Литмир - Электронная Библиотека

Ийэтэ саппаҕырбыт сирэйин көрөн, били мааҕыын кэлбит уолу өйдөөн кэллэ. «Туох абааhы уола кэлэн, дьоммун үрүө-тараа тутта», – дии санаата.

Ийэтэ саал былаатын ылан кыыhын санныгар бырахта уонна:

– Вера, эн биhикки эмиэ биэрэк диэки хаамсан кэлиэх эрэ, – диэтэ.

– Оттон сарсын эрдэ дьэдьэннии барыах буолбуппут дии? – Вера өсөһө барбата, ийэтин батыста.

– Дьэдьэннии даа, чэ, ол хааллыын-хааллын! – ийэтэ кыыhын санныттан кууhан, иккиэн биэрэк диэки хаамса турдулар. Биэрэккэ тиийбиттэрэ – ким да суох. Арай сөрүүн тыал эрэ илгийэр.

– Хата, ким да суох эбит! Вера, манна олоро түhүөх… онно кэпсэтэллэр… Эн биhикки эмиэ кэпсэтиэх…

– Ийээ, туох буоллуҥ? Күн аайы кэпсэтэр курдукпут дии! Уонна ити туох уола кэллэ, вообще-то?

– Ити мээнэ уол буолбатах, тоойуом… Аҕаҥ уола быhыылаах. Умса уур, тиэрэ уур, отой аҕаҥ мэтириэтэ дии… Хаhан эрэ син биир маннык буолуохтааҕа…

– Хайдах, ол аҕам атын кэргэннээх этэ дуо? Туох буолуохтааҕай?

– Кэргэннээх эрэ, кэргэнэ суох эрэ, хайа эрэ Маайыс баара… Оннооҕор утуйа сытан, ханнык эрэ Маайыhы ыҥыран тахсаахтыыра.

– Оттон… Ханнык Маайыhы ыҥыран тахсаҕын диэн ыйытыаххын? Эбэтэр эбэттэн сураһыаххын?

– Оннук ыйытар бырааптаах үһүбүн дуо, чыычаах? Барыта оннук чэпчэки буолбат… Вера-а, эн эмиэ улааттыҥ, эн эмиэ биири билиэхтээххин… Бүөтүр эн аҕаҥ буолбатах…

– Туох даа? Онтон Васильева Вера Петровна диэн мин буолбатахпын дуо?

– Мин эмиэ хаhан эрэ эн курдук эдэр, акаарычаан этим. Ийэтэ, аҕата суох киhи баhым ханна саллайарынан сылдьарым. Оскуоланы бүтэрээт, тута куораты булбутум. Дьиҥэр, үөрэхпэр куhаҕана суоҕум, үөрэххэ чэпчэтиилээх да киирэр кыах баара. Оннук өй угар киhи суоҕа. Тыа оҕотун куорат көр-нар олоҕо иилэ тардан ылбыта. Барыта бырааhынньык курдуга. Үс сайыны быhа көрүлээhин… Саша диэн куорат уола доҕордоммутум. Наhаа күүскэ таптаабытым. Кинилэр дьиэлэринэн, даачаларынан көҥүл көтүү… Биирдэ уhукта биэрбиппит – хос иhигэр мап-мааны таҥастаах дьахтардаах эр киhи тураллара… Дьонноро уоппускаттан кэлбиттэр этэ. Таҥнан аан хоско тахсыбыппытыгар: «Саша, киир манна», – диэн ийэтэ уолун куукунаҕа ыҥырбыта. Мин батыhаары гыммыппар, аҕалара түргэн үлүгэрдик соммун ылан кэтэрпитэ уонна аан диэки ыйбыта. Тахсан эрдэхпинэ, сиэппэр харчы укпута уонна: «Аны манна кэлимэ», – диэбитэ… Соҕотох мааны уолларыгар тулаайах сордооҕу тэҥнээбэтэхтэрэ. Мин онно номнуо хат буолбут этим… Сашалыын көрсөн кэпсэтээри өр да өр кинини манаабытым. Өр күүппүтүм.

Сайын ааhан, күһүн обургу тымныы тыала мин чап-чараас кууркабын курдары үрэрэ. Биир сарсыарда оччолорго муодунай таҥаска киирсэр аляска кууркалаах Сашам соҕотоҕун тахсан кэлбитэ. Мин утары сүүрэн тиийэн, кууhа түспүтум. Өрүһүспүттүү таптыырбын, оҕо күүтэрбин тоҕо тэбээбитим. Уолум миигиттэн тэйэ туттубута, сиргэммиттии кууркатын тэбэммитэ уонна: «Ол эн хас уоллуун утуйбуккун мин хантан билэбин?» – диэт, тииhин быыhынан силлээн чыырк гыннаран баран, бара турбута.

Эмискэ мин үрдүбүн халлаан хараҥата саба барыйан, субу аҕай бүрүйэн ылыах курдук буолбута. Хас да күн аhаабатаҕым, тоҥмутум барыта эбиллэн, өйүм-санаам туймаарарга дылы буолбута. Онтон хабыс-хараҥа ииҥҥэ түhэн эрэр курдугум… Арай суолга тахсан, массыына утары хааман эрэрбин бүдүк-бадык өйдүүбүн…

Туормас кыычыгырыыр тыаhын уонна чаҕылхай сырдык уот кэлэн миэхэ сааллан эрэрин өйдүүбүн уонна онон бүтэр… Балыыhаҕа өйдөнөн кэлбиппэр аттыбар намыһах уҥуохтаах хатыҥыр эмээхсин лэкэллэн олороро. Мичээрдээбитэ, көрөн-истэн барбыта. «Кимҥиний?» – диир быһыылааҕым. «Эбэҕин хайдах билбэккин?» – диэбитэ. Тоҕо эбитэ буолла, мин ону итэҕэйбитим. Хата, биир чугас киhилээх эбиппин диэн үөрэ санаабытым.

Нэдиэлэ курдугунан уолун илдьэ кэлбитэ. Мин кини массыынатын анныгар киирбит эбиппин. Оhоҕостоох саахалга түбэспит буолан, патологияҕа төрүөхпэр диэри сыппытым. Миэхэ ол үчүгэй курдуга… Ханна барыахпыный уонна? Онтон ыла эмээхсиннээх дьээдьэм күнү көтүппэккэ кэлэ турар буолбуттара. Төрөөн баран, аны улахан моhуокка ыллардым, хайдах буолабын диэн. Эйигиттэн аккаастанан, эмиэ атах балай барарбын саныы сыттахпына, Бүөтүр киирэн кэлбитэ. Ийэтэ мин туспунан барытын кэпсээбит быhыылааҕа. Илиибин ылан ыга туппута уонна биир-биэс тыла суох биhиэхэ тахсаҕын диэбитэ, барытын тэрийэн, кыра малбын-салбын тиэйэн таhаарбыта. Бастаан дьиэс-куос туттар этим, онтон сыыйа үөрэнэн, дьиэлэhэн, ыаллаhан барбытым…

Биир түүн туран Бүөтүр хоhугар бэйэм киирбитим. Эдэргин, толкуйдан диэбитин сөбүлэспэтэҕим. Эн аҕаламмытыҥ, мин кэргэннэммитим… бүгүҥҥээҥҥэ диэри…

– Уой, маама, эн бачча өр хайдах кэпсээбэккэ сылдьыбыккыный? Уонна аҕам хайдах миэнэ буолуо суоҕай? Кини миэнэ! Ол уол былдьаhаары гынар дуо? Суох, биhиги паапабытын биэрбэппит. Барыах, ийээ, аахсыахха!

– Вера, уоскуй! Бачча тухары үтүөнү эрэ оҥорбут дьоҥҥо туох диэн мэhэйдиэхпитий? Туораан эрэ биэрэр буоллахпыт дии…

– Кэтириис, Кээтии, ханна бааргыны-ый? Кэл! Кэлэ оҕус! – чугас Бүөтүр хаhыыта дуораhыйда.

Кэтириис кыыhын кытта киниэхэ утары сүүрдүлэр. Бүөтүр, аҕылыырын кыатана-кыатана, кэлэн иккиэннэрин кууhан ылла, эргилиннэрэ тардаат, дьиэлэрин диэки дэллэриттэ уонна кирилиэскэ күүтэн турар Дьулуска:

– Көр, Дьулус, бу ийэбит Кэтириис, оттон бу балтыҥ Вера, саамай атаахпыт диэн буолар. Билсиҥ, – диэтэ. Дьахталлар, ытаhа түһээт, куустуhа түстүлэр.

– Оо, бу да дьон, ардах суоҕар ардаҕы аҕалан! – дии-дии биир-биир харахтарын уутун сотон, Бүөтүр иккиэннэрин сыллаан-уураан, дьиэлэригэр киирдилэр.

Били утуйа сытар диэбит эбэлэрэ, хата, кириэhилэҕэ бу чөмчөйөн олорор:

– Хайа, түүнү быhа сырсыакалаhаҥҥыт турбутунан уол оҕолоннугут дуу? – диэн күллэртээтэ.

– Аҕыйах ыйынан баҕар үһүстэниэхпит даҕаны, – диэн саайда ийэлэрэ.

– Кырдьык даҕаны? – Бүөтүр кэлэн Кэтирииґин кууhан, сымнаҕас иэдэһиттэн сыллаан ылла.

– Бэрт дии бэлэм ньээҥкэ баар, – Дьулус аны кыттыста.

– Үчүгэйэ бэрт дии, мин эрэ ньээҥкэлээбэппин, бары уочараттыахпыт буо, – Вера бэрээдэги олохтоото.

– Тыый, бу дьон биир түүн иhигэр хас уолланаары гынныгыт? Утуйуҥ! Киhини утутуҥ! – эбэлэрэ, сыттыгын кыбынан, хоhугар дьөгдьөрүйдэ.

– Дьулуска бүгүн бакаа мансаардаҕа оронно оҥоруохха, сарсын быыс быhан, туспа хос оҥоруохпут, – Кэтириис быhаарда.

– Мансаардаҕа кумаар сүгүннүө суоҕа. Убайдаммыт үөрүүбэр бэйэм ороммун туран биэрэрим дуу, биир эрэ күҥҥэ. Эбээ, бүгүн миигин дьукаах киллэр эрэ-э! – Вера атаахтаабыт куолаhа эбэтигэр тиийдэ.

– Сыччыый, киир-киир, бииргэ утуйбатах да ыраатта, хобугунаhа түhүөхпүт.

– Сэкириэттэhэ диэ, – Вера, малын-салын хомунан, эбэтин хоhугар дьылыс гынна.

– Чэ, чыычаах, эн да сылайдаҕыҥ буолуо, киирэн утуй, – диэн Кэтириистээх аны Дьулус миэстэтин буллардылар уонна иккиэн, саҥардыы көрсүбүт дьон курдук, ыгыта куустуhан, уохтаахтык уураhан ыллылар уонна бэйэ-бэйэлэригэр истиҥник мичээрдэспитинэн хосторун аанын саптан, иһирдьэ дьылыс гынан хааллылар.

Наталия Рязанская-Сыккыс (II миэстэ)

Уруум таптала

Бүгүн Марина Руслановна сурук тутта. Дьүөгэтэ Аанчык суруйбут. Төһө да аныгы үйэҕэ сибээс араас көрүҥэ элбэх буоллар, былыргылыы, бэйэлэрэ этэллэринэн, «сэбиэскэйдии» илиинэн суруйсалларын сүрдээҕин сөбүлүүллэр. Оччотугар, тылынан арыт кыайан тиэрдиллибэт, дууһа кылын таарыйар бүччүм санаалара сурук буукубалара буолан, оҕуруо курдук тиһиллэн, сүрэххэ чугастык тиийэллэр, илии сылааһынан илгийэн ордук истиҥ курдуктар. Аанчык бу сырыыга сүрүннээн үлэтин, оҕолорун, кэргэнэ Коля сүрэҕинэн ыарытыйар буолбутун туһунан иҥэн-тоҥон суруйбут. Арай сурук биир быстах, бүтэһик кэрчигэ бу аҕамсыйа барбыт дьахтар кутун-сүрүн аймаата, уйан дууһатын уйгуурта.

«…Маришка, бырастыы гын. Ол эрээри суруйбатахха кэлин хомойо, хоргута сылдьыаҥ. Чэ, быһатын, Миичикпит өлбүт. Куһаҕаннык, бэйэтигэр тиийинэн. Бииргэ үлэлиир дьахтарым үнүр кэпсээбитэ. Хаайыыттан тахсан баран, киһитийбэтэх, түптээн үлэлээбэтэх, олоҕун оҥостумматах, быһыыта, арыгыһыт буолбут да курдук. Уопсайынан, табыллыбатах. Эн наһаа айманыма, бэйэҕин буруйданыма. Итиннэ барытыгар аймахтара буруйдаахтар. Бэйэҥ билэҕин барытын. Эбэтэр, чэ, дьылҕата оннук буолаахтаатаҕа дуу…»

4
{"b":"821318","o":1}