Аттар тыбыыра-тыбыыра мэччийэллэр. Өр буолбата, сотору оҕонньор ыҥырар саҥата иһилиннэ. Дыгын аты миинэригэр үтэри сөбүлээччитэ суох. Кэм да сэниэ баар диэбиттии, ыҥыыр хоҥсуоччутуттан тардыһан, ыараханнык да буоллар, мииннэ. Бастаата. Өрүс кытылын хадьы соҕус кытыынан бардылар. Аргыс киһи өтө сэрэйдэ – ичээн оҕонньорго барар буоллахтара. Сөргүллэ уола Нойохо сайылыга өрүстэн ырааҕа суох. Уонча сыллааҕыта дьиэтин сааскы халаан уута ылбыта да, атын сиргэ көһөрбөт. Өрүскэ балыктыырын сөбүлүүр киһи. «Сир түннүгэ» диэн аатырбыт ичээн кырдьаҕаһы Дыгынтан уон биэс сылынан аҕа дииллэр. Ол аата 90-на буоллаҕа. Истэр тухары кини курдук сааһырбыт киһи чугас эргин суох. Аҕа баһылыгы эрэ билинэр, ытыктыыр, тылын ылынар дииллэр.
Сотору кыра хоспохтоох, балык хатарар аргы мастаах туруорбах балаҕан таһыгар кэлэн тохтоон, аттарыттан түстүлэр. Дьиэҕэ киирбиттэрэ, маҥхайбыт суптугур бытыктаах аарыма кырдьаҕас киһи нүксүччү туттан, тайахха тирэнэн олорор эбит.
– Нөрүөн нөргүй, ытык кырдьаҕас! – Дыгын Тойон ааҥҥа туран сүгүрүйдэ.
– Нөрүөн нөргүй! Хайа бу эн, аҕа баһылык, бэйэҕинэн кэллиҥ дуу? Кэпсиэ, – оҕонньор билигин даҕаны хараҕа сытыы эбит. Биллэ.
– Улахан сонун суох. Хайа, хайдаххыный? – Баһылык уҥа ороҥҥо кэллэ. Аргыһа аан ороҥҥо олордо.
– Оттон тыыннаахпын. Эһиги хайдах олордугут?
Ытык кырдьаҕас сэргэхсийбит курдук буолан, ыалдьытын кытта кэпсэтэр. Тоҕус уоннаах оҕонньор диэтэххэ, сирэйэ-хараҕа сэргэх, өйө-санаата үчүгэй эбит. Дьиэлээх дьахтар оһоххо хардаҕас уурталыыр. Күөскэ уу кутан, сылытан уокка чугаһатар. Таһырдьаттан улахан хатыыһы хайыытыттан тутан намылытан киллэрэн, хаҥас диэки ас астыыр кыра сибиэ2 үрдүгэр уурда.
Аҕа баһылык оҥостон кэлбит сүрүн соругун уталыппакка толорордуу оҥоһунна. Оҕонньорго соҕурууттан (арҕааттан) туора омуктар кэлиэхтэриттэн ыла нус-хас олохторо огдолуйбутун, дьон айманарын туһунан кэпсиир. Оҕонньор буоллаҕына, онно оччо ымыттыбат киһи курдук, саҥата суох истэр.
– Арахсыбат абааһылар буулаатылар. Биһиги сирбитигэр-уоппутугар дьиэ-уот туттан, олох олохсуйардыы санаммыттар үһү, – оҕонньор дьэ саҥа таһаарда.
– Маҥнай улахан муруннаах омуктар кэлэннэр киис тириитин хомуйан барбыттара сэттэ дуу, аҕыс дуу сыл буолла.
– Ол үчүгэй дьон этилэр буолбат дуо?
– Сымнаҕастар этэ. Биһи да сонурҕаан үчүгэйдик көрсүбүппүт. Оттон бу кэлин кэлбиттэр адьас атар абааһы дьон. Аҕа уустарын кэрийэн, ыал аайы киирэн, киис тириитин көрдөөн дибдийэллэр. Утарыласпыт киһини кымньыынан таһыйаллар, тыыннарын да быһыах курдуктар. Киис тириитин сыл аайы биэриэхтээх үһүбүт.
– Эһигиттэн төһө кииһи хомуйдулар?
– Биһи аймахтан Уйбаан нуучча сүүсчэкэ киис тириитин ылбыта. Онно сөп буолбакка, дьахтар сабыс-саҥа киис саҕынньаҕын эмиэ былдьаан бардылар. Сүрдээх адьырҕа дьон. Онон эйиэхэ сүбэлэтээри кэллим. Хайдах буолабыт?
Оҕонньор саҥарбат, тугу эрэ эргитэ саныыр быһыылаах. Дьахтар уокка уурбут күөһэ оргуйаары үллүбүтүн кытыыга тардар.
– Дьон айманар. Сир-сир, уус-уус аайыттан баатырдары мунньан, үүртэлээн кэбистэххэ хайдах буолуой? Сүбэлээ.
– Кыайыаххыт дуо? Сураҕа, үрэр тимир сааларыттан баатырдар олус дьулайаллар үһү.
– Бары саба түстэхпитинэ, кыайыа этибит. Кырдьык, үрэр тимир сааларыттан дьон куттанар. Ол эрээри тимир саалара үчүгэй куйаҕы хоппот үһү. Оннук кэпсииллэр билбит дьон. Уонна тимир саалара аҕыйах быһыылаах дииллэр. Сорох сиргэ утарылаһан ытыаласпыттар үһү.
– Биирдэ нууччалар өрүһүнэн устан ааһан иһэн, биһиэхэ тахсан аһаан ааспыттара. Онно көрдөххө, көмүскэлэрэ дириҥэ бэрт, бука, өһүөн санаалаах дьон быһыылаах. Билигин үүрдэххитинэ даҕаны, кэлин элбэх буолан кэлэн имири эһиэхтэрэ. Быстах кыайыы кэлин улахан алдьархайга тиэрдиэҕэ.
– Оччоҕо хайыыбыт? Олорон биэрэбит дуо? Киис эрэ хомуйбаттар, аппытын ылаллар, сүөһүбүтүн үүрэн илдьэллэр.
– Бары саба түстэхпитинэ диэхтиигит. Урааҥхай саха үрэх бастарынан, кыйаар сирдэринэн, хоту таас дьааҥы нөҥүө тиийэ ыһыллан-тарҕанан хаалла. Өһү-сааһы тутааччы, хоргуппут-хомойбут да элбэх. Билигин кэлэн хос түмэр, сомоҕолуур бука кыаллыбата буолуо. Бар дьоҥҥун эрдэ түмпүтүҥ, сомоҕолообутуҥ буоллар ньии?!
– Сыыспыппын, кырдьаҕаас, буруйдаахпын. Эдэр сааска киһи эрэ хаҥыл, дохсун буолар… – Дыгын ситэ эппэккэ баһын санньытар. Кини кырдьыгын этитэн ытык кырдьаҕаска сүрүн баттатта.
– Эдэр эмньик сааскар мин эрэ бэрпин диэн атыыр оҕус буолан аҥаардастыы айаатаабытыҥ. Ол өһүөнүн, абатын атын баттаммыт уустар умнубуттара буолуо дии саныыгын дуо?
– Суох-суох, умнубаттар…
– Хата, Куллатыга хам бааччы олор. Кырдьан бараҥҥын кыаҕыҥ таһынан сорукка ылсыма, кыргыһы таһаарыма. Ыччатыҥ инники кэскилин санаа. Мин сүбэм оннук…
* * *
Улуу Туймаада килбэйэр киинигэр киэҥ Күөрээйигэ олорор Өйүк баай дьиэтэ ыраахтан көстөр. Сир тааһа3 түннүктээх, ортотугар тулааһын баҕаналаах улахан балаҕан, икки курдуулаах туос далла ураһа, хоспох, алта муннуктаах, ортотугар холумтаннаах мас ураһа, сарай, хамначчыттар дьиэлэрэ, күрүө-хаһаа баар.
Дьиэлээх тойон балаҕанын иһигэр кэтэҕэриин ороҥҥо чөмөхтүү хомуллубут утуйар таҥаһыгар өйөнөрдүү сытар. Оһоххо уоту быһымаары ууруллубут икки хардаҕас сэниэтэ суох умайар. Саҥа-иҥэ суох. Арай хаппахчы иһигэр кыргыттар күлсэр саҥалара иһиллэр.
Өйүк – сылгынан байбыт киһи. Уон атыыр үөрдээх. Ынах сүөһүнү элбэҕи туппат. Бу чугас эргиннээҕи ыаллар бары кини үлэһиттэрэ. Үлэлииллэрин иһин аһынан-таҥаһынан хааччыйар. Саас быстарыыга салгыыр. Сааһынан кырдьаҕаһа суох, түөрт уон аҕыһа. Икки ойохтоох. Иккис одьулуун ойоҕо сүөһүтүн көрөн туһунан олорор. Маҥнайгы ойоҕо Мылаҥныыр хотун киниттэн икки сылынан аҕа. Аҕата Ньыкка Өйүк уон алталааҕар уон аҕыстаах кыыһы кытта холбообута. Үөрэнэн хаалбычча, маҥнайгы ойоҕун кытта олорор. Иккис ойоҕор ыйга биирдэ баран, хас да хонон кэлээччи. Уонна манна уон сэттэ саастаах таптыыр мааны кыыһа Сэгэттэй олорор. Иккис ойоҕо эмиэ сааһырда. Түөрт уончалаах дьахтар. Киниттэн икки оҕолоох. Дьахтар түөрт уонуттан таҕыста да кэхтэн барар, онон үһүс эдэр ойохтонуон баҕарар. Киһи сааһырдаҕына, эдэргэ ордук тардыһар буолар эбит.
Хаҥалас үтүөлэрэ бары кини үйэ-хайа аймахтара. Эһэтэ Мунньан Дархан эмиэ хаҥаластары баһылаабыт ытык киһи этэ. Өйүк бэйэтэ эдэригэр даҕаны күүһүнэн өттөйбөтөҕө, кыргыска кыттыбатаҕа. Аҕатын баайын хаҥатан, билигин үчүгэйдик олорор. Дьон-сэргэ бары түс-бас, холку майгытын, дьаһаллааҕын иһин кинини ытыктыыллар, иннин быһа хаампаттар.
– Тойонуом, өрүс диэкиттэн нууччалар иһэллэр! – дии-дии, таһыттан кулут уол сүүрэн киирдэ.
Өйүк хайдах эрэ дьик гына түстэ:
– Иһэллэр даа?! Хас киһи иһэрий?
– Уончалар.
Өйүк туран хааман хааһалдьыйан тиийэн, хаппахчы аанын өҥөйөр.
– Хотуйдаар, тахсан дьалты буолуҥ! Мин ыҥыырдаах аппын мииниҥ. Нууччалар иһэллэр үһү. Чэ, түргэнник, – диэн, Өйүк кыргыттары тиэтэтэр.
Икки кыыс хаппахчыттан тахсан, таһырдьа куоталлар.
– Бу алдьархайы! – дьиэлээх дьахтар хаҥас ороҥҥо иистэнэ олорон, эмиэ куотуох курдук эрин диэки көрөр.
– Эн ханна да барыма. Тыыппаттар ини, ама хайа үлүгэрий, – Өйүк ыар ыалдьыттарын көрсөөрү тахсар.
Дьиэлээх киһи ыалдьыттары сүгүрүйэн көрсөр. Дьиэҕэ ыҥыран киллэрэр. Нууччалар сааларын-сэптэрин илиилэриттэн араарбакка тута сылдьаллар. Саха майгытын быһыытынан, ыраахтан кэлбит ыалдьыт, эйэ дэмнээх буоллаҕына, саатын-саадаҕын дьиэҕэ киллэриэ суохтаах. Сэрии, булт сэбин ыйыырга аналлаах үс көхөлөөх саадах сэргэ ат баайар сэргэттэн тэйиччи турар. Нууччалар, саха майгытын билбэт буоланнар, онно кыһамматтар. Баҕар, сэрэхэчийэллэрэ да буолуо. Өйүк ыалдьыттарын сирэйдэрэ-харахтара сымнаҕаһын көрөн уоскуйа санаата. Тоҕо кэлбиттэрэ буолла? Эйэ дэмнээх буоллаллар үчүгэй этэ. Киһи эрэммэт дьоно.
Петр Бекетов Өйүктэн, Петрушканан тылбаастатан, ханна кимнээх олороллорун, төһө элбэхтэрин, онно хайдах тиийиэххэ сөбүн эҥин ыйыталаһар. Сахалар биэрэстэ диэни билбэттэрин, сири көһүнэн кээмэйдииллэрин билэр.
Хамначчыт уолаттар ыалдьыттарга сиэтээри, эмис тыһаҕаһы өлөрдүлэр. Киэһэ ыалдьыттар далла ураһа иһигэр ыҥырыллан, аһаары сибиэҕэ олордулар. Өйүк ыалдьыттарын буспут эдэр сүөһү этинэн, өрүс бастыҥ балыгынан аһатта. Нууччалар кымыһы, кыыймыт үүтү иһэллэр эбит.