Урут Россия халлаанын хара кынатынан саба хаппахтаабыт баҕыырдаах тумустаах икки бастаах өксөкү кыыл биир саамай хотугу уйата манна этэ. Үс үйэ устатыгар Бүлүү уонна Өлүөхүмэ, Алдан уонна Амма, Халыма уонна Индигирка сүнньүлэригэр мантан тарҕаналлара суохтан соролуур, дьадаҥыттан талыыр, дьолго дьулуспуту сиргэ тимирдэр, көҥүлгэ көҕүйбүтү күнтэн сүтэрэр ыраахтааҕы ынырык ыйаахтара.
Бу этэ тыыннаахтыы көмүллүбүттэр кылабыыһалара, эрэһиэҥкэтэ суох түрмэ диэн ынырык сурахтаммыт тымтар тымныылаах ирбэт тоҥ муус кыраай киинэ. Нуучча ыраахтааҕылара өрөлөспүт өстөөхтөрүн, эрэйдээн-муҥнаан өлөрүөхтэрин баҕардахтарына, манна утаараллара. Ким-ким үүрүллэн-кыйданан, түгэнэн-түҥкэлийэн тиийэн кэлбэтэҕэй үрдүк таҥара таҥнары кыраабыт бу сир бүтэр уһуга дойдутугар? Манна кэлэн умсубуттара Россия халыҥ дьонун араас бииһин араҥалара – сарыыссалар бэрт былдьаһан тылларын быһан утаарбыт аристократ хотуттарыттан үгүс киһи тыынын быспыт улахан суол ороспуойдарыгар тиийэ. Манна кыйданыы сорун көрбүттэрэ нуучча революционердарын бары көлүөнэлэрин дьонноро – ыраахтааҕыга өрө тураары Петербург Сенатскай болуоссатыгар үөмэхтэспит декабристартан Россия баттаммыт аймаҕын өрөгөйдөөх пролетарскай революциятын тэрийбит, салайбыт бассабыык партиятын биллиилээх дьонноругар тиийэ. Манна көрсүбүттэрэ 1917 сыллааҕы Олунньу революциятын Ленин эрэллээх доҕотторо, төлөннөөх революционердар, тулхадыйбат коммунистар Е.М.Ярославскай, Г.И.Петровскай, Г.К.Орджоникидзе. Үгүс үйэ тухары үүрүүгэ сылдьыбыт, үрүҥ хараҕын өрө көрбөтөх, быстыбыт-ойдубут, түҥкэтэх норуоттарын дьолун-соргутун, кэрэ кэскилин туһугар уоттаах охсуһууга кинилэр манна уһуйбуттара саха бассабыыктарын бастакы хайҕаллаах кэккэтин…
Билигин Дьокуускай баттал-үктэл дьэбиннээх сыабын тоҕо тыыллыбыт, үлэһиттэр былаастарын туругурдубут сэбиэскэй Ийэ дойду саамай хотугу уһук киинэ. Бу кырдьаҕас куорат хахсааттаах халлааныгар Совет былааһа кыайбытын биллэрэн кыһыл знамя уотунан умайыктана күөрэйбитэ хайыы-үйэ бэһис сыла буолла. Улуу Октябрьтан көҥүлүн ылбыт саха норуота саҥа олоҕу тутар бастакы хардыылара мантан саҕаланаллар. Бу хотугу кыраайга урукку батталлаах үйэни эргитээри хааҥҥа хааҕырҕаан элиэтэһэр революция ис уонна тас өстөөхтөрүн утары кырыктаах охсуһуу мантан тэриллэр…
Бу күннэргэ Дьокуускай эргэ уонна саҥа, хараҥа уонна сырдык күөн көрсөн күрэстэһэр күүрээнигэр – өрөгөйдөөх үөрүүлээх уонна аана суох алдьархайдаах сабыытыйалар ухханнарыгар олороро.
Бастакыта, урукку ыраахтааҕылаах Россия уһуктан уһук, хаалыылаахтан хаалыылаах колонията – Саха сирэ Советскай Автономнай Республика буолбута.
1922 сыллаахха тохсунньу 21 күнүгэр РК(б)П Киин Комитетын Политбюротун чилиэннэрин санааларын ыйыппыттарыгар Владимир Ильич Ленин:
– Саха автономнай уобалаһын буолбакка, Саха Автономнай Советскай Социалистическай Республикатын тэрийиэххэ. Ол туһунан Политбюро уурааҕын бырайыагын ылыныахха, – диэн саарабыла суох быһаарыылаах, ыйааһыннаах тылын эппитэ итиэннэ сахалар автономнай государстволара социализм сардаҥалаах суолунан барҕара сайдыа диэн бигэ эрэлин биллэрбитэ.
Олунньу 16 күнүгэр М.И.Калинин председателлээх Бүтүн Россия Киин Ситэриилээх Комитетын Президиума Саха Автономнай Советскай Социалистическай Республикатын тэрийэр туһунан уураах ылыммыта. Советскай Россия правительствота бу историческай сабыытыйаҕа анаан таһаарбыт Манифеһыгар, саха норуотун истиҥник уруйдаан-айхаллаан туран, маннык кэрэ-бэлиэ тыллары суруйбута:
“Саха бырааттарбыт!
…Аан дойду үрдүнэн арай суос-соҕотох Советскай былаас эрэ норуоттары национальнай өттүнэн баттыыр-атаҕастыыр политикаттан аһаҕастык уонна чиэһинэйдик аккаастанна. Аан дойду үрдүнэн арай суос-соҕотох Советскай былаас эрэ бүтүн Россия биир сомоҕо федерациятыгар көҥүл өттүнэн түмсүбүт тус-туспа народностар автономнай тутулларын идеятын аһаҕастык уонна чиэһинэйдик олоххо киллэрэр…
Туругурдун Советскай былаас знамятынан норуоттар босхолонуулара!
Туругурдун көҥүл норуоттар эйэлэһиилэрэ уонна бырааттаһыылара!
Туругурдун Автономнай Саха Советскай Республиката!”
Саха АССР тэриллиитэ Улуу Октябрьскай социалистическай революция өлбөт-сүппэт идеялара күнтэн күн олоххо киирэн иһиилэрин дьэҥкэ кэрэһитэ этэ, В.И.Ленин сирдьиттээх Коммунистическай партия национальнай политиката кырдьыктааҕын чаҕылхай холобура этэ. Дьон бииһэ дьолго дьулуспут сүүһүнэн, тыһыынчанан сыллаах историятын устатыгар төһө үгүс бөлөхтөр, партиялар омук-омугу барытын охтубат соргулуох, улахан оҥоруулуох буолан айаҕаламмыттара буолуой! Төһөлөөх үгүс мүөтүнэн чалҕарыйар минньигэс, албын тыллаах деятеллэр “көҥүлү”, “тэҥ быраабы” биэриэх буолан түөстэрин охсуммуттара, эрэннэрэн айдаарбыттара буолуой! Ол барыта күүгэннии уостан сүппүтэ, күл-көмөр буолан көппүтэ. Бары кыра да, улахан да норуоттар ити сырдык дьулуурдарын, истиҥ баҕаларын арай Октябрь революцията үөскэппит Советскай былааһа эрэ, арай Ленин сирдьиттээх Россия Коммунистическай партията эрэ толорбуттара. Хаһан даҕаны, хойутун хойут даҕаны, дьон бииһэ ханнык баҕарар үрдүк чыпчаалларга ыттыбытын иһин, бу улуу чахчы күлүмүрдэс килбиэннээх сырдыга өлбөөдүйүө суоҕа, норуоттар кэмэ суох элбэх күн-дьыл үчүгэйин-куһаҕанын иҥэриммит кырдьыксыт өйдөбүллэриттэн сүтүө, умнуллуо суоҕа. Хаһан даҕаны! Киһи кэрэни кэрэхсиирин, үчүгэйи, үтүөнү өйдүүрүн тухары!
Бу нуучча норуота саха норуотугар сүдү бэлэҕэ этэ. Араас дойдулар ыраахтааҕылара, хоруоллара, императордара атын дойдулар баһылыктарыгар күндү малынан, сиринэн-уотунан, бүтүн куораттарынан даҕаны үгүс улахан, сыаналаах бэлэхтэри биэрбиттэрин история билэр. Ол эрээри киһи аймах үөскүөҕүттэн ыла биир даҕаны омук атын омукка маннык сүдү бэлэҕи биэрэ илигэ. Көлөһүннээччилэр тутулларын түҥнэрбит, былааһы бэйэтин илиитигэр ылбыт революционнай нуучча норуота эрэ маннык үчүгэйи, үтүөнү, кэрэни оҥорор, айар, маннык айылгы санааланар, кэскиллээх өйдөнөр, амарах сүрэхтэнэр, киэҥ-дэлэгэй дууһаланар кыахтаах этэ. Үйэттэн үйэҕэ үрдээн-үүнэн иһэр барҕа махтал буоллун ол иһин киниэхэ!
Бу саха норуотун үлүскэн үөрүүтэ, муҥура суох дьоло этэ. Урут “санньыххай санаалаах, саппаҕырбыт дьүһүннээх, саллаҕар бастаах, саах балаҕаннаах саха урааҥхай дуо” дэнэн бэйэтин сэнэнэн-түһэринэн хоһуммут, нуучча шовинист биистэринэн “туспа дьуортулар” диэн сиргэниллэн ааттаммыт саха дьоно бэйэлэрэ туспа республикалаах, кими баҕарар кытта тэҥ бырааптаах, көҥүл советскай гражданнар буолбуттара.
Үлэһит саха муҥнаах былыр-былыргыттан, инньэ “урукку дьыл охсуһуулаах уорҕатыттан, былыргы дьыл быһылааннаах мындаатыттан”, чоҥкуйа кырыарбыт тыаны быыһынан кыһыҥҥы омоон суолунан саадьаҕай оҕуһун туора миинэн кыыкырдатан иһэн биитэр күөдүччү оттуллубут көмүлүөк оһоҕун иннигэр оллоонноон олорон, көҥүлгэ, дьолго бүтэйдии умсугуйан, ырыатыгар ыпсаран, олоҥхотугар холбоон хоһуйбут ыратын чыпчаала дьиҥ олоххо илэ-бааччы туолар кэмэ кэлбитэ. Бу кэмҥэ Саха сиригэр саамай элбэхтик этиллэр, үгүстүк ахтыллар тылынан “Аптаныамыйа” диэн дьикти, кэрэ тыл этэ. Саха отчут-масчыт киһитэ “Автономия” диэн тугун-ханныгын, дьиҥ суолтатын өйүнэн ситэри өйдөөбөтөр даҕаны, бу киһи тылынан кыайан толору ойуулаабат үчүгэй, үтүө суола буоларын сүрэҕинэн бигэтик билбитэ. Ыһыах түһүлгэтин ахсын, алаас-алаас аайытын Автономия айхалланара, тыл сүмэтэ, тойук чулуута бүтүннүүтэ Автономияҕа ананара.
Саха норуотун ити барҕа махталын, баараҕай баһыыбатын Саха сирин Революционнай Комитета уонна Народнай Комиссардарын Совета Москваҕа БРКСК Председателигэр Михаил Иванович Калиниҥҥа, РСФСР Народнай Комиссардарын Советын Председателигэр Владимир Ильич Лениҥҥэ ыыппыт суруктарыгар бу курдук эппиттэрэ:
“Автономнай республикалар Россиятааҕы Федерацияларыгар тэҥ бырааптаах чилиэнинэн киирэн туран, Саха сирин үлэһит кылаастарын ааттарыттан, Саха Автономнай Республикатын Революционнай Комитета уонна Народнай Комиссардарын Совета биһиги кыраайбытыгар автономнай быраабы бэлэхтээбиккит иһин истиҥник махтанар.
Гражданскай сэрии уотун үөһүгэр уһаарыллыбыт саха үлэһит норуота аан дойду үрдүнэн социалистическай идеаллар өрөгөйдүүллэрин туһугар атын бырааттыы республикалары кытта бииргэ бары күүһүн көхтөөх үлэҕэ холбуур кэмэ бэрт чугас диэн бигэтик итэҕэйэбит”.