Күһүн үөрэх саҕаланыар диэри практикаҕа куорат таһынааҕы оройуоннарга барар буоллулар. Ираида Никоновна иккиэннэрин таҥастарын-саптарын тэри-йэн сүүрдэ-көттө. Кыргыттар иккиэн уопсайга миэстэ ылар буоланнар үөрүүлэрэ өссө үрдээтэ. Дойдула-рыттан суруктар элэҥнэһэн олороллор, үөрэххэ киир-бит оҕолордоох төрөппүттэр үөрүүлэрэ муҥура суох.
* * *
– Оо, оҕобут дьэ кэлээхтээтэ. Эйигин күүт да күүт. Төрөөбүт күнүҥ остуола бэлэм, – Людмила Доро-феевна Лилия кэлэн ааны звоноктаабытыгар үөрэ түстэ.
– Трамвайга наһаа элбэх киһи, олус анньы-һыылааҕын иһин биири көтүттүм ээ. Хата, дьээдьэ Игнат тулуурдаахтык күүппүт дии.
– Дьаһал оннук буоллаҕа. Кэлэн хааллаҕына мө-ҕүллүө дии, – Людмила Дорофеевна саҥа кэргэнигэр былаастааҕын балтыгар киэн тутта иһитиннэрдэ.
– Суумкаларбын илдьэ хаалла дии. Гаражка сыл-дьан баран киирэр үһү.
– Ама эн соһо сылдьыаҥ дуо. Туох иһин эр киһилэниэхпитий, доҕор. Чэ, суун-тараан, чэйдиэх-пит. Маамаҥ бырааһынньыктааҕы менюта манна көһөн кэллэ. Сибилигин телефоннуу сырытта, тэһий-бэтэх быһыылаах.
Сотору Людмила Дорофеевна кэргэнэ Игнат Иванович икки улахан суумканы сыһан-соһон, аҕылаан-мэҥилээн киирэн кэллэ.
– Эчи ыарахан да маллар, доҕор. Кыргыттар таһа-ҕастара өрүү элбэх буолар. Оттон Антоша спортивнай суумканы сүгэ-сүгэ барар-кэлэр дии, – Игнат Иванович көлөһүнүн туора сотто-сотто куукунаҕа уу иһэ тиэтэйдэ.
– Бу айылаах мааны кыыс баайа-дуола буоллаҕа. Рабкооп хотунун оҕотун отунан-маһынан оҥорбоккун. Игнат Иванович, чэ, сууна оҕус. Оҕобут төрөөбүт күнэ. Өссө билигин тыбыс-тымныы шампанскай иһиэхпит, – Людмила Дорофеевна суумкалар быылларын сото-сото хос диэки илдьитэлээтэ.
Остуолга олорон күө-дьаа кэпсэтэ-кэпсэтэ чэй-дээн бардылар. Людмила Дорофеевна дойдутун дьо-нун, аймахтарын сураһар. Лилия билэрэ да аҕыйах эбит. Игнат Иванович бэйэтэ да кэмчи саҥалаах-иҥэлээх киһи быһыылаах, саҥа күтүөт буолбут киһи билэрэ да аҕыйах буоллаҕа, оччо кыттыспат. Сэргээн иһиллээн олорор, сөп-сөп тыл кыбытан ылар. Сотору саалатыгар барда.
– Дьахтар киһиэхэ олус кэскилэ суох идэни тал-быккын. Оҕолоннуҥ да тохтууруҥ буолуо дии, үҥкүү-лээн куйаара сылдьыаҥ дуо, – Людмила Дорофеевна Лилия культурнай-сырдатар училищеҕа үҥкүү идэти-гэр туттарсар былааннааҕын соччо сэргээбэтин биллэрдэ.
– Эс, эдьиэй, ол кэргэн тахса охсор үһүбүн дуо. Сылдьа түһэр былааннаахпын. Эдэр сааспын төһө кыалларынан уһатыам ээ!
– Олус уһатар эмиэ куттала баар. Миигин, эдьиий-гин, көр даҕаны, сааһыран баран өйдөнөн олоҕу билэ сатыыбын. Кэмигэр, эрдэ дьаһаммытым буоллар оҕо уруу да баар буолуо этэ. Ханна баар тапталларын кэтээн олорбутум буолла?
– Таптал баар, эдьиэй! Киинэҕэ, кинигэҕэ сымы-йаны көрдөрбөттөр.
– Эчи, романтичнайгын. Эдэриҥ бэрт буоллаҕа-а. Чэ, үөрэххэ киирэриҥ туһугар, – Людмила Доро-феевна шампанскайдаах бакаалын өрө көтөхтө.
Людмила Дорофеевна, бэйэтэ эдэригэр олоҕун оҥостубакка оҕоломмотох буолан, балтын оҕолорун олус күндүтүк саныыр, бэрт кыраларыттан тэбис-тэҥҥэ бэрийсэр. Урут сайын уоппуската буоллар эрэ тыаҕа баран сайылаан, бырааттарын, балтын кытта бодьуустаһан астынан ахан төннөрө. Сыл – хонук. Аҕалара төһө да быраҕан бардар, Валя өһөс, туруу дьахтар буолан, оҕолорун атахтарыгар туруортаан эрэр. Уолаттар этэҥҥэ улаатан, дьиэ иһинэн-таһынан барыны бары кыайа тутар дьон буолан, ийэлэрин абыраабыттарыттан Людмила сэмээр үөрэр. Лилия аҕатын курдук көнө уҥуохтаах-арҕастаах, киһи хараҕар быраҕыллар кынталдьыйбыт бэйэлээх буола улааппыт. Сирэйинэн эмиэ аҕатыгар дылы сырдык. Ол оннугар уолаттар ийэлэрин хаанын батан хара барааннар, орто уҥуохтаахтар.
– Лилька, чэ билигин утуйан сынньан. Сарсын докумуоҥҥун туттара иккиэн барыахпыт. Хоскун бэлэмнээбитим, телевизор кытта баар.
– Эдьиэй, оттон эһиги саалаҕа таҕыстыгыт дуо?
– Оннук буолумуна икки киһи. Кыра хоско бап-паппыт. Итиитэ бэрт, аанньа да утуйбат буола сылдьабыт. Наһаа куйаарда, кыратык да ардахтаан сөрүүкэтэ түспэт ээ.
– Ээ, арба, маама эйиэхэ сээкэйи ыыппыта, – Лилия ийэтэ ыыппыт бакыат суумкатын эдьиийигэр туттаран кэбистэ.
Үчүгэйиэн куоракка кэлбитэ! Дьэ, итиэннэ Сарда-ҥаҕа төннөн да бэрт! Үөрэххэ кыайан киирбэккэ да хааллаҕына эдьиийин аахха олорон тугу эмэ үлэлиэ. Дойдутугар төнүннэҕинэ ферма диэки ыйан кэбиһэл-лэрэ чуолкай. Сарсын тугу кэтиэххэ, хайдах оҥос-туохха? Лилия суумкатыттан хас да суол сайыҥҥы таҥастары ылан өтүүктэнэргэ сананна. Куйааһа да бэрт, баттаҕын өрө таһааран бүрүчүөскэ оҥостон баран сылдьыыһы. Кулгааҕы үүттэтэ охсуохха баар эбит, көмүс ытарҕалар таах сытыахтара дуо.
Аан хоско телефон өрө тырылыыр тыаһа иһилиннэ.
– Лилька, туруупканы ыла оҕус эрэ. Маамаҥ эри-йэр, – Людмила Дорофеевна хос аанын өҥөйөн туран Лилияны ыҥырда.
– Маамуо-уо, хайа, тоҕо утуйбакка эрийэ сытаҕын?
– Эн хайдах тиийбиккин истэ иликпинэ уоскуйуом суох. Кыргыттарыҥ кэлэн бардылар, төрөөбүт күн-нүөхтэрин баҕарбыттар быһыылаах.
– Кэһэйдиннэр! Походка баралларыгар умнубутта-ра бэрт этэ. Зинка кэлэ сырытта дуо? Кимнээҕи батыһыннарбыт?
– Уля, Лена кэлсибиттэр.
– Хотонноругар барбакка тугу хаамса сылдьаллар? – Лилия походтан хаалбыт кыһыыта-абата өссө күөдьүйэн кэллэ.
– Аргыый эрэ, Лилька. Наһаалаама. Чэ, төрөөбүт күҥҥүнэн! Этэҥҥэ куораттааҕы дьиэҕин булбуккун, эдьиийдээх күтүөҥ тылларын истэ сырыт. Куорат Сардаҥа буолбатах, мээнэ дискотеканы кэрийимэ. Сэрэнэн сырыт, иһиттиҥ дуо? Мээнэ эрийбэтим буолуо, саҥа табаар бөҕө кэлэн эрэр. Мантан инньэ түүннэри ыскылаакка сылдьар буолуохтаахпыт, – Валентина Дорофеевна үгэһинэн кыыһын үөрэтэ-такайа сатаата.
– Сөп, маама. Барыта өйдөнөр. Сарсын эдьиэй-диин докумуон туттара барабыт. Үөрэхпэр бэлэмнэ-ниэм дии.
– Чэ, кытаат. Эдьиийдээххэ улахан бирибиэт. Ыыппыт таҥастарым сөп буолсулар ини. Кэлин этээриҥ. Бакаа!
Лилия таҥас өтүүктэнэрдии оҥоһунна. Куоракка, туттарсар училищетыгар – сарсын бастакы күнэ эбээт.
* * *
Таһырдьа сайыҥҥы ардах курулаччы кутар. Өр ардаабакка турбут халлаан, «дьэ тыыммын таһаарыам ээ» диэбиттии, аны тохтоло суох хаһыс да күнүн кутан салгыталаан эрэр.
Лилия бүгүн күнү быһа утуйан таҕыста. Уһуктуон баҕарар да кыаллыбат, минньигэс бэйэлээхтик утуйан бара турар. Эдьиийдээх күтүөтэ ханнык эрэ табаа-рыстарын даачатыгар үбүлүөйгэ барбыттара, кэлэллэрэ дуу, суоҕа дуу. Арааһа, Игнат Иванович аймахтарыгар быһыылаах. Людмила Дорофеевна «аны кийииттэрин сириэхтэрэ» дии-дии кичэйэн оҥостор-симэнэр быһыылааҕа. Быдан уларыйбыт ээ, наста-рыанньаламмыт. Лилия улам сэргэхсийэн турарга сананна. Киэһэ ырааппыт, сэттэ чааһы ааспыт эбит. Киһи эрэ буоллар бүгүн Игорь эрийбэтэ дии. Ли-лияны бииргэ туттарсыбыт уола сөбүлээн кэбиһэн училищеҕа сүгүн хаамтарбат. Өһөс уолчаан. Иккитэ-үстэ киинэҕэ сырыттылар, биирдэ дискотекаҕа баран кэлбиттэрэ. Кини эмиэ устудьуон буолла, дьэ арах-пакка сымала курдук сылдьыыһы быһыылаах. Лилия идеала буолбатах, уопсайынан үҥкүүһүт уолаттартан долгуйбат. Лилия хата бэйэтэ ыксыы сырытта, баала хапсыбакка хаала сыста быһыылаах. Игнат Иванович барахсан, көлөһүнүн туора сотто-сотто, сүүрэн-көтөн биэрдэ. Хантан эрэ даача түгэҕиттэн аптарытыаттаах преподаватели аҕалан дьыаланы көннөрдүлэр быһыы-лаах. Аны тыаҕа практикаҕа ыыта сатыыллар. Ханна эрэ ыраах, Өлүөхүмэҕэ. Эдьиийэ ыспыраапкалаһан училищеҕа өрөмүөн үлэтигэр хаалар буолла. Эчи, уһуна да бэрт, ыйы быһа бу үлүгэр ардахха-саппахха ханна баран иһиэй. Хата, ыыталлара буоллар, дьиэ-тигэр баран кэлиэ эбит. Ийэтин, убайдарын аҕынна ахан! Уолаттар билигин оттоон бүтэн киирэн сын-ньана сыттахтара. Сотору манна кэлэллэрэ да буолуо. Никитка үөрэнэр куоратыгар Дьокуускайтан көтөр, оттон Антоша убайа кыһыны быһа куоракка чугас сылдьыа. Убайдардаах буолан Лилия өрүү хайдах эрэ көмүскэллээхтик, эрэллээхтик сананар. Кинилэр эмиэ балтыбыт диэн ымманыйан ахан биэрэллэр.
– Хайа, сэгээр, Лилька, утуйа сытаҕын дуо? – диэбитинэн эдьиийэ хоско көтөн түспүтүттэн соһуйан эрэ хаалла.
Санааларыгар буолан дьоно киирэллэрин исти-бэтэх эбит.
– Эдьиэй, төһө бэрт бырааһынньык буолла?