Литмир - Электронная Библиотека

– Чэ сөп, аҕаа. Утуйа барыым, сибиэһэй өйгө кэпсэтиэхпит буоллаҕа, – Даша тоҕо эрэ аҕатыгар эрэ туһаайан эппитин өйдөөбөккө хаалла.

Ийэлээх аҕата кыыстарын батыһа көрөн хааллылар.

* * *

Даша уһуктубута, күнүс 3 чаас буолбут. Дьиэ иһэ уу чуумпу. Дьоно үлэлэригэр бардахтара. Баарыан сар-сыардааҥҥы өрө көтөҕүллүүлээх санаата арыый намыраабыт курдук. Үөрэххэ ыытардыы быһаарбыт-тар. Хайдах гыныах муҥа буоллаҕай? Оҕолоругар «миэхэ путевка булбуттар, онон үөрэххэ барабын» диир дуу? Кыргыттарын кытта былааннара элбэх этэ. Сотору сайылыкка тахсан үлэлээбитинэн барыахпыт дэспиттэрэ. Арай саамай чугас дьүөгэтиттэн Ольга-тыттан арахсарыттан санаарҕыы сылдьыбыта. Оля мэл-дьи «4», «5» сыанаҕа үөрэммит киһи, путевка ылара чуолкай этэ. Идэтин да талбыта ыраатта, эмчит буо-луон баҕарар.

Даша даҕаны учуутал буоларга бигэтик быһаарым-мыта. Бастаан нуучча тылын уонна литературатын үөрэтэр учуутал буоларым дуу дии сылдьан, үрдүкү кылаастарга тахсан баран төрөөбүт тылын, литература-тын үөрэтэр учуутал идэтин ылыан баҕарда. Ити, арааһа, кинилэр оскуолаларыгар кэлэн практикаларын барбыт саха тылын литературатын салаатыгар үөрэнэр устудьуонкалар сабыдыаллара быһыылаах. Үс эдэр-кээн, үчүгэйкээн кыргыттар үлэлээн барбыттара. Барыларын да ыра санааларыгар баар ырыаҕа ыллам-мыт, хоһооҥҥо холбоммут Сэргэлээх уопсайдарын олоҕун туһунан ыйыталаһан тахсыбыттара. Кыргыттар кэпсээннэриттэн Сэргэлээх өссө умсугутуулаах, дьик-ти кэрэ дойду буолан көстүбүтэ. Саха салаата ураты сылаас эйгэлээх, университет ханнык да факультетта-рыгар майгылаабат ис тыыннааҕын туһунан эмиэ эл-бэхтик истибиттэрэ.

Даша оҕо эрдэҕиттэн бэйэтиттэн кыралары кытта бодьуустаһарын, кинилэри үөрэтэ-иитэ, такайа сыл-дьарын сөбүлүүр. Пионерга киириэҕиттэн былдьаһык-таах баһаатай. Кылаас салайааччылара, оҕолор кылаас-тарыгар кинини аната сатаан оскуола ыстаарсай пионербаһаатайыгар Августина Захаровнаҕа сайаапка-лаһан биэрээччилэр.

Даша үөрэнэ бардаҕына бу сыллар тухары дьулуспут Сэргэлээҕэр олорон устудьуоннуур дьолго тиксиэхтээ-ҕиттэн бүтэйдии үөрэр, долгуйар. Арай, экзаменнарын этэҥҥэ туттаран киирэн хааллын. Республика араас оройуоннарыттан мустубут оҕолору кытта доҕордоһуо, саҥа дьүөгэлэр баар буолуохтара. Дьэ уонна «кинини» көрсүө дии, бу орто дойдуга ананан төрөөбүт аҥарын, олох үөрүүтүн-хомолтотун тэҥҥэ үллэстэр күндү доҕорун. Устудьуонка буолан таҥас-тыынсаптыын, дьүһүннүүн-бодолуун тупсан дойдутугар кыһыҥҥы-сайыҥҥы сынньалаҥар кэлиэ, ахтыһан-ахтыһан баран кылааһын оҕолорун кытта үөрэ-көтө көрсүө этэ.

Бэйи эрэ, оччоҕо ол кэпсэтиинэн ылыллыбыт пу-тевканы ылан туттарса барар дуо? Доруобуйатын туру-гуттан бэйэтэ да кыһыйа-абара саныыр, наар кини ыалдьан, сотору-сотору эмтэнэн тахсар. Бииргэ үөрэм-мит оҕолоро, учууталлара ону барытын билэллэр эрээри, син биир наар кини бары ыарахантан босхо-лонон иһэриттэн буруйдана саныыр.

Саалаҕа телефон тыаһаабытыгар Даша ойон таҕыста.

– Алло, Даша, дорообо. Маринабын.

– Дорообо, Марина.

– Бастатан туран, оскуолаҕын бүтэрбиккинэн!

– Баһыыба.

– Даша, эн өйүүн миэхэ киирээр. Сарсын оро-йуоҥҥа барабын, путевкаҕын аҕалыахтаахпын.

– Марина, оннук сатанар дуо? – Даша хайдах эрэ кыбыстан саҥата тахсыбат да курдук.

– Сатанымына. Икки эрэ «үстээххин» буолбат дуо. Райкомоллар да эйиэхэ үөрүүнэн биэрэллэр. Чэ, кытаат, – Марина, үгэһинэн ыксыы олорор быһыы-лаах, телефонун ууран кэбистэ.

Дьэ итиччэ райкомолу тиийэ аймаан баран путев-катын ыларыгар тиийбит буолбат дуо. Дьоно даҕаны күүһүнэн фермаҕа хааллаҕына хомойон бүтүөхтэрэ. Бэйэтиттэн да куттанар ээ. Оннооҕор биирдэ эбит почта мунньуллан хааллаҕына ийэтигэр көмөлөстөҕүнэ сиһинэн сыыллан хаалар. Ноҕоруускаланна да, сирэ-йэ-хараҕа иһэн, сиэркилэҕэ бэйэтин көрүнүөн баҕар-бат. Тоҕо да буулаабыт ыарыы эбитэ буолла?! Даша туран суунан-тараанан, дьоно кэлэллэригэр ас бэлэм-ниирдии тэриннэ. Хортуоска ыраастаан соркуой буһа-рыа. Ол иннигэр Оляҕа телефоннуурга быһаарынна.

– Оля-я, привет!

– Привет! Хайа, утуйбатыҥ дуо?

– Утуйдум, саҥа күөрэйдим. Доо, мин эйигин кыт-та Дьокуускайдыыр буоллум быһыылаах. Дьылҕам тосту уларыйан эрэр.

– Ура-а! Даша, наһаа үчүгэй дии. Ол аата хайдах? – Оля дьиҥинэн соһуччу сонунтан соһуйда, үөрдэ да быһыылаах.

– Сэгэрим, кэпсэтии ырааппыт. Комском Марина райкомоллартан путевка ылбыт. Сарсыарда ийэлээх аҕам эмиэ бэлэмнэммиттэр ахан, «лекциялыы» тоһуй-дулар. Бэйэҥ билэҕин, иннилэрин биэрэр санаалара суох.

– Сөп ээ, Даша… Ол иһин мин ийэм эмиэ соһуй да соһуй буолар. Хайдах Даша фермаҕа тулуйан үлэлиэҕэй диир.

– Вералаах Настя хомойоллоро буолуо. Үһүөн бииргэ сылдьыах буолбуппут, Хатыҥнаахха сайылыах-пыт, кыһын сэлиэнньэттэн чугас, үөһээҥҥи фермаҕа тылланыахпыт дэспиппит. Син биир кылааһынан ыыппаттар диэбиттэрин иһин бөлөхтөрүнэн тарҕаһар испииһэктээх этибит.

– Уой, наһаа үчүгэй! Иккиэн бииргэ сылдьыахпыт! Мин мантан киэһэ өссө бэлэмнэнэн уруок ааҕаары олоробун. Химиябын өссө чиҥэтиэм этэ.

– Айыкка, Оля, бүгүн сынньан ээ. Индийскэй киинэ кэлбит дииллэр дии, онно барар инибит.

– Барыахпыт. Дьэ дьикти, билигин улахан дьоммут. Төрөппүттэрбитин кытта бииргэ кулуупка, ханна баҕа-рар сылдьар бырааптаахпыт ээ. Өссө кулуупка үҥкүүгэ барыахпыт дии.

– Мин саамай онтон үөрэбин. «Хатыҥчааннар» ырыаларын дуоһуйа истиэхпит, оркестрынан үҥкүү-лүөхпүт.

– Арба, Даша, мин бу киэһэ сибидээнньэлээхпин. Улахан дьон буоллубут, көҥүл – биһиэхэ!

– Сеня дуо?

– Уонна ким үһү.

– Абыраммыт киһигин, истиҥник саныыр уоллаах-хын, – Даша дьүөгэтигэр чахчы ис сүрэҕиттэн ым-сыырар.

Олялаах Сеня ахсыс кылаастан доҕордоһоллор. Иккиэн бэйэ-бэйэлэрин олус сөбүлэһэллэр.

– Эн да аналлааҕыҥ ханна эрэ сырыттаҕа.

– Уой, Оля, биэс ааспыт. Ас астыахтаахпын. Чэ, көрсүөххэ диэри!

– Көрсүөххэ диэри, хата олус үчүгэй сонуну иһитиннэрдиҥ.

Даша түргэн-түргэнник туттан хортуоскатын ыраас-таан, этин сууйан-сотон, кырбаан электрическэй оһоххо уурда. Син биир туохтан эрэ санаата оонньуур. Бэҕэһээ үөрүүлээх линейкаҕа түөрт эрэ чахчы бас-тыҥтан бастыҥнар үөрэххэ барар путевканы ылбытта-ра. Төрөппүттэр бары кимнээх барар чиэскэ тикси-биттэрин истибиттэрэ. Дьэ онтон, эмискэ үлүгэр бэ-һис киһинэн эбиллэн, Даша барар буолан хаалар дуу. Биллэн турар, арааһы саҥарааччылар да көстүөхтэрэ. «Баар-суох бэрээдэктээх комсомолкалара чиэһэ, суо-баһа суох эбит» диэхтэрэ. Арай, ийэлээх аҕабар «туох эмит чэпчэки үлэ булан хаалабын» диэтэхпинэ. Фермаҕа ыыппаттара чуолкай быһыылаах. Итинник санаа булуммутуттан бэйэтэ да үөрэ санаата. Киэһээҥҥи аһа бэлэм буола охсон таһырдьа күүлэҕэ боруокка олорон сөрүүкүүргэ сананна. Күнү быһа күн көрөн, ас буһан дьиэтин иһэ итийэн хаалбыкка дылы.

Таһырдьа, куйаас арыый намырыйан, сөрүүн түһэн эрэр. Даша сайыҥҥы нуурал киэһэлэргэ ийэтиниин бу курдук күүлэ боруогар олорон арааһы кэпсэтэллэрин сөбүлүүр да буоллаҕа. Аны, тиэргэниттэн тэйэрин, дойдутуттан арахсарын туһунан санаатаҕына эмиэ дол-гуйуох курдук. Маннык ыраас салгыннаах, үтүө-мааны дьонноох дойду ханна баар үһү?!

Даша уонна сааскы кэми эмиэ олус сөбүлүүр. Ыам ыйыгар ыаллара бары, тиэргэннэрин, саһааннарын таһын ыраастаан, бөх уматаллар. Ол сыта кини сүрэ-ҕэр-быарыгар түһэр минньигэс буолар. Кыргыттар кылааһынан ньургуһуннаах халдьаайыларга тахсан хаартыскаҕа түһэллэр, тыллан эрэр айылҕа сытын-сымарын дуоһуйа тыыналлар.

Үлэ чааһа бүтэн дьон өрө-таҥнары хаамсан эрэл-лэр. Аны аҕыйах хонугунан окко киирии буоллаҕына сэлиэнньэ уу-чуумпу буола түһүөҕэ.

– Хайыа-ыа, тоҕо таһырдьа тахсан олордуҥ? – диэн соһуйа-соһуйа ийэтэ тиийэн кэллэ.

– Эһигини күүтэ таарыйа диэххэ дуу. Почтаҕыт бүгүн кэллэ дуу?

– Самолет кэлбэтэ ээ, аҕыйах телеграмма баарын тарҕатан баран бүттүм. Итиитэ бэрт, онно да сөп буоллум, – Евдокия Андреевна хаһыатынан сапсына-сапсына кыыһыгар сэргэстэһэ олорунан кэбистэ.

– Ийээ, Марина эрийэ сырытта, – Даша аҕата суоҕар ийэтигэр баарыан толкуйдаабыт былаанын үллэстэргэ сананна.

– Путевкаҥ кэлбит дуо? – ийэтэ сэргэҕэлии түстэ.

2
{"b":"821336","o":1}