Литмир - Электронная Библиотека

– Кимий? Киирэн иһиий. Аанчык, кэм да үөннэнэ сылдьаҕын дуо? – хос иһиттэн намыын куолас иһилиннэ.

Уол ааны сэрэнэн арыйан хоско киирэн кэллэ. Маришка кыра остуолга кинигэ бөҕөтүн кэчигирэтэн, суруйа олорор эбит. Миичиги көрөн олус соһуйда:

– Хайа, бу кимий? Тоҕо кэллиҥ? – кыыс, бу ыйытыыларын тоҕо биэрбитин бэйэтэ да өйдөөбөтөр, туоһулаһар киһи буолла.

– Эйигин көрөөрү, билсэ кэллим, – уол хорсуннук остуол таһыгар кэллэ.

Маришка, куолаһын соното сатыы-сатыы, куттаммытын биллэримээри:

– Ким эйигин киллэрдэ? Чугаһаама уонна… таҕыс! – диэн кыыһырбытын уонна сөбүлээбэтэҕин биллэрэн түҥнэри хайыста.

– Үтүө санаалаах Аанчык. Эс, ама да, киһини кытта ыраахтан хаһыытаан билсэбин дуо? – диэн Миичик тахсар санаата суоҕун биллэрэн, Маришканы эргитэ тарта уонна тобулу уун-утары көрдө.

– Мин эн курдук сыстаҥныы сылдьар ньүдьү балай уолаттары сөбүлээбэппин, – Маришка мантан салгыы уол тугу да гынар былаана суоҕун сэрэйэн, арыый холкутуйда.

– Сөбүлүөҥ буоллаҕа дии.

– Суох, сөбүлүөм суоҕа.

– Баҕар сөбүлүөҥ, – уол эппитин үрүт үөһэ кэлиилии кэбэ турда.

Миичик мичээрдээтэ, хос иһин эргиччи көрдө.

– Мин аатым Мичил Харахутов, табаарыстарым уонна чугас дьонум бары Миичик дииллэр. Табылыннаҕына, аны үс сылынан историк учуутал буолуом. Мэҥэ Хаҥалас ыччатабын. 12-с куорпус 416-с хоһугар олоробун… Ийэлээх аҕам – учууталлар, биир убайдаахпын. Спортсмеммын…

– Араспаанньаҥ тугун дьиктитэй? Харах уута диэнтэн тахсыбыт дии. Уонна?

– Уонна дуо? Араспаанньам аҕам киэнэ. Билбэппин ээ, туох суолталааҕын. Оттон эн? Манна Аанчыктыын иккиэн эрэ олороҕут да?

– Иккиэн, өссө тугу интэриэһиргиигин?

– Чурапчыларбыт диэбиккит дии, ханна үөрэнэҕит?

– Журналистика салаатыгар.

– Сөп, хаһыс куурускунуй?

– Бастакы… Өссө интэриэһиргиир буоллаххына, бииргэ төрөөбүт иккиэбит. Ийэм дайаарка, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор. Чурапчы Мырылатыттан сылдьабын. Аанчык – Чакыр. Өссө?

– Марина, эн наһаа кыбыстыма уонна кыыһырыма ээ, эйиэхэ олох барсыбат. Хайдах эрэ эн Мона Лизаны санатаҕын дии. Ону билэҕин дуу?

– Ордук кулгааҕыҥ майгынныыр диэ.

Бу сырыыга Миичик ис иһиттэн тэбэнэттээхтик күллэ. Маришка бэйэтэ эппит тылларыттан эмиэ арыый сымныы быһыытыйан мичээрдээн ылла. Кыыс көнньүөрбүтүттэн эрэх-турах сананан, уол салгыы кимэн барда.

– Марина, мин эйигин бастакы көрбүт күммүттэн олус сөбүлээтим… Таптаатым да диэххэ сөп. Орто дойдуга төрөөн баран эн курдук кыыһы биирдэ да көрсө иликпин. Аһыыр аһым ас буолбат, утуйар уум уу буолбат, үөрэх эмиэ таах хаалла… Барыта, барыта эйигиттэн… эйигиттэн эрэ.

– Эн киһини күлүү гыныма эрэ. Мин эйигин букатын да билбэппин. Хайдах бастакы билсибит күҥҥүттэн саҕалаан ситэ билбэт киһигэр тапталга билиниэххэ сөбүй?

– Оттон ол иһин билсэ кэллэҕим дии, – диэт, кыыс хаҥас илиитин нарын тарбахтарын ылан, иэдэһигэр ыксары сыһыарда.

Бу дьикти турукка, соһуччу түгэҥҥэ, өйдөммөт быһыыга-майгыга куустаран турар эдэр сүрэхтэр эйэргиир эйгэлэрин эмискэ хоско көтөн түспүт Аанчык чаҕаарбыт куолаһа үрэйдэ:

– Уой, бу тугуй? Уон биэс мүнүүтэ ааста. Эчи, бу уол килэпээйин. Хайыыгыный ити? Бар, таҕыс!

– Үтүө санаалаах аанньал Аанчык, туох да буолбата. Сибэкки хагдарыйбата, халлаан хараҥарбата. Мин сыалбын-сорукпун ситистим, тылбын тутуһабын. Билигин мин эһиги көмүс уйаҕытыттан, күндү хоскутуттан тахсыам. Миэхэ көмөлөспүккэр барҕа махтал, – диэн баран, Миичик сүр имигэстик кыыс иннигэр бокулуон оҕуста.

Аанчык бу дьикти уолтан соһуйан, мэктиэтигэр, сирэйин ханньаччы туттан мырдыҥнатта. Онуоха эбии кинини ийэтиттэн тэйитиллибит эһэ оҕотугар майгыннатта. Ону бэлиэтии көрөн, Маришкалаах Миичик күлэн тоҕо бардылар.

Мантан ыла Маришкалаах Миичик ураты, уустук сыһыаннара саҕаламмыта.

* * *

1998 сыл. Эмиэ күүтүүлээх сандал саас Сэргэлээххэ эргиллибитэ. Күн уһаан, халлаан лаппа сылыйан, таһырдьа күүлэйдиэххэ, таптал долгунугар уйдарыахха бэрт да бэрт.

Маннык үтүө күннэргэ Маришкалаах Миичик икки ардыларыгар, хара куоска кыбыллыбытыныы, Аанчык убайа Чаҕыл уол чаҕылыйан киирбитэ. Кини былырыын үөрэҕин бүтэрэн, куоракка үлэлии сатаан баран, тыаҕа тардыһан дойдутугар Чурапчылаары сылдьара.

Маришка бастаан Чаҕылы бүтэйдии сөбүлүүр этэ, кэнникинэн кинини көрбөтөҕүнэ суохтуур, биир кэм өйүттэн таһаарбат буола сылдьыбыта. Онтукатын, бэл, баар-суох дьүөгэтиттэн Аанчыктан кистиирэ.

Бүгүн Миичиктээх Маришка аатырбыт «Титаник» киинэҕэ барыахтаахтар. Дьон даҕаны бу киинэ тула кэпсэтии бөҕө. Сураҕа, киинэ бүттэр эрэ, көрөөччүлэр бары астынан ытыстарын таһыналлар эбитэ үһү. Оннук күүстээх иэйиилээх киинэ диэн бэҕэһээ Миичик кэпсээбитэ.

Киэһэ, болдьоспут сэттэ чаастарын саҕана, Миичик Маришкалаах уопсайдарыгар кэллэ. Вахтёр уолу үчүгэйдик билэр буолан, бэрт түргэнник аһарда. Кини бэрт холкутук, муннун анныгар киҥинэйэ-киҥинэйэ, Байбал Сэмэнэп тапталга анаммыт биллэр ырыатын ыллыы-ыллыы, Маришка хоһугар кэллэ. Арай ааны тоҥсуйан киириэх курдук гынан эрдэҕинэ, Маришка намыын куолаһа:

– Бу Кыайыы күнүгэр. Аанчыгы көр эрэ, хайдах туттубутун, – дии-дии күлэн кычыгыратта.

– Оттон бу кимий? – суон, сөҥ куолас сыыйан ыйытта.

Бу түгэҥҥэ Миичик хоско киириэх курдук дугдуҥнаан иһэн туттунна. Маришка сөҥ куоласка туох диэн хардарарын истээри, мэктиэтигэр тыынарын кыатана турда.

– Ээ, бу Мичил Харахутов. Көннөрү табаарыс, – Маришка ураты намыыннык эппиэттээтэ.

«Көннөрү табаарыс…» Эмискэ, күннээх халлааҥҥа этиҥ эппитинии, бу тыллартан Миичик тыына хаайтарда, уопсай дьиэ кыараҕас көрүдүөрэ өссө синньииргэ дылы гынна. Миичик, күөмэйин туох эрэ бүөлүү анньан кэбиспиттии, тугу да гыныан билбэккэ биир сиргэ тэпсэҥнии турда. Ол да буоллар «сыыһа иһиттим ини» диэн бүччүм эрэллээх ааны сэрэнэн тоҥсуйда. Аан нөҥүөттэн эппиэт кэлэрин күүппэккэ, ыараабыт атахтарын аат эрэ харата соһон, хоско иһирдьэ киирэн кэллэ.

Арай көрбүтэ, Маришката биир уоллуун Аанчык оронугар олорон, хаартыска көрөллөр эбит. Миичик, күнүүлээн хараҕа ирим-дьирим да бардар, бу уол ким буоларын тута сэрэйдэ. Кини мөссүөнүн Аанчык фотоальбомугар үгүстүк көрөрө. Арай көрдөҕүнэ, кыыстаах уол хайдах эрэ олус ыкса сыстыһан олороллор эбит.

Миичик мэктиэтигэр уһун бэйэтэ кыччаан, сытыы бэйэтэ сыппаабыт курдук буолла. Манныгы эрэ көрүөм диэбэтэх буолан, саҥата суох кыбылла-кыбылла, кыыс аттыгар олоро биэрдэ. Маришка эмиэ ону сэрэйдэ бадахтаах, эмиэ буруйдаммыт киһилии туттан, кинини тулалаабыт уолаттар икки ардыларыттан туран кэллэ уонна долгуйбут куолаһынан:

– Миичик, билсэн кэбис, бу Аанчык убайа Чаҕыл. Чаҕыл Толбонов.

– Чаҕыл диэ… Ону мин хайыыбыный? – Мичил тыйыс соҕустук хардарааччы буолла.

– Эбэм биэрбит аата. Киһи аата олоҕор улахан суолталаах диирэ, – уол, туох да буолбатаҕын курдук, холкутук эппиэттиир.

– Аанчык ханна баарый? – Миичик иккис ыйытыыта судургу уонна дьикти буолла.

– Эдьиийбит аахха барбыта, сотору кэлиэ, – Чаҕыл эмиэ туох да буолбатаҕын курдук хоруйдаата.

– Оччоҕуна эн манна тугу гына сылдьаҕын? – Миичик күнүүлээбит санаатыгар бу тыллар кини уоһуттан өр да өр өһүллэн түстүлэр.

Чаҕыл эмиэ холку. Арай Маришка ыксаабыт көрүҥнээх.

– Балтым аахха кэлбитим, Маринаҕа кэлбитим. Көннөрү кэпсэтэ, билсэ.

Ордук тиһэх тылларыттан тэбиэһирэн, Миичик абарда аҕай, биллэрдик өһүргэннэ. Өссө диэ, кини манна өссө… кини Маришкатыгар соруйан, Аанчык суоҕар, билсэ кэллэҕэ. Ханнык быраабынан, ким этиитинэн, туох көҥүлүнэн…

– Эс, табыллыбат буоллаҕа! – диэтэ да Миичик охсуох курдук уолга өттөйөн кэллэ. Бу көрсүһүү тугунан түмүктэниэ эбитэ буолла? Араллааны соһуччу Чаҕыл Толбонов быһаарда. Эппиэт биэрэр санаата суоҕун көрдөрөн эбэтэр кэлэйбитэ бэрдиттэн, бу киһилиин аахсан да диэн диэбитэ эбитэ буолуо, биир хоруй тыла суох төбөтүн быһа илгистэ-илгистэ, хос аанын сэгэтэн, тахсан баран хаалла.

– Куттас! Кус сүрэх! Кэлимэ манна! Маришка миэнэ, миэнэ эрэ. Өйдөөтүҥ! – Мичил уол кэнниттэн, арҕаҕын үрэйтэрбит эһэлии, хаһыытыы хаалла.

8
{"b":"821318","o":1}