Литмир - Электронная Библиотека

Маайа бүгүн киэһэ балыыһаттан тахсыахтаах. Сэрии бүтэрэ чугаһаата дииллэр да, тоҕо эрэ хара суруктар кэлэ тураллар. Кырыыстаах сэрии!

Кинилэр төһө да сааһырдаллар эдэрдии дохсун санаалаахтара. Маайа сүөһүттэн саҕалаан киһиэхэ тиийэ эмтиир дьарыгын кичэйэн кистиирэ. Отунан-маһынан тумалаабыт аһа ханнык да астааҕар тотоойу буолара. Бу оҕотугар олус эрэнэ санаабыта да, дьылҕа ыйааҕын, олох оҥоһуутун утары барар кыах суох. Маайа нухарыйыах курдук гынан иһэн бастаан кыатана сатаан сыҥырҕааһыны иһиттэ, онтон сыыйа маккыраччы ытааһынтан утуйар уута көттө. Төбөтүн өндөттө. Түннүк аннынааҕы мас ороҥҥо Судаарыскай Бүөтүр кыыһа ытыы олороохтуур… Кини үчүгэйкээн бэйэлээх кыыһы төрөппүтэ эбээт. Маайа аргыый аҕай хааман тиийэн Натаа төбөтүн сылаас ытыһынан имэрийдэ.

– Ыы, ыы-ы. Оҕонньорум Уйбаан суорума суолламмыт. Хара сурук… Ыы-ыы. Барбыта да ыраата илик. Хайдах икки оҕону иитэбин? – диэн Натаа муҥатыйан барда.

Эмискэ Маайа кулгааҕар Уйулҕаана тыллара сытыы кымньыы тыаһыныы, чаҕылҕан дьикти уотунуу сырдыы иһилиннилэр. Түүлүгэр көстүбүт күн эмиэ үөрэ көстөн кэллэ!

– Натаа, арай кыыскын мин ыллахпына? Эйигин оҕоҥ санаатыттан кыйдыахпыт суоҕа. Биһиги оҕолору иитэр үгэспитин билэҕин.

Натаа үөрүөн дуу, хомойуон дуу билиминэ илиитин Маайа диэки ууммутунан олордо.

Киэһэ оҕонньоро Охонооһой эмээхсинин ыла кэллэ, онуоха Маайа:

– Доҕоор, Уйулҕаана удаҕан этиитин өйдүүр ини- гин? Кини эппитэ кэллэ. Натаа огдообо хаалла. Икки оҕону иитэр кыаҕа суох, онон оҕону биэрэргэ сөбүлэнэр. Мин бу суолга эйигин таптыырым, ытыктыырым бэрт буолан үктэнэбин. Итиэннэ бу нуучча холоонноох кыыһы ииппэтэхпитинэ кини да эрэйи көрүө, хайдах улаатара, киһи-хара буолара биллибэт. Хайа, итиэннэ, эн төрдүҥ-ууһуҥ тэнийэр, кэскилиҥ кэҥиир суолун төрдө буолуо этэ.

Охонооһой саҥата суох биир сири көрөн олордо, көхсүн этиттэ:

– Оҥоһуубут оннук буоллаҕа. Мин дьиэҕэ хонор хоноһо, сылдьар ыалдьыт буоллаҕым. Үлэттэн ордон оҕо көрсөн маанылаабытым суох. Билигин да барыта эн санныгар сүктэриллэрин өйдөөн-санаан, тургутан, сылыктаан баран, бэйэҥ эрэ быһаараргар тиийэҕин.

Маайалаах ити курдук сып-сырдык баттахтаах, мрамортан чочуллан оҥоһуллубут кэриэтэ ыраас эттээх-сииннээх Нюта диэн кыыстанан хааллылар. Кыыс муннугар тумуу да киирбэккэ, сылтан сыл улаатан истэ. Киниэхэ дьоно уонна эдьиийдэрэ икки ийэлээҕин туһунан мэлдьи кэпсииллэрэ, Нютаны тула өттүттэн маанылаан, тугунан да тутахсыппакка хаан оҕо, балыс оҥостубуттара. Онно-манна бардахтарына, дьон-сэргэ Нюта сырдык баттаҕын муодарҕаан саҥа аллайалларын эдьиийэ Зоя, төрдүс кылааска үөрэнэр кыыс, олус уйуһуйа истэрэ. Балтын Нютаны атын дэтиэн туох да иһин баҕарбата.

Арай биирдэ Зоя балтын сиэтэн маҕаһыыҥҥа киирбитэ, дьон: «Кырааска, кырааска», – дэһэ-дэһэ атыы-тутуу бөҕө. Киниэхэ, хата, Нюта баттаҕын кырааскалыыр санаа көтөн түстэ. Кини биһигиттэн туох да уратыта суох буолуо, биир буолуохпут дии санаата да, дьиэтигэр тиийээт кырааскалаабытынан барда. Кыыһын баттаҕын таҥаһынан баайан баран, улахан үлэни бүтэрбит киһилии, билэр-билбэт ырыатын ыллыы-ыллыы өрө тэбэн үҥкүүлүү, мэниктии сырытта. Арай ким эрэ соһуйбут саҥатыттан өрө хонос гына түстэ! Кини иннигэр ийэтэ Маайа Нютаны сиэппит, кинилэр иннилэригэр-кэннилэригэр балтылара кэчигирэспиттэр. Зоя Нютаны өйдөөн көрөөт, тылыттан матта. Бу ынырыгын! Кини иннигэр хара да буолбатах күрүҥ дьүһүннээх баттахтаах кыыс күп-күөҕүнэн чоҕулуччу көрөн турар! Сирэйэ муус маҥан. Оо, сүөргүтүөн! Бу кини тугу-тугу оҥорбутуй? Оннооҕор оһох кэннинээҕи абааһы маннык буолбатаҕа буолуо… Зоя аны күн аайы кыыһын баттаҕын сууйартан ордубата. Хата, таҥас кырааската буолан абыраата.

Аны биир сарсыарда иһит сууйа сылдьан ыскаап үөһээҥҥи долбууругар араҕас эми көрдө. Бу эми Зоя аҕата «титириир эмэ» диэн үөһэ уурарын көрбүтэ. Зоя өр толкуйдуу барбата. Эмиэ Нютабыт баттаҕа алыс сырдык дии санаата да, эми кып-кыра ууга суурайбытынан барда. Ити кэнниттэн оҕолор тула өттүттэн көмөлөөн Нюта баттаҕын кырааскалаан кэбистилэр. Ол кэнниттэн, дьэ, эмиэ ээр-сэмээр кэтэһии буолла. Дьонноро үлэлэриттэн кэлиэхтэрэ ыраах. Онон кинилэр бу сырыыга бэйэлэрэ эрэ эрдэ көрөн сыана быһыахтара. Сатамматаҕына туох буолуой, сууйуллуо. Арай хараҕар эрэ киллэримиэххэ наада диэн санаалаах Зоя кыыһын баттаҕын сүөрдэ уонна… Аны үөрүүтүттэн тылыттан матта. Кыыһын баттаҕа ромашка сибэкки чопчутун курдук саһархай дьүһүннэммит. Кыыстарын бары эргитэ сылдьан көрдүлэр. Дьэ уонна оонньуу ыстаннылар! Эчи үчүгэйин! Нюта баттаҕа саһархай өҥтөн сыыйа сырдаан тахсара үүт-үкчү ромашка сибэкки!

Киэһэ бааһына кытыытынан Маайа кыыһыныын дьиэ- лээн истилэр. Эмискэ кэннигэр Зоя соһуйбут, үөрбүт саҥата чугдаарар:

– Ийээ, көр, ийээ, көр! – Маайа кыыһа ыйбыт сирин диэки көрбүтэ, бааһына ортотунан, бурдук быыһынан оҕолоро бу бытарыһан иһэллэр.

– Ийээ, ийээ, Нюта ромашка сибэкки курдук дии! – диэн Зоя үөрэн-көтөн мичилийбит хараҕын көрөн, Маайа кыыһыгар тугу да хардарбата. Арай, кырдьык, бурдук быыһыгар көрдөххө, ромашка сибэкки сүүрэкэлиир курдук. Кылгас сырдык былаачыйалаах кыысчаан элэстэнэн кэлэн Маайаны кууһа түстэ. Сырдык саһархай төбөчөөн өрө көрбүтэ, Нюта, дэлби мэниктээн, тэбэнэттээхтик көрбүт харахтара бу көстүүнү өссө тупсаран биэрдилэр. Маайа, кыыһын өрө көтөҕөн ылан, таптаан манньыйа-манньыйа сыллаабытынан барда.

Оҕолор бу курдук бэйэлэрэ бэйэлэригэр букунаһан улаатар кэмнэригэр кинилэр дьиэлэрин үөрүүтүн томточчу үрдэтэр, дьоллорун толорор, аймах-хаан утаҕын ситимин салгыыр уол оҕо күн сирин көрбүтэ. Ол күн Охонооһой, Уйулҕаана удаҕан аатын ааттаан туран, аал уотун амтаннаах алаадьынан, арыылаах саламаатынан айах тутан күндүлээбитэ. Чабычах Маайа уонна дьиэ иһинээҕи дьон, кыралыын-улаханныын, ымыы оҥостубут ыра санаалара туолан, күннэрэ-ыйдара Кыра Охонооһойтон тахсар буолбута. Чабычах Маайа хайа күн талыыта киириэҕиттэн, сааһын тухары бостуук үлэтигэр мииммит атын олохтоох сэбиэт дьиэтин иннигэр баайыаҕыттан, ол үлэҕэ аны төннүбэтэҕэ.

2018 с.

ИЙЭ АЛГЫҺА

Аччыктааһын… Хоргуйуу…

Бу маннык ыар суолу оҕолорбут эрэ билбэтэллэр ханнык диэн, биһиги дьоммут олохторун устата санаа оҥостон кэллэхтэрэ. Оттон ол ааспыт сэрии хас биирдии ыалга хаалларбыт суола тыл тамаҕа, кыракый ахтыы сыыһа да буолан көлүөнэттэн көлүөнэҕэ син тиийэн кэлээхтээтэҕэ.

Бөлүүн бу маҥхайбыт баттахтаах Бииктэр кырдьаҕас бэҕэһээҥҥи кылаас чааһыгар, оҕолору харыстаан, оҕо сааһыттан ситэ кэпсээбэтэх түгэннэрэ киинэ лиэнтэтин курдук хараҕар субу баардыы субуллан, саҥа тыыннанан көһүннүлэр…

Холкуос бэрэссэдээтэлэ Торуун бэрт ыраахтан барыны бары саба тутуохтуу:

– Таҥара дьиэтин таһыгар барыҥ! Байыаннай үөрэххэ мустуҥ! – диэн ордоотуур саҥатын иһиттэр эрэ, суорҕан анныгар саһара.

Биичэ, тугу да куоттарбатарбын диирдии, өрүтэ табыгырыыр ат туйаҕын тыаһын олус да куттана, тэһииркии истэрэ.

Биир киэһэ Маайа киирбитэ уонна Сөдүөрэҕэ кыра миискэни ууммута.

Түргэнник сылыбыратар куолас олус кыратык:

– Мэ, ким да көрбөтө, тарбыйах хааһытыттан нэһиилэ ордордум. Кыыһыҥ иэдэйээри гыммыт, – диэн сибигинэйбитэ.

Онтон сылбырхай ууну иһэ олорон кэпсээбитэ:

– Өстөөх көтөр кынаттаахтара туохтан да иҥнибэт үһүлэр. Ол дьарапалааннар өрө уһуутаан кэлэр күннээх буоллахтарына, хотоммут үрдүгэр оппутун кэбиһэр үһүбүт. Түннүкпүтүгэр чүмэчи да уота көстүө суохтаах үһү.

– Тыый, ол оппутун хайдах таһаарар үһүбүт? – диэн Сөдүөрэ ыйыппыта.

– Билбэтим, оннук ирдииллэр.

– Тура-тура ирдээһин. Торуун бэйэтэ тугу аһаан итинник айылаах сэниэлээх эбитэ буолла? Сорох ити биир сыарҕа маспытын эрэйинэн эрбээн бу оһоҕу оттобут. Сарсын тугу аһыырбыт биллибэт.

– Тугу эмит быһаарар инилэр.

– Сотору, мин бу оронтон кыайан турбат буоллахпына, оҕолорбун ханна тиэрдэрэ биллибэт. Торуун саҥата кулгаахпар куһаҕан биттии иҥэн хаалбыт. Киэһэ бурдукка ыттыбыт аһыҥаны быанан түһэртэрэн, куулга хаалатан, аччык оҕолору эрэйдиирин эппитим иһин миигин олус да абааһы көрөр. Туохха туһалаах салайааччыный?

Конец ознакомительного фрагмента.

Текст предоставлен ООО «ЛитРес».

3
{"b":"827525","o":1}