Литмир - Электронная Библиотека

Этэргэ дылы, күнү сүрдээх үчүгэйдик атаардылар. Киэһээҥҥи аһылыктарын аһаан баран утуйдулар. Сарсыарда эрдэ, халлаан сырдаан эрдэҕинэ турдулар. Куонаан атын тутан, айаҥҥа бэлэмнээтэ. Киирэн, кэргэнинээн саҥата-иҥэтэ суох, кэри-куру олорон, чэйдээтилэр. Онтон туран таҥынна. Утуйа сытар оҕолорун биир-биир сыллаталаан ылла. Кэргэнин кууһан туран:

– Чэ, доҕоччуок! Оҕолорум барахсаттар! Этэҥҥэ буолуҥ! Мин ханна да буолларбын эһигини саныам! Үрдүк Айыылартан эһиги этэҥҥэ сылдьаргыт, олороргут туһугар көрдөһө-ааттаһа сылдьыам! – диэтэ.

Дьиэтин ис бараанын эргиччи көрөн баран, эргиллэн, таһырдьа таҕыста. Дьахтар ытаан санна дьигиҥнии олордо.

Ахсым ат туйаҕын тыаһа тус арҕаа диэки барбытын истэн, таһырдьа тахсан, Куонаана тыа саҕатыгар тиийиэр диэри көрөн турда: «Кытаат! Кэннигин хайыһыма! Кэннигин хайыспатаххына – тыыннаах эргиллиэҥ!» – дии санаата.

Куонаан тыа саҕатыгар чугаһаан иһэн, кэннин хайыһан, кэргэнигэр илиитинэн далбаатаата.

* * *

1921 с. бүтүүтүн диэки Илин Эҥээр улуустарыгар барыларыгар Дьокуускайтан губчека боломуочунайдарын сырыылара-айаннара элбээбитэ. Нэһилиэнньэттэн аһы-үөлү, баайдартан көмүһү, көмүстэн оҥоһуктары хомуйууга чыкаалар хомсомуоллары, хомуньуустары таһынан волревкомнар уонна насревкомнар чилиэннэрин – барыларын атахтарыгар туруорбуттара. Манна кытыы-түгэх нэһилиэктэри эмиэ тумнубатахтара. 1921 с. сэтинньи 4 күнүнээҕи дьаһалынан, нэһилиэнньэҕэ баар сааны-сэби барытын хомуйуу саҕаламмыта. Илин Хаҥалас Чыамайыкы нэһилиэгэр бу дьаһал эмиэ кэлбитэ.

Насревком чилиэнэ Сэмэн Мэхээлэйэп, бэрэссэдээтэлэ Давид Федоровтыын бу дьаһалы толорорго күһэллибиттэрэ. Сэмэн, харыһыйдар да, булка сөбүлээн илдьэ сылдьар бэрдээнин туттарбыта: «Насревком чилиэнэ буолан баран туттарар буоллаҕым, хайа сирэйбинэн нэһилиэгим дьонун «Сааҕытын туттарыҥ диэхпиний?» – дии санаабыта. Бэрдээнин кытта доруобунньугунан ытар сааны туттарбыта.

Нэһилиэк дьоно сааларын харыһыйа-харыһыйа туттарбыттара. Сорох үчүгэй саа туттарыллыбатаҕын Сэмэн билэрэ да, ону булдунан эбинэр кимтэн да көрдөөбөтөҕө, сааны хомуйааччыларга кэпсээбэтэҕэ. Үчүгэй саа диэн, тыа киһитин саамай күндү мала буоллаҕа дии.

Биирдэ Караванов Федор Иванович диэн губчека боломуочунайа кэлэн, дьону хомуйтаран, мунньах оҥорбута. Суоһурҕанан карабинын бэйэтин үрдүнэн үөһэ ыйаабыта, остуолга бэстилиэтин ууруммута. Тылбаасчыт нөҥүө уһуннук тыл эппитэ. Мустубут дьон чуумпуран олорон истибиттэрэ.

– …Сюда с востока идут белые, а мы – красные… – диэбитин аргыһа сахалыы тылбаастаабытын биир элбэх саҥалаах киһи алҕас:

– Оччоҕо биһиги үрүҥнэр буоллахпыт… – диэн кэбиспитигэр мустубут дьон соһуйбуттарын көрөн, Караванов аргыһын ыҕарыйан туран тылбаастыырыгар соруйбута…

– Ах, вон оно как! Ну, я вам покажу, что значит… если, вы все белые! Оказывается, поэтому все наши распоряжения медленно и нехотя выполняете! Ну, бандиты! Скоро приду!.. Разговор с вами будет намного круче, чем сейчас!.. – инньэ диэт, түргэнник хомунан, аргыһынаан таһырдьа ойдулар.

Хас да хонон баран төттөрү иһэр сураҕа иһилиннэ. Караванов Ой Бэскэ хоно сытан чыамайыкыларга: «Губчекаттан көҥүл ылан иһэбин – бандьыыттары бандьыыттар курдук тутуом, сорохторун хаайыыга ыытыам, атыттарын ытан өлөрүүнэн накаастыам!» – диэн сааммыт.

Нэһилиэк дьоно ону истэн куттаныы бөҕө буоллулар! Икки эдэр уол, кимтэн да ыйыппакка-көҥүллэппэккэ, кэлэр суолугар чокуур бинтиэпкэлээх тоһуур оҥордулар. Сыарҕалаах аттаах кэлбит Каравановы суол кытыытыгар саһа сытан ыттылар. Биирдэрин саата эстибэтэ. Иккиһэ – сыыһан кэбистэ. Сыарҕалаах аттаахтар түргэнник эргиллэн, миэстэлэриттэн ойутууларыгар, барааҥкалаах киһи эһиллэн хаалла. Тура эккирээт, тыаҕа түстэ.

Уолаттар бэрт түргэнник дьиэлэригэр төннөн, дьоҥҥо тугу гыммыттарын уонна Караванов кэлбитин кэпсээтилэр. Дьон кырдьаҕас өттө, уолаттары улаханнык мөҥөр-этэр солото суох түргэнник мустан, ыалга сүбэ мунньах оҥордулар.

– Дьэ, доҕоттоор, иэдээн буолла! Харабаанап чыкаа ааспат-арахпат абааһы буолан буулаата! Хайдах буолабыт? Ону сүбэлэһээри барыгытын мустубут, – нэһилиэккэ улахан ытыктабылынан туһанар сааһырбыт киһи дьонун, эргим-ургум тутар курдук быһыынан, чинчилиирдии көрдө.

Бары саҥата суох сөҥөн олорбохтоотулар. Онтон хас да түс-бас көрүҥнээх саас ортолоох дьон санааларын истэн баран, биир санааҕа, иэдээни-алдьархайы оҥоруон иннинэ, «Каравановы суох гынарга» диэн ыарахан быһаарыныыны ылыннылар.

– Биһиэхэ маннык быһаарыныы кыһалҕаттан үөскээтэ: Күн сырдыга кимиэхэ барытыгар күндү! Харабаанап биһиэхэ үчүгэйи санаабакка кэллэ! Кини тыыннаах хааллаҕына, бары Күн диэки үстэ эрэ көрөбүт! Ким маны толоруох эр сүрэхтээх баарый? – диэн ыйытыыга бары саҥаларыттан матан олордохторуна, таһырдьа ыт үрдэ.

Аан таһынааҕы атах ороҥҥо олорбут биир дьадаҥы таҥастаах киһи туран таһырдьаны өҥөйөн көрдө:

– Сэмэнчик Мэхээлэйэп арҕааттан от тиэйэн кэллэ. Ылыннаҕына – кини ылыныаҕа. Этэн көрүҥ, – диэтэ.

Чочумча буолан баран, эрчимнээх баҕайытык ааны тэлэйэ баттаан, аан туманы бүрүммүтүнэн насревком чилиэнэ Сэмэн Мэхээлэйэп киирэн кэллэ.

– Хайа, бу туохха аттанан-атыырданан бары муһуннугут? Туох үлүгэрэ буолла? – Сэмэн уҥа ороҥҥо Караванов сыарҕаттан эһиллиитигэр суолга түһэн хаалбыт карабинын тутан олорор Хайдаала Уола Бүөтүргэ кэлэн кэккэлэһэ олордо. Бэргэһэтин устан, болҕомтолоохтук истэргэ бэлэмнэннэ.

Кырдьаҕастар туох буолбутун, туох быһаарыныыга кэлбиттэрин кэпсээн биэрдилэр. Сэмэн, саҥата суох олорбохтоон баран, Хайдаала Уолуттан карабины эһэ охсон ылла. Карабин сыалын болҕойон көрдө. Онтон, маҕаһыынын арыйан, хас ботуруон угулла сылдьарын сүөкээн, аахта.

– Түөрт ботуруоннаах, сыала хамсаабатах саа эбит. Эргэ соҕус буолан баран, көнө буолуон сөп. Чыкаа хайаан куһаҕан сааны илдьэ сылдьыай? Ким да үтүө баҕатынан сөбүлэммэт буоллаҕына, хайыахпыный, мин барабын! Бар дьонум, нэһилиэгим дьонун туһугар, көрөн баран олоруом дуо? Биир үчүгэй киһитэ аҕалыҥ! Мин сааларым ыраах бааллар, ол иһин бу сааны ылабын! Чэ, түргэнник! – диэн тиэтэттэ.49

Сэмэҥҥэ көмөҕө Хайдаала Уолун биэрдилэр. Киһилэрэ дьиэтигэр баран, бэрдээнин ылан кэллэ. Сыарҕалаах атынан тоһуур буолбут сиригэр илтилэр.

Уолаттар Караванов тыаҕа түспүт суолун батыһан истилэр. Арҕаа – кэлбит суолун батыһа барбыт. Өр буола-буола суолга киирэр уонна салгыы тыанан айанныыр эбит. Биир сиргэ саабылатын хаарга туруору анньан хаалларбыт. Хайдаала Уола ону ылаары гыммытын Сэмэн тохтотто:

– Тыытыма! Туох эрэ сыаллаах хаалларбыт! Төннөн иһэн сэрэнэн көрүөхпүт.

Салгыы баран истилэр. Биир сиргэ, олох саҥардыыта, суолтан туораан, бэйэтин суолугар тоһуур оҥороору гынан баран, хаххаланар миэстэтин сирэн буолуо, суолугар төннөн, салгыы, көнөтүк барбыт.

– Сааҕын бэлэм тутан ис! Чыкаабыт кутталланна! Сотору соҕус саһан сытан ытыалыаҕа! – Сэмэн санныттан карабины ылан, маҕаһыыныттан патроннигар ботуруону анньан киллэрэн, сомуогун туруоран, ытарга бэлэм истэ. Охтубут сыгынах мастардаах аһаҕас соҕус ойуурга кэллилэр. Эмискэ сыгынах кэнниттэн бэстилиэттээх киһи кэллэ! Сэмэннээх тииттэр кэннилэригэр сөрүөстэ түстүлэр. Бэстилиэт тыаһа иккитэ таһырҕаатын кытта Сэмэн сөрүөстэн турар тиитин хатырыгын буулдьалар тоҕута көтөн аастылар. Сэрэнэн, саһан турар тиитин атын өттүттэн кэтээн турда.

Сыгынах кэнниттэн бэстилиэттээх илии быкта. Тарбаҕар туох эрэ кылабачыйарын кыҥаан баран, Сэмэн ытан хабылыннарда. Ону кытта сыгынах кэнниттэн барааҥкалаах киһи илиитин туттубутунан хорос гына түстэ. Эмискэ Хайдаала Уолун бэрдээнин тыаһа ньиргийээтин кытта киһи, охсуллубут оттуу, сыгынах кэннигэр сууллан түстэ. Бу барыта чыпчылыйыах икки ардыгар буолла.50

Тиийэн көрбүттэрэ, хайыы үйэ өлөн сытар эбит. Сэмэн биһилэхтээх тарбахтаах илиитигэр ыппытыгар, табыллан хорос гына түһүүтүгэр, кэтээн турбут Хайдаала Уола баска түһэрбит. Төннөн иһэн, били, хаарга туруору анньыллыбыт сэби ылан ааһарга сананнылар. Хайдаала Уолун халбарыччы анньан баран, Сэмэн аргыый аҕай хаары ыһан көрбүтэ: Караванов саабыла кыынын тумсугар «лимонка» граната чекатын синньигэс быанан баайан «айа» оҥорбут эбит! Мааҕын, Хайдаала Уола сулбу тардан ылбыта буоллар, иккиэн өлүөх эбиттэр! Түөрт сыл кэриҥин анараа өттүгэр Саха национальнай гвардиятыгар сулууспалаабыт буолан, Сэмэн, барытын кэмигэр өйдөөн, тыыннаах хаалбыттарыгар махтал буолла!

2
{"b":"827519","o":1}