– Ыл, ыйыт эрэ, соҕуруу дойдуларыгар хаһан бараллар үһүнүй, – Өйүк аһыы олорон, маҥнай кэлбит нууччалар киис тириитин хомуйан баран төннүбүттэрин санаан, ыйытар.
– Мы будем жить у вас долго. Здесь земли много, а людей мало, – Бекетов быһаччы хоруйдуур. Ону Петрушка тылбаастыыр.
– Оттуур ходуһа тиийбэт. Кураан буоллаҕына, сүөһүбүт сутуур. Инньэ диэн эт.
– У нас в России если худое лето, скот тоже голодает. Вся якутская земля будет под великою государева руку.
– Туох диирий?
– Саха сирэ бүтүннүүтэ государь илиитигэр киириэ диир, – Петрушка, ыстаабытын ыйыстан баран, тылбаастыыр.
– Туох илиитигэр диэтиҥ?
– Государь диэн. Ол аата ыраах баар улахан тойонноро. Ону государь диэн ааттыыллар.
– Ол төһө ыраах сиргэ баар тойонуй?
– Ыраах да ыраах. Киһи биир сыл айаннаан тиийэр сирэ.
– Оо, кыраман ыраах дойду эбит.
– Скажи ему, Петрушка, пусть он соберет от всех своих родовичей ясак и принесет нам. А ежели не принесет, то мы его заберем в аманаты, – Бекетов сүрүн соругун чиҥэтэн быһа бааччы этэр.
– Тойон этэр: дьоҥҥуттан киис тириитин хомуйаҥҥын илдьэн биэриэҥ үһү. Аҕалбатаххына, эбэтэр киминэн эмэ ыыппатаххына, аманаакка тутуохтара, – Петрушка сахалыы саҥарар.
– Туохха тутуохтара даа?
– Аманаакка. Ол аата эйигин бэйэҕин эбэтэр оҕоҕун тутан илдьэн хаайыыга олордоллор. Хаһан киис тириитин аҕалыаххар диэри ыыппаттар.
– Оо, сор эбит! Ол төһө кииһи биэрэбин?
– Төһөнү кыайаргынан. Төһөнөн элбэҕи биэрэҕин да, соччонон үчүгэй. Эйигиттэн, бука, элбэҕи эрэйэллэрэ буолуо. Элбэх кииһи биэрбит киһиэхэ манньа биэрэллэр.
– Тугу биэрэллэр?
– Оҕуруо уонна алтан иһит биэрээччилэр.
– Киис тириитин эрэ ылаллар дуо?
– Киис эрэ тириитин.
– Еще скажи, Петрушка, если будут непослушны и начнуть побивать казаков и промышленных людей, то мы придем с огненным боем. Убьем и скот ваш угоним. А если привезут ясак, мы встретим их ласкою и приветом, – диэн Бекетов эбэн биэрэр.
Петрушка тойоно эппитин Өйүк өйүгэр түһэр гына быһааран биэрэр. Киһитэ бэркиһээн баһын хамсатар: «Сүрдээх да дьон, сүрдээх да дьон!» – диэмэхтиир.
Нууччалар дьаһааҕы төлүөн сөптөөх аҕа ууһун ыалларын аҕаларын аатын ыйыталаһан суруйдулар. Уон ыҥыырдаах аты босхону эрэ үрдүнэн атыыластылар. Өйүк харыһыйа санаата да хайыай, биэрбэтэҕинэ даҕаны, ылан тэйэр буолуохтаахтар…
Сарсыарда баралларыгар Өйүк дьаһааҕы кыһын түүлээх булда бултаммытын кэннэ ыытыах буолан тылын биэрдэ.
* * *
Бекетов дьоҕус этэрээти тэрийэн, Лена устун хоту ыыппыта. Хоту диэки тоҥустар уонна дулгаан сахалар олорор сурахтарын истибитэ. Барбыт дьон өрүс төрдүн ааһан, хоту төһө кыалларынан ыраах тиийэн билэн-көрөн кэлиэхтээхтэр.
Кыырт уйатын таһыгар баар куһу сойуолаабат. Ол кэриэтэ Иван Галкин чугас олорор саха ыалын кытта үчүгэй сыһыаны олохтообута. Отторун-мастарын тиэйтэрэллэригэр, аттарын көрдөрөргө, ынаҕы ыатарга, тутууга эҥиҥҥэ сахалары үлэлэттэҕинэ табыллар. Онон чугас олорор ыаллартан дьаһаах хомуйбаттар. Дөксө оҕуруо эҥин биэрэн албыннаһа сатыыллар.
Сахалар маһы таҥастаан үлэлииргэ дьоҕурдаах үчүгэй үлэһиттэр эбит. Остуруогу тутарга кинилэри көмөлөһүннэриэхтэрэ. Хайыы үйэ маһын тастаран эрэллэр. Сахалар аты сыарҕаҕа көлүйбэттэр эбит. Оҕустаах сыарҕанан таһаллар.
Нууччалар Өйүк баайга ыалдьыттаабыттарын курдук, чугастааҕы улууска тахсан, үчүгэй сыһыаны көрсүбэтилэр. Мэҥэ баайа Босхоҥ Боруохал баатырдара сулумах ох дьолуотунан сойуолаан көрүстүлэр. Кинилэри куйахтаах стрелецтэр тимир саанан ытыалаан үрүө-тараа ыыттылар.
Петр Бекетов өрүс чугастааҕы арыыларын «биһиги ылабыт» диэн тылбаасчытынан этиттэрэн, саха баайдарыттан көрдөөн ылбыта. Сахалар онно сөбүлэспит курдук буолбуттара. Кинилэр ханна баҕарар оттуохтара. Сирдэрэ киэҥ.
Ол арыыларга промысловиктары оттотоллор. Кинилэр сайынын туос иллэҥнэр. Күһүн онно-манна бултуу тарҕаһыахтара. Нууччалар саха дьонун хомуйан, кэпсэтэн эмиэ оттотоллор.
Хаһаактар ыраах улууска баралларыгар элбэх ат наада. Өссө ынах атыылаһан, ыатан, үүт иһиэхтэрэ. Остуруок таһыгар улахан хотонноох саха балаҕанын, күрүө-хаһаа туттаран, онно ыанар ынаҕы туруорар санаалаахтар. Ол сүөһүнү эмиэ саха дьоно көрүөхтэрэ.
* * *
Петр Бекетов киис тириитэ кэһиилээх саха тойоно кэлбитин истэн, киэргэлгэ кэтэр таҥаһын таҥнан көрсө тахсар. Икки дьабадьытынан намылыйбыт бытыктаах, төрөл саха киһитэ нуучча тойоно тахсыбытын көрөн сүгүрүйэр. Икки өттүгэр турар киис тириитин түрбэтин ураҕас төбөтүгэр хороччу туппут арыалдьыттара эмиэ сүгүрүйэллэр.
Бекетов, утары кэлэн тохтоон, ыйытан, кэпсэтиини саҕалыыр.
– Эн кимҥиний диэн ыйытар, – Петрушка диэн ааттаах тылбаасчыта сахалыы саҥаран, кэпсэтиини салгыы тылбаастыыр.
– Аҕа ууһун баһылыга Лөгөй диэммин, – саха тойоно аатын этэр.
– Откуда приехали? – Бекетов эмиэ ыйытар.
– Бороҕон сириттэн.
– Входи, будешь гостем, – Бекетов дьиэ аанын диэки илиитин садьыс гыннаран ыҥырар.
Бекетов ыалдьыттарын дьиэҕэ киллэрэн, остуолга ас тартаран күндүлүүр-маанылыыр. Петрушка аттыларыгар олорон кэпсэтиилэрин тылбаастаан биэрэр.
Өрдөөҕүтэ Пенда кэлэн ааһарыгар үс саха уолун соҕуруу дойдуга илдьэ барбыта. Ол уолаттар Енисейскэйгэ аҕыйах сыл олорон, нууччалыы иҥнибэккэ кэпсэтэр буолбуттара. Иван Галкиҥҥа Ивашка диэн тылбаасчыт баар. Сүрэхтэнэн, христианскай итэҕэли ылынан, нууччалыы ааттаахтар.
– Ты, Логуй, скажи всем тойонам, кто придет к нам с ясаком, то будет дорогим гостем. А на тех, кто будет побивать наших казаков, мы пойдем войною и будем громить, – Бекетов оҕоҕо өйдөтөр курдук бытааннык саҥарар, сөмүйэтин чочоҥнотор.
– Тойон киис аҕалбыт дьону күндүлүөм-маанылыам диир. Оттон утарылаһар буоллахтарына, сэриилиибин диир. Тойотторго этиэҥ үһү, – диэн Петрушка тылбаастаан биэрэр.
Итинтэн салгыы Бекетов Лөгөйтөн ханна кимнээх олороллорун ыйыталаста. Ыалдьыт этэрин суруксут киһи кумааҕыга суруйар. Ону Лөгөй дьиибэргээн одуулаһар. Петр Бекетов төһө элбэх киһи олорорун, тойонноро төһө баайдааҕын, онно ханан барыахха сөптөөҕүн ыйыталаһар.
Баралларыгар Лөгөйгө алтан хочуолга оҕуруо кутан биэрдилэр. Илиитигэр суулана эриллибит кыра соҕус холуста таҥаһы туттардылар. Лөгөй онно үөрэн, уон ыҥыырдаах аты ыытыах буолла. Онон бэркэ тапсан, үчүгэй сыһыаны олохтоотулар.
* * *
Мымах баай Эҥсиэлиттэн киэҥ Туймаадаҕа киирэн, өр айаннаан, Өйүк баайга ыалдьыттыы кэллэ. Утары тахсан тэһиин тутан, бастыҥ сэргэҕэ түһэрдилэр. Атыттан түһэн, көһүйбүт сиһин көннөрөн тыыллаҥнаата.
Кини кыҥаттарыгар Хаҥаласка сылдьыбатаҕа өр буолла. Эдэригэр Хаҥалас баайын кыыһын сүгүннэрэн илдьибитэ. Онон хаҥаластар күтүөттэрэ. Сааһынан Өйүктэн биэс сылынан балыс.
Дьиэлээхтэр ыалдьыты кытта саха үгэһин быһыытынан хардарыта ыйыталаһан олох-дьаһах, сүөһү-ас, дьон-сэргэ, дьыл эҥин туһунан кэпсэттилэр. Сибиэҕэ ас тардыллан аһаары олордулар.
– Дьэ нууччалар кэлэннэр аҥаардастыы айбардаан эрэллэр дии. Миэхэ тахса сырыттылар. Киис хабалатыгар киирэн, дьоммуттан хомуйан биэриэх буоллум. Хайаан да ылан тэйэр урдустар кэлбиттэр быһыылаах, ылбатахтарына сүгүн олордуохтара суоҕа диэн, биэриэх буолан тылбын биэрдим. Хайыамый. Эн тылгын истээри кэллим, – Мымах санаата аймаммыта биллэр.
– Улахан тойонноро уонча киһилээх миэхэ кэлэн хонон барбыта. Хааннаах хайгыаны4 анньар санаалара суох дьон дии санаабытым. Сураҕа утарыласпат, көрдөөбүттэрин биэрэр дьоҥҥо сымнаҕастар үһү, – Өйүк аргыый саҥарар.
– Мин киис хомуйан баран дойдуларыгар төннүөхтэрэ дии санаабытым. Барыа суохтар. Мин утарыбар, өрүс уҥуор, кыстыыр дьиэлэрин оҥостоллор үһү. Аны өрүс арыыларын ылан оттотоллор. Онон сирбитигэр-дойдубутугар букатын олохсуйаары кэлбиттэр быһыылаах.
– Миигиттэн дьон аатын ыйыталаһан суруйан барбыттара. Эмиэ тугун баҕайыта буолла. Аҕаларын аатын эмиэ ыйыталлар.
– Биһиэхэ эмиэ суруйбуттара. Аны кинилэр хамначчыттара буоларбыт буолуо. Кэлэн иһэн Тулагыга Ханайга хоннум. Ханай оттуур ходуһабын былдьатан, отчуттарбын ыраах алааска таһаардым дии олорор. Улахан Арыыны аны Нуучча Арыыта диэн ааттыыр буолбуттар.