Литмир - Электронная Библиотека

Сэгэлдьийэ Чээлэй

Күнүү: кэпсээннэр

1. Иннигэр кэһиилээх, кэннигэр сүгэһэрдээх…

ТИРГЭҺИТ

Ийэ уолун кытта ууга барбыт чааркааннарын чөлүгэр түһэрэн хос тиритии-хорутуу, сүүрүү-көтүү буолбуттара. Ити кэмтэн икки ый биллибэккэ элэҥнээн хаалбыта. Аны чааркаан таһынан тиргэлииргэ санаммыттара. Мэлдьи түргэн хаамыылаах ийэтин кэнниттэн, хардыы да хаамыыны хаалбакка, Ньуккуу тэбис-тэҥҥэ түсүһэн испитэ. Сарын үрүйэтин арҕаа баһыгар хойуу оттоох үрдүк дулҕалар икки ардыларынан, кус дулҕаҕа салгылыы тахсар ороҕор, бэйэлэрэ оҥорбут сэттэ тиргэлэрин сүбэлэһэ-сүбэлэһэ ииппиттэрэ. Сүөкүлэ туттарыгар-хаптарыгар сөп түбэспэт наҕыл саҥалааҕа, намыын куоластааҕа:

– Ньуккуу, бу кэмҥэ кус оҕолоро сатаан көппөттөр. Ол иһин «күөх дабыдал» дэнэллэр, – ийэтэ уолугар утары быһааран иһэрэ.

Ньуккуу аны үс хонугунан Аллан арыытыгар дьоҥҥо от кээһиитигэр көмөлөһө киириэхтээҕэ. Кини сүрүн үлэтэ Дьархан уолугар оҕус сиэтиитэ этэ. Ол иһин бу сар- сыарда ким хайа иннинэ уһуктаат, тиргэтин көрө сүүрбүтэ. Аҕылаан-мэҥилээн тиийээт, хараҕар көрбүтүн итэҕэйбэккэ, тыынан бөтүөхтүү турбута. Кини көрдөҕүнэ, эгэлгэ кэрэ дьүһүннээх куорсуннаах, кыһыл атахтаах кус тиргэҕэ эриллэн тиэрэ түһэн сытара. Чочумча турбахтаат, аны көтөн хаалыа диэбиттии, оргууй сурдурҕаан тиийэн имэрийэн көрбүтэ… Сыыспатах эбит! Кус иҥнибит! Ньукулай дьоллонон хараҕа уоттана түспүтэ, икки өттүгүн таһыммыта, кырдьаҕас дьон үөрдэхтэринэ тутталларын санаан, бэдьэрэ былаастаах үҥкүүлээбитэ. Куһун туһаҕыттан нэһиилэ арааран ылбыта, ыарахана илиитигэр улаханнык биллэрэ. Маҥнайгы булда буолан долгуйан да, кыбыстан да дьоҥҥо көрдөрүмээри, ырбаахытын иһигэр уктан дьиэтигэр төннүбүтэ. Ааны аһан киирээт:

– Ийээ, мин бултуйдум! – куһун туттаран эрдэҕинэ, Сүөкүлэ уоһун иһигэр ботугураан:

– Иннигэр кэһиилээх, кэннигэр сүгэһэрдээх, бааттаах, байанайдаах булчут буол, – диэн алҕаабыта.

Куһу сирийэн көрөн иһэн, саҥа аллайа түспүтэ:

– Хор, оҕом булчут буолан аһатар-сиэтэр кэмэ кэлбит эбээт! Атыыр көҕөнү бултаабыккын дии, оҕом сыыһа! Бу дьолу! – ийэ барахсан хараҕа уунан туолбута, уолун бэйэтигэр сыһыары тардан, төбөтүттэн сыллаан ылбыта.

Мантан ыла Ньуккуу булт амтанын билбитэ.

ТУҺАХХА ИҤНИБИТ КУОБАХ

Биир киэһэ аһыы олорон, Сүөкүлэ уолун ыйытыытыттан өрө ходьох гыныар диэри соһуйда:

– Ийээ, биһиги далбыт кэтэҕинээҕи тыаны бэйэбит бас билбэппит дуо? Тоҕо итиннэ туһахтаабаппытый? – уонна харда күүтэн, чоҕулуччу көрөн олороохтоото. Сүөкүлэ чочумча саҥата суох олордо. «Бастаах» дьон «кыраларга» сыһыаннарын оҕо өстүйбэтин курдук хайдах быһаарыан билбэтэ. Онтон санаабытыттан олох атыны эттэ:

– Ыы, оҕом санаата модьутун көр. Биһиги бас билэр кыахпыт суох. Итиннэ Кубалаахтан балтараа көстөөх сиргэ олорор Дыадай баай туһахтыыр. Биһиги кыттыспаппыт, ити туһунан аны санаама. Онуоха Ньукулай:

– Ити биһиги тыабыт! Биһиги эрэ бултуохтаахпыт! – диэн кэлиилии кэбэ олордо. Дьэ, иннин биэрбэт киһи буолан биэрдэ.

Ити итинэн ааһан хаалыа эбитэ буолуо да, уол биир күн, отонноон сиэри, ыллык устун ойуур иһигэр киирбитэ. Онтон эмискэ туох эрэ букунайар тыаһын истэн, ойоҕоһун диэки хайыһа түспүтэ, маҥхайан эрэр бөп-бөдөҥ куобах туһахха иҥнэн өрө мөхсө сытар эбит. Өйүгэр ийэтин кытта кэпсэтиитэ охсуллан ааста да, «тыата – биһиэнэ, аһа – биһиэхэ» диэн өйдөбүл кытаанахтык иҥэн хаалбыт эбит. Ыстанан тиийдэ да куобаҕын кууһа түһэн өлөрөөрү гыммыта – кыайтарбат, ырбаахытын дуомун хайа тэбэн, иһин сиирэ-халты хайыта тыытар. Хата, киниэхэ анаммыт курдук, бугул тоһоҕото саҕа мас сытарын ылан төбөҕө охсор, онуоха туһаҕа быһа барар. Куобаҕа дөйүөрэн кыайан хамсаабат буолбутун ураҕаһынан сабыта эттээн өлөрөр. Дьиэтигэр аҕалан:

– Ийээ, бу биһиги тыабытыгар туһахтаабыт киһи куобаҕын ыллым, – диэбитигэр ийэтэ бултаатыҥ диэн үөрбэтэ. Уола кини санаатын сэрэйэн, ааспыкка эппитин кубулуппакка этэ турда. Сүөкүлэ эрэйдээх, хайыыр да кыаҕа суоҕун билинэн, үөһэ тыынан кэбистэ, оҕотун диэки уйарҕаабыт хараҕынан көрөн олороохтоото…

Дыадай икки хонон баран туһаҕын көрө сылдьан, арҕаа ыалга чэйдии олорон, Ньукулайы ыҥыртаран ылла:

– Нохоо, мин туһахпыттан куобаҕы тоҕо ыллыҥ?! – диэн баран илбиркэй таҥастаах уолу сүр суостаахтык өрө-таҥнары эриличчи көрбүтэ буола-буола саҥарда. Ньукулай иһиттиэм-истибэтиэм диэбиттии:

– Аны кэлимэ, ити мин тыам, бэйэм бултуоҕум! – иэдэстээх кулгааҕа итийбэхтээн, икки чабырҕайа быһыта кэйиэлээн ылла да уол тас ааны былдьаста.

Аан сабыллар тыаһын тилэх баттаһа:

– Сүрдээх уол дии, дьэ!.. – диэн эмиэ да сөхпүт, эмиэ да бэркиһээбит саҥаны истэн хаалла.

Дыадай балаҕан түннүгүнэн оҕо дьиэтин диэки сүүрэн элэстэнэн эрэрин «киһи киһитэ тахсыах уол эбит» диэн сүргэтэ көтөҕүллэ көрөн хаалла.

Оҕону кытта күрэс былдьаһыан кэрэйэн эбитэ дуу, дьон тылыттан саллан эбитэ дуу, эбэтэр атын туох санаа- лааҕа эбитэ дуу, Дыадай аны ити тыаҕа биллибэтэҕэ.

МАҤНАЙГЫ СААЛАНЫЫ

Ньуккуу булка бааттааҕын туһунан кэпсээн алаас- алаас ыалларын тилийэ сүүрбүтэ. Сотору буолаат эдьиийэ Боккуо кэргэнэ Куоҕас, баара эрэ уон орто доруобунньугунан иитиллэр дьоппуонускай сааны булан аҕалан биэрбитэ. Хаһан да киһиттэн бэлэх диэҥҥэ тиксибэтэх оҕо барахсан үөрэн, саха тэҥэ суох буолбута. Кирилэ да, Ньуккуута үөрбүтүн көрөн, киниттэн итэҕэһэ суох сирэйэ-хараҕа сырдаата:

– Эһиннэҕинэ тыаһа бөстүөн тыаһыттан ордуга суох, уоһунан иитиллэр, – Кирилэ кэпсии-кэпсии саатын имэрийэ-томоруйа турбута, сотору-сотору сөтөллөн ылара.

– Аны уһуурум биллибэт. Оҕом миигин өйдүү-са- ныы сылдьар буол… – бөтөн, куолаһа титирэстээн саҥатыттан маппыта.

Күһүн. Биир хаһыҥнаах сарсыарда, Ньукулай (аны кини улахан, Ньукулайын эрэ билинэр) арҕаа тыаҕа саатынан ытан көрө таҕыста. Көрдөҕүнэ, арай, куобах манан сүүрэн ааһар, итинэн быһа көтөн ааһар. Үстэ ииттэ-ииттэ ытыалаан көрдө да, биир да куобах табыллыбыт быһыыта көстүбэтэ. Ньуккуу улахан санааҕа түһэн, саатыгар өйөнөн олордо. Абаланан да хайыай? Дьиэтигэр төннөр санаалаах туран иһэн, эмискэ өйүгэр «до- руобунньугу тэрэпиискэҕэ суулаан баран ыттахха, ордук өлөрүмтүө буолар үһү» диэн сүбэлээбиттэрэ өйүгэр охсулунна. Оннук оҥосто охсон ытыалаабыта, дьэ до- ҕоор, куобаҕа бу сырыыга тула холоруктуу сылдьар буолла, онтун сороҕун уһун соҕус маһынан баска охсон эбиилэһэн мадьыктаста. Оннук уончата ытан, биэс куобаҕы өлөрөн, сэниэтэ эстэн, дьиэтигэр нэһиилэ соһон аҕалбытын чугастааҕы ыаллара көрөн олус ымсыырдылар.

Онтон ыла түөлбэтин дьоно-сэргэтэ Ньукулайы тарбахха баттанар үтүө булчуттары кытта тэҥҥэ ааттыыр буолбуттара.

САҤАТА СУОХ ҮӨРЭХ

Куому – сүрдээх киэҥ алаас. Кини киэҥ, көнө аларын киһи эрэ таптыы көрөр. Бааса уол аҕатын кытта хас да көһүнэн эргимтэлээх хааччаҕы көрөр-бэрийэр үлэлээхтэр. Куому эмиэ ол хааччах иһигэр баар. Наһаар – бостуук. Кини уолун бэйэтин кытта илдьэ сылдьыбыта үһүс сайыныгар барда. Кинилэр хас да алааһы, хас эмит дүөдэни эргийэн икки сүүс субан сүөһүнү көрөллөр-истэллэр. Аҕата уолун атыгар мэҥэстэн тэҥинэн илдьэ сылдьар. Бааса уол тугу барытын дэбигис ылынан иһэринэн дьонун үөрдэр. Соҕотох оҕо диэбэттэр, букатын кыратыттан улахан киһилии кэпсэтэллэр-ипсэтэллэр. Хааччахтара алдьаммытын атынан күн аайы кэрийэ сылдьан абырахтыыллар. Сорох сиринэн боотулу, сорох сиринэн тоһоҕо күрүөнү саҥардан биэрэллэр. Дьэ, уол күрүө тоһоҕотун анньарга ийэ-хара көлөһүнэ тохтор, олус ыарырҕатар үлэтэ. Аҕата инчэҕэй титириги быһан уһуктууругар илии-атах буолар, сири дьөлө үүттүүргэ аҕатыттан хаалбат буола сатаан тиритэр, көлөһүнэ муннун төбөтүгэр бытыгырыырын ырбаахытын сиэҕинэн соттон ньуххайданар. Аны үөһэттэн сүүрэр көлөһүн хараҕын аһытар уонна барыта силбэһэн этэ биир кэлим уу буолар. Аҕата уолун көрө-көрө, күлэрин биллэримээри:

– Чэ эрэ, доҕоор, хайдах буолуохтааҕый, уол оҕото – бөтөс бэрдэ?

Киэһэ аайы арыылаах лэппиэскэни мэтийэ олорон, күрүөлэрин хааччаҕа ханан алдьаммытын, ханан тоҕо көтүү баарын, Маҥааччыйа дуу, Ураанай дуу тахсыбыттарын төттөрү киллэрбиттэрин эбэтэр олус уһуннук ханнык сүөһүнү көрдөөбүттэрин ийэтигэр кэпсиир. Уутугар-хаарыгар киирэн хааллаҕына лэппиэскэтин да туһунан умна быһыытыйара. Арай биирдэ Бааса уол таһырдьаттан киирэн:

1
{"b":"827525","o":1}