Литмир - Электронная Библиотека

Эрчим ити этиини астына иһиттэ, «хата сири-дойдуну көрөн хаалыыһыбын» диэн судургутук санаата. Кини хантан билиэҕэй, икки сыл устата төһөлөөх уһун айаннары араас самолеттарга олорон айанныахтааҕын. Тоҥон-хатан, уһун буурҕаларга аэропортарга хаайтарыахтааҕын. Биитэр командировкаҕа тиийбит байыаннай чаастарыгар ыйы-ыйдаан тыал-куус, буурҕа ааһарын кэтэһиэхтээҕин…

Эрчим Коля барыаҕыттан ыла соҕотохсуйан, бириэмэ буллар эрэ, «приемникка» тиийэр. Чаастарыгар өссө да ананан бара илик саллааттары кытта сэлэһэн, көрсөн кэлээччи. Бүгүн эмиэ уолаттарга тиийэ сырытта, манна барыта ким ханна барыахтааҕын, хайдах сиргэ-уокка тиийэллэрин туһунан кэпсэтии буолар. Сорохтор Эрчимҥэ ымсыыра саныыллар: «Эн полкаҕа сулууспалыы хааллаҕыҥ. Абыраммыт киһигин, талааннаах буолаҥҥын худуоһунньуктуур буоллаҕыҥ дии… Оттон биһиги хайдах сиргэ-уокка тиийэбит? Манна сорох уолаттар «алдьархайдаах крутой туочукалар бааллар үһү», – диэн куттууллар».

Эрчим Анаадырга сылдьан билсибит били саллаат бэргэһэлээх сытыы-хотуу уолу көрсө түстэ:

– Олег… Семенов Олег диэн этиҥ дии? Хайа, ханнык туочукаҕа барар буоллугут? – байыаннай таҥаһы кэтэн, сирэйэ-хараҕа өссө сытыырхайбыт көрүҥнээх уолтан ыйытта.

– Ээ, эн Эрчимҥин дуо? Манна полкаҕа худуоһунньугунан хаалбыккын истибитим. Биһиги алтыа буоламмыт олох уһук, Муустаах муора кытыытыгар саамай түгэх сиргэ баар Уэлен диэн бөһүөлэккэ баар туочукаҕа тиийэр үһүбүт. Биир дойдулааҕым Егоров Коля, Күөрэлээх уола, уонна Алексеев Петя диэн эмиэ саха уола, Кулаков Володя, Шулянскай Коля – нуучча уолаттара уонна Элли Вася диэн ниэмэс уола бааллар. Элбэхпит, онон наһаа баттаппакка, көрүнэ сылдьар инибит, – дии-дии, Олег күллэ, үөрдэ-көттө.

– Оннук, бэйэҕит призывкытыттан элбэх эбиккит. Онон, кыра туочукаҕа наһаа атаҕастаппат инигит. Дьэ, кытаатыҥ, баҕар, командировкаҕа тиийэ сылдьыаҕым, – Эрчим уолу кытта ыга куустуһан, эйэргэһэн араҕыстылар.

Онтон «Маяктан» бииргэ аргыстаспыт доҕорун Ананийы көрсө түһэн туоһуласта, киһитэ:

– Пока ханна барарым биллибэт, манна биир спортинструктор капитан Сафаров анаан-минээн көрсөн: «Баҕар, полкаҕа илдьэ хаалыахпыт этэ», – диэбитэ. Волейболист уолаттары сүүмэрдии сатыыр эбит. Хаста даҕаны маннааҕы, полкаҕа сулууспалыы сылдьар, уолаттардыын волейболлуурбун көрбүтэ. Сэҥээрбит быһыылааҕа. Оттон бэйэм Майаҕа оскуолаҕа үөрэнэ сылдьыахпыттан мээчиктиибин. Ухта куоракка устудьуоннуу сылдьаммын волейболунан, баскетболунан дьарыктаммытым.

– Оо, манна хааларыҥ буоллар, наһаа да үчүгэй буолуо этэ, бииргэ сулууспалыа этибит. Били ротаҕа миигинниин барсыбыт Петров Коля поварга үөрэнэ барбыта. Онон, соҕотох «молодой» хааллым, уустук соҕус буолсу. Кулуупка сулууспалыыр буоламмын үчүгэй. Кытаат, хаала сатаа.

– Оо, ол миигиттэн тутулуга суох буоллаҕа дии… Дьиҥэр, хаалар киһи үчүгэй буолуо этэ, биир дойдулаахтар иккиэн бииргэ сылдьыа этибит… – Ананий дьиҥ санаатын эттэ.

Эрчим иһигэр эрэл санаалаах, доҕорун кытта быраһаайдаһан баран, хаһаарыматыгар таҕыста.

* * *

Бүгүн эмиэ Эрчим киэһээ аһылык кэнниттэн, хаһаарымаҕа сылдьаат, үгэһинэн, «приемникка» тиийдэ. Күн аайы уолаттар үстүү-түөртүү, сороҕор биэстии буолан анаммыт туочукаларыгар тарҕаһан иһэллэр. Аҕыйах хонуктааҕыта биир дойдулааҕа Чурапчы уола Егоров Петя, Кулаартан Неустроев Олег, Горнайтан Павлов Николай, Варламов Степан, Григорьев Петя буолан «Берингово» туочукаҕа сулууспалыы көппүттэрэ. Киһи биллэ аҕыйаабыт. Хата, Ананийы көрүстэ:

– Хайа, туох сонун? Ханнык туочукаҕа сулууспалыы барар буоллугут?

– Бу Колялыын иккиэн «Нунлингран» диэҥҥэ барар үһүбүт, – биир хатыҥыр уолу ыйан көрдөрдө.

– Оленов Коля диэммин, Горнайбын. Бэрдьигэстээхтэн сылдьабын, эн дойдугар Чурапчыга СПТУ-га үөрэнэн тырахтарыыс идэтин баһылаабытым.

– Хайа, доҕоор, Одьулууҥҥа СПТУ-га үөрэммитиҥ дуо? – Эрчим сэргэхсийэ түстэ.

– Оннук. Одьулуун СПТУ-тун бүтэрэн бараммын, Бэрдьигэстээххэ, промбыткомбинакка тырахтарыыстыы сылдьан аармыйаҕа ыҥырыллыбытым.

– Олох да биир дойдулаах эбиппит дии… – Эрчим уолу кытта илии тутуста.

– Оччоҕо хаһан барыах курдуккутуй? Ананий, эн биһикки баҕа санаабыт туолбатах, бииргэ сулууспалыахпыт диэбиппит табыллыбатах дии… – Эрчим хомойбуттуу, тыл ыһыгынна.

– Биллибэт ээ, погода үчүгэй буоллаҕына аҕыйах хонугунан көтөр инибит. Дьэ, кырдьык, баҕа санаабыт туолбата. Хайдах гыныахпытый… Туох диэн бирикээстииллэр да, ону толорор буоллахпыт, – Ананий атын сиргэ барарыттан санаата түспүт киһилии, бэйэтэ да хаһан барарын кэтэһэ сылдьар буолан, судургутук эппиэттээтэ.

– Чэ, кытаатыҥ, үчүгэйдик сулууспалааҥ… Көрсүөххэ диэри, – Эрчим уолаттары кытта быраһаайдаһан илии тутуста…

Провидение буухтаҕа хас да хонугу быһа намыһах былыттаах ардахтаах күннэр турдулар. Уреликига баар аэропортан биир даҕаны самолет да, вертолет даҕаны көппөтө. Арай бүгүн халлаан арыый дьайҕаран, былыттар бысталанан, кыралаан күн тыкта. Провидение буухтаны тула үмүөрүһэн турар үрдүк хайалар чыпчааллара, сопкалар оройдоро халыҥ хаарынан бүрүллэн турар төбөлөрө сырдаан көстөр буолбуттара. Уолаттар «приемникка» сарсыарда эрдэ туран, стройынан полка остолобуойугар аһаан кэллилэр. Сотору буолан баран биир эдэр сылбырҕатык туттубут-хаптыбыт старшай лейтенант спортсаалаҕа киирэн:

– «Нунлингран» туочукаҕа сулууспалыы барар рядовойдар Ананий Павлов уонна Николай Оленов, миигин батыһыҥ. Бүгүн вертолетунан Нунлинграҥҥа көтөбүт, – диэн хамаандалаата.

Уолаттар сып-сап хомуннулар. «Приемникка» баар саллааттардыын бэрт ыксалынан быраһаайдаһа охсоот, старшай лейтенаны батыһан, таһырдьа кэтэһэн турар Газ-66 массыынаҕа олорсон, аэропорка айаннаатылар. Иһирдьэ киирбиттэрэ, бүгүн күн-дьыл туран биэрэн, киһи тобус-толору. Саллааттар диэн, кэргэннэрин, оҕолорун уоппускаларыгар «материкка» илдьэ баран иһэр эписиэрдэр диэн. Кыра мас аэропорт иһэ үп-үллэҥнэс. Аалыҥнааһыы, үтүөлэһии бөҕөтө. Ананийдаах кэлбиттэрин көрөн, полкаҕа спортинструкторынан үлэлиир капитан Сафаров утары кэлэн эҕэрдэлэстэ:

– Ну, как дела, Ананий? Видишь, как вышло-то… Не суждено нашим с тобой мечтам исполниться. И в какую точку тебя? Как я ни старался убедить начальство, что нам нужны сильные спортсмены-волейболисты, чтобы защитить честь полка на соревнованиях Дальневосточного округа, – все бесполезно. Не поддержали…

Кини Ананий спортсаалаҕа волейболга эрчиллэ сылдьар эписиэрдэри, иккис сылын сулууспалыыр «кырдьаҕас» саллааттары, ордук сержант Гаркушалааҕы кытта тэҥҥэ оонньуурун, өссө сороҕор олох да баһыйа тутан оонньуурун көрөн сөҕөрө. Сафаров бэйэтэ эмиэ волейбол диэн баран «муннукка ытаабыт» киһи этэ. Онон, Ананийы манна полкаҕа хаалларан, волейболга үрдүттэн быһаччы эрчийэн, ити этэрин курдук, сылын аайы ыытыллар байыаннай уокуруктар күрэхтэһиилэригэр, киин сиргэ оонньотор баҕа санаалааҕа.

– Да, что там говорить, товарищ капитан… Я же солдат, куда прикажут, туда и я… – Ананий судургутук быһааран кэбистэ.

Спорт эйгэлээх капитан уолу ыбылы кууһан ылан быраһаайдаста. Ол кэнниттэн тугу да өйдүөхтэрин баҕарбат полка хамандыырдарыгар кыһыйан сапсыйан кэбиһээт, бэрт ыксалынан чымадаанын хаба тардан, регистратура диэки хаама турда.

Уолаттар син балачча кэтэспиттэрин кэннэ, старшай лейтенант суһаллык ыҥырда:

– Ребята, быстрее… Вертушка сейчас полетит в Нунлингран! Выходим! – диэт, ыксал бөҕөнөн ааны былдьаста.

Уолаттар бэрт ыксалынан малларын хаба тардаат, киһилэрин батыстылар. Көтөр хонууга билигин аҕай кэтит салбахтарынан буору-сыыһы өрө ытыйа турар вертолекка тиийдилэр. Иһирдьэ дьааһыктаах, кууллаах ас-үөл толору чөмөхтөммүт. Нунлинграҥҥа барааччылар кинилэр үһүөйэхтэр эрэ эбит. Вертолеттара иҥнэр-таҥнар түһэн, халлааҥҥа харбаспыт хайалар быыстарынан көтөн күпсүйэн, үөһэ тахсан истэ. Уолаттар тулалыыр сири-дойдуну, айылҕаны көрөөрү иллюминаторга хам сыһыннылар.

Саха сиригэр билигин самаан сайын сатыылаатаҕа. Ото-маһа силигилии ситэн, көҕөрөн, сиэдэрэй сибэкки сыһыыны-толоону толору сириэдийэ үүнэн, көтөрө-сүүрэрэ дэлэйэн, куһа-хааһа кэлэн төһө эрэ тупсан турар?!! Аны аҕыйах хонугунан уйгу-быйаҥ, улуу тунах ыһыахтар саҕаланыахтара турдаҕа.

11
{"b":"827523","o":1}