– Оо, дьэ хата бу үчүгэй сонун эбит! Эрчим, оттон күһүн үөрэххин салгыы барыахтаах этиҥ дии?
– Үөрэх ханна да куотуо суоҕа, аармыйа даҕаны кэнниттэн кэлэн салгыы үөрэниэххэ сөп. Ол эрээри бэйэм тоҕо эрэ учуутал үлэтин сөбүлээбэтим, баҕар, идэбин уларыттахпына да көҥүлүм.
– Бырааппыт булан сылдьыаҥ. Оттон соҕуруунан, хотунан сырыы бөҕөтүн сылдьыбыт ыччат буоллаҕыҥ дии. Нууччалары кытта уопсай тылы баҕас буларыҥ буолуо.
– Биһиги киһибит өлөн-охтон биэриэ суоҕа, оттон оҕо эрдэҕиттэн манна уулусса оскуолатын барбыт киһи иннин көрүнүөҕэ. Хата уолбут аармыйаҕа барар проводинаҕын убайдаргыттан саҕалаа… Биһиги кырдьаҕас саллааттар буоллахпыт дии… Молодой, черпак, дембель диэн кэрдииһи барытын боруобалаан ааспыт дьон! – Виталий эдэр уолу кыратык дэбдэтэн биэрдэ.
– Убайдарбар аҕалан бөҕөтө буоллаҕа, бэйэм испэппин бэркэ билэҕит. Сотору маҕаһыын аһылыннаҕына, кэһиилээх кэлэ сылдьыаҕым. Биир сыл бэркэ тапсан үлэлээбиппит, убайдарбыттан элбэххэ үөрэммитим. Ону умнубаппын… – диэн этээт, Эрчим тахсан барда.
* * *
Маай бырааһынньыктарын кэнниттэн Эрчим дириэктэрин көрүстэ.
– Эрчим Петрович, истэн-билэн олоробут, – Владимир Александрович, уол биэрбит повесткатын көрө-көрө, кэпсэтэ олордо. Ол кэнниттэн профком бэрэссэдээтэлин Назаровы ыҥыртарда.
Сотору буолаат, интэринээт сэбиэдиссэйэ, аҕам саастаах кырдьаҕас учуутал Василий Николаевич кэбиниэккэ киирбитигэр дириэктэр остуол аттыгар турар олоппос диэки ыйда.
– Чэ, Эрчим Петрович, биһиги профком бэрэссэдээтэлэ Василий Николаевичтыын сүбэлэһэн бараммыт, военкомакка көрдөһүү сурук түһэрэн, эйиэхэ отсрочка ылыахпытын баҕарабыт.
– Эдэр киһи Эрчим Петрович, биһиги оскуола үөрэнээччилэрэ урукку өттүгэр оройуоҥҥа да, зональнай черчение олимпиадатыгар маннык ситиһиилээхтик кытта илик этибит. Онон эйигиттэн «Быйылгы үөрэх дьылыгар оҕолору кытыннаран ситиһиилэммитиҥ иһин салгыы биһиэхэ үлэлиэҥ этэ дуо?» – диэн көрдөһүүлээхпит. Оччотугар оскуола уонна профсоюз аатыттан сурук суруйан, аармыйаҕа бараргыттан тохтотуо этибит, – диэн Василий Николаевич көрдөһөр, быһаарар икки ардынан баҕа санаатын эттэ.
– Владимир Александрович, Василий Николаевич, үтүө санааҕыт иһин махтал. Хас биирдии эдэр киһи ытык иэһин толорон, аармыйаҕа сулууспалыахтаах. Мин аҕыйах хонугунан хайыы-үйэҕэ сүүрбэ үс сааспын туолабын. Аны мантан ордук сааһыран баран бардахпына, сүрэ да бэрт буолсу.
– Оттон үлэҕэ киирэргэр, районо сэбиэдиссэйигэр биир сыл үлэлээн бараммын, характеристика ылан, үөрэхпин салгыы барабын диэбит этиҥ дии. Биһиги онно сөптөөх характеристиканы суруйан биэриэхпит. Эдэр киһи салгыы кэтэхтэн да үөрэниэххин сөп, – диэн дириэктэр ылыннарыылаахтык сүбэлии олордо.
– Уопсайынан, учуутал үлэтин сүрдээҕин ыарырҕаттым, идэбин уларыттахпына да сөп буолсу дии санаатым. Итэҕэлгит иһин улахан махтал! Ол эрээри аармыйаҕа барардыы биир бигэ санааны ылынан сылдьабын…
– Сөп, оччотугар эдэр киһи баҕа санаатын биһиги хааччахтыыр кыахпыт суох. Оҕолор сыллааҕы түмүктэрин бу күннэргэ таһаартаа уонна Сэбиэскэй Аармыйа кэккэтигэр бараҥҥын, ытык иэскин чиэстээхтик толор диэн биһиги алгыыбыт! Бары үчүгэйи кытта, бастаан суол тэлэн үлэлээбит оскуолаҕын хаһан даҕаны умнума! – диэн иккиэн эдэр уолу кытта илии тутуһан араҕыстылар.
Оскуола көрүдүөрүн устун хааман иһэн, байаан тыаһыырын истэн, Эрчим кылааһы өҥөс гыммыта, доҕоро Еремей Гоголев соҕотоҕун ырыа үөрэтэ олорор эбит.
– Быраат, убайыҥ аармыйаҕа баран эрэр. Эҕэрдэлээ!!! – дии-дии, Эрчим кылаас иһигэр көтөн түстэ.
– Оо, убайым Эрчим уол оҕото! Аны синиэл кэтэргэ быһаарынныҥ дуо? Хайа оттон проводинабыт эҥин? – диэн, Еремей утары кэлэн кууһан ылла.
– Ону этээри киирдим. Уон бэһискэ барабын, Кыайыы күнүгэр Майаҕа киирээр. Аармыйаҕа барарым чугаһыгар одноклассниктарбын уонна доҕотторбун ыҥыран, проводина оҥороору сылдьабын. Быраат онно баар буоллаххына табыллар… – хаадьылаһан тустан хадьыктастылар.
Уолаттар бэйэ-бэйэлэрин оскуола саҕаттан үчүгэйдик билсэллэр. Эрчим онус кылааска үөрэнэр эрдэҕинэ, Еремей ахсыска этэ. Дьикти кэрэ куоластаах оҕо, оччолортон индийскэй ырыаны ыллаан дьон кутун туппута. Аны ол кэнниттэн Хабаровскайга пединститукка үөрэнэ сырыттаҕына, Еремей Биробиджаҥҥа культура училищетыгар үөрэммитэ. Быйыл Тыыллыма орто оскуолатыгар бииргэ учууталлаатылар. Онон иккиэн иннэлээх сап курдук батысыһа сылдьар истиҥ доҕордуулар.
* * *
Эрчим бары наадатын барытын быһаартаран, оҕолор сыллааҕы түмүктэрин таһааран отчуоттаабыта. Аармыйалыан аҕыйах хонук иннинэ сынньанардыы оҥостон Майаҕа киирбитэ. Күн-дьыл барара түргэнэ сүрдээх, Зояттан сурук кэтэһэ сатаабыта да суоҕа. Переговорнайтан Ленинградка, кыыс үөрэнэ сылдьар сиригэр, эрийэн кэпсэтиэн баҕара-баҕара туттуммута. Зоя быйыл кинини үөрэҕин салгыы барыахтаах диэн бигэтик эрэнэ саныы сылдьара. Оттон кини буоллаҕына өйө-санаата олох тосту уларыйан сылдьар.
Бүгүн кылааһын уолаттарын көрсөн: «Аҕыйах хонугунан аармыйаҕа барабын, сарсын киэһэ рестораҥҥа көрсүөҕүҥ», – диэн бириэмэ болдьообута. Майа остолобуойа киэһэтин «ресторан» быһыытынан үлэлиирэ. Онно доҕотторун кытта көрсүбүттэрэ, бииргэ үлэлээбит худуоһунньук уолаттара Никандр, Виталий уонна Еремей эмиэ бааллара. Уонна Наахараттан киирэ сылдьар доҕордоро, биллиилээх ырыаһыт, музыкант Сергей Попов кэлбит этэ.
Уолаттар бары баян доҕоһуолунан ыллаан-туойан Эрчими аармыйаҕа икки сыл устата этэҥҥэ сулууспалыырыгар уонна доҕотторун хаһан да умнубатын туһугар үтүө санааларын, алгыстарын эппиттэрэ. Үөрэн-көтөн, аһаан бүтэн баран, үүнэр-сайдар кэскиллээх Майа киэҥ уулуссаларынан баян доҕуһуолугар уйдаран, ырыа аргыстаах күүлэйдээбиттэрэ.
Сөрүүн тыал кэлэрэ
Ол киэҥ алаастан,
Самыырдаан ааһара
Быстах былыттан.
Майа сайына
Кэрэ киэһэтэ,
Бу миэхэ, эйиэхэ
Күндү буолара.
Умнубат буоларбыт
Биһи Майаны,
Умнубат этибит
Арыы тыабытын,
Хаһан даҕаны,
Хантан даҕаны
Ахтарбыт, саныырбыт
Биһи Майаны…
Эрчим хайдах эрэ санаата көтөҕүллэн доҕотторугар махтана санаабыта.
Тарҕаһалларыгар кини:
– Сарсын сарсыарда уон чаастан куоракка, «Маякка» киирэбит. Онон, уолгутун өйдүү-саныы сылдьар гына атаара, военкомакка кэлээриҥ.
– Ээ, кэлэн бөҕө буоллаҕа дии… – доҕотторо бары үөрэн-көтөн, илии тутуһан сарсыарда военкомакка кэлиэх буолан эрэннэрбиттэрэ.
Эрчим истиҥ доҕорунаан Сенялыын хаалан, биир түөлбэҕэ олорор буолан аргыстаһан дьиэлээбиттэрэ.
– Хайа, Зоялыын кэпсэтэ сырыттыҥ дуо? Ленинградтан сурук суруйар ини, аармыйаҕа бараргын туох диирий?
– Ээ, оттон сурук суруйар, сибээстэһээччибит… Бу барыам иннинэ, баҕар, суруга кэлиэ дуу дии санаабытым да, кэлбэтэ. Кини, биллэн турар, аармыйаҕа барарбын соччо сөбүлээбэтэ буолуо. Эрдэттэн даҕаны наар үөрэн, үөрэммэтэххинэ аармыйаҕа ылыахтара диэн тыллааҕа. Быйыл миигин үөрэҕин салгыы барыахтаах диэн өйдөбүллээх сылдьар. Инньэ гынан, ити эрдэ биллэрбэтим, оттон сулууспалыыр сирбэр тиийэн бараммын сурук суруйар инибин…
– Суруккун тутан соһуйара буолуо. Эрчим, санаан кэбис, оскуоланы бүтэрбиппит хайыы-үйэ түөрт сыл буола охсубут дии… Банкеппытыгар эн Зояны аан бастаан көрбүтүҥ уонна «Ити кыыһы көрөөт сөбүлээтим» диэҥҥин миэхэ эппитиҥ дии…
– Кырдьык, бириэмэ барара тоҕо түргэнэй? Оччолорго, туох да кыһалҕата суох, үтүө даҕаны кэмнэр эбит… Эдэр саас инникигэ эрэллээх, сырдык-ыраас дьоллоох сыллара. Сема, эн, баҕар, итэҕэйиэҥ суоҕа. Ол эрээри мин баччааҥҥа диэри Зояҕа «эйиигин сөбүлүүбүн» диэн кыайан эппэккэ сылдьабын… Киһи олус ис дууһатыттан сөбүлүүр киһитигэр «мин эйиигин таптыыбын» диэн тыллары этэрэ уустук соҕус быһыылаах…
– Дьэ, ону билбит суох. Мин биир бэйэм оннук ис дууһабыттан «иэйэн-куойан» сөбүлүүр кыыспын көрсө иликпин… – Сеня, күлэ-күлэ, доҕорун хаадьылаан саннынан үтүрүйдэ.