– Дьиэлээхтэр, дорооболоруҥ!.. – кэтит сарыннаах, ортону үрдүнэн уҥуохтаах киһи дорҕоонноох куолаһынан дорооболосто. – Хайа, бу сааларын тутан олорон чэйдиир ыалдьыттаргыт дуу, хоноһолоргут дуу?! Чыкаа суолас, манна тугу гына сылдьаҕын?! Бука, ас-таҥас тардыалаһа, ааранан, дьону халыы-талыы сылдьар инигин?! – инньэ диэт сирэйин тууна бааммыт киһи саал былаатын арыйа тардыбытыгар, оһох иннигэр олорбут уол:
– Оо, убайым кэллэ!.. – диэбитинэн тура эккирээтэ, түһэҕиттэн мас сыыһын тэбэннэ.
Бу – кинилэр улахан убайдара, ааспыт күһүн Илин Эҥээр улуустарынан олорор доҕотторугар үлэ-хамнас кэпсэтэ диэн барбыта уонна сүтэн хаалбыта. Ол бэйэтэ, дьэ, бу көһүннэ!
– Эн! Суоластаама хайаама! Арааһа, баттыгастаах баайдар былаастарын төнүннэрээри, саа туппуккун быһыылаах! Кыайбатыҥ буолуо биһигини – бүтүн Арассыыйа үлэһит-бааһынай аймаҕын! Атына буоллар, Кыһыл дружинаҕа суруттаран саҥа былааһы туругурдуһуоҥ этэ! Эн өһөскүн уонна акаарыгын! Кыһыл дружинаҕа саллаат буолан, үс бырааттыылар бииргэ сылдьыах этибит…
– Көр эрэ! Хара түөкүнү!.. Бырааккын кыһыл этэрээтигэр ылбыт дуу, ылаары кэлбит дуу эбиккин буолбат дуо?!.. Киһилии киһи эбитиҥ буоллар, бииргэ төрөөбүт бырааккын өлөр-өлүү айаҕар умса анньан биэриэ суох этиҥ!.. Ол ханна баарый?! Дьиҥнээх суолас – саатар сирэйэ суох эбиккин!..
Нохоо! Кыһыл этэрээтигэр хайыы үйэ киирэн олороҕун дуу, тугуй?! – улахан убай аны кыра быраатыгар хайыста.
– Ээ, суох… Көннөрү, Кыһыл дурусуунаҕа киирэҕин дуу, суох дуу диир эрэ…
– Бу ыты көр эрэ!.. Ити буоллаҕына, нохоо! Биһиги эмиэ үлэһит-бааһынай үрүҥ былааһын иһин сэриилэһэбит! Кыһылга бараҕын дуу, биһиэхэ – үрүҥ бастаанньыстарга – холбоһоҕун дуу? Тала оҕус!
Кыра быраат икки убайын хардары-таары аһыннарыах курдук көрдө. Уоһа мэрбэҥнээтэ. Икки убайдара – биирдэрэ доҕорун кытта олорон эрэн, атына уонча саалаах дьон иннигэр туран эрэн, бырааттарыттан хоруй эрэйэн, батары көрдүлэр.
Балачча өр турбахтаан баран, кэмниэ-кэнэҕэс кыра быраат ыган-ыган, улахан убайын диэки хайыһан:
– Убаай, эйигин кытта… барсабын… – диэтэ.
– Ол иһин даҕаны, быраатым барахсан! Мин тылбыттан тахсыаҥ дуо? Эйигин бу олорор тойооскуттан куруутун ордорор этим!.. Бастаанньаҕа да буоллар, сатыырбынан харыстыы, көрө-харайа сылдьыам, – улахан убай кыра быраатын эйэргээбиттии көрдө.
– Суоластар! Бандьыыттар! Итинтэн ордуоххут дуо? Бу күнтэн ыла эһиги иккиэн миэхэ убай да, быраат да буолбатаххыт! Эһиги Арассыыйа үлэһит-бааһынай аймаҕын хаан өстөөхтөрөҕүт!.. – чэкиис быраат кыыһыран өрөһөлөннө.
– Хара түөкүн! Эн дьолгор ийэлээх аҕабыт көмүс уораҕайдарыгар бырааттаах балтыбыт харахтарын ортотугар көрүстүбүт! Аҕаҥ тыыннааҕа буоллар, эйигиттэн төһө эрэ кэлэйиэ эбитэ буолла! Үс уолуттан, биир кыыһыттан эйигин эрэ ордорон үөрэхтээбитэ. Онтуттан, бука, кэмсиниэ эбитэ буолуо! Дьэ, киси бөҕөҕүн!
– Барыах мантан! Бандьыыттар ортолоругар олоруохпут дуо?! – чэкиис аны табаарыһыгар баргыйда.
Иккиэн тура эккирээтилэр, үтүлүктээх бэргэһэлэрин үрдүгэр түстүлэр.
– Чэ, киэр буолуҥ! Түргэнник! Бу түөкүттэри аһарыҥ! Бара оҕустуннар уонна аны манна үктэммэтиннэр! – улахан убай дьонугар дьаһайда. – Аны манна сыбыытаһымаҥ! Көрүстэхпитинэ, ханна баҕарар, атыннык кэпсэтиэхпит!
– Атыннык кэпсэтиэхпит! Бандьыыттары – эһигини кытта саа-саадах тылынан кэпсэтиэхпит! – чэкиис быраат табаарыһыныын таһырдьа ойон иһэн саанна.
– Оннук-оннук! Биһиги да баарбыт! Ыларгыт суох! Биһиги да сүтэрэрбит суох! Элбэхтэн элбэх, аҕыйахтан аҕыйах охтуоҕа!
Уол аҕатын, убай быраатын, быраат убайын кытта хаан өстөөхтүү арахсыылара бу кэмҥэ элбэхтик тахсыбыта.52
Бу саха омукка урут хаһан да суох иэдээннээх көстүү этэ.
* * *
Бастаанньа уота-күөһэ өрө күүдэпчилэнэн, маҥнай Илин Эҥээр улуустарынан кэлэн, тохтообокко Арҕаа эҥээргэ тахсан, Дьокуускай куораты туһулаан, кэллэр кэлэн испитэ.
«Бас баттах барбыт чыкаалар батталларыттан босхолуубут – биһигини атын омуктар эмиэ өйүүллэр, көмөлөһүөх буолаллар!» – диэн үрүҥ бастаанньаны баһылаабыт урукку кыһыл хамандыырдар, билигин офицердар аатырар дьон, тылларын-өстөрүн олохтоох нэһилиэнньэҕэ тарҕатыы күүһүрбүтэ.
Ол иһин, маҥнай утаа, бастаанньыстар нэһилиэнньэ үгүс араҥаларын санааларын тарпыттара баар суол этэ. Губбюро уонна губревком онно утары күттүөннээх агитацияны-өйдөтөр үлэни ыыппатаҕа – кинилэр нэһилиэнньэ үгүс араҥаларын итэҕэллэрин сүтэрбиттэрэ. Онон, кинилэр суоһурҕаныы эрэ курдук үлэ көрүҥнэрин ыыталлара туһаны аҕалбатаҕа.
Маҥнай, 1921 с. сэтинньи 4 күнүгэр, Илин Эҥээр улуустарыгар, байыаннай балаһыанньаны биллэрэн, саа бөҕөнү хомуйуу буолбута. Хомуйбут сааларын барыта кэриэтэ доруоп саалар этэ. Аҕыйах бэрдээн, чокуур бинтиэпкэ бааллара. Туһата суох, тимирдэрэ эрэ хаалбыт эргэ саалар кытта хомуллубуттара. Доруоп саа диэн сылгы-ынах сүөһү ииттэн олорор, булдунан эбинэр саха эр киһитин биир саамай күндү, сыаналаах мала – тус бэйэтин баайа этэ буоллаҕа.
Сааларын туттарбатах уонна саалаах сылдьан тутуллубут дьону суута суох, миэстэтигэр ытыах буолан суоһурҕаммыттара. Насревкомнар ыалы кэрийэ сылдьан хомуйбут сааларын сыарҕалаах оҕуһунан тиэйэн улуустар кииннэригэр, онтон Дьокуускайга аҕалан туттараллара. Аһы-үөлү хомуйуу өссө күүһүрбүтэ. Олохтоох нэһилиэнньэ маны өлөрдүү абааһы көрбүтэ да, утарар кыаҕа суоҕа. Кырдьыга даҕаны, кыыдаан кыһын кэлиитэ кырыымчык астаах-үөллээх ыаллар ону хайдах сөбүлүөхтэрэй?
Дьокуускайга олохтоох саҥа былаас тойотторо ону аахсыбатахтара. Куорат нэһилиэнньэтэ дьадайбыта, аһа-үөлэ аҕыйаабыта онно төһүү буолбута. Манна олохтоох байыаннай чаастары эбэн биэрдэххэ, аска-таҥаска наадыйааччы, хааччыллыыта суох кэмэ суох элбээбитэ. Онон, куорат нэһилиэнньэтин аһынан-таҥаһынан ханнык эмэтик хааччыйан, кыһыны туоратар кыһалҕата ытарчалыы ылбыта.
Нам улууһугар бастаанньа этэрээттэрэ чугаһаан иһэллэрин бастакы сибикилэрэ биллээтин кытта, кыһыл дружинаны тэрийэн барбыттара. Доброволецтары хомуйуу ситиһиилээхтик барбытын түмүгэр 60-ча киһи дружинаҕа суруппута. Нам кыһыл дружинатын хамандыырынан Эверстов Гавриил Ионович диэн анаммыта да уһаабатаҕа. Кинини ууратан баран, Марха дружинатыттан Пшенников Дмитрий Емельянович диэн империалистическай сэрии кыттыылааҕынан солбуйбуттара.53
Үрүҥнэр биллэн испиттэрэ. Нэһилиэктэргэ кинилэр ыытар дьонноро кистээн кэлэр-барар, билсэр-көрсөр буолбуттара. Ол аата, үрүҥнэр эрэспиэскэни, агентурнай үлэни күүскэ ыыталлара биллибитэ. Сэбиэскэй былаас үлэһиттэриттэн, чэкиистэртэн атаҕастаммыт дьон кинилэри өйүүллэрин өйдүөххэ сөп этэ.
Бэл, кыһыл дружинаттан икки байыас бастаанньыстарга күрээбиттэрэ. Дружина улууска хаалара кутталланан барбыта. Ол иһин, сотору Дьокуускайга көһөн киирэргэ быһаарыммыттара. Ону да, хойутуу сыспыттара. Дружина куораттыыр түүнүгэр кини суолун Иван Устинов диэн хамандыырдаах бастаанньа обургу этэрээтэ быһан, тоһуур оҥорбута.54 Кыһыл дружина арыый эрдэ, урутаан айаннаан эрэ тоһууртан мүччү туттарбыта.
Дьокуускайга Нам дружинатын ыһан, сорохторун Марха Кыһыл дружинатыгар (хамандыыр – Клочков), сорохторун Маҥан дэриэбинэтигэр турар Павел Крылов55 диэн хамандыырдаах дружинаҕа сыһыартаан кэбиспиттэрэ.
* * *
Урукку красноармеец Михаил Жарников хамандыырдаах үрүҥ этэрээтэ урукку үрүҥ саллаата Георгий Каратаев хамандыырдаах кыһыл этэрээтин Чурапчы-Төҥүлү аартыгынан Мэҥэ улууһун Дьаҥхаады нэһилиэгин сиригэр-уотугар үүрэн аҕалбыта. Манна кэлэн икки өстөөх этэрээттэр икки ардылара соччо ырааҕа суох сирдэргэ түһүүлэммиттэрэ. Чуҥнуу сылдьар эрэспиэскэһиттэрэ утары көрүстэхтэринэ ытыалаһан уонна сойуолаһан тахсаллара.
Попов Николай Афанасьевич-Быһый Көөкөй диэн атах оонньуутугар уонна сырсыыга чугаһынааҕы улуустарга тэҥнээҕэ суох киһи баара. Кинини үрүҥнэр тэҥсиккэ сылдьар, дьаһалы, араас илдьити тиэрдээччи оҥостубуттара. Көөкөй сорудахха сатыы уонна саата суох сылдьара. Биирдэ оннук баран иһэн, утары уонча байыастаах кыһыллар эрэспиэскэлэрин көрсө түспүтэ. Түргэн үлүгэрдик эргиллэ түспүтэ да, суол устун төттөрү куоппутунан барбыта.