Үчүгэй концеры көрөн астыммыт дьон наҕыллары-гар түһэн чэйдиирдии тэриннилэр.
– Лилия, ыл индийскэйгин өссө үҥкүүлээ. Манна туран үҥкүүлэһэ сыспыт Шаши Капурдар бааллар, – райкомол бэрэстэбиитэлэ уол күлэ-күлэ хараҕынан имнэнэр.
– Чэйдии охсуҥ, күн үчүгэйэ бүттэ. Аны бары ин-дийскэйдии хатыҥ быыһыгар түһүөхтэрэ, – күүлэйи салайан ыытааччы, Күрүөлээх отделениетын управ-ляющайа Кирилл Максимович кырдьык-хордьук ык-саабыттыы эппиэттэһэр.
Ити курдук күүлэй кыттыылаахтара бэйэ-бэйэлэ-рин хаадьылаһа-хаадьылаһа хааллылар. Кулууптар ав-тобустарыгар олорон Сардаҥаларын диэки айаннаатылар.
* * *
Бүгүн от ыйын 10 күнэ, Лилия төрөөбүт күнэ. Урут бу күн Валентина Дорофеевна эмиэ кыыһын дьүө-гэлэрин ыҥыртаан остуол тардар буолара. Сыл аайы үгэс буолан хаалан кылааһын кыргыттара ыҥырта-рыыта да суох мустааччылар. Валентина бүгүн кыы-һын ыксатан куоракка атаарда. «Саҥа сиргэ, эдьиийиҥ аахха төрөөбүт күҥҥүн ылаар», – диэн буолла. Хата аккаастаммата, сып-сап хомунан барда ээ. Улахан дьиэтигэр суос-соҕотоҕун хаалбыта хайдах эрэ эбит, арааһа, бастаан баҕас чуҥкуйууһу. Уолаттар тэлгэһэлэ-риттэн тэйбиттэригэр тоҕо эрэ олус долгуйбатаҕа, кыыһа барбыта соччото суох буолсу. Ол эрээри Ва-лентина Дорофеевна оҕолорун үһүөннэрин этэҥҥэ улаатыннартаан, санаа хоту үөрэхтээн эрэриттэн ас-тына саныыр. Оҕолорун аҕата, кэргэнэ Захар, дьахтар-га аралдьыйан арахсан барбыта. Улахан уол бэһискэ үөрэнэр этэ. Бэйэтин оҕолорун тыыннаах тулаайаҕа оҥортоон барбыт аньыытыгар буолуо, анараа дьахта-рыттан оҕоломмотоҕо. Ханна эрэ хоту олорор сурах-тара иһиллэр. Уолаттара улаатан эрэллэрин сэрэйэн, биир кэмҥэ суруйар буола сылдьыбыттаах. Кырдьар сааһыгар билсиэн, аҕа буоларын биллэриэн баҕарбыта быһыылааҕа. Үһүөн өсөһөн хаалбыттар, аатын да аат-тыахтарын баҕарбаттар. Валентина бэйэтэ да хомой-бута, кэлэйбитэ ааспата, төһө да кэлэн ааттастын, аанын боруогун атыллатар санаата суох. Уолаттара, хата, этэҥҥэ улаатан, элбэх эрэйэ суох үөрэх суолун тутуспуттарыттан сэмээр үөрэр. Кыыс атаахтаан хаал-ла, үөрэҕин нэһиилэ «ортонон» бүтэрдэ. Хата, айылҕа үҥкүүлүүр талааны биэрбит, үөрэххэ киирдэр эрэ килиэбин булунар идэлэнэр ини. Үчүгэй эрэ киһиэхэ тахсан сынньалаҥнык олордор. Куоракка кыыһын эдьиийин аахха олордор кэпсэтиилээх. Эдьиийэ Люд-мила сааһыран баран, дьэ, кэргэн тахсан олорор. Кү-түөтүн, эчи, көрө да илик. Уолаттар кэпсииллэринэн, куһаҕана суох киһи быһыылаах. Огдообо үһү.
Валентина Дорофеевна хайдах эрэ тэһийбэккэ-тулуйбакка дьүөгэтигэр Татьянаҕа тахса сылдьаары, ханна эрэ шампанскайдааҕын санаан, ону-маны хасы-һан эрдэҕинэ, күүлэҕэ кыргыттар күлсэр саҥалара иһилиннэ, атах тыаһа топ-тобугурас буола түстэ. Валентина кимнээҕин билэ охсоору ааны аһа баттаа-быта Лилька дьүөгэтэ Зина, эмиэ биир кылааска үөрэммит кыргыттарын Уляны, Ленаны кытта кэлэн тураллар эбит. Хонуу сибэккититтэн оҥоһуллубут букеты туппуттар, туох эрэ суулааҕы кыбыммыттар.
– Лилька? – Зина дорообото-дыраастыйа суох соһуйбуттуу көрөн турда. Анараа кыргыттар, сыл аайы бу күн саалаҕа тардыллар мааны остуолу булан ылбакка, бэйэ-бэйэлэрин көрсө турдулар.
– Барбыта, ыраах, – Валентина Дорофеевна кыр-гыттар ыйытардыы көрбүттэриттэн хайдах эрэ ыксаан ылла.
– Пахай, эппэккэ барар эбит дуу. Дьэ эмиэ бодо-рууга дии. Өйүүн «Кырдалга» көһөбүт ээ, үлэлии. Оччоҕо кини Дьокуускайга барда дуо? – Зина чахчы хомойон сөҥүөрэн турда.
– Дьокуускайга… Үөрэххэ киирбэтэҕинэ даҕаны манна кэлбэт. Онно эдьиийигэр доҕор буолуо, ыарытыйар ээ, – диэн сымыйалаан барбытыттан Валентина Дорофеевна бэйэтэ да соһуйда.
Кыргыттар тугу да саҥарбакка, тэпсэҥнэһэ түһэн баран, тахсан бардылар.
* * *
Дашалаах Оля малларын сыһан-соһон түөртээх ав-тобустарын дьэ буллулар. Эчи итиитин, ончу салгын хантан да илгийбэккэ дылы, автобуска киһи элбэҕиин! «Автобуска уопсайынан элбэх киһи ортотугар киир-дигит да сэрэнээриҥ, сээкэйгитин таах сойботон ылыахтара» диэн ийэтэ ыаллара Розалыын сэрэппит-тэрэ. Автобус саамай кэннигэр суумкаларын чохчо-лоон баран тура тэбинэн айаннаатылар. Куорат киинин диэки чугаһаатахтарын аайы дьон эбиллэн, өссө эбии «лыык» курдук симиллэр буоллулар. Даша улахан кылаастарга үөрэнэ сылдьан балыыһаҕа көрдө-рүнээри куоракка син өр буолбуттаах, онон ханнык тохтобулга түһүөхтээхтэрин билэр. Дьокуускайга түһэр чугас ыала суох, онон туттарсар кэмиттэн саҕалаан уопсайга миэстэ туруорсуохтаах. Сарсыҥҥа диэри Олятын дьонугар барсан хонуохтаах. Куорат ыала хайдах көрсөллөрө биллибэт. Оля барахсан «долгуйума, биир хонор киһини туох да диэхтэрэ суоҕа» диэхтиир да, бэйэтэ да дьиксинэ саныыр буолуохтаах.
– Оля, бэлэмнэниэххэ, Орджоникидзе болуосса-тыгар түһэр эбиппит. Петр Алексеевпыт уулуссатыгар хайдах эмэ сатыы киириэхпит.
– Абыт-ууй, бу үлүгэри соһон өссө сатыылыыбыт дуо? – Оля атаҕынан тэбэн суумкаларын аан диэки сыҕарыталыы турда.
– Хайыахпытый, дьол көрдөһө, үөрэхтэнэ кэлбит дьон, – Даша икки суумкатын эр-биир илиитигэр ылаттаан, тахсар аан диэки дьулуруйда. Хата, элбэх киһи түһэр буолан, кэм холкутук таһырдьаны буллулар.
Кыргыттар итииргээбиттэрин, сылайбыттарын өссө күүскэ биллилэр. Түргэнник дьиэни була охсубут киһи диэн санааланан аадырыстаах сирдэрин диэки хайыс-тылар. Даша дьиэлэрэ «автобус тохтобулун кэннигэр диэн ыйыылааҕыттан» үөрэ санаата. Оля куоракка аан бастаан үктэммит киһи сиэринэн төбөтө эргичиҥнээн олордо, сонурҕаабыттыы көрөр-истэр, барыттан бары соһуйда-өмүрдэ.
– Оля, бу дьиэ эбит. Квартирабыт да алтыс, иккис этээс диэтиҥ этэ дии, – Даша аадырыстаах кумааҕы-тын тэлимнэппитинэн биэс этээстээх таас дьиэ бастакы подъеһын диэки сорунуулаахтык хаамта.
– Дьонум баар буолуохтаахтар, даачалаахтар эрээ-ри, – Оля хайдах эрэ сэрэнэ соҕус туттарыттан-хаптарыттан Даша ыксаан ылла. «Таах сибиэ, ыалга кыбылла сатаан. Уопсай диэки бара турбаккабын» диэн санаа кылам гынан ааста.
Иккис этээскэ тахсан, алтыс квартираларын буллу-лар. Оля звоноктаата.
Тыаһатааттарын кытта, кинилэри эрэ кэтэһэн турбут курдук, чэпчэки атах тыаһа аан диэки кэллэ.
– Оо, Олечка! Дорообо, тоҕойуом, – орто уҥуох-таах, намчы көрүҥнээх саас ортолоох дьахтар Оляны кууһа көрүстэ. Онтон Дашаны соһуйбуттуу көрөн-истэн ылла.
– Тетя Ида, бу саамай чугас дьүөгэм Даша, сарсын уопсайга барыахтаах, – Оля ыксаабыттыы түргэн-түргэнник саҥаран быһаарыста.
– Чэ, ааһыҥ-ааһыҥ, оҕолор. Суунуҥ-тарааныҥ, уоскуйуҥ, онтон чэйдиэхпит, – Ираида Никоновна, Даша билбэтэ бэрт буолан, хараҕар оҥорон көрбү-түнээҕэр, эйэҕэс-сайаҕас, сэргэх буолан үөртэ. Кыр-гыттар иккиэн да санныларыттан туох эрэ сүгэһэри түһэриммит курдук үөһэ тыыннылар.
Ваннай хоско киирэн сирэйдэрин-харахтарын суу-нан сэргэхсийдилэр. Саалаҕа киирэн сымнаҕас кириэ-һилэлэргэ олорунан кэбистилэр.
– Оля, эн Ираида Никоновнаны эдьиийим диэби-тиҥ этэ дуо? – Даша бу ыалга хоно кэлэн олоруор диэри чуолкай билбэтиттэн бэйэтэ бэйэтин сэмэлэнэ санаата.
– Эчи суох, эдьиийим буолбатах. Оннук эбитэ буоллар, ончу да куттаныам суоҕа этэ. Маамам усту-дьуон сыллардааҕы дьүөгэтэ. Кэргэнин Вадим Елисее-вичтыын эмиэ бииргэ үөрэммиттэрэ. Хас да сыллаа-ҕыта сайын кэлэ сылдьыбыттара дии.
– Аа-аа, өйдөөтүм. Уол оҕолоохтор быһыылааҕа дии, – Даша биир сайын Олялаахха уонча хоммут куорат ыалын өйдөөн ылла.
– Кыргытта-ар, кэлиҥ эрэ, чэйдиэҕиҥ, – Ираида Никоновна куукунаҕа ыҥыртаата. Хаһаайкалара сайа-ҕас буолан кыргыттар да сэргэхсийдилэр, дойдуларын олоҕун-дьаһаҕын, ханна туттарсар былааннаахтарын кэпсии-ипсии олордулар.
– Маама суолун батыһар киһи эбиккин дии, Олечка. Чэ, кытаат. Эн, ыал улахан оҕото, үөрэххин бүтэрэ охсон, маамаҕар көмөлөһүөххүн наада. Таах да уһун үөрэх биһиэнэ, – Ираида Никоновна медицин-скэй факультекка үөрэнии киһиттэн чахчы улахан ба-ҕаны, дьулууру эрэйэрин санатан кэпсээн-ипсээн ылла.
Кырдьык, Оля билигин ийэтигэр саамай кылаабы-най, көмө киһи. Хас да сыллааҕыта аҕалара массыына саахалланыытыгар түбэһэн күн сириттэн күрэниэ-ҕиттэн быр бааччы олорбут ыал кыһалҕалара элбээ-битэ. Аҕалара Борис Дмитрьевич математика учуута-лыттан саҕалаан оскуолаҕа завучтаан испитэ. Оля ийэтэ Лариса Саввична үөрэҕин бүтэриэҕиттэн дойду-тун балыыһатыгар педиатрдыыр. Даша доруобуйатын туһугар кыһаллан да биэрээхтээтэ.