Литмир - Электронная Библиотека

Оттон манна бэс ыйа ааттаах да, тулалыыр хайалар үрдүк таас оройдоро, сырыынньа эниэлэрэ хаарынан бүрүллэн тураллар. Оннооҕор хотоол сирдэргэ күлүк өттүгэр эриэн-быраан хаар ууллубакка сытарын көрөн, биһиги дьоммут наһаа сөхтүлэр, чахчы даҕаны, тыйыс айылҕалаах дойдуга кэлбиттэрин итэҕэйдилэр.

Вертолет муора кытыытынан, хачыр курдук таас кытылы кырыйа көтөн күпсүтэн истэ. Биэрэги кэрийэ кытыыга билигин даҕаны муус кыдьымаҕа өрөһөлөнөн сытара өтөрүнэн-наарынан ууллуох быһыыта биллибэт курдук. Ыраах саҕахха икки улахан муора хараабыллара ыраас ууга устан иһэллэрэ көстөр.

Уу суола аһыллан «путина» саҕаланнаҕа, кылгас сайыннаах тыйыс айылҕалаах дойдуга бириэмэ былдьаһык. Сылааһы хааччыйар инниттэн, оттукка баһаам элбэх таас чоҕу, ас-үөл арааһын, уматыгы – бэнсиини, сэлээркэни, араас тутуу матырыйаалларын, тиэхиньикэни урааннаах уһун кыһыны туоруур гына ыраах Хотугу муустаах муора кытыытыгар тиийэ барытын таһан бүтэриэхтэрин наада буоллаҕа…

Вертолет син балачча уһуннук көтөн талыгыратан, кытылга чугаһаабытыгар, муора хомотун батыһыннара косаҕа, аҕыйах дьиэлэрдээх дэриэбинэ көһүннэ. Син балачча тэйиччи сопка тэллэҕэр радиолокационнай станциялар уонна мас хаһаармалар кэккэлээн тураллара манна байыаннай чаас баарын туоһулуур. Бу хобдох соҕус көстүүнү икки этээстээх үс-хас олорор дьиэлэр уонна обургу оскуола, кулууп дьиэлэрэ баара арыый сэргэхситэр. Вертолет үөһэнэн сопка кытыытынан эргийэн, байыаннай чаастан чугас хомоҕо түстэ. Сүр үлүгэрдик күүгүнээн, кэтит салбаҕынан тула буору-сыыһы ытыйан өрүкүнэтэн баран, дьэ тохтоото. Уолаттар сонурҕаан, вертолеттан түһэн тулаларын эргиччи көрө-көрө эписиэрдэрин батыһан хаһаарымаҕа тиийдилэр. Иһирдьэ киирбиттэригэр,

– Ребята, «соски» приехали!.. – дневальнай нуучча уола үөрбүт хаһыыта иһилиннэ.

Сотору буолаат Ананийдаах Коляны «солбудаһык кэллэ» диэн астыммыт саллааттар эргийэн кэбистилэр. Олор быыстарыттан намыһах буолан баран, бөҕө-таҕа, күүстээх көрүҥнээх, гимнастеркатын уолугун төлөрүтүммүт, саллаат курун босхо иһин түгэҕэр ыыппыт саха курдук дьүһүннээх уол, чопчу кинилэри көрбүтүнэн, чугаһаан кэллэ:

– Сахаларгыт дуо? – диэн, уу сахалыы олус астынан ыйытта.

– Сахаларбыт! – Ананийдаах биир дойдулаахтарын көрсөн, үөрэ-көтө хардардылар.

– Болуодьа Бөтүүнүскэй диэммин, Сааскылаахтан сылдьабын. Эһиги хантан сылдьаҕыт?

– Мин мэҥэбин, Ананий диэммин. Оттон бу Коля, Горнай уола… – дэһэ-дэһэ, илии тутустулар.

– Дьэ, бэрт эбит… Манна мин саха соҕотохпун. Билигин элбээтэхпит… Чэ кытаатыҥ, Саха сирин сонунун тоҕо тардан, кэпсээн кэбиһиҥ… – уоллара кинилэри санныларыттан хам кууһан ылла уонна хаһаарыма түгэҕин диэки илдьэ барда.

* * *

Уолаттар Бөтүүнүскэйдэрин төһөнөн ыкса билсэн истэхтэрин аайы кинини сөбүлүүллэрэ элбээн истэ. Хоту дойду уола холкута, үтүө-мааны майгыта киһини астыннарар. Бэйэтэ айылҕа оҕото буолан, дьоҕус даҕаны уҥуохтаах буоллар, эт-сиин өттүнэн кыахтаах. Күүстээх уол турникка «солнцены», «выход силой» уонна да атын көрүҥнэри холкутук оҥорор. Нууччалыы олус ыраастык саҥарар, нуучча уолаттарын сытыы тылынан-өһүнэн баһыйара да диэххэ сөбө. Элбэх көрдөөх көрүдьүөс анекдоттары кэпсиир, инньэ гынан, саллааттар куттарын тутар уонна сүргэлэрин көтөҕөр. Маҥнай утаа иккис сылын сулууспалыыр уолаттар кыра диэн сэнээн киирэн биэрэллэрэ үһү. Биирдэ Карпенко диэн бөдөҥ-садаҥ, уһун уолу наһаалаабытыгар биирдэ эрэ охсон кэбиспиттээх. Онтон ыла оннооҕор «дедтар» киниэхэ чугаһаабат буолбуттара.

Сороҕор дьиибэлэнэн, эмиэ да кырдьык-хордьук курдук:

– Мин бэйэм долгааммын, оттон түгэх өбүгэлэрим поляктар. Дьиҥнээх араспаанньам «Бетинскэй» диэн ээ… – дии-дии, күлэн-үөрэн бэйэтэ да кыараҕас хараҕа олох да көстүбэт буолара.

Дэриэбинэҕэ олохтоох чукчалары кытта олус тапсара. Анараалар даҕаны кинини бэйэлэрин киһилэрин курдук ылыналлара. Дэлэҕэ дьиэлэригэр биир да бырааһынньыгы көтүппэккэ ыҥырыахтара дуо? Бэйэтэ эмиэ сулууспалыыр станцията дэриэбинэттэн көстөн турара, ол да иһин самоволкаҕа сотору-сотору барара. Олохтоохтору кытта булт-алт туһунан уопсай тылы булан сэһэргэһэрэ.

Рота старшината прапорщик Павленко кини бэргэн булчутун үчүгэйдик билэр буолан, саас, күһүн икки уостаах саатын уларсан, кустата ыытара. Оттон Бөтүүнүскэй бэйэтэ кыһынын байыаннай чаас турар сириттэн чугас эргин сылдьан, олохтоох дьонтон уларсыбыт капкаанынан кырсаны бултаһара. Бултаабыт кырсатын тириитин бэйэтэ таҥастаан эписиэрдэри кытта мэнэйдэһэрэ.

Биир үтүө күн Володя Ананийдааҕы бөһүөлэктэн чугас муора кытыытыгар ыҥыран киллэрдэ. Уолаттар уу кытыытыгар кытылы кэрийэ, улахан баҕайы киит балык ойоҕосторун уҥуоҕа сиргэ батары саайыллыбыттарын уонна бөдөҥ таастарынан бөҕө-таҕа гына тула тэлгэммиттэрин сэргии көрдүлэр. Итилэр аттыларыгар чукчалар муораҕа бултуу тахсалларыгар туһанар вельботтара ойоҕосторунан сыабынан баайыллан сыталлар. Салгыы ол ойоҕос уҥуохтарыгар быанан моржа, нерпа тириилэрин тиирэ тардан баайан куурда уонна араас бэйэлээх сыанан ньалҕарыйа сылдьар балыктарын хатара ыйаабыттарын саҥа көрөр дьон сүрдээҕин дьиктиргии, сөҕө көрдүлэр. Ол аайы Володя биир кэм айаҕа хам буолбакка кэпсии истэ:

– Биһиги, хотулар, эмиэ балыкпытын маннык хатарабыт, дьуухала оҥоробут. Бу дойдуга эмиэ тыала-кууһа бэрт буолан, салгыҥҥа балык түргэнник хатар. Аны Саха сирин киин оройуоннарыгар курдук сахсырҕа эҥин суох…

Тэйиччи муора хомотун кытыытыгар косаҕа, дэриэбинэ дьоно астаммыт кииттэр дьардьамаларын бульдозерынан таһааран бырахпыттара муора долгунугар суураллан, тыалга охсуллан хатан, кууран хаалбыт уҥуохтара дьикти скульптура буолан өрөһөлөнөн көстөн турар. Онно тиийбиттэрин кэннэ, Володя Бөтүүнүскэй аарыма улахан киит сыҥааҕын уҥуоҕун анныгар илиитин үөһэ уунан көрдөрөн туран эрэ:

– Көрөн кэбиһиҥ, урут былыр чукчалар, бу киит маннык улахан сыҥааҕын уҥуоҕунан ярангаларын каркаһын оҥороллоругар туһаналлара эбитэ үһү. Онтукалара бу курдук коническай быһыылаах буолан, хайа да бэйэлээх күүстээх буурҕаҕа бэриммэккэ, сүрдээҕин тулуктаһан турар эбит. Онтон туох баар этэ, халыҥ сыата, тириитэ, иһэ-үөһэ барыта бастыҥ ас буолан туһаҕа тахсара үһү. Ол иһин бачча муус-хаар буурҕа дойдутугар, унньуктаах уһун кыһыны киит курдук улахан балык этинэн, аһаан-сиэн этэҥҥэ туорууллара үһү. Маһа-ото суох сиргэ олорор дьон быһыытынан, киит халыҥ сыатын уулларан, оттук оҥостон астарын буһарыналлара. Анал оҥоһуулаах тааһы дьөлө хаһан оҥорбут иһиттэригэр уулларбыт сыаларын иһигэр, туундара инчэҕэй муоҕун синньэтэн уган ыһыырынньык гынан сырдатыналлар эбит. Киит бытыга саамай сыаналаах былдьаһыкка сылдьар табаар быһыытынан биллэрэ. Ол курдук, наарталарын ылаҕар кэтит өттүн ылан иҥиннэрэн халтарыйарыгар, сыыдам буоларыгар туһаналлара, оттон синньигэс бытыгын быһан күөгүгэ леска оҥорон балыктыыллара. Маннык киит бытыгыттан оҥоһуллубут леска кырыарбат да, мууһурбат даҕаны буолан былдьаһыкка сылдьара диэн үһүйээннэргэ кэпсэнэр.

Ананийдаах Коля хоту дойду уолун кэпсээнин олох энчирэппэккэ иһиллээн турдулар, улаханнык сэҥээрдилэр. Киинэҕэ эрэ көрөр киит курдук балык сөҕүмэр туһалааҕын, Арктикаҕа олорор омуктар олохторугар ураты суолталааҕын саҥа биллилэр.

– Мин саамай күүстээх баҕа санаам – киит балыгы бултааһын. Анаан-минээн олохтоох дьон хайдах маннык улахан балыгы бултаан-алтаан өлөрөллөрүн көрүү… Дьэ, онно сылдьан бултаһарым буоллар, чахчы Чукоткаҕа сылдьыбытым, киити бэйэм бултаспытым диир кыахтаныам этэ. Ол баҕа санаабын рота старшинатыгар прапорщик Павленкоҕа уонна олохтоох бөһүөлэк булчуттарыгар этэн турабын… – дии-дии, Бөтүүнүскэй Колялаах Ананий диэки астыммыттыы көрбүтэ-истибитэ.

* * *

Уолаттар аҕыйах кэм иһигэр хайыы-үйэҕэ «туочукаҕа» билсэн-көрсөн бэйэ дьоно буоллулар. Ананий үрдүк үөрэхтээҕэ уонна балачча саастааҕа сүрүн оруолу ылла. Нууччалыы үчүгэйдик быһаарсара, үгүһү-элбэҕи аахпыта, билэрэ-көрөрө судургу майгытыгар эбии туһалаата. Коля, тыа сирин ыччата буолан, ханнык да үлэттэн иҥнэн-толлон, чаҕыйбакка үлэлиир. Барыны-барытын сатыыра, хара үлэттэн туора турбата бииргэ сулууспалыыр дьонугар сөбүлэппитэ. Аны үс ый устата Уреликига локаторщик оператор үөрэҕин бүтэрэн кэлбитэ оруолу ыллаҕа. Ананий туочукаҕа олорон үрдүттэн үөрэнэн, оператор буолан иккиэн РЛС-станцияҕа дьуһуурустубаҕа турар буоллулар.

12
{"b":"827523","o":1}