Литмир - Электронная Библиотека

– Бу тугуй? Кимиэнэй? – Ирочка соһуччу киниэхэ тиксибит корзинатын хайа да өттүттэн тутуон билбэккэ эргичиҥнэттэ.

– Ирочка, эдьиий Дашаҥ улахан киһи буолла, оскуоланы бүтэрдэ. Сотору ыраах Дьокуускайга бара-бын. Бу эйиэхэ куукулалары, хампыат сууларын, от-крыткалары бэлэхтиибин.

– Миэхэ?! Куукулалар, открытка-а! – Ирочка ба-рахсан үөрүүтүттэн хайдах да буолуон билбэтэ, кыраһыабай корзина толору симиллибит барыта киниэнэ буолбутун итэҕэйбэтэхтии тэпсэҥнии түһэн баран, хата өй булан, «баһыыба» диэн тылын ыһык-таат, дьиэтин диэки дьиэрэҥкэйдээн хаалла.

Даша аны хаһан да эргиллибэт оҕо сааһа Ирочка сибэкки ойуулаах сиидэс былаачыйата тэлээрэ турбутун кытта ыраах-ыраах барбытын саҥата суох сайыспыттыы көрөн хаалла…

* * *

Лилия уһуктуон наһаа баҕарар да, утуйар барахсан мип-минньигэс абылаҥа баһыйан кыайан турбакка өөр-өр сытта. Остуол чаһыытын хараҕын кырыытынан көрбүтэ, таайбыт курдук, бириэмэ ырааппыт. Дьиэ иһэ-таһа толору киһи быһыылаах, кэпсэтии-ипсэтии, күлсүү-салсыы ырааппыта иһиллэр. Оскуоланы бүтэ-рии банкета бүгүн дьиэлэригэр салҕанар. Ийэтин идеята. Халлаан куйаас, ардаҕа суох буолан быраа-һынньык остуолун таһырдьа тэлгэһэҕэ тарда сылдьал-лар. Бурдук ас бөҕө буспут, собо ыһаарыламмыт бы-һыылаах. Кини ийэтэ бырааһынньыктары дьэ кыайа тутан оҥорор. Тэрээһинин кыайар диэххэ наада, дьүө-гэлэрэ, көннөрү билсэр да дьахталлара былдьасыһа-былдьасыһа көмөлөһөргө дылылар. Тоҕо олус улгумнук кэлэллэрин Лилия билээхтиир – ийэтэ олохтоох раб-коопка товароведынан үлэлиир. Биирдэ эмэтэ табаар кэллэҕинэ универмаг уҥуох тостор унньуктаах уһун уочаратыгар, күҥҥүн бараан да турбутуҥ иһин, туга да суох хаалыахха сөп. Лилия ийэтигэр Валентина Доро-феевнаҕа сатаан сыһыаннаһааччылар сөп-сөп араас дефициккэ эрэйэ суох тиксэллэр.

Лилия уһугуннар-уһуктан дьэ сэргэхсийэн турарга сананна. Бэҕэһээ киэһэ уоран дьүөгэлэрин кытта шам-панскай испиттэрэ төбөтө дэлби ыалдьыбыт эбит. Оскуолаҕа, саараан-саараан баран, арыгыта суох ос-туол тэрийбиттэрэ, онон Лилия, ийэтин хаһааһын билэр буолан, хас да шампанскайы «күрэппитэ». Бүгүн билэн айманар буолуохтаах. Тугу таҥнарын толкуйдаан эрдэҕинэ, ийэтэ киирэн кэллэ. Дьэ киэргэммит, баар суох көмүһүн бары иилиммит, саҥа ылбыт розовай көстүүмүн кэппит.

– Чэ, Лилька, тур эрэ. Ыалдьыттар кэлбиттэрэ ыраатта. Остуолга олоруохха, – ийэтэ кыыһын атты-гар кэлэн ороҥҥо олордо.

– Маама, эмиэ наһаа элбэх киһини ыҥырбыккын быһыылаах. Киһи дэлби сылайан сырыттаҕына, – Лилия, атаахтыан санаан кэлэн, оронугар сытынан кэбистэ.

– Чэ, чэ, тулуй биир киэһэни. Бары наадалаах дьон. Ханна үлэлии бараргын ыйыталастахтарына «Кырдал» ферматыгар барабын диэн ис.

– Онтон биир үтүө сарсыарда күрээн хаалабын дуу? – Лилия ийэтигэр сыһынна.

– Күрээминэ, соҕотох кыыспын хотоҥҥо умса анньан биэриэ суохпун. Кимиэхэ да дакылааттаабакка куораттаан хааллыҥ да бүттэ. Направлениеҥ райко-молга бэлэм сытарын билэҕин буолбат дуо, – дии-дии Валентина Дорофеевна ойон туран сиэркилэ иннигэр эргичиҥнээтэ.

– Тугу кэтэбиний? – Лилия бүгүҥҥү бырааһын-ньыкка хайдах таҥнарын быһаарына сатыы олордо.

– Хаартыскаҕа түһүөхпүт, бальнай былааччыйа-ҕын кэт.

– Эс, сыбаайбалаан эрэр киһиэхэ дылы маҥан таҥаһынан олоробун дуо.

– Олорумуна. Былааччыйаҥ барыларыттан кыра-һыабай этэ. Бэҕэһээ маамаҥ киэн туттан бөҕө. Уолат-тар бары эйигин одуулаһаллар быһыылааҕа.

– Ол миэхэ наада диигин дуо? Ити сыыҥтарын соһо сылдьар дьону этэҕин дуо? Куораттан булуом, уол оҕо талыытын, – Лилия былааччыйатын кэтэ-кэтэ күлэн сатарытта.

– Чэ, аргыый, улаханнык саҥарыма. Ыйааҕыҥ би-лиэ, ким кэргэнэ буоларгын, – Валентина Дорофеев-на үөһэ тыынан ылла.

– Маама, эн ыалдьыттаргар бар. Мин сирэйбин-харахпын көннөрүнэ түһэн баран тахсыам, – Лилия туалетнай остуолугар олорон хаалла.

Сотору дьиэ иһигэр уу чуумпу буола түстэ. Ийэтэ тахсан дьаһайда быһыылаах. Лилия тахсыбыта тэлгэ-һэҕэ тардыллыбыт остуолга бары орун-оннуларын булан олорбуттар. Биллэн турар, киһи үөйбэтэх-ахты-батах дьоно бары бааллар. Олохтоох сэбиэт председа-телэ Тарас Данилович кэргэнинээн, совхоз парткома Дмитрий Егорович эмиэ кэргэнинээн, олохтоох врач Елена Викторовналыын иҥин… Кулууп директора Алла Афанасьевна биэчэри иилээн-саҕалаан ыытта. Дьон бары тура-тура Валентина Дорофеевна маанылаан улаатыннарбыт, кэрэ сибэкки аатын биэрбит Лилията, кырдьык да хайдахтаах кыраһыабай кыыс буола улааппытын, оҕо эрдэҕиттэн олохтоох кулууп киэргэлэ буолбут үҥкүүһүт кыыс культура үлэһитин идэтин талара саамай сөптөөҕүн туһунан эттилэр. Ким да «оскуола-производство-үрдүк үөрэх» диэн девиз тыл-ларын ахтыбата. Бары таайан, билэн олордохторо эбээт, Валентина Дорофеевна туох иһин кыыһын фермаҕа ыыппатын.

– Күндү табаарыстар, мин аҕыйах тылы эмиэ этиэхпин баҕарабын. Алла Афанасьевна мин баарыаҥ-ҥыттан илиибин ууна сатыырбын ончу көрбөт курдук туттар, – дии-дии универмаг сэбиэдиссэйэ Христина Григорьевна, уһун күөкэгэр моонньун үөрүйэх бэйэ-лээхтик хамсатан, туран кэллэ.

– Баһаалыста, Христина Григорьевна. Үөрүүнэн истэбит, – тамада көҥүллүүр саҥата иһилиннэ.

– Биһиги универмаг дьоҕус коллектива оҕобутугар кыра бэлэхтээхпит. Лилиябыт аны улахан киһи буолла, кини кэрэтин, кыраһыабайын бу кыһыл көмүс ытарҕа уонна кулон тупсаран, ситэрэн-хоторон биэриэхтэрэ диэн эрэнэбит, – диэн баран Христина Григорьевна Лилияҕа дьоҕус бархат хоруопканы туттаран кэбистэ.

Лилия омуннаахтык үөрэн-көтөн хоруопканы аһа баттаабыта… рубин таастаах ытарҕа, сүрэх быһыы-тынан оҥоһуллубут кулон килэбэчиһэ сыталлар!

– Баһыыбаларыҥ, универмагтар, – Лилия атыы-һыт дьахталлар олорор сирдэрин диэки туһаайан илиитинэн далбаатаата. «Көмүһүм элбээтэ ээ. Үнүр ийэтэ эмиэ уруккуттан аныы сылдьыбыт хас да суол киэргэллэрин бэлэхтээбитэ. Кулгааҕы үүттэтэ охсуохха наада». Лилия улам-улам бу остуолга буола турар кэп-сэтииттэн хайдах эрэ сылайан наар атыны саныыр буолан барда. Барытын этэн-тыынан бүттүлэр, өрүсү-һэ-өрүсүһэ ону-маны атыны кэпсэтэллэр. Сэбиэт, оннооҕор партком холуочуйа быһыытыйдылар. Лилия саҥата суох ойон туран дьиэҕэ киирдэ. Кылааһын кыргыттара, дьүөгэлэрэ тугу гыналлара буолла? Саатар аҕыйах кыыһы ыҥыртаары гыммытын ийэтэ буолум-матаҕа, «сэлиэнньэҕэ тыл-өс тарҕаныа» диэн бобон кэбиспитэ.

Саамай бодоруһар Зинатыгар эрийэргэ сананна. Туруупканы аҕата Павел Николаевич ылла.

– Павел Николаевич, Зинаны ыҥырыаххыт дуо?

– Лилькаҕын дуо? Хайа эн тоҕо олороҕун, кыыһыҥ суола сойбута. Уолаттар кэлэн илдьэ барбыттара, походтуу барабыт диэбиттэрэ дии.

– Походтуу?! – Лилия соһуйан олоро түһэ сыста.

– Эн бараргытын билбэтэҕиҥ дуо? Зина сарсыар-даттан алаадьылаан турбута дии.

– Ээ, билэбин-билэбин. Чэ, бакаа, – Лилия кы-һыытыттан-абатыттан сирэйэ кубарыс гынна.

Даа, собус-соруйан хаалларан барбыттар. Бүгүн да буолбакка, сарсын походтуохха эмиэ сөбө. Староста Лида собус-соруйан, санаатыгар Владиктан көҥөнөн биллэрбэтэх. Зина дьүөгэ да буолаахтаан, эппэккэ эрэ барсан хаалбыт. Телефоннуу сатаабыта буолуо да, дьоно «утуйа сытар» диэн биэрбэтэхтэрэ чуолкай. Бэҕэһээ шампанскайга үмүөрүһэллэрин саҕана албыннаһан дьикти этилэр. Чэ, сөп, куорат кыыһа буолан кэлэн кыһын иэстэһиэм! Сорох-сорохторгутун кытта дороо-болоһорум да саарбах. Хотон сытынан аҥылыйан көрсүөххүт буоллаҕа! Лилия дьиҥинэн ис-иһиттэн кыһыйан-абаран, хараҕын уута халыс гыммытын өйдөөбөккө да хаалла. Ол эрээри бэйэтин илиитигэр ылан, туох да буолбатаҕын курдук туттан-хаптан, таһырдьа ыалдьыттарыгар төнүннэ. Дьоно кинини эрэ умнубуттар быһыылаах, партком аан дойду полити-катыгар тугу эрэ куолулуурун истэ ахан олороллор. Сорохтор дьиэлээбиттэр, биллэрдик аҕыйаабыттар.

Лилия убайдарыгар Антоҥҥа, Никитаҕа чугаһаата. Уолаттар тугу эрэ омуннаахтык кэпсэтэ олорон балтыларын диэки хайыһа түстүлэр.

– Хайа, Лилька, санааҥ тоҕо түстэ, – улахан убайа Антон балтын диэки тургутардыы көрөн ылла.

– Тоҕо инньэ дии санаатыҥ, Антоша, наһаа үчүгэй настарыанньалаахпын, – Лилия убайа өтө көрө охсорун сөҕө саныы-саныы мэлдьэһэ сатаата.

– Ким билэр, мин көрдөхпүнэ наар атыны саныы-гын, мантан ыраах бааргын. Биһиги эмиэ күрүөхпүтүн саныы олоробут. Бу киһи «Кырдалга» кыыска бара сатыыр, – Антон быраатын Никита диэки төбөтүнэн иҥнэх гынна.

4
{"b":"821336","o":1}