьытын иннигэр чайдаах чааскыны ууран баран эттэ:

– Ну, кусай, ньуучча. Мы люди бедные, мясо кусай нету, олади ест, кусай олади.

Ньуучча туох да эппиэтэ суох арыылаах алаадьы үрдүгэр түстэ. Дьиэлээхтэр туох да саҥата суох кини хайтах алаадьыны ыстыырын, чэйи иһэрин одуулаан олордулар. Сотору соҕус хобордоох алаадьы мэлийэн хаалла. Онуоха ньуучча, ойон туран, хаппарыттан тоҥ килиэп аҥарын ылан, холумтаҥҥа аҕалан, ууран ириэрдэ. Ол кэннэ кураанах хобордоох диэки көрөн баран эттэ:

– Теперь будем кушать мой хлеб, русский хлеб. Дайте немного масла, хозяин.

Онуоха дьиэлээхтэр хобордооххо арыы уулларан аҕаллылар. Ньуучча туран килиэбин бысталаан, арыылаах хобордооххо уган баран, холумтаҥҥа ууран ыһаарылаата. Ол кэнниттэн остуолга аҕалан уурда:

– Ну, теперь кушайте на здоровье неизвестного бродяги, ха-ха-ха!

Саҥата суох килиэптэрин сиэтилэр, сылыбаардаах уу бараныар диэри чэйдэрин истилэр. Чэйдээн бүтэн баран, ньуучча табаах тарда олорон эттэ:

– Теперь хорошо мне. Сытно и тепло. А, хорошо, хозяин? Как ты думаешь?

Онуоха дьиэлээх киһи: «Хоросоо-хоросоо», – диэтэ.

Табаах тарда-тарда, ньуучча туран, орон анныгар сытар сүгэтин ылан, тоҕо эрэ эргим-ургум тутан көрдө. Ону көрөн, дьиэлээх киһи куттана санаата.

– Ньуучча, сулуусай, ты топор клади на двор. Тут маленькие ребята, топуортан куттанар баар. Сулуусай, ньуучча.

– А, ничего, ничего. Ха-ха-ха! – диэн ньуучча күллэ.

– Да ты не смей, сункун сын! – диэн дьиэлээх киһи хаһыытаан бытарытта. Хараҕын сыыһын өрө көрөн кээспит.

Ньуучча, соһуйбут киһи быһыытынан, бастаан саҥата суох көрөн турда. Хаҥас диэкки кыра кыыс ытыыр саҥата иһилиннэ. Ньуучча, сүгэтин ууран баран, аргыый аҕай эттэ:

– Да ты не бойся, хозяин. Я ничего худого не сделаю. Какой, ты, однако, чудный!.. – инньэ диэн баран, дьиэлээх тойону санныттан таптайда.

– Ты пойми, я говорю тебе толком: зачем я стану вас трогать? Я ведь тоже человек, как ты, а не какой-либо дикий зверь. Зря трогать не стану. Будет тебе, хозяин, сердиться. Чудак ты, право!

– Ну, будет болтать тебе. Спи нада. – Дьиэлээх киһи уоскуйан барда. Ол кэнниттэн сахалыы уолугар эттэ:

– Нокоо, бар, тахсан ыалга эт. Биирдэстэрэ эмэ киирэн биһиэхэ доҕор буоллуннар. Бу бэһиэччик сүгүн утутуо суох, быһыыта.

Инньэ диэбитигэр, уола хап-сабар таҥнан, ыалыгар таҕыста. Ньуучча сэрэйдэ быһыылаах, тоҕо дьиэлээх киһи уолун ыыппытын. Сүгэтин хат ылан, баһыгар уктан баран, уҥа ороҥҥо тиэрэ түһэн сытта. Сотору соҕус таһыттан икки саха киирэн кэллилэр.

– Били күтүр өстөөх манна хоно сытар эбит дии, – диэтэ биирдэстэрэ.

Онуоха дьиэлээх киһи эттэ:

– Хайа үөдэн ньууччата дьөлү ыстанан кэллэ буолла? Таҥарабытын да сүгүн ылларбата. Бу түүн кинини кэтээн, утуйуохпут суох, быһыыта. Хайа абааһы ньууччата булла буолла? Эһиги биирдэскит манна доҕор буолан хонустаххытына сөп буолсу.

6
{"b":"827532","o":1}