Литмир - Электронная Библиотека

Ол эрээри Руслан ыйаастыгас соҕус хап-харанан чоҕулуччу көрбүт сэмэй, нарын бэйэлээх Наадьа кыыһы көрүөҕүттэн, хара маҥнайгыттан таптаабыта. Кыыс бэйэтин сэнэнэ үөрэммититтэн, килбигиттэн эбитэ дуу, аан бастаан уолтан куота, тэйэ сылдьыбыта. Кэлин уһугар баар баара бүкпэт буоллаҕа, икки таптаһар сүрэх тоҥ буору тобулу үүнэн тахсар сааскы ньургуһуннуу, ыраас санаанан, истиҥ иэйиинэн ыал буоларга санаммыттара. Төһө да аймахтара утардаллар, биэс сыл устата дьоллоохтук олорбуттара. Руслан киһи кэрэмэһэ этэ: хаһаайын бэрдэ, майгылаах бастыҥа, оҕомсоҕо, үлэһит үтүөтэ, өй-мэйии мааныта уонна, туох кистэлэ кэлиэй, дьүһүнүнэн ыраас бэйэлээх, сиртэн-буортан тэйбит, Орто дойду олоҕор тэҥэ суох аанньал курдуга. Кинини киһи тута көрөөт, дьону ытыктыыр, сыаналыыр кистэлэҥ ураты көстүүлээх диэн билэр дьоно бэлиэтээччилэр. Аҕыйах сыл иһигэр Мырыла биир бастыҥ ыалларын ахсааныгар киирэ охсубуттара. Бастакы улахан дьиэ, матасыыкыл кинилэргэ эрэ баара. Кэлин Руслан өссө массыына ылар баҕа санаалааҕа. Олохтоохтор кинини ытыктаан Уйбаанабыс диэн ыҥыраллара. Өлөр сылыгар оскуола дириэктэринэн анаммыта…

Буолар буолтун кэннэ хайаахтыай, өлбүтү кытта өлөн барсыбыт суох. Оҕолорун туһугар утуйар уутун умнан туран, Наадьа эрэйдээх ферма хара үлэтигэр умса-төннө түспүтэ. Хаста даҕаны бастыҥ ыанньыксыт аатыран, хомсомуол бириэмийэтинэн наҕараадаламмыта, үрүҥ илгэ үс сыллаах кубогын хаһаайката буолан, биирдэ улуу Москуба куоракка күүлэйдээн кэлэр үрдүк чиэскэ тиксибитэ. Онно Наадьа барахсан биир сүөм үрдээн, үлэттэн дьоллонор үөрүү үлүскэнин билбитэ үчүгэй да этэ.

Ама да ааспытын иһин, чугас киһитэ суох тыйыс кэмнэр ааспыттара. Дьон үтүө сыһыана суох, арааһа, Наадьа бу ыарахаттары барытын тулуйуо суоҕа эбитэ буолуо.

Оо, ийэм эрэйдээх… Маришка үөһэ тыынан ылла. Кини эрэ курдук дьылҕаламматах киһи…

Эмискэ кини ыраатан эрэр курус санааларын Аанчык уһуктубут атаах куолаһа үрэйдэ:

– Маришка-а, кофе иһэби-ит? Миэхэ, баһаалыста, оҥоруоҥ дуо? Төрөөбүккэр үөрбүтүм даҕаны.

– Һы-һы, үөннээх, албын да кыыскын. Тур, чэ. Чэйбитин өрүнүөххэ, – Маришка чаанньыгын оргутаары остуол диэки хаамта.

Кыргыттар күө-дьаа кэпсэтэн, хайыы үйэ эбиэт буолбутун билбэккэ хааллылар. Иккиэн көмөлөөн хортуоппуй хахтаатылар. Маришка эт кырбаан, хортуоппуйугар эбии соркуой буһаран тиритэ-хорута сырытта. Саас буолан хосторо итиитэ сүрдээх, бэл омуннаатахха, киһи тыына хаайтарар. Эмискэ ааны тоҥсуйдулар, дьуһуурунай кыыс кэлэн: «Иванова Марина, вахтаҕа түһүөҥ үһү», – диэтэ. Убайым кэллэҕэ дии санаан Маришка тиэтэйэ-саарайа аллара түстэ.

Вахтаҕа тиийбитэ: убайа ханан да көстүбэт. Арай улаханнык мичээрдээбит ханна эрэ көрбүт уола кинини супту одуулаан турар эбит. Кэннигэр икки доҕор атастаах. Уол мичээрдээбитин кубулуппакка вахтаҕа өйөнөн туран эрэ:

– Иванова Марина диэн эн дуо?

– Мин, – Маришка соһуйбуттуу хардарда.

– Манна олороҕун даа? – уол сытыытык ыйытар.

Маришка кэпсэтии бу курдук сытыы уонна быһыттаҕас буоларын куруук да сөбүлээбэт, биллэрдик соһуйда уонна өһүргэннэ:

– Тугуй, доппуруос дуо бу? – кыыс чыначчы тутунна.

Уолу халбарыччы анньан, аттыгар турар биир хара бараан табаарыһын кэтит тииһэ кэчигирээтэ:

– Бырастыы гын, Марина, Миичик ити кыбыстар дии. Ол иһин итинник саҥарар. Кини эйигин кытта ыкса билсиэн баҕарар.

Маришка бастаан утаа кыһыйан быһыта-орута саҥарталыан баҕарда, онтон этэ улам тымныйан, сүрэҕэ күүскэ тэбиэлээн ылла.

– Эһиги эмиэ миигин бырастыы гыныҥ. Мин маннык дьону кытта билсээччим суох, – диэт, түҥнэри хайыста. Бу билсиһии маннык саҕаланыа суохтаах этэ диэн кини кулгааҕар ким эрэ сипсийэргэ дылы гынна. Тоҕо эрэ ити уолтан куттаныах, куотуох санаата киирдэ, тымныы уунан саба ыстарбыт курдук буолла. Ыараабыт атахтарын нэһиилэ соһон, кирилиэһин аат эрэ харата биирдии үктэлин ааҕа дабайан, тыын быһаҕаһынан өрө тыына-тыына, хоһун диэки төттөрү дьулуста, сүрэҕэ тугу эрэ таайа сатаата да, таабырын уустук буолан биэрдэ.

* * *

Миичик вахтаҕа туран кыыс кинини кытта билсибэтэҕиттэн олус соһуйда, хом санаата, саҥата суох чочумча таалан турда. Билсиһии бу курдук хобдохтук түмүктэниэ эрэ диэн күүппэтэҕэ. Ама, кинини сирэр кыыс баар эбит дуу? Өссө хайдах эрэ куттаммыт, сиргэммит көрүҥнээх.

– Биир нуулга, Марина Иванова туһатыгар, – Коля, элэктиирдии турулус-эрилис көрө, Миичиги хаадьылаата.

– Санааҕытыгар ини. Син биир билсиэм. Көрөөрүҥ даҕаны, ити Марина миигин ытыы-ытыы эккирэтиэ. Ити бэйэтэ туормас эбит, – Миичик кыһыйбытын аһарынаары уолаттарын иккиэннэрин өттүккэ охсуталаата.

– Чэ, манна вахтаҕа хам сыстан туруохпут дуо, уопсайбытыгар барыахха, – Бүөккэ ыксал муҥутаан, туох да туһа тахсыбатын өйдөөн, тахсар аан диэки дьулуста.

Вахтаҕа олорор икки кыыс тоҕо эрэ кинилэр диэки үөннээхтик көрө-көрө мичээрдээһэллэр. Миичик уолаттарын кэнниттэн субу тахсыах курдук буолан иһэн, вахтаҕа төттөрү эргиллэн:

– Уой, кыргыттар, миэхэ баһаалыста көмөлөһүҥ эрэ. Биир эрэ ыйытыктаахпын, – дии-дии вахта иһин хойуу кыламаннарынан соруйан сапсына-сапсына одууласта.

– Тугуй? – суон, этиргэн кыыс хап-сабар утары ыйытта.

– Ити Марина Иванова доҕор уоллаах дуо? – Миичик куолаһын тупсарына-тупсарына үтүөмсүйэ соҕус сэрэнэн сураста.

– Ким билэр… Ханна да сылдьыбат кыыс. Арай улахан бырааһынньыктарга уопсайбыт дискотекатыгар биирдэ эмэ сылдьааччы.

– Бэрт эбит. Аны хаһан «улахан бырааһынньыккыт» буолар?

– Бүгүн, – этиргэн кыыс эрэллээхтик хардарда.

Уопсайтан тахсан иһэн ити олорор кыргыттар кинини «красавчик» диэн ботугураспыттарын кылгас түгэҥҥэ истэн аһарда. Санаата көнньүөрэн, эрэл кыымнаах, хайҕал кынаттаах уолаттарын кэнниттэн уопсайын хоһун булла.

* * *

Киэһэ Миичик хаһан да киэргэммэтэҕин киэргэнэн, үтүөмсүйэ соҕус туттан, 14-с куорпуска уолаттарын кытта кэллэ. Дискотека саҥа саҕаламмыт быһыылаах. Кырааскаламмыт, туттубут-хаптыбыт кыргыттар фойе иһигэр төттөрү-таары киирэллэр-тахсаллар. Кинилэр ортолоругар Марина көстүбэт. 14-с куорпуһу кыыс дойдута диэн мээнэҕэ ааттаабатах буоллахтара, барыта кыыс үөрэ.

Уолаттар вахтаттан билиэт ыла охсон, үҥкүүгэ киирдилэр. Арай Миичик: «Тохтуу түһэн баран, киириэм», – диэн хаалла. Харахтара тохтоло суох кэлэр-барар оҕолор диэки. Харахтара «баҕар алҕаска Маринаны көрүөм» диирдии көрүөлэнэллэр. Арай кини аттынан Маринатын дьүөгэтэ, намыһах уҥуохтааҕа, ааһан иһэр эбит. Үҥкүүгэ түһэр санаата да суох быһыылаах. Халааттаах, хонноҕун анныгар «доширак» лапса кыбыныылаах. Уол кыыһы харытыттан харбаан ылла:

– Ээ, кыысчаан, эн Марина дьүөгэтэҕин дии?

– Уой, киһини куттааҥҥын, – Аанчык улаханнык соһуйбут сирэйдээх.

– Марина түһэр дуо?

– Суох, биһиги проработка суруйа олоробут. Үҥкүүлүүр санаабыт суох.

Чочумча саҥата суох туран баран Миичик:

– Оччоҕуна миигин хоскор киллэр, – диэн кытаанахтык эттэ.

Аанчык бу уол ньоҕой майгылааҕын тута сэрэйдэ. Кини күүстээхтик ыга туппут илиилэриттэн уонна соруйар былаастаах куолаһыттан кыһыйа быһыытыйда эрээри, саарыы түһэн баран, дьүөгэтэ кыыһырбыт сирэйин саныы биэрэн, хоһугар киллэрбэтэ.

– Ээ, Маришка сөбүлүө суоҕа, – диэн хардарда.

Миичик маҥан сирэйэ эмискэ кубарыс гынна. «Хайа муҥун куота-тэйэ сылдьар кыыһый? Иннин ылан баран тэйиллиэ», – дии санаата.

– Суох, киллэр. Син биир бүгүн буолбатаҕына сарсын, сарсын буолбатаҕына өйүүн билсиэм. Тоҕо миигиттэн куттанаҕыт? Ытырыам да, ыстыам да суоҕа. Уон биэс мүнүүтэтэ миэхэ анааҥ, бириэмэм бүттэҕинэ тута хоскутуттан дьүгэлийиэм.

Аанчык куттаммыт харахтарынан Миичиги көрөн ылла:

– Чэ, бардыбыт. Маришкаҕа бэйэҥ быһаараар. Мин атын хоско бардым. Сотору, уон биэс мүнүүтэнэн, кэлиэм. Дьэ, сэрэн, ону-маны гына сылдьаайаххыный?

– Эс, ама дуу? Аата, куттаныма, тугу да гыныам суоҕа. Эр киһи биир тыллаах. Арба, аатыҥ ким диэний? – Миичик санаата көнньүөрбүтэ харахха тута быраҕылынна.

– Аанчык, – кыыс төбөтүн умса туттан кэбистэ. – 301-с хос ол турар.

Миичик эрэйэ суох киирбититтэн санаата көнньүөрэн үөрүү, эрэл кынаттаах Аанчык ыйбыт хоһугар тиийэн, сэрэнэн ааны тоҥсуйда.

7
{"b":"821318","o":1}