* * *
Сима эдьиийин аахха олорон эрэригэр тиийдэ, ол туһунан дьонугар эттэ. Оттон эдьиийэ тута сөбүлэстэ.
– Эн тута уопсайга ылыллыам диэбитиҥ дуо? Уопсай биэриэхтэригэр диэри манна төһө баҕарар олор, дьыбаан иллэҥ, – диэн кэбистэ.
Истипиэндьийэлээх уол аһыырыгар ыйга отут солкуобайы биэрэр, чэппиэр киэһэ бодобуос кэллэҕинэ уу таһан, буочуканы толорор. Биир толору буочука нэдиэлэ устатыгар арыычча тиийэр. Лермонтов аатынан уулусса икки этээстээх мас дьиэлэрэ маһынан оттуллар оһохторунан тураллар. Маһы дьиэлээх Сэргэйдиин ким иллэҥнээҕинэн хайытан кыстыыллар. Сарсыарда чаас аҥаарын курдук хааман, үөрэҕэр тиийэр, киэһэтин оптуобустанар. Сима, оҕолорго олус бэрт буолан, дьиэлээхтэргэ билиҥҥитэ сөбүлэтэн олорор. Онон, төһө даҕаны уопсай дьиэҕэ ылыллыбатар, санаатын түһэрбэккэ, үөрэнэ сырытта. Үөрэнэрин таһынан нэдиэлэҕэ үстэ бокс сиэксийэтигэр сылдьар. Кини баар бөлөҕүгэр үгүстэрэ бастакы куурустар дьарыктаналлар. Биир сыл сылдьаат, быраҕааччы элбэх буолар үһү. Билигин даҕаны аҕыйаан эрэллэр, күһүн, бастаан букатын биэс уончалар этэ. Үөрэхтэрин бүтэриэхтэригэр диэри бэрт аҕыйахтара, кыахтаахтара эрэ хаалан, өрөспүүбүлүкэҕэ миэстэлэһэр боксердар тахсаллар эбит.
Күн солото суох сырыттахха кэм кэрдии аллаах ат сэлиитинэн айанныыр диэн, сөпкө да эппиттэр. Биирдэ өйдөөбүттэрэ Саҥа Дьыллара бу тиийэн кэлбит. Сима, кэтэ сылдьыбыт халтаҥ соно, бэйэтэ да кыччаан, тайтайан эрэр таҥас, тымныыны туппат буолбута. Хата били Покровкаҕа үлэлээбит хамнаһынан истээх сон, сылаас бачыыҥка ылыммыта. Онон, тымныыны «кэл» диир киһи сылдьар. Биирдэ үөрэҕиттэн кэлбитэ, обургу мөһөөччүк күүтэн сытар. Дьоно куораччытынан ыыппыттар. Мөһөөччүгүн аспыта: сабыс саҥа таба тыһа унтуу, унтуу иһигэр ийэтэ тикпит истээх үтүлүгэ уонна сурук бааллар. Унтууну кэтэн көрбүтэ, икки наскынан сөрү-сөп. Хараҥа халлаан күөҕэ тастаах үтүлүктэрэ илиигэ лып курдуктар, сон сиэбэр уган биэрэргэ табыгастаах таҥас буолууһук. Бу үтүлүктэртэн дьиэтин сыта, ийэтин сылаас тыына кэлэргэ дылы. Аны дьэ суругу ааҕар. Арыылаах дьоно этэҥҥэ олороллор, биир сыбаайба буолбут. Ийэтэ дьиэ иһигэр тура сылдьар, аһын астыыр эбит. «Син хаккыҥнаан сылдьабын» – диэхтээбит. Салгыы, эдьиийин аахха дьиэ үлэтигэр көмөлөһүөхтээҕин, ыалдьыт-хоноһо курдук сылдьыа суохтааҕын суруйбут. Итиэннэ, киэһэ хараҥаҕа күлүгээттэртэн сэрэнэн сылдьарыгар, саарбах хампаанньаларга холбоспотугар баҕарарын эппит. Ийэтэ барахсан… Сөпкө даҕаны суруйаахтаабыт.
* * *
Бүгүн факультет Саҥа дьыла. Сима болдьоммут кэмҥэ тиийбитэ, аҕыйах киһи кэлэн хаамса сылдьаллар. Аллара фойеҕа бэрт дьадаҥы киэргэллээх, убаҕас лабаалаах харыйа турар. Уон саҕана, киһи элбээбитигэр музыка холбоотулар. Сорохтор үҥкүүгэ киирэн, шейкэлээн күөгэлдьиһэллэр, үгүстэр таах хаамсаллар, аалыҥнаһаллар. Тымныы оҕонньор Хаарчааналыын киирэн, бэрт кылгастык эҕэрдэ тылларын ордоотоот, үҥкүүһүттэргэ киирэн сылдьа түһэллэр уонна баран хаалаллар. Маскарааттаахтар, кимнээхтэрэ буолла, уонча киһи киирэн үҥкүүһүттэри эргийбэхтээн, дьээбэлэнэ түһээт, эмиэ элэс гыналлар. Биэс сүүстэн тахса устудьуоннаах факультет Саҥа дьыла диэтэххэ, астыга суох. Оо, Арыылаах аҕыс кылаастаах оскуолатыгар дьиктилээхэй даҕаны Саҥа дьыллар буолаллар этэ! Маскараат оҥостуу, быыстапкаҕа уруһуйдааһын, уһаныы, оонньууларга бэлэмнэнии, хас да күннээх оскуоланы киэргэтии түбүктэрэ сүрэхтэн сүппэт үтүө даҕаны өйдөбүллэри хаалларбыттар эбит! Арыылаахха Дьөгүөрэ диэн аһара көхтөөх холкуостаах ыччат баар. Ол кини Саҥа дьыл аайы киһи үөйбэтэх маскарааттарын оҥостон, оҕолору үөрдэр, улахан дьону сөхтөрөр үгэстээҕэ. «Бөтүүк иһэ-эр!» – диэн хаһыытыыллар. Арай, бөтүүк диэҕи ааһа улахан, киһи диэҕи бөтүүк, сүүрэн сохсороҥноон аҕай тахсар. Аны, хаһыытаан ыыра барар, адьас бөтүүк хаһыыта! Кыракыйдар, «тыыйбыан» дэһэн, улахаттарга сөрүөстэллэр. Дьэ, күлүү-үөрүү, сөҕүү-махтайыы бөҕөтө буолар. Шлангаҕа оҕо үрэр оонньуурун холбоон, бэрт уустук, бөтүүк хаһыытын үкчү түһэрэр тэрили оҥостубут эбит. Ол Дьөгүөрэ быйыл туох маскарааты оҥосто сылдьарын ким да билбэт. «Айка, быйыл тохтуубун. Соло да суох», – дии сылдьар сураҕа иһиллэр. Ол сылдьан, хара харах көрбөтүнэн, хаптаҕай кулгаах истибэтинэн дьикти маскараат оҥостон кэлэн, үөрүүнү, сөҕүүнү бэлэхтиирэ. Сима Тымныы оҕонньортон үс бэлэҕи тутара. Уопсай кэһиинэн ааттанар биир суу кэмпиэт, бирээнньик, уруһуйун иһин быыстапка жюритыттан бириис, үчүгэй үөрэҕин уонна холобурга турар майгытын иһин бириэмийэ тутан үөрэрэ-көтөрө. Саргылаах Саҥа дьыл салаллаахтаан кэлэрэ кэтэһиилээх да буолара… Саҥа дьыл диэн оҕо саас оонньуута, умнуллубат үөрүүтэ эбит. Ол кэм ааһан, улахан киһи буолан, бу боп-боростуойдук Саҥа дьыллыы турдаҕа. Кырдьык, устудьуоннар диэн улахан дьон буоллахтара. Итиэннэ, биэс сүүс киһини бу зачет, эксээмэҥҥэ киирэр туһугар мөхсүү саҕана ким көҕүлүөй, тэрийиэй? Ол эрээри, Сима үөрэҕин бүтэрдэҕинэ, учууталлаатаҕына, оҕолорго умнуллубат, кэрэ Саҥа дьыллары тэрийсиэҕэ. Хайаатар даҕаны!
Сима, сылдьа сатаан баран, таҥаһын ылан, бүтэһик оптуобуска сүүрэр.
Дьиэтигэр кэлбитэ, дьоно утуйа иликтэр. Баччаҕа утуйар этилэрэ… Һок, «биллэр сыт» кэлэр. Хостон дьиэлээх хаһаайын Сэргэй лэппэрдэтэлээн тахсар.
– Хайа, устудьуон уол, төһө бэрт дьуолкаҕа сылдьан к-кэллиҥ? – Кини муннун биир кэм өрө сыҥар, кыра саһархай харахтара сүүрэлиир курдуктар.
– Наһаа буолбатах, хайдах эрэ, сууххай баҕайы курдук.
– Ээ-э, сууххай диэн ол тугу этэҕин, доҕоор? Университет дьуолката буолан баран, хайдах оннугуй, сууххай диигиний? – Күтүөт, холуочуйдаҕына үгүһү-элбэҕи лэбэйэн барар үгэстээҕин Сима быйыл биллэ.
Итирик киһини кытта тыл аахсан туһата суох. Мөккүһэн кэбистэҕинэ бу түүн утуйбаттар.
– Хайа, тоҕо к-кэпсэппэккин, туохтан өһүргэнниҥ? Хата, доҕоор, биир эмэ кыыһы атаарбатыҥ дуо?
– Ээ, суох, атаарбатым.
– Пахай! Мөлтөх киһи эбиккин. Э-эн сааскар б-биһиги, э-эн сааскар…
– Оо, ол билиҥҥэттэн атаарсыа дуо? Биэс сыл уһун, аналлааҕын көрсүөҕэ. Хата, утуйуоҕуҥ эрэ, биһиги. Оҕолору уһугуннараары гынныгыт, – куукунаттан эдьиийэ тахсан кэлэр.
– Ээ? Ээ, чэ, утуйан-утуйан. Хата, били аспыт бүтэн хаалла дии. Туох эмэ баар дуо, сыччыы?
– Оо, дьэ, баарын баар да, сарсыарда төбөҥ ыалдьаарай?
– Эс, ыалдьыбат. Т-тоҕо ыалдьыаҕай? Кут.
– Зверовка ээ, онтуҥ. Тымныйдахха туттуллуо диэн ууран сытыарбытым. Булкуйдаххына сарсыарда төбөҥ ыалдьаарай диэн этэбин.
– Ии, чыычааҕыам! Кэм миигин харыстыы с-сылдьаахтыыгыан? Ч-ч-чэ, биир к-кырыылаах ыстакаанна к-кут. Ону иһэн у-утуйуом.
Хата Сэргэй бүгүн үтүө санаата киирбит киэһэтэ эбит. Ол ыстакаанын кытта төһө уһуннук лэбэйэ олорбута биллибэт, утуйбут этэ.
Тохсунньу ортото бастакы куурустар сыра-хара бөҕөнөн эксээмэҥҥэ киирэллэр. Түөрт эксээмэни этэҥҥэ туттардахтарына, бастакы семестри сабан, олунньу ортотун диэки каникулга барыахтаахтар. Долгутуулаах бастакы эксээмэннэр бу тирээн кэлэллэр.
Саҥа Дьыл өрөбүллэригэр «собуоттанан» хаалбыт Сэргэй иһэн кэлэрэ, буоккалаах кэлэн, дьиэтигэр иһэрэ үксээн барда. Сарсыарда арбы-сарбы туран, балык миинин биитэр оҕурсу кэнсиэрбэ уутун иһээт, үлэтигэр барар. Күн устата чөлүгэр түһэн, киэһэ ама киһи кэлэр эрээри, арыгы ылан кэлэр. Киэһэ аайы «Чэ, бу киэһэнэн бүтүөм, бүтэһигим эрэ», – диэн эрэннэрэр. Сарсыҥҥытыгар эмиэ арыгылаах кэлии, киэһэни супту иһии, түүнүн утуйан биэрбэккэ лэбэйии. Эдьиийэ хайдах тулуйаахтыыра буолла? Сима Сэргэй маннык иһэрин билбэт эбит. Саалаҕа утуйа сытан уһуктан кэллэҕинэ, куукуна уоттаах, Сэргэй тугу эрэ лэбэйэ, кими эрэ саҥара олороро иһиллэр. Ардыгар эдьиийиниин этиһэр, саҥарсар дорҕоонноруттан уһуктар, эдьиийин аһынара сүрдээх. Айаҕалыы сатаан, «бу мин олорорбун сөбүлээбэт буоллаҕа дуу» диэн санаталыыр. Кэлин киниттэн иҥнэрэ, утуйа сатыыр уолга киирэн, лэбэйэрэ элбээтэ.
Биир күн, дьиэтигэр олорон, кэниспиэгин арыйан, бэлэмнэнэ сатыыр да, уутун төрүт хамматах, өйүгэр туох да хатаныа суох. Аан туман үгэннээбит. Уонча хаамыы таһыгар киһини да көрөр уустугурбут. Массыыналар араҕас уоттарын холбоон, аатын эрэ сыылаллар, туормастыыр тыастара киһи куйахатын тыытан, кыычыгырыыр. Сима хаамтар хааман, мантан оптуобус үһүс тохтобулугар баар икки сыл олорбут интэринээтигэр тиийэр. Устудьуоннуоҕуттан манна сылдьа илик эбит. Бүгүн даҕаны манна кэлэр санаата суоҕа, атахтара аҕаллылар. Кэлбиччэ, киирэ сылдьыахха.