Литмир - Электронная Библиотека

Иккис түһүмэххэ ааптар айар, араас өрүттээх уопсастыбаннай үлэтин ырытар, кэрэһилиир суруйуулар киирбиттэр. Мэлдьи олох үөһүгэр «сырыттахха, кытыннахха сатанар» диэн бириинсиптээх, түмсүүгэ-сомоҕолоһууга угуйар дьулуурдаах дьонсэргэ биһириир бэлиэ киһитин уобараһын ситэрэн биэрэллэр. Ааспыт сылга бөлүһүөк, литератураны чинчийээччи Е.Г. Винокуров «П.П. Федоров-Сомоҕо олоҕо уонна айар үлэтэ» дьоһуннаах монографияны таһаартарда.

Сомоҕо диэн боһомо ааттаах суруйааччыттан билиҥҥи олохпут уратытын, олох тыын боппуруостарын арыйар өссө сонун айымньылары ааҕааччы кэтэһэр.

Валерий Луковцев-Дьурустаан,

Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ

Саллаат уонна таптал

Сааскы маай бырааһынньыктара чугаһаан уонна таһырдьа халлаан сылыйан, айылҕа тупсан турар кэмэ.

Оскуола иһигэр киһи суоҕун кэриэтэ. Эдэр уруһуй, черчение учуутала Эрчим Петрович Быгаанап уруоктара, хаһан да буоларын курдук, саамай кэнники тураллар. Субуота күҥҥэ кырдьаҕас учууталлар уруоктарын араспысаанньа быһыытынан эрдэ үөрэтэн бүппүттэр. Арай быйыл университеты саҥа бүтэрбит английскай тыл учуутала Светлана Васильевна эрэ баар эбит. Эрчим быйыл кыһын оройуон киинигэр үҥкүүлүү уонна ийэтин аахха сылдьаары кыыстан элбэхтик көрдөспүтэ. Черчение уруогар сорудах биэрэн, «Оҕолору көрөөр, үлэлэрин бүтэрдэхтэринэ, дьиэлэригэр ыытаар…» – диэн баран, уон алта биэрэстэлээх сиргэ кыһыҥҥы бытарҕан тымныыга «дискотекалыы» сатыы ыстанара.

Эдэр учуутал бүтэһик бэһис, алтыс уруоктарын бүтэрэн баран, Маай бырааһынньыктарын дьонун кытта көрсөөрү оройуон киинигэр барарга быһаарынна. Дьиэлэнэн олорор дьонугар тиийэн малын-салын хомунан спортивнай суумкаҕа симээт, айан суолугар тахсан, массыына тутан Майалаата.

Ийэтэ аах олорор икки этээстээх мас уопсай дьиэлэрин таһыгар тиийэн түстэ. Хата, дьоно дьиэлэригэр бааллар эбит. Бырааттаах кыра балта тэлэбиисэр көрө олороллор. Оттон ийэтэ барахсан ас астаан түбүгүрэ сылдьаахтыыр, сааһыран уҥуохтуун кыччаан хаалбыт курдук буолбут.

Киэһэ аһаары олорон ийэтэ:

– Бу военкоматтар аармыйаҕа барарга «повестка» аҕалан биэрбиттэрэ… – диэн күөх дьүһүннээх кыра кумааҕыны Эрчимҥэ туттаран кэбистэ.

Эдэр уол ону хап-сабар сулбу тардан ылан көрбүтэ: «Ыам ыйын 15 күнүгэр олохтоох военкомакка, сарсыарда 10-н чааска кэлэҕин» диэн булгуччулаах ыҥырыы сурук буолла. Эрчим кумааҕытын эргим-ургум тутан көрүтэлээтэ. «Хата, кырдьык аармыйаҕа барар эбиппин. Оскуолаҕа сатаан учууталлыа суохпун», – дии санаата.

– Ийээ, кырдьык да, мин аармыйаҕа барыыһыбын. Оскуола учуутала мин идэм буолбатах эбит… – диэтэ.

– Эс, оттон быйыл үөрэх дьылыгар үлэлээн бараҥҥын, аны күһүн үөрэххин салгыы Хабаровскайдыахтаах этиҥ дии?

– Оннук этэ да, идэбин сыыһа талбыппын. Билигин оскуолаҕа уруһуй, ырыа, физкультура уруогун олох улахаҥҥа уурбаттар. Туһата суох предмет курдук көрөллөр. Ол оннугар ахсаан, физика, нуучча тылын учууталлара өрө тутуллаллар.

– Ама оннук буоллаҕай, учуутал аата учуутал ини… – ийэтэ саарбахтаабыт курдук саҥарда.

– Суох, оннук буолбатах… Хас чиэппэр түмүгүн аайы, педсовекка эн үрдүгүнэн көтөллөр. Ол кинилэр, учуутал оҕолоро, хайаан даҕаны «отличник», «хорошист» буолуохтаахтар үһү.

– Оттон ол сөп буолбатах дуо?

– Баҕар, сөп буолуо даҕаны… Черчение уруогар биир даҕаны чертеһы, дьиэтээҕи үлэтин, саараама, оҥорботох оҕоҕо «халлаантан» ылан түөрдү, биэһи туруоруохтаах үһүбүн.

– Оттон ону күһэйэн оҥорторуоххун?

– Элэ-была тылым бүтэн, сороҕор бэйэм көмөлөһөн оҥорорум үрдүнэн, ыал мааны кыргыттара аһаҕастык: «Сатаабатыбыт», – диэн баран олороллор. Онтон ол оҕолорго хантан ылан сыана туруорабын? Завуч: «Кыайан үөрэппэккин. Хайаан даҕаны бу оҕоҕо үчүгэй сыананы туруордаххына табыллар. Оскуола үөрэҕин бырыһыанын түһэрээри гынаҕын дуо?» – диэн бэрт кытаанахтык дьаһайан кэбиһэр. Онон бүтэр, хайыаххыный?

– Ээ, оччоҕуна эн эмиэ тоҕо сыананы харыстаатыҥ? Түөрдү, биэһи туруоран иһиэххин… – ийэтэ кини этэрин улахаҥҥа уурбат курдук, бэйэтин санаатын этэ олордо.

– Дьэ, ити баар, оччоҕо тоҕо мин үөрэтэбин? Оҕолор син биир «Ырыа, уруһуй, физкультура уруоктарын таах солуута суох үөрэхтэр» дии саныыр буоллахтарына. Ону сүрүн предмеккэ үөрэтэр учууталлара эмиэ итинник сыһыаннаһар буолбуттарын кэннэ, биллэн туран, бу уруоктары суолтаҕа уурбаттара сөп да курдук…

* * *

Сарсыныгар үлэ чааһын саҕаланыыта Эрчим оройуоннааҕы военкомакка тиийдэ. Сэкирэтээр кыыска туох наадаҕа кэлбитин этээт, военком хоһугар ааста. Ааны тоҥсуйан иһирдьэ киирбитэ, аҕам саастаах капитан званиелаах саха киһитэ остуол үрдүгэр сытар элбэх кумааҕыны өрө-таҥнары бэрийэ, сыымайдыы олорор эбит.

– Дорообо, товарищ капитан, призывник Быгаанап Эрчим Петрович диэммин. Повестка туттум, ол эрээри мин бэйэм тылланан туран аармыйаҕа барарга бэлэммин биллэрэбин.

Капитан соһуйбут киһи курдук, эдэр уолу үөһэттэн аллара көрөн ылла уонна ойон турда. Ол кэнниттэн чиҥ-чиҥник үктээн, Эрчимҥэ чугаһаан кэлэн:

– Дьэ, бу эр киһи тыла! Маладьыас! Ийэ дойдутун иннигэр аармыйаҕа сулууспалыыр – хас биирдии эдэр киһи ытык иэһэ. Эн бэйэҥ тылланан туран, Сэбиэскэй сэбилэниилээх күүстэргэ барарга санаа ылыммытыҥ олус үчүгэй! – диэн илиитин ыга тутта уонна Эрчимҥэ остуол аттыгар турар олоппоһу ыйда.

– Баһаалыста, итиннэ олор. Бэйэҥ туох үөрэхтээххин, ханна үлэлиигин?

– Бэйэм Хабаровскайга пединститут икки курсун бүтэрбитим. Билигин тыа сиригэр орто оскуолаҕа уруһуй, черчение учууталынан үлэлиибин.

– Эдэр киһиэхэ бэрт идэлээх эбиккин, аармыйаҕа бараҥҥын ситиһиилээхтик сулууспалаа. Төһө кыалларынан үчүгэй чааска түбэһэн сулууспалыырыҥ курдук олохтоох военкомат аатыттан ходатайство оҥоруохпут. Оскуолаҕар тиийээт, аармыйаҕа ыҥырыллан барабын диэн биллэр. Уонна ыам ыйын 15 күнүгэр сулууспалыы барардыы оҥостон кэлээр… – дии-дии, капитан өссө төгүл Эрчим илиитин ыгыта тутта.

Эрчим военкоматтан санаата улаханнык көтөҕүллэн тахсыбыта: «Сөпкө быһаарынным быһыылаах. Аармыйаҕа син биир сулууспалыахтаахпын, «арыый эдэр эрдэхпинэ» сулууспалаан кэлэрим ордук буолсу. Уонна оскуолаҕа үлэлиири олох испэр киллэрбэтим, эрдэсылла идэбин уларыттахпына табыллыыһы. Оҕо эрдэхпиттэн наар худуоһунньук буолар баҕалааҕым ээ. Пединститукка худграфка туттарсан киирэн бараммын, күнү быһа уруһуйдаталлар ини дии санаабытым ханна баарый? Техмат, сопромат, начертательнай геометрия, научнай коммунизм, история КПСС туохха наадалаах үөрэхтэрий? Кырдьыгынан эттэххэ, марксизм, ленинизм научнай үөрэхтэрин сүүрбэччэлээх бэдиктэр хантан ылан өйдүөхпүтүй?.. Бэлэм конспегы уларса сылдьан хардары-таары таах мээнэ уһулуу, ис хоһоонун өйдөөһүн, өйдүү да сатааһын төрүкү суоҕа кистэл буолбатах. Уруһуйга, ойуулуур дьүһүннүүр искусствоҕа анаан нэдиэлэҕэ биир, икки чаас үөрэтэллэрэ. Художник идэтин баһылаан, дьиҥнээх айар үлэһит буолуом диэн баҕа санаалааҕым ханна баарый?..».

Эрчим итинник иирбэ-таарба санаалаах орто оскуоланы бүтэрэн баран бииргэ үлэлээбит худуоһунньук уолаттарын мастарыскыайдарыгар тиийдэ. Оройуоннааҕы культура дьиэтин биир түгэх кэҥэс соҕус хоско тиийэн киирбитэ, Никандрдаах Виталий бэҕэһээҥҥи күүстээх аһылык кэнниттэн сирэй-харах мөлтөөн, арбы-сарбы буолан олороохтууллар эбит. Кинини көрөөт:

– Оок, бырааппыт Эрчим уолан барахсан, хата бэйэтинэн тиийэн кэллэ. Дьэ бу убайдарыҥ өлөттөрөн арыычча олоробут, төбө ыалдьан айар үлэ иэйиитэ кыайан киирбэт. Уон биир чааһы кэтэһэбит. Хайа, учуутал киһи, харчыҥ хачыгырас буолуо? Убайдаргын абыраа… – диэн өрө көтө түстүлэр.

Эрчим кинилэри кытары бииргэ үлэлээбит буолан, билигин хайдах арыгыга өлөттөрөн иэдэйэн сылдьалларын билэр бөҕөтө. Уон биир кэнниттэн «үчүгэй» маҕаһыын аһылыннаҕына, кыратык «тэп» гыннараат, убайдара чахчы айар куттара аһыллааччы. Хайа да бэйэлээх үлэни начаас икки ардыгар судурҕаччы тардан уруһуйдаан кэбиһэллэрин элбэхтэ көрбүтэ. Чахчы айылҕа биэрбит талаанын ситэ туһаммакка сырыттахтара, «абааһы» аһыгар ыллартаран.

– Убайда-ар, бырааккыт аармыйаҕа баран эрэр. Аны аҕыйах хонугунан уолгут Сэбиэскэй Аармыйа саллаата буолан, соҕуруу хайа эрэ киин куоракка строевойунан хааман чиккэҥнэтэ сылдьар буолуоҕа.

2
{"b":"827523","o":1}