Литмир - Электронная Библиотека

– Миичик, уоскуй. Хайдах буоллуҥ? Бүт эрэ! Аата сүрүн, – кини кэннигэр уолуйбут, ыксаабыт саҥаны истэн, Миичик дьэ өйдөннө. Эргиллэн, толору ойбон буола ууламмыт харахтаах Маришкатын көрөн аһына санаата. Ол эрээри кыыс Чаҕылга киниэхэ көннөрү табаарыс диэн эппитин санаан, түөрт атахтаах олоппос дуома турарын тыастаахтык туора хаһыйда. Кыһыйбыта, абарбыта билигин да ааспатах.

– Маришка, эт эрэ, эн, миэхэ… мин, мин… эйиэхэ көннөрү… табаарыспын дуо?

Кыыс саҥарбат. Арай нарын бэйэтэ, күүстээх тыалга үрдэрбит чэчир маһыныы, иэҕэҥнээн ылла. Миичик Маришка синньигэс тарбахтарын бобо тутан, бэйэтин диэки ыксары тарта.

– Тоҕо саҥарбаккын? Эбэтэр ити уолу таптаатыҥ дуу? Сыстаҥнаан бэрт сүрдээххин дии. Эйигин итинник эрэ буолуо дии санаабатаҕым.

– Эс, хайдах буолаҕын, Миичик, – кыыс сэниэтэ суохтук харарда, илиитин уолтан ыла сатаата.

– Оччоҕуна тугу гына олордугут?

– Көрбөтөҕүҥ дуо? Хаартыска көрө олорбуппут дии. Туох да кэтэх санаата суох.

– Оччоҕуна тоҕо миигин көннөрү табаарыһым диэтиҥ? Ама мин эйигин таптаабаппын эбэтэр биир да таптал тылын этэ иликпин дуу?

Маришка этэрим дуу, эппэтим дуу диэн иһигэр куутуйаламмыт санаатын өр соҕус сааһылаата. Онтон ээ, чэ, синэ биир дии санаат:

– Миичик, бырастыы гын. Ол эрээри биһиги сыһыаммыт хайдах эрэ… – Маришка хараҕын кистии туора хайыста.

– Эс, ол аата?.. Мин тугу да өйдөөбөтүм…

– Эн… дьиҥэр, куһаҕан уол буолбатаххын, ол эрээри мин эйиэхэ биирдэ эмэ таптал тылларын эппиттээҕим дуо? Уопсайынан, Миичик, мин эйигин таптаабаппын. Көнөтүнэн этэбин. Бэйэҥ да билэ, таайа сылдьар инигин? – кыыс эр санаатын киллэрэн, бүгүҥҥү күҥҥэ тыын боппуруоһу түргэнник быһаараары, киниттэн утары ыйытта.

Миичик саҥарбат. Арай тулата барыта күлүгүрэн, бүдүгүрэн ыларга дылы гынна.

– Оччотугар… барыта албын, сымыйа дуо… Эн биһиги сыһыаммыт? Мин ыраас тапталым…

– Сымыйа да буолуон сөп… Эн улахаҥҥа эрэнэр буоллаххына… Мин эйигин хаһан да албыннаабатаҕым… Хара маҥнайгыттан… Аны эн миэхэ кэлимэ. Туох да ыраата, дириҥии илигинэ. Мин атын уолу таптыыбын… – Маришка бүтэһик тылларын иһиллэр-иһиллибэт нэһиилэ ыган таһаарда.

Миичик эмискэ кыыс илиитин туппутун төлө ыһыгынна, эмиэ тыына хаайтарда, тахсар ааны былдьаста. Маришка эппит бүтэһик тыллара сытыы быһах кэриэтэ эдэр сүрэҕи хайыта сууралаатылар. «Атын уолу таптыыр, атын уолу таптыыр… кэһэй-кэһэй», – дии-дии, таптыыр кыыһын саҥата өй дуораана буолан, кулгааҕар сөҥөргө, ньиргиэрдээх этиҥ буолан ньириһийэн чанчыгар иһиллэргэ дылы. Тула өттө барыта туман курдук бүдүк-бадык.

Хайдах уопсайын булан, хоһугар чопчу киирбитин бэйэтэ да билбэккэ хаалла. Арай Бүөккэ соһуйбут куолаһа кинини «уһугуннарда».

– Тыый, Миичик, туох буоллуҥ?!

Миичик туох да быһаарыы биэрбэккэ доҕоругар:

– Табахта аҕал… уонна биир бытыылка буокката, – эрэ диэн бөтүөхтээтэ.

Бүөккэ доҕорун хаһан да маннык дьүһүннээҕин өтөрүнэн көрбөтөх буолан, туох эрэ бөрүкүтэ суох быһыы буолбутун тута өйдөөтө уонна истигэн оҕолуу биир-биэс тыла суох, сиэбигэр табахтаах сылдьарыттан ороон киһитигэр уунна. Киһитэ түннүгүн бордууһунатын да арыйбакка, тута иҥсэлээхтик табаҕын уматтан, иҥсэлээхтик оборбутунан барда. Бу түгэҥҥэ Бүөккэ туох эрэ туһалааҕы оҥорон эрэринии, түргэн үлүгэрдик таҥна охсоот, 5-с маҕаһыын диэки кыл тыынынан ыстанна. Миичик хоһугар соҕотоҕун олорон, табаҕын буруотугар чачайа-чачайа, үйэлээх сааһыгар табах буруотун бастакытын эҕирийбитин, маҥнайгы күүстээх таптал абылаҥыттан хомойбутун, хоргуппутун саныы-саныы, уйа-хайа суох ытыы олордо.

Өйүгэр араас өйдөммөт санаалар киирэллэр: Маришка хайдах да кинини сирэр буолуон табыллыбат. Ама, хайа кыыс кинини сириэхтээҕий? Урут дэриэбинэтигэр, билигин манна уопсайга, үөрэнэр да сиригэр, кэрэ аҥаардар ээр-сэмээр кыҥастаһалларын, кистии-саба сүгүрүйэллэрин эндэппэккэ сэрэйэрэ. Онтун үрдүктүк тутара. Сорохторун сэнии, мыына да көрөрө баар суол. Бэл, сытыы соҕустара тута билсиһэ охсон, киинэҕэ ыҥыралларын, тапталга билиниилээх сурук бөҕөтүн суруйалларын ахсааҥҥа да киллэрбэтэ. Онтунан холобурданан, уолаттарыгар киһиргии түһэр үгэстээҕин доҕотторо эмиэ бэркэ билэллэр.

Арай ити Маришка эрэ кинини болҕомтоҕо ылбат. Баҕар, соруйан гынара буолуо, күнүүлэтээри. Ол эрээри Маришка оннук буолуон сатаммат. Өссө баран, кэпсэтэн көрүөн баҕарталаата. Баҕар дьээбэлээбитэ буолаарай. Бээ эрэ, аны ити Аанчык убайын таптыыра эбитэ дуу? Ээ чэ, эмиэ күнүүлээтим дуу, сах. Маришка кимниин да сылдьыбат, мин ону бэркэ билэбин, сэрэйэбин.

Ити курдук Миичик син уоскуйан, санаата ыраах ханна эрэ тиийэн, аны нухарыйыахча буолан эрдэҕинэ, хоһун иһигэр Бүөккэтэ тыын быһаҕаһынан тыынан, атыннык көрөн-истэн көтөн түстэ.

– Чэ, Бүөккэ, кут арыгыгын. Өйбүн сүтэриэхпин наада. Маришка миигин үүрдэ, атын уоллаахпын диэтэ.

– Эс, ама? – Бүөккэ, туох буолбутун сэрэйдэр, төрүөтэ кыыска сытарын биллэр да, өйдөөбөтөх киһилии, элээр-мэлээр көрө-көрө остуолуттан икки ыстакааны ойутан аҕалан, орон диэки дьулурутта.

– Дьэ оннук… – диэтэ Миичик. – Аны мин олоҕум суолтата суох. Таптаан да диэн… Били эбэм этэригэр дылы «сибиинньэ оҕотун ииттэн да диэн»… Барыта таах сибиэ эбит.

* * *

Арай Миичик өйдөммүтэ ханна эрэ сытар… Төбөтө ыаҕастаах уу курдук. Онуоха эбии дэлби тоҥмут. Суорҕан баара буолаарай диэн онон-манан харбыаланан көрбүтэ, мас адарайга сытар эбит. Эмиэ да хайа эрэ диэки чугаһынан дьон тугу эрэ кэпсэтэн лабаҥхалаһаллара иһиллэргэ дылы. Саҥа таһааран саҥараары гыммыта – куолайа кууран иэдэйбит, этэ-сиинэ бүтүннүү таастыйбыт. Чаас ырааттаҕа, пааратыгар барар кэмэ да кэллэҕэ… Бүгүн өссө семинар буолар этэ дуу диэн туруох санаата баара да, илиитэ, атаҕа дэлби көһүйбүт, өссө ханан эрэ ыалдьар курдук ээ. «Хайдах-хайдах баҕайыный, бээ эрэ, бу ханна баарбыный?» – диэн тулатын көрүнээри эргиллэн көрбүтэ, доҕоор, тимир эрэһиэҥкэлээх, таас өйөбүллээх «дойдуга» кэлэн сытар эбит.

Эмискэ Миичик төбөтүгэр бэҕэһээҥҥи күн киинэ лиэнтэтин курдук онон-манан быста-быста, одоҥ-додоҥ элэҥнээн ааста. Бастаан Бүөккэлиин кыргыттар куһаҕаннарын, үөннээхтэрин, ол быыһыгар Маришка акаарытын ырытан эрэр этилэрэ. Дэлби чэпчээн хаалбыт курдуга. Онтон аны топпотох аатыран, биирдэ өйдөммүтэ маҕаһыыҥҥа турар эбит. Эмиэ да уопсайга киирэ сатаан тугу эрэ дакаастыы турар этэ, бадаҕа. Вахтёрдаах комендант дьэс алтанын курдук кыыһыран, айахтара кытарымтыйа умайыктанан эрэрэ көстөргө дылы… Салгыы кимниин эрэ охсуһан эрэр этэ дуу, тугу эрэ тоҕута сынньар этэ дуу, хайдах этэй? Оо, отой өйдөөбөт буоллаҕа. Эмиэ да кимниин эрэ уолуктаһан эрэр быһыылааҕа… Дьэ дьаабы быһыы буолбут бадахтаах… Аны арыгы иһиэ суохпун, кэбис.

– Мичил Харахутов, таҕыс, – диэн тыйыс, суон куолас иһилиннэ.

Миичик аат эрэ харата нэһиилэ тымныы эркинтэн тирэнэн турда. Бүтүннүү бадараан буолбут быата суох бачыыҥкатын булан, кэтэ сатыы турдаҕына:

– Харахутов, айгыста туруоҥ дуо?! Хамсанан ис, бэҕэһээ киэптиириҥ, киэбирэриҥ бэрт этэ дии, – диэн формалаах милииссийэ ыххайбытынан барда.

Миичик соһуйда, ол быыһыгар олус кыбыһынна. Хаһан даҕаны манныкка түбэспэтэҕин дьэ итэҕэйдэ. Хантан күүс-сэниэ ылбыта эбитэ буолла, хап-сабар тахсар аан диэки хардыылаата. Ол быыһыгар «бу барыта түүл, сотору уһуктуом» диэн бүччүм санаалаах формалаах киһини батыһан истэ.

Сотору-сотору күлүүс тыаһа хачыгырыыр, ыарахан ыйааһыннаах тимир аан аһыллан кыыкыныыра иһиллэр. Миичик букатын манныгы киинэҕэ эрэ көрбүт буолан, хаайыы амырыын сытын отой сөбүлээбэтэ. Бу иһэн: «Билигин таһаараллара буолуо, Бүөккэҕэ кэпсээтэхпинэ, арааһа, итэҕэйиэ суоҕа», – дии саныы-саныы мас ааннаах хоско кэллилэр. Кинини арыаллааччы милииссийэ ааны тоҥсуйда.

Миичик син сырдык, ол эрээри барыта быылынан, кумааҕынан «көмүллүбүт» кыараҕас хосхо киирэн, күөх формалаах, саас ортолоох киһи иннигэр кыһыл бүрүөһүннээх остуол аттыгар атахтарыгар туорайдаах олоппоско олордо.

Милииссийэ Миичиги чочумча одуулаан олордо, онтон биир тыынынан:

– Дьэ, табаарыс Харахутов, хас саастаах ыччаккыный, ханна үөрэнэҕиний? – диэн ыйытта.

9
{"b":"821318","o":1}