Бүгүн сарсыарда, халлаан сырдыан иннинэ, Петровтаах тохсуо буолан, Нам туһаайыытынан бардылар. Бу сырыыга ыраатар санаалаахтар. Ыҥыыр аттаах буолан, айаннара да түргэн. Марханы, Тулагыны, Киллэми ааһыыларыгар халлаан олох сырдаата. Киллэм дэриэбинэтин ааһан, быраан тэллэҕэр чугаһаан истэхтэринэ, уҥа өттүлэриттэн ойоҕолуу, бөлкөй талахтар кэннилэриттэн, сүүрбэччэ аттаах дьон сааларын илиилэригэр туппутунан тахсан кэллилэр! «Үрүҥнэр!» – дии санаата Петров. Кини дьоно эмиэ сааларын илиилэригэр ыла оҕустулар.
Үрүҥнэргэ диэри баара-суоҕа икки сүүсчэкэ хаамыы эрэ быһыылаах. Үрүҥнэр сааларын туппутунан Петровтааҕы суолларын бүөлүү кэннилэринэн ойуттулар. Кыһыллар, чугуйар суолларын былдьатан, иннилэрин хоту суол устун ыстаннардылар. Түргэнник быраан хоонньугар киирэ охсоору, эниэни өрө сүүрдэн тахсыбыттара: оол курдук, иннилэригэр сүүрбэччэ киһилээх этэрээт турара көһүннэ. Иннилэригэр турар этэрээт дьоно, кинилэри көрөөт, сааларын илиилэригэр ыллылар уонна утары хаамтарбытынан бардылар.
– Нам конец! Что будем делать? – Петров уҥа өттүгэр испит эдэр нуучча уола солбуйааччыта, ыксаабыт куолаһынан ыйытта.
– Товарищи! Умирать будем с музыкой! Приготовьте оружие к бою! – үөһээ уоһугар туора тэбэ сылдьар мууһурбут кугас бытыктаах сааһырбыт киһи, отделение хамандыыра, бинтиэпкэтин сомуогун тардыалаан лаһырҕатта.
– Ребята! Спокойно! Без моего приказа не открывать огонь!.. Беспорядочной стрельбой спровоцируем их на перестрелку! Их слишком много! Нахрапом не возьмем! Попробуем, что выйдет, на переговоры с ними! Держите себя на руках, иначе, неминуемая гибель нам грозит!» – Петров дьонун уоскута сатаата.
Ону дьоно, истибэккэ, кыҥаан бардылар. Кинилэртэн харахтарын араарбакка испит үрүҥнэр, хап-сабар утары кыҥыы биэрдилэр. Сүүрбэччэ бэрдээннэр чөҥөрүспүт айахтара, өлүү уотунан уһуураары, кинилэри туһулаатылар. Петров түргэн үлүгэрдик кэннин хайыһан көрбүтэ – суол өҕүллүүтүгэр кэннилэрин быспыт үрүҥнэр, кинилэри кыҥаан тураллар эбит!
«Кириэстии күргүөмүнэн ытыыһылар! Кыра эрдэхтэриттэн сааһыт сахалар сыыһыахтара суоҕа! Ыт өлүүтүн өлөр дьон буоллубут!» – диэн санаат хамаанда биэрдэ:
– Ребята! Немедленно опускайте оружие!
Петров хамаандалаабытын дьоно истибэтилэр да быһыылаах – отделение хамандыырыттан уратылар бары сааларын уоһа салҕалас! «Итинник ытан кими табыахтарай, аны алҕас хайалара эрэ чыыбыһын төлө тардан кэбиһиэҕэ!» – диэн санаа түргэн баҕайытык «кылам» гына оҕуста:
– Я же сказал опустить оружие! – иначе всем нам грозит неминуемая гибель! – кыыһыран куолаһын үрдэппитигэр биирдэ, дьоно сааларын түһэрдилэр.
– Сааҕытын түһэриҥ! – үрүҥнэр диэкиттэн сөҥ, дорҕоонноох куоластаах киһи хамаандалыыр саҥата иһилиннэ.
Кыһыллары иннилэрин бүөлүү иһэр үрүҥ бастаанньыстар этэрээттэрин саллааттара сааларын аллара туттулар эрээри, хаһан баҕарар түргэнник ыта охсорго бэлэм истилэр. Петров кэннин хайыһан көрбүтэ – кэннилэринээҕи этэрээт саллааттара сааларын түһэрэн, бары суолу бүөлүү кэккэлээн тураллар эбит. Иннилэригэр утары иһэр этэрээккэ чугаһаан истэхтэринэ, үрүҥнэр кэккэлэриттэн нэлим сиэллээх кыһыл улаан аты мииммит баараҕай улахан киһи инники таҕыста.
Кини уҥа илиитин үөһэ көтөхпүтүгэр, дьоно тохтоон аара турдулар.
– Ребята, стойте здесь и ждите меня, – дьонугар эппитигэр, тохтоон, көһүтэн турдулар.
Икки өстөөх этэрээттэр хамандыырдара утары көрсөрдүү, суол устун аа-дьуо хаамтаран истилэр. Петровка үрүҥ этэрээтин хамандыыра аттыын-бэйэлиин олоҥхо бухатыырын дуу, былыргы кыргыс үйэтин боотурун дуу курдук көһүннэ. Тымныы буолан халыҥнык таҥныбыта дуу, бэйэтэ оннук баараҕай таһаалааҕа дуу – бухатыыр курдук моһуоннаах, туттунуулаах киһи! Туттара-хаптара нүһэр баҕайы киһи, Петров иннигэр кэлэн атын тохтотон, тэһиинин тардан туран сөҥүдүйдэ:
– Чыкаа чулуута Бөтүрүөп! Бу аата тугу гына сылдьар быһыыгыный?! – Петров бэркэ билэр сөҥ куолаһын дорҕоонноруттан соһуйан ходьох гына түстэ.
Анарааҥҥыта кинини дьөлө үүттүүрдүү батары көрбүт харахтарын бэркэ билэр курдук:
– Миигин билэр хайаларынаҕыный? – утары ыйытта.
Онуоха киһитэ арбайбыт түүлээх бэргэһэтин сэгэччи аспытыгар биирдэ өйдөөбүтэ – кини иннигэр биир дойдулааҕа, урут Төҥүлү оскуолатыгар биир кэмҥэ үөрэммит киһитэ – Баишев Гавриил Васильевич кэлэн турар эбит!63
– Хабырыыскын эбит буолбат дуо?! Хата, бу эн тугу гына сылдьаҕын? Ханналаатыҥ? Кэпсээниҥ?
Кинилэр Хабырыыстыын биир нэһилиэктэр, кыра эрдэхтэриттэн миннэрин билсибит аҕай дьон. Николай Васильевич киһитин майгытын-сигилитин бэркэ билэр: көнө, үчүгэй киһи буолан баран, үксүгэр олус туруору, көнө саастаах маһы хайытар курдук майгылаах ыччат. Ол иһин кыыһырдыбакка, ньуолбардык кэпсэтэргэ быһаарынна.
– Бөтүрүөп! «Олус улахан тойоҥҥо тиийэ үүнэн-үрдээн киһини билбэт буолбут дуу?» дии саныы сыстым ээ! Көрөрүҥ курдук, син обургу бастаанньа этэрээтин баһа буолан сылдьабын. «Саҥа» дэнэр былааскыт оллур-боллур дьаһалларын, уһуну-киэҥи санаабакка, ырыҥалаабакка, эһиги – чыкаалар, нэктэл кулуттуу толороргутун тулуйбакка, бар дьоҥҥут уордайыытын ситэ билэ иликкит! Билэн иһиэххит! Биһигини сэнээн маннык түүннэри-күнүстэри суксуруһаҕыт! Билигин – манна биһиги тойотторбут! Эн урукку сырыыларгын истэн: «Манан өссө да ааһыаҕа», – диэн бу тоһуур оҥордум. Маҥнай, тоһуйан барыгытын тоһурҕаттаран кэбиһээри гынан баран, бэркиһээн, туоххун-ханныккын билээри: «Кэпсэтэн көрүөххэ» диэн бу айах атан сэлэһэ турабыт. Ханныгын да иһин биир Мэҥэ улууһун Дьабыыл нэһилиэгин ыччаттара этибит буоллаҕа. Оннук дуо!? Оннук буолбатах дуу!? – киһитэ тымтан барыах курдук буолбутуттан Петров хап-сабар:
– Оннук, оннук! Хабырыыс, сөрү-сөпкө этэҕин! – дии оҕуста. – Хара маҥнайгыттан кыыһыран барыма, доҕоор! Биһиги, эмиэ, норуот туһугар, бар дьон туһугар кыһаллабыт ээ…
– Ол кыһалларгытыгар аҥаар кырыытыттан, үүнэ-тэһиинэ суох халаан-талаан, арыый сэниэ-баай уонна көрөн-харайан олорор дьону изоляциялаан, хаайан, ытан бараҕыт дуо!? Кыһалларгытыгар урут ускул-тэскил сылдьан хаһаайыстыба, сүөһү-ас тэринии диэни билбэтэхтэр иҥсэлэрин-ымсыыларын көбүтэн, нэһилиэнньэ олоҕун-уйгутун сатарытаҕыт дуо!?
– Халаан-талаан диэн, бука, продразверстканы, Поволжье хоргуйбут нэһилиэнньэтигэр көмөлөһүүнү этэн эрдэҕиҥ… Соҕуруу уһун сылларга сэрии буолбутун түмүгэр манна атыыга-тутууга туох да кэлбэт. Билигин куораттар нэһилиэнньэлэрэ аһа-таҥаһа суох. Атастаһарыгар эмиэ туга да суох. Ону миигиннээҕэр ордук билэҕин. Хайдаҕын да иһин дьону аһатыахха наада. Оттон Поволжье иэдээнин эмиэ миигиттэн итэҕэһэ суох билэҕин. Бары биир Арассыыйаҕа олоробут…
– Ол Поволжьеҕа диэн хомуйар кырбаһынан эккит, тууйаһынан арыыгыт, бука, тиийбэккэ, Дьокуускай иһигэр хааларын ким өйдөөбөтүй!? Тоҕо сымыйалыыгыт – барытын мэлдьэһэҕит!? Биһигини тугу да билбэт-өйдөөбөт кыра оҕолор курдук саныыгыт дуо!? – Баишев хат оргуйан истэҕинэ, Петров эмиэ намыратардыы саҥарда:
– Хабырыыс, уоскуй! Биллэн турар, биһиги өттүбүтүттэн биирдиилээн наһаа түһүү, дьаһалы токурутуу, ымсыы-нэгэй быһыы, дьону атаҕастааһын тахсыбытын мэлдьэспэппин. Ол да буоллар, биһигини барыбытын биир тарааҕынан тараама… Төһө да биир салалталаах буолларбыт биһиги ортобутугар араас барыта баар буоллаҕа… Ону көннөрөргө уонна ыраастыырга бириэмэ уонна кыах наада. Ханна да барыахпыт суоҕа – барытын көннөрүөхпүт! Мин итини өйдөөбүтүм ыраатта да, билиҥҥи туругунан, кыаҕым суох – тиийбэт!..
– Оннугун оннук да, эһиги наһаалаатыгыт… Эһиги – чыкаалар! Былыргы Уордаах Уйбаан ыраахтааҕы опричниктарыттан туох атыннааххытый?!.. Эн биһикки ааҕыстахпытына бүгүн бүтүөхпүт суоҕа! Ол иһин бу курдук гыныахха: Эһиги Мархаҕа элбэх дьону солуок тутан, концентрационнай лааҕырга хаайан олороҕут. Бастаанньаҕа холбоспут уонна бастаанньыстары үчүгэйдик саныыр дьон ойохторун, оҕолорун уонна аймахтарын – туох да буруйа суох дьахталлары, оҕолору уонна кырдьаҕастары! Кинилэри урукку сыылынай бэһиэччиктэри чыкаа охсор-тэбэр илиитэ-атаҕа оҥостон харабыллатаҕыт уонна атаҕастатаҕыт! Биһиги элбэҕи истэбит – эһиги хас хаамыыгытын, тугу гынаргытын кыраҕытык кэтиибит! Сураҕа, быһайын Илин Эҥээр улуустарынан сылдьан, дьону-сэргэни сордообут, сүгүннээбэтэх Борун уонна Глыгало диэн ыраахтааҕы саҕанааҕы көскө кэлбит бэһиэччиктэринэн солуок ылан олорор дьоҥҥутун атаҕастатар үһүгүт! Бу ханнык да сиэргэ-майгыга баппат сидьиҥ, чиччик быһыы!