Литмир - Электронная Библиотека

– Ийээ, тоҕо ити балаҕаннар кураанах туралларый?

– Ээ, тоойуом, урут, НЭП саҕана күннээн олорбут кэмнэртэн хаалбыт. Урут манна ыанар ынах да элбэҕэ, дьон да элбэҕэ. Билигин биһиги эрэ бу субан сүөһүнү көрөбүт. Улааттаххына барытын билиэҥ. Чэ, олоруоҥ дуо, абырҕаллаа. Күһүн оһох отторго туттуохпут, – ийэтэ түргэнник дьаһайда.

Бааса уол аны ити туһунан ыйытыа суохтааҕын сэрэйдэ. Кини аҕатын кытта оттуу барарыттан олус үөрэр. Уолчаан хаамтаҕына долгулдьуйар от хайдах эрэ, тугу эрэ этэр курдук. Оттон аҕата от охсон куһуйдаҕына, «эн, эн, оҕус. Эн, эн, хомуй» диирдии хотуура күүскэ-күүскэ сур-сур тыаһыыр. Бааса уол кырачаан хотуурун илиитигэр ыллаҕына, улахан киһилии сананар.

Бааса түүлүгэр бугул быыһыгар төкүнүйэ оонньуу сылдьан эмискэ уһукта биэрдэ, күн уотуттан хараҕа саатта. Балаҕан иһэ ып-ыраас, атырдьах ыйын ортото сайыҥҥылыы сандаарбыт. Аҕата кинини уһугуннарбакка эрэ отугар барбытыттан хомойдо.

– Аҕаҥ эйигин сынньаннын диэн хаалларда. Үчүгэйдик аһаа уонна абырҕалла хомуйаар, – ийэтэ күөрчэхтээх лэппиэскэни иннигэр уурда.

Уол «ол абырҕалы хомуйар диэн үлэ үһү дуо, окко даҕаны мэниктии, оонньуу таарыйа курдук сылдьыам этэ, күрүө тутардааҕар бэтэрээнэн ээ» диэн саныы-саныы оргууй аһыы олордо. Ол эрэн уһуннук утуйбута эмиэ да бэрт эбит. Хайдах эрэ улааппыкка, өссө эбии сэниэлэммиккэ дылы буолбут.

Аһаан бүтэн таһырдьа таҕыста, олбуору быыһынан сүр сымсатык нөҥүө түстэ, атаҕын тилэҕэ дүөдэ диэки хараара турда. Отучча миэтэрэни киһилиэ дуо, кыра дүөдэтигэр тиийэн тула өттүн көрүннэ, дьоно аах бу дүөдэҕэ ыыппат этилэр. Ол да иһин төбөтүгэр бастаан манна сүүрэн кэлэр санаа киирбитэ! Арай, көрбүтүн бэйэтэ итэҕэйбэтэ. Онно чыккымай кус оҕолорун киллэрбит эбит. Ол аата манна сайылаабыттар. Уолбут отунан-маһынан тамныа, аймаан кэбиһиэ диэн ийэтэ аах кистээн кэбиспиттэрин сэрэйдэ. Кус оҕолоро күөх дабыдал буолан көппүттэр. Бааса уол кус оҕолорун маннык бииргэ, оргууй наскылдьыһа устан, ууга кынаттарын саратан, умса тоҥхоҥноон дьикти хамсаныылары оҥороллорун саҥа көрдө. Дүөдэ кытыытынан эргийэ сылдьан маһынан тамнаан көтүтэлээн көрдө. Ийэлэрэ уолтан биэс-алта хаамыылаах сиргэ ууну таһыйа-таһыйа төттөрү-таары уста сылдьар. Бааса уол кус оҕолорун көмүскүүрүн төһө да биллэр, эр хаана уһуктан ис-иһиттэн бултуох санаата киирдэ. Өр толкуйдуу барбата, балаҕанын диэки ыстанна. Дьиэҕэ киирээт аҕатын уон алталаах саатыгар хараҕа хатанна. Өрө күүрбүтэ ааспакка, аҕылаабытыттан бөтүөхтэс буолбут куолаһынан ийэтиттэн сааны көрдөөтө. Ийэтэ ылан биэрдэ:

– Ээ, бу барахсаны. Кыайыаҥ суоҕа, ыарахана да бэрт. Аны хайдах ытаҕын бу манан? – ийэтэ төһө да итинник эттэр, тоҕо эрэ уолугар сааны туттаран кэбистэ. Бааса уол саатын икки илиитинэн нэһиилэ көтөҕөн дүөдэтигэр киирдэ. Долгуйуутуттан сүрэҕэ биир кэм эппэҥнэс, тарбаҕым салыбырыа диэн бэйэтин уоскутуна сатыыр. Саатын дулҕа үрдүгэр ууран, умса түһэ сытан кыҥыыр. Куһа төттөрү-таары уста сылдьар. Бааса уол сыалыгар кыайан киллэрбэт. Аҕатын үтүктэн кыҥнайар. Уҥа хараҕын эрэ быһа симэр, хаҥаһын төрүт симпэт. Иҥнэри түһэ-түһэ сыалын аҥаар хараҕар буллара сатыыр. Муннун сыыгынас тыаһа улам аччаан, этэ-сиинэ тыҥыырга дылы буолла, санаатыгар тулатынааҕы от-мас барыта кини хамсаныытын кэтиир курдук. Ол аайы Бааса уол куһу табар баҕата эбии күүһүрэр. Онтон, аны хайдах эрэ хаҥас хараҕын симээт, туһаайбыта буолаат, саатын чыыбыһын тардан кэбистэ! Кус Бааса уол иннигэр тиэ- рэ таһылла түстэ. Уол куһун ууттан илибирэтэн таһаарда уонна өрө көтөхпүтүнэн ийэтигэр сүүрдэ. Үөрүүтэ диэн олус, сөп буола-буола ойуоккалаан, ыстаҥалаан ылар. Арай, саатын дүөдэ кытыытыгар умнан кэбиспитин, ийэтигэр кэпсии туран, өйдөөн кэллэ уонна эмиэ төттөрү сүүрэ турда!

Бу күн Бааса уол ийэтэ сыллаабытын олус уратытык ылынна. Киэһэ дьиэлээхтэр сандалы тула олорон кини маҥнайгы булдун амсайдылар.

– Оҕом бастакы булдугар лапсам да табылынна, – ийэтэ чугуунтан миини баһа туран аҕаларыгар кэпсээтэ.

Биирдэ Наһаар куска уолун илдьэ барда. Бэйэтэ былыргы кэтириинискэй доруоптаах, уолугар анаан уон алталаах саатын атыгар төргүүлэнэн илдьэ сылдьар. Биир дүөдэҕэ кус бөҕө олорор. Наһаар куска үөмэн баран төттөрү таҕыста. Уолугар саатын туттарда, Бааса уол, анал саалаах киһи быһыытынан, сэрэнэ-сэрэнэ үөмэн киирдэ. Арай көлүччэ кытыытыгар охтубут маска биир кус төбөтүн кынатын анныгар уган баран утуйа олорор эбит. Уол хайдах эрэ ууну чалымнатан тыаһатан ылбытыгар кус өрө чөрбөҥнүү түстэ. Бааса уол онно көрдөҕүнэ, күһүҥҥү бороҥ кустартан атын, тэллэҕэр тумустаах, кыһыллыҥы кугас түөһэ аллара түһэн истэҕин аайы сырдаан, маҥхайан иһэр, аны атаҕа кыһыл кус эбит. Кини бу кэрэ куһу ис-иһиттэн аһынна, барыта көрүөх бэтэрээ өттүгэр буолла да, кус «сырк» гына көтөн хаалла. Ыппатаҕыттан хомойбут быһыыта көстүбэт, аҕатыгар сирэйдиин-харахтыын уларыйан таҕыста.

– Аҕаа, мин билбэт куһум. Наһаа үчүгэй дьүһүннээх.

– Халба диэн, кырдьык, күһүҥҥү кустартан көстүүтэ уратылаах.

Наһаар уола аҥаар кырыытыттан ытар, өлөрөр-өһөрөр санаата суоҕун биһирээтэ: оҕо-оҕо курдук кыраттан да үөрэр, саҥаны сэргиир уйан сүрэҕэ айылҕа кэрэтиниин алтыһар бу кэмин уһатыан баҕарда.

Бааса уол аны, аҕатын сүбэтинэн, ытын быалаан баран сиэтэ сылдьан кус оҕотун туттарар буолла. Мохсоҕол да иччитин тылын сүрдээҕин истэр. Дүөдэ кытыла хайыта баран, дьөллөн түһэн биир тэҥэ суох. Сыыра бүтүннүү оҥхой, хайаҕас бөҕө, онно саспыттары Мохсоҕол муннунан илдьи анньар, ону Бааса хомуйар. Ытын сиэтэ сылдьар, букатын ыыппат.

Итини барытын кини Георгий диэн ыарыһах абаҕатын эмтээри бултаһар. Георгий куораттан сөтөл буолан кэлбитин билэр. Айылҕаттан күүс-сэниэ ылаары кэлбит абаҕатыгар көмөлөһөр санааттан аҕыс саастаах уолчаан күн солото суох буолла. Кини бу кус оҕолорун бултаһан, абаҕатын үтүөрдүөн баҕарар. Онно ийэтин кымыһа, быырпаҕа, суората – барыта бастыҥ эмп буолуохтара. Ол иһин Бааса уол Мохсоҕолун илдьэ айылҕаҕа соҕотоҕун сылдьара элбээтэ.

2021 с., сэтинньи

2. Ийэ чараас сүрэҕэ…

ДЬОЛ ТОСХОЙУУТА

Маайа күөх окко икки илиитинэн хардары-таары иһин түгэҕин имэринэ сытта. Күн олус да чаҕылыччы күлэ үөрэр. Киниэхэ эрэ анаан мичээрдиир курдук. Аттыгар, аарыма хатыҥ мас күлүгэр, Маайа ата иччитэ хаһан сынньанан турарын кэтэһээхтиир… Эмискэ иһин кып-кыра атах сыысчаана «пул» гына тэптэ, үөһэнэн, арааһа, тилэҕэ быһыылаах, омунугар чоройорго дылы гынна. Маайа күн сирин көрө илик оҕотун туох баар билэр-билбэт минньигэс тылларынан таптаан ымманыйа сытта. Онтон күн сырала өссө күүһүрдэ, сардаҥа уота ала-чуо Маайа хараҕар түһэн симириктэппитигэр уһукта биэрдэ. Тулатыгар өссө да оҕо минньигэс сыта баар эбээт!

Маайа орто дойдуга дьахтар буолан төрөөн, уон үс төгүл Айыыһыт уоттаах кымньыытынан арыалланан талыы киэнэ кытаанаҕын билбит эмиэ да дьоллоох, Иэйэхсит иэтэн-туотан күн сырдыгын көрдөрбүт сырдык аанньалларыттан бэйэтигэр төттөрү ылбытынан эмиэ да сордоох. Быһата, дьахтар уонна ийэ буолар аһыытын-ньулуунун, үөрүүтүн-хомолтотун толору амсайбыт диэҕи хоойго хоонньоһо сытар холоонноох тойонун сыдьаанын хаан тардыһыннарар аҕа ууһун салгыыр уол оҕону төрөтө, эр бэрдин бэлэхтии илик. Ол гынан баран, бу олус баһыылаах этии буолла. Маайа син хаста даҕаны уол оҕо сытын ылбыта эбээт. Ол эрэйдээхтэри, саҥа бороохтуйан истэхтэринэ, сир ийэ бэйэтин хоонньугар кистиирэ. Туох эрэ биллибэт күүс ыларын курдук. Онтон бу уон үсүһэ өлбүт уол оҕо буолаахтаата. Маайа төһө да ытаатар, барытын тосту уларыппатын биллэр даҕаны, тоҕо эрэ холку, санаата бөҕөх. Бу олус кыра уҥуохтаах лыскыйбыт дьахтар барыны кыайар күүһүн, санаата баламатын бары сөҕөллөр. Ааттыын да «Чабычах Маайа» диэн. Туох баар санаатын иһигэр тутар, ытаабат-соҥообот. Дьоҥҥо күлэ-үөрэ, көмө-ньыма буола сылдьар.

Сэрии саҕаламмытын иккис сылыгар дьон удаҕан диэн чугаһаабат, көрбүөччү диэн куттанар Уйулҕаана эмээхсини кистээн дьиэлэригэр хонноро сытан утум сал- ҕаныытын туһунан кэпсэппиттэрэ. Удаҕан этиитинэн, Маайа кэргэнин хаана тэнийиэҕин саха абааһыта буулаан моһуоктуур эбит. «Үрүҥ баттахтаах тосту-туора омук ууһун, атын төрүөҕү дьиэҕитигэр киллэрдэххитинэ эрэ, эриҥ күнэ-ыйа тахсыыһы, Туймаада хочотугар ууһуур-тэнийэр кэскиллэнииһи», – диэн булгуччулаахтык этээт, сытыы хараҕынан көмүлүөк уотун одуулаһан олоро түһээт, тугу эрэ ботугураан киҥинэйбитэ, устунан энэлийэн ыллаан барбыта.

2
{"b":"827525","o":1}