– Өйүүн кэлээр диир. Ийээ, мин толкуйдаан көр-дөхпүнэ бастааҥҥыттан үөрэххэ направлениета суох эрээрибин, доруобуйам мөлтөҕүн биричиинэ оҥостон, оҕолортон хааларым сүрэ бэрт буолсу. Эн инньэ дии санаабаккын дуо? Арай мин манна хаалан, фермаҕа буолбакка, тугу эбит үлэлээтэхпинэ. Син биир «оскуола – производство – үрдүк үөрэх» девиһи кэспэт курдук.
– Да-аша-а, хайдах буоллуҥ? Үлэлиэн баҕалаах элбэх, саҥа кэлбит кийииттэр туох да үлэни булбакка дьиэҕэ олороллорун истэҕин буолбат дуо. Эн мантан баран хаалаҕын да бүттэ. Ким да буруйдаабат. Наай гыннар тыллаах муҥутаан Анньыыска ол-бу диэн чорбоҥнуу түһэн баран тохтуоҕа. Маҕаһыыҥҥа наар фермалары мөҕүттэн тахсар. Кыыһа үлэлии хаалар буолбат дуо? – ийэтэ саҥаран-иҥэрэн, кутан-симэн кэбистэ, бэриммэтэ биллэр.
– Вера үлэлии хаалар. Дьэ кырдьык кини ийэтэ, бодоруугаҕыт Анньыыска дойдуну толорор эбит. Дуунньа кыыһын күрэттэ диэҕэ.
– Диэтин, биһиги онно кыһаллыбаппыт. Аҕаҥ эйигин тэрийэн ыытаары уоппускатын ылан эрэр. Олорунан кэбистэххинэ хомойон бүтэр. Эйигиттэн кистиир, наһаа ыарытыйар иҥин буолла. Арыый кыа-нар, үлэлиир эрдэхпинэ оҕобутун үөрэхтии охсуохха диэн тыллаах. Чэ, дьиэҕэ киириэххэ, остуолбутун бэлэмниэххэ. Аҕабыт кэлэрэ чугаһаабыта буолуо, – Евдокия Андреевна ити темаҕа кэпсэтии бүппүтүн биллэрэн ойон турда.
Даша саҥата суох хаалла. Кырдьык, уулусса муннугуттан аҕата тахсан иһэрин көрөн, дьиэтигэр киирэн аһын-үөлүн тардыбытынан барда.
* * *
Бүгүн Дашаны совхоз комсомольскай тэрилтэтин кабинетыгар ыҥыран ылан үөрэххэ барар быраабы ылар направлениетын туттардылар. Комском Марина анаан-минээн тэрийбит, кылааһын салайааччытын Полина Тимофеевнаны ыҥырбыт. Иккиэн этэн-тыы-нан, алҕаан путевканы илиитигэр туттаран кэбистилэр. Даша туох да диэҕин тыла тахсыбакка хаалла. Эмиэ да дьүөгэтиниин Ольгалыын Дьокуускайдыырыттан, ыра санаатын ымыытынан буолбут Сэргэлээҕэр тиийэ-риттэн олус долгуйар, үөрэ саныыр. Ол эрээри бииргэ үөрэммит кылааһын оҕолоро туттарса баран эрэрин истэн улаханнык соһуйуохтарын санаатаҕына, хайдах эрэ ыксыы-ыгылыйа түһэр.
Даша, чэ, хайыай, махтанан, баһыыбалаан кабинет-тан тахсан дьиэтин диэки эрчимнээх хаамыынан дьулуруйда. Соруйан гыммыт курдук, аара суолга киһи бөҕөтүн көрүстэ. Бары тохтоон ханна үлэлии бараары сылдьарын ыйыталаһаллар, ханнык фермаҕа үлэлии хаалар ордугун сүбэлээччилэр эмиэ бааллар. Арай ийэтин кытта үчүгэйдик бодоруһар Борускуой: «Эн доруобуйаҥ олох кыайбат үлэтэ, ыанньыксыттыы барыма, олус кыһарыйдахтарына ньирэйдэ көр. Туох абааһы сокуона үөскээн оҕолору хотоҥҥо тэпсэллэрэ буолла», – диэмэхтээн, мөҕүттэн ылла. Даша дэлби ыксаата, бэйэтин тугу эрэ кистээн, уоран иһэр саарбах киһинэн ааҕынна. «Илдьэн төттөрү биэрэн баран хол-кутук сылдьыбыт киһи баар ини?» диэн санаалар кытта элэҥнээн аастылар. Ийэлээх аҕата хомойон бүтэллэр, кыһыны быһа биллибэтинэн-көстүбэтинэн сыраласпыт дьыалалара буолуохтаах. Ийэтэ секретарь Маринаҕа, оскуолаҕа да элбэхтик тиэстибитин таайа эрэ саныыр.
Даша бу күннэргэ дьиэтин үрдүн, истиэнэтин суу-йан-сотон бүтэрдэ. Түннүк сабыыларын сайыҥҥыга уларыталаата. Дьонун санаатын иһинэн бэрийэн эрэ бардаҕына холкутук сылдьыахтааҕын билэр. Үөрэххэ киирэн хааллаҕына, баҕар, күһүн дьиэтигэр кыайан кэлиэ суоҕа дии. Тута күһүҥҥү үлэҕэ ыыталлар диэн истээччи.
Аргыый таҥаһын-сабын хомунуон наада. Аҕыйах хонугунан айанныыллар ээ. Ольга оройуон киинигэр олорор эдьиийэ билиэттэрин ылыахтаах. Бүгүн ийэтэ, аҕата да эбиэттии кэлбэттэр. Ийэтигэр почта мун-ньуллубут, бу күннэргэ, ардахтаан самолет хас да күн кэлбэтэ. Аҕата барахсан, кыыһын тэрийэн ыытаары, дьоҥҥо мас эрбэтэн холтууралыы сылдьар. Онон бү-гүн Даша бэйэтигэр ойор күннээх оҕо саастыын бы-растыылаһыы күнүн анаан сылдьар. Туох да кыһалҕата суох ааспыт, ийэлээх аҕа итии тапталларынан угуттам-мыт оҕо саас дьоллоох күннэрин туоһулара хомуот аллараа дьааһыгар кичэллээхтик уурулла сылдьаллар. Дьиҥинэн бу хас да пачкаҕа холбуу тутуллан сылдьар хампыат сууларын, баһаам элбэх таҥастаах-саптаах кумааҕы куукулаларын, киинэ артистарын открытка-ларын бэрийэн көрбөтөҕө да ыраатта. Даша хампыат суулаах пачкалары муннугар даҕайбытыгар эриэккэс минньигэс сыт саба биэрдэ. Аргыый холбуу баайыл-лыбыт эрэһиинэтин устан, остуолга тэниппитэ эҥин араас ойуулаах-бичиктээх хампыат суулара ыһылла түстүлэр. Саамай тапталлаах «Белочката», «Буревес-тник», «Мишка косолапый», «Красная шапочка»… Ба-рылара араас түгэни кытта сибээстээххэ дылылар. Ол эрээри тоҕо эрэ ордук Саҥа Дьыл күлүмүрдэс күн-нэрин санаталлар, детсадын умсулҕаннаах утренник-тарын дьикти тыынынан илгийэллэр. Оттон бу кумааҕы куукулалар Дашаҕа өссө күндүлэр. «Мур-зилка» сурунаалыттан кырыммыт куукулалара олус кыраһыабайдар, Ольгатын кытта бэйэлэрэ да айбыт кыргыттара бииртэн биир кэрэлэр. Өргө да диэри кумааҕы куукулаларынан оонньообуттара, дьиэ-уот тутан, эмиэ кумааҕынан кырыйан таҥас-сап бөҕө-түнэн киэргэтэн астынар да этилэр. Атын дьүөгэлэ-ригэр пластмассовай, дьиҥнээх оонньуур куукулалар баар буолбуттарыгар ымсыырбыттара даҕаны. Оннук куукулалаах сорох дьүөгэлэрэ тыыттарбаттар да этэ, ыҥыран ылан баран ыраахтан көрдөрөллөрө. Даша дьиҥнээх куукуланы кууһан, аҕыйах да күн буоллар астына оонньоон ылбыттаах. Биирдэ аҕата үлэ бас-тыҥнарын мунньаҕар Дьокуускайдыыр чиэскэ тикси-битэ, дьэ онтон кыыһыгар куукулалаах кэлбитэ. Даша аҕыйах күн омуннаахтык оонньуу түһэн баран, ымсыырара бэрдин иһин Олятыгар уларсыбыта. Ону баара кыыһа ийэтин кытта маҕаһыыҥҥа бурдук атыылаһаары салааскаланан тойдонон барсан баран, тапталлаах «Настенькаларын» таһырдьа салааскаҕа умнан киирбитин, көрүөх бэтэрээ өттүгэр илдьэ баран хаалбыттар этэ. Даша онно хомойбутуон, мэктиэтигэр аанньа аһаабат буолбута. Аһыйбыта даҕаны. Билигин санаан сонньуйар. Хайыахтарай, Олятыгар кыратык куттуу, буугунуу түһэн баран, эмиэ уруккуларын кур-дук, кумааҕы куукулаларынан иллээх-эйэлээхтик оон-ньоон букунаһан барбыттара. Даша бу хаһаайысты-батын таһынааҕы ыалларын кыыстарыгар Ирочкаҕа бэлэхтиир санаалаах. Эмиэ хампыат суута мунньа са-тыырын, открыткаларга наһаа ымсыырарын сотору-тааҕыта билбитэ. Ийэтэ Роза үнүр кэпсээн эрэрэ, Ирочка кумааҕы куукула оҥосто сатыы-сатыы, онто сатамматыттан хомойон ытыыр үһү. Дьэ, үөрүө буол-лаҕа, эмискэ байа-тайа түһэриттэн. Дашаҕа ийэтин дьүөгэтэ Маайа соҕуруу курортан кэһиилэнэн кэлбит соломоттон оҥоһуллубут кыра корзината сылдьар. Бу дойдуга суох мааны иһит. Ыһыахха кыбына сырыт-таҕына үөлээннээх кыргыттара ымсыыран харахтара араҕааччыта суох. Даша Ирочкаҕа бэлэхтиирин бары-тын корзинаҕа сааһылаата. Таһырдьа тахсан ыалын тэлгэһэлэрин диэки көрбүтэ, оруобуна Роза сууйбут таҥаһын ыйыы сылдьар.
– Роза-а, дорообо! Ирочкаҥ ханнаный? – Даша үгэһинэн күүлэтин боруогар олорунан кэбистэ.
– Ол кыыс ханна эрэ сэлиэнньэ түгэҕин булла ини. Сөтүөлээри көҥүллэппитэ, күөлгэ бардылар дуу. Тоҕо ыйыттыҥ?
– Наадалаахпын, Ирочкаҕа. Кэллэҕинэ миэхэ ыытаар.
– Ол хотунуҥ эбиэтин көтүппэт. Кэлэн ааһыаҕа, этиэҕим. Хайа, хаһан Дьокуускайдаатыҥ? – Роза таҥаһын ыйаан бүтэн быар куустан туран кэпсэтэрдии сананна.
– Сотору барабын. Сололоох эрэ буолларгын, дьом-мор киирэ тураар эрэ. Ким да билсибэтэҕинэ, ийэм наһаа санааргыыр. Ыалдьыттаах ыал үчүгэй диэн тыллаах. Уой, эн тиэргэниҥ сибэккилэрэ үчүгэйдэрэ бэрт ээ, ситэн ырааппыттар дии. Ол оруосабай өҥнөөх нарын да нарын сибэкки биһиэхэ тоҕо эрэ суох ээ. Күн-дьыл ырааппыт дии, оҕолор сөтүөлээн эрэллэр эбит дуу, – Даша, быйылгы сайын түбүктэригэр үтү-рүйтэрэн, сөтүө кэмэ саҕаламмытын билбэтэҕиттэн соһуйда.
– Эбиэт буолбут, ас сылыттыахха сатаныыһы, – Роза дьиэтин диэки хаамта.
Даша эмиэ, ас бэлэмнээн эбиэттии түһэн баран, таҥас суунардыы тэриннэ. Куйаас күн буолбут, таҥас куурдарга ааттаах эбит. Киһи салгыах курдук ардахтаан да биэрдэ. Сууйар таҥастарын бэлэмнээн саҕалыах курдук сырыттаҕына, аҕылаабыт-мэҥилээбит Ирочка сүүрэн элэгэлдьийэн кэллэ. Күн уота харааччы сиэ-бит, харахтара эрэ оҕолуу тиэхэлээх уоттарынан чаҕы-лыҥнаһаллар.
– Даш-о, миигин ыҥырбытыҥ дуо? – Ирочка ыксыыр быһыылаах, биир сиргэ таба турбакка тэйиэккэлиир.
– Даа, кырасаабысса, ыҥырбытым. Эн манна күүт эрэ, билигин кэлиэм, – Даша дьиэтигэр киирэн корзинатын таһааран кыысчааҥҥа уунна.