Литмир - Электронная Библиотека

Эһиилги сааһыгар Антон Добрынскай уонна Мартын Васильев диэн хаһаактар баһылыктаах отучча киһилээх этэрээт тэриллэн, ыраах баар Лена өрүс диэки айанныыр. Дьон чулуутун, хорсунун, сырыыны сылдьыа диэбиттэрин талан ыыталлар. Сорохторо саллан барбаттар. Чугас эргин сылдьан бэйэлэрэ бултуулларын сөбүлүүллэр. Арҕаа Сибииргэ холоотоххо, киис элбэх. Айаҥҥа турбут дьон Бүлүүгэ тиийээри саас эрдэ хаардаахха айаннаан, эрэй бөҕөнү көрөллөр. Ол да буоллар, сындалҕаннаах айантан толлубакка, хаайтарбакка, Бүлүү төрдүгэр тиийэн, Ленаны өксөйөллөр. Сахалар түөлбэлээн олорор сирдэригэр кэлэн кыстыырдыы оҥостоллор. Киис тириитин хомуйаллар. Ол хомуйалларыгар ыаллары түүрэйдииллэр, кыһарыйаллар. Кымньыыны да тутталлар. Ат хомуйаллар. Сэрэххэ кыракый остуруок туталлар. Ол аата, симиэбийэлэрин эргиччи киһи кыайан киирбэт гына, уһуктаах сонос баҕаналары кэккэлэччи туруортууллар. Онно саха дьонун тутан аҕалан үлэлэтэллэр.

Бу дьон кыстаан олордохторуна, сахалар маҥнайгы саалаах-сэптээх утарсыылара буолар. Сэтинньи ыйга аттаах, куйахтаах дьон кэлэннэр, оҕунан ытыалыыллар. Маҥнай чугас кэлбиттэрин тимир (үрэр) саанан ытан соһутан, үрүө-тараа ыыппыттар. Онтон икки хонон баран, тыаҕа тахсан мас тиэйэ сырыттахтарына, сахалар ыраахтан оҕунан ытыалаабыттар. Ол эрээри куттанан чугаһаабаттар. Кыһын устата, хаста да кэлэн сэриилээн, үс киһилэрин өлөрбүттэр. Уонча киһи бааһырбыт. Саас, астара бүтэн, аччыктаабыттар. Өрүс эстэрин кытта тута тэскилииллэр. Эмиэ эрэй бөҕөнөн айаннаан, аҥаардара эрэ ордон, дьонноругар тиийбиттэр. Мартын Васильевы кытта алта киһини Москваҕа ыыппыттар. Москваттан «саҥа экспедицияны тэрийэн ыытыҥ» диэн сорудах кэлэр. Сэриигэ туттарга түөрт уон куйаҕы, олохтоохтору мэҥиэлииргэ элбэх оҕуруону, дьоҕус алтан хочуолу, хорҕолдьун тэриэлкэлэри ыыталлар. Мартын Васильевы уонна Антон Добрынскайы хааһынаҕа аҕыйах түүлээҕи туттардылар диэн экспедицияттан туораталлар. Мартын Васильевы солбуйуохтаах Воин Шахов диэн киһи Мангазеяҕа отут аҕыс киһилээх кэлэр. Кинилэр кэлин Бүлүү төрдүгэр кэлэн симиэбийэ тутталлар. Мангазеяҕа бэйэтигэр даҕаны элбэх киистээх сиргэ барыахтарын баҕалаах дьон, кыра бөлөхтөрү тэрийэн, илин ыраахха диэри бара сатыыллар. Ол баран сорохтор сураҕа суох сүтэллэр.

Оттон Енисейскэйгэ Лена өрүскэ үөһээнэн быһа барар суолу көрдүүллэр. Илим, Кут үрэхтэр сүнньүлэринэн барар суолу булаллар. 1630 сыллаахха атамаан Иван Галкин этэрээтэ барар. Идирмэ үрэх төрдүгэр баар симиэбийэҕэ кыстаан баран, кини этэрээтэ 1631 сыллаахха саас Кут үрэх төрдүгэр кэлэр. Аал оҥостон Ленаны таҥнары усталлар. Иван Галкин этэрээтэ өрүс орто сүнньүгэр кэлэн, хара ааныттан сахалар утарсыыларын көрсөр. Онтон Аллан өрүс төрдүгэр тиийэн, өрүһү өксөйөр. Аллаҥҥа эмиэ утарсыыны көрсөр. Тимир саалаах, куйахтаах буоланнар, боҕутуннараллар. Хаһаактар баарыстаах, эрдиилээх кочаларынан устан өрүһү өрө-таҥнары сылдьан, дьон бөлөхтөөн олорор, суоллаах-иистээх сирдэргэ тохтоон, сахалар саамай баай тойонноругар тиийэн, киис тириитин көрдөөн ылаллар. Эдэр саха дьонун тутан аҕалан, эрдииһитинэн илдьэ сылдьаллар.

Төннөллөрүгэр Хаҥалас сиригэр тахсан дьаһаах хомуйа сылдьан, утарсыбыттарыгар эмиэ тимир сааларын тыаһаталлар. Оҕунан ытыалаһаллар. Ол сэриигэ хаҥаластар хас да киһилэрэ өлөр, бааһырар. Күһүөрү нууччалар өрүс уҥа өттүгэр кыстыырдыы тэринэн, саха балаҕанын таһыгар симиэбийэ тутталлар.

Ити сайын Иван Галкины солбуйа диэн, сотник Петр Бекетов этэрээтэ Лена өрүскэ кэлэр. Бу дьон Лена орто сүнньүгэр кэлэн бараннар, Иван Галкины көрсүбэккэ, бука, аллара диэки устубута буолуо диэн төннөн, өрүһү өксөйөллөр. Саҥаттан саҥа сири арыйар, дөксө элбэх киистээх сири булар иҥсэлээх санаа биир сиргэ олордуо баара дуо, суллуруһуу бөҕө буолар.

Бекетовтаах бүрээттэр олорор сирдэригэр тиийэн, күүстээх утарсыыны көрсөн төннөллөр. Салаа үрэх төрдүгэр кэлэн, кыра остуруок туттан кыстыыллар. Тоҥустартан аманааттары тутан дьаһаах хомуйаллар.

Кыстаан бараннар, саас, өрүс эстэрин кытта, Ленаны таҥнары устан, Иван Галкин олорор симиэбийэтигэр кэлэллэр.

Петр Бекетов симиэбийэни табыгаһа суох сиргэ туппуккут диэн сэмэлиир. Тыата олус чугас. Кэлэн саба түстэхтэринэ кутталлаах буолсу диир.

Үөһэттэн, мыраан үрдүттэн, өрүс хочото үчүгэйдик көстөр. Дьонун кытта сүбэлэһэн баран, аллара, өрүс уутуттан чугас, киэҥ аһаҕас сиргэ остуруок тутарга быһаарар. Чугас олорор эйэлээх сахалары көмөлөһүннэрэн, үлэтин саҕалаабытынан бараллар.

Иван Галкин аҕыйах хаһаагы кытта хомуйбут кииһин илдьэ Енисейскэйгэ төннөр. Онно кэргэттэрэ олороллор. Түүлээҕи уһаппакка-кэҥэппэккэ Енисейскэйгэ аҕалан хааһынаҕа туттарыҥ диэн кытаанах сорудахтаах этилэр.

Галкиннаах Бекетов этэрээттэригэр үксэ ох саалаах хаһаактар сулууспалыыллар. Кинилэр төһө да нууччалыы дьүһүннээх уонна тыллаах буолбуттарын иһин, түҥ былыргыга атын омуктар этэ.

Былыр Волга, Дон, Кубань өрүстэр эҥээрдэригэр хазардар диэн Азия түгэҕиттэн кэлбит омуктар, модун холбоһугу тэринэн, күннээн-күөнэхтээн олорбуттара баара. Ол олордохторуна, маҥнай Месопотамияттан үүрүллүбүт еврейдэр кэлэннэр икки үйэ устатыгар Каспийскай муора эҥээринэн хазардарга чугас олорбуттар. Ол олорон, эр-ойох буолан, булкуспуттар, дьүһүннэрин уларыппыттар, тойон-хотун өттө кинилэр итэҕэллэрин ылынар.

Алтыс үйэҕэ эмиэ Азия түгэҕиттэн күөрэйэн кэлбит түүрдэр Волга өрүһү туораабыттарыгар, хазардар утарыласпатахтар. Уруулуу тыллаах түүрдэри кытта дөбөҥнүк өйдөспүттэр. Түүрдэр баһылыктарынан Ашина аймаҕа буолара. Хазардар баһылыктарынан эмиэ Ашина аймаҕа буолар буолбута.

Түүрдэр Иккис каганаттара эстибитин кэннэ, 965 сыллаахха, Киев кинээһэ Святослав хазардар сэриилэрин урусхаллаабыта. Ол кэннэ уһун сукка оҕустаран, итэҕэлтэн сылтаан иирсэн, хайдыһан, хазардар мөлтөөбүттэр.

Онтон нуучча государствотыгар холбоһон, христианскай итэҕэли ылыммыттара. Хас да үйэ устатыгар төрүт тылларын умнан, олоччу нуучча тылыгар көспүттэрэ. Эр-ойох ылсан, тас дьүһүннэрэ эмиэ уларыйбыта. Былыргыта Азия омуктара буолалларын төрүт да умнубуттара. Бэйэлэрин хаһаактарбыт диэн ааттанар буолбуттара. Түҥ былыргы өбүгэлэрин хааннара тардан, акка олус сыстаҕастар. Сэрииһиттэр. Бэрээдэги соччо билиммэт дьон. «Мы – вольные казаки» диэн тыллаахтар. Былыргы өбүгэлэрин абыычайдарын тутуһан, атамааны таллахтарына, кымньыынан таһыйбыта буолаллар.

Төһө да нуучча тылыгар көспүттэрин иһин, былыргы өбүгэлэрин тыллара, хайдах биир эмэ хаалбат буолуой. Казак, атамаан, аманаат, ясыр, ямщик, караул, кандалы, балаган, башмак, балык, камыш, туман, барыш, орда, улус эҥин диэн былыргы өбүгэлэрин тыллара билигин даҕаны кэпсэтэр тылларыгар баар. Кинилэри үтүктэн нууччалар эмиэ оннук саҥараллар. Былыр-былыргыттан омуктар бииргэ алтыһан олорон, эргинсэн эҥин, тылларын байытыһаллар, уларыталлар даҕаны. Былыргы түүрдэр аҕаны ата диэн ааттыыллара. Хаһаактар атамаан диэн тыллара ити тылтан тахсар.

* * *

Арҕааттан икки аттаах киһи аргыый хаамтаран кэлэн, үөһэ кытылга тохтоото. Эдэрэ атыттан чэпчэкитик сулбу ыстанан, кырдьаҕаһын өйөөн түһэрэр. Кэтит түөстээх маҥан ат, дьигиһийэн ылаат, күкээрбит намчы окко төҥкөйөн, сымнаҕас уоһун ибирдэтэн, кэбийэн барар.

– Нохоо, аттары баайыма. Мин өр буолуом суоҕа, – Дыгын аҕа баһылык икки илиитинэн баттыалаан, көһүйбүт сиһин көннөрөр.

Кырдьаҕас киһи бытааннык хааман баадаҥнаан, кытыл хааһыгар кэлэн, сиргэ тайанан, аргыый түөһүллэн олордо. Икки илиитин тобугар ууран, киэҥ эрилкэй хараҕынан өрүһү одуулаата.

Улуу Эбэ үллэр үөһүгэр сыҥаһа долгуннар уһуу сырдаабыт күрүлгэннэрин кэккэлэрэ сырсаллар. Аллара кытыыга үллэ-үллэ тимиҥниир долгун хараарбыт кумаҕы өрө сүүрэн, үрүҥ күүгэннэри кытыыга сыҕайан таһаараат, төттөрү эҕириллэн эрдэҕинэ, иккис долгун саба халыйар. Силлиэҕэ долгуйбут улуу Эбэ кытылга хаайтарбыт абатыгар аймаһыйа быыппастан кытылы охсуолаан ньиллиргэтэр буоллаҕа. Тыал намыраатаҕына даҕаны, модун бэйэлээх таһаата түргэнник уоскуйуо баара дуо.

Дыгын кырдьаҕас манна кэлэн, Эбэ киэҥ киэлитин анааран, ыйыллыбыт санаата өһүллэн, кыараабыт көхсө кэҥээн, арыый уоскуйбут курдук буолла. Тыал эмиэ намыраан, тохтуох курдук гынна. Аргыс киһи икки аты тэһииниттэн тутан туран, кырдьаҕаһа ыҥырарын кэтэһэр. Кини тойонун арыаллаабыта уонча сыл буолла. Аҕа баһылык өрүс кытылын хааһыгар олорон, тоҥхоҥнуу-тоҥхоҥнуу ботугуруур быһыылаах – уоһа хамсыыр. Аҕа баһылык кырдьыбыт, баттаҕа муус маҥан. Буолумуна, быйыл сэттэ уон бэһис хаара.

4
{"b":"827516","o":1}