(Куобахтар киирэллэр.)
(«Куобахчаан» ырыа)
(Куобахтар үҥкүүлэрэ)
Хаарчаана. Куобахчааннар, мин дьиэбэр хайдах тиийэбиний?
Куобахтар. Оол онно, тыа саҕатыгар, муус дьиэ баар. Онно бар.
Хаарчаана. Ол диэҕэ ким олороруй?
Куобахтар. Тымныы оҕонньор!
Ыытааччы. Хаарчаана, ыксаа, Тымныы оҕонньор оҕолорго бараары хомунан эрдэҕэ буолуо.
Хаарчаана. Сулустарынан сырдатан ол дьиэни көрдүү бардым.
(Барар.)
Ыытааччы. Ол кэмҥэ оҕонньордоох эмээхсин сиэннэрин сүтүктээн көрдүү барбыттар.
(Дьиэттэн оҕонньордоох эмээхсин тахсаллар.)
Оҕонньор. Сиэммит кыыс Хаарчаана, ханна бааргыный? Ау!
Эмээхсин. Аны ким биhиэхэ уу аҕалар, ким ырыа ыллыыр?
Ыытааччы. Долгуйумаҥ, долгуйумаҥ! Истэҕит дуо, чуораан тыаhыыр, ким эрэ атынан айаннаан иhэр. Арааhа, Тымныы оҕонньор быhыылаах. Бары ыҥырыаҕыҥ эрэ кинини.
(Оҕолор ыҥыраллар, Тымныы оҕонньор Хаарчааналыын тиийэн кэлэллэр.)
Тымныы оҕонньор. Эhэ-hээй! Дорооболоруҥ!
Оҕонньордоох эмээхсин. Тымныы оҕонньор, махтал Хаарчаананы аҕалбыккар!
Ыытааччы. Оҕолору кытта хаалан бырааhынньыктааҥ, оонньооҥ-көрүлээҥ.
(Оҕонньордоох эмээхсин оҕолор быыстарыгар киирэн олороллор.)
Тымныы оҕонньор. Саргылаах Саҥа дьыл салаллан кэлбитинэн бары оҕолору, ыалдьыттары эҕэрдэлиибин! Чэйиҥ эрэ, оҕолоор, бырааhынньыктааҕы хоробуокка туруоҕуҥ!
(«Шёл по лесу Дед Мороз» хоробуот)
Тымныы оҕонньор. Олус үчүгэйдик ыллаатыгыт. Үҥкүүлээммин ууллаары гынным.
Ыытааччы. Оҕолоор, Тымныы оҕонньорбут ууллаары гыммыт, бары бииргэ кинини үрүөҕүҥ! (Оҕолор бары үрэллэр.) Тымныы оҕонньор, ыраахтан кэлэн сылайбытыҥ буолуо, олорон сынньан, оҕолор эйиэхэ хоhоон ааҕыахтара.
(Хоhооннор)
Ыытааччы. Тымныы оҕонньор, оҕолору аралдьытан, оонньуута толкуйдууруҥ буолаарай?
Тымныы оҕонньор. Мин оонньуурбун дьэ сөбүлүүбүн!
(Оонньуу. Тымныы оҕонньор харыйа диэки хайыhан турар, 10 диэри ааҕар, оҕолор түүл кэннигэр саhаллар. Тымныы оҕонньор оҕолору көрдүүр, олоппостор анныларын, харыйа кэннигэр көрөр, төрөппүттэртэн ыйыыталаhар. Онтон түүл диэки барар. «Манна кимнээх харахтара чаҕылыйарый? Кимнээх атахтара көстөрүй?» – диир. Түүлү арыйар: «Бу бааллар эбит дии оҕолорум».)
Ыытааччы. Тымныы оҕонньор, оттон оҕолору эн тугунан күндүлүөххүнүй?
Тымныы оҕонньор. Мин билигин оҕолорго түргэнник улааттыннар диэн аптаах хааhы буhарыам. Миэхэ улахан күөс, бурдук, саахар наада.
(Остуол киллэрэллэр. Остуолга улахан күөс турар. Иhигэр бэлэхтэр бааллар. Кыра миискэҕэ конфетти. «Бурдук», «Саахар», «Туус» диэн суруктаах хоруопкалар тураллар. Тымныы оҕонньор хааhытын «буhарар», миискэттэн конфеттины хамыйаҕар баhан ылан үрэр.)
Тымныы оҕонньор. Хааhыбытыгар хаар тиийбэт эбит. Чэйиҥ эрэ, оҕолоор, миэхэ көмөлөһүҥ, хаарда аҕалыҥ.
(«Хаарда аҕал» оонньуу)
Тымныы оҕонньор. Чэйиҥ эрэ, көрүөххэйиҥ, төһө бэрт хааhыны буhарбыт эбиппиний!
(Хааhытын булкуйар, хамыйаҕар бэлэҕи баhан таhаарар.)
Тымныы оҕонньор. Оҕолоор, көрүҥ, биhиги хаарбыт туохха кубулуйбутуй?! Бэлэх буолан буhан тахсыбыт!
(Бэлэх биэриитэ)
Тымныы оҕонньор. Барар кэмим тиийэн кэллэ, эhиил эмиэ кэлиэҕим! Көрсүөххэ диэри! Саҥа дьылынан!
Аптаах хаар чөмөҕө
Оруоллар:
Ыытааччы
Тымныы оҕонньор
Хаарчаана
Ведьмочка
Спанч Боб
Зебра
Хахай
(Ыытааччы төрөппүттэри, ыалдьыттары эҕэрдэлиир, оҕолор саалаҕа киирэн төгүрүччү тураллар.)
Ыытааччы. Оҕолоор, бүгүн биhиэхэ бырааhынньык – Саҥа дьыл! Көрүҥ эрэ, саалабыт хайдах курдук киэркэйбитин, биhиэхэ харыйа ыалдьыттыы кэлбит… Чэйиҥ, бырааhынньыкпытын саҕалыаҕыҥ! Харыйабыт уотун уматыаҕыҥ! Хатылааҥ: «Биир, икки, үс – харыйа уота, чаҕылый!»
(Оҕолор хатылыыллар, харыйа уота умайар.)
(«Лаглайбыт күөх харыйачаан» хоробуот)
(Хоhооннор)
(Оҕолор олороллор, харыйаҕа төлөпүөн ыйанан турар, тыаhыыр.)
Ыытааччы. Оҕолоор, чуумпуран олорон истиҥ эрэ, туох тыаhыырый?
(«Көрдөөн» төлөпүөнү уонна аптаах хаар чөмөҕүн булар, «кэпсэтэр».)
Төлөпүөн (запись). Дорооболоруҥ, оҕолоор! Биллигит дуо миигин?.. Мин Тымныы оҕонньорбун, Саҥа дьылынан эҕэрдэлиибин! Бары оҕолорго бэлэх бэлэмнээн, мастары, хонуулары хаарынан бүрүйэн, эhиэхэ дьыссаакка хойутаары гынным. Эhигини манна ыалдьыттыы ыҥырабын, бу аптаах хаар чөмөҕүнэн сирдэтэн миэхэ тиийэн кэлээриҥ, күүтэбин!
Ыытааччы. Сөп, өйдөөтүбүт… Оҕолоор, Тымныы оҕонньорго ыалдьыттыы барабыт дуо? (Оҕолор сөбүлэһэллэр.) Тымныы оҕонньоор, сотору биhиги тиийиэхпит!
(Ити кэмҥэ Ведьмочка үөмэн киирэн, аптаах хаар чөмөҕүн былдьаан ылар, күлэр.)
Ведьмочка. Тымныы оҕонньорго бараары бэлэмнэннигит дуо?! Биэриэм суоҕа бу аптаах хааргытын! Утю-тю-тю, ытаары гынныгыт дуу? Чэ, Тымныы оҕонньорго эhигини илдьиэм! (Аптаах тыллары этэр, хамсаныы оҥорор.)
Конец ознакомительного фрагмента.
Текст предоставлен ООО «ЛитРес».
Прочитайте эту книгу целиком, купив полную легальную версию на ЛитРес.
Безопасно оплатить книгу можно банковской картой Visa, MasterCard, Maestro, со счета мобильного телефона, с платежного терминала, в салоне МТС или Связной, через PayPal, WebMoney, Яндекс.Деньги, QIWI Кошелек, бонусными картами или другим удобным Вам способом.