Литмир - Электронная Библиотека
A
A

Ток диэн ааттанар сүүнэ сарайга бурдук ыраастыыр ыстаныак үлэлээн күпсүтэр. Бункертан курулаччы кутуллар бурдукка икки кыыс солбуһа куул тоһуйаллар, икки кыыс туолбут кууллары туора соһон, кэккэлии эрээттэргэ туруортаан иһэллэр. Сималаах бу кууллары массыына куусабыгар куруустууллар. Массыына көстөн турар, массыына курдаттыы киирэн ааһар бурдук ыскылаатыгар киирэр. Манна, ыйан биэрбит хосторугар бурдуктарын тэниччи кутан иһэллэр. Бу хосторун «закрома» диэн ааттыыллар. Биир тиэйиигэ лоп курдук 60 куул бурдугу илдьэллэр. Туораах бурдук ыарахана суох, куула 40 эрэ киилэ үһү. Саҕаларыгар буор-сыыс киирбэтигэр аналлаах капюшон таҥаһы кэтэрдибиттэрэ. Бу таҥас кууллаах бурдугу сүгэргэ-түһэрэргэ эмиэ көмөлөөх эбит. Онон, киһи кыайар үлэтэ буолуох курдук. Ол эрээри үһүс сырыыларыгар Телятниковтара отой байааттан хаалар. Кинини Слава куулу сүктэрэн биэрээччинэн настилга таһаарар. Киһилэрэ аны Никандр курдук дэгдэччи ылан, табыгастаахтык сүктэрэн испэккэ эрэйдиир. Уол ыарырҕаппытын көрөн, били куулу туора соһооччу кыргыттартан биирдэстэрэ кэлэн, көмөлөспүтүнэн барар.

– Девушка, как звать?

– Ну, Маруся.

– Мы вам даем нашего Телятникова, а Вы, Маруся, с нами пойдете работать? – Гена харахтарыгар тэбэнэт уоттара кылахачыһаллар.

– Ну, прямо…

Үлэлээтэххэ бириэмэ биллибэккэ ааһар: алта чаастара номнуо буолбут.

– Уолаттар, остолобуойга уочараттыы туруҥ, билигин тиийиэм, – Слава ханна эрэ элэс гынар.

Кини тоҕо эрэ тардыллар, аһаан бүтэн, наараларыгар сэлэһэ сыттахтарына, Василий Васильевичтыын, били бэҕэһээттэн кинилэри дьаһайсар киһилиин, киирэн кэлэллэр. Түүрэ сууламмыт улахы-ын хара матарааһы аҕалбыттар. Онтулара, кыһын тыраахтар мотуорун сабарга аналлаах, баата истээх «кошма» диэн ааттанар таҥас эбит. Тэлгээбиттэрэ, бэһиэннэригэр тиийииһик.

– Бу, кыра уолгут хайдаҕый? – Василий Васильевич Телятников диэки көрөн ылар.

– Ээ, оттон, эрэй үөрэтэр ини.

– Дьэ, эрэттэрим, кытаатыҥ, – биригэдьиир тахсан барар.

– Ити, биһигиттэн биир төбө үрдүк киһини көрөн туран, тоҕо «кыра уолгут» диир?

– Үлэҕэ эриллибэтэх көрүҥнээҕин көрөн, үлэһит быһыытынан кыра диэн эттэ ини.

Слава биригэдьиирдиин сопхуос завхоһун булан, ыскылааты астаран, биир кошманы Василий Васильевич тус эппиэтинэһигэр бэрдэрбиттэр.

– Славабыт сытыы-хотуу буолан, бэртээхэй тэллэхтэннэхпит, – Сима кошмаҕа күөлэһийэ сытан, көхсүн тыылыннарар. Күннүктээн куул сүгэн, көхсө сааллыбыт.

– Бывалай киһилээх диэн үчүгэйин, аны дьэ тэллэххэ күөлэһийэбит, – Никандр олорон эрэ, лаҕыйан, тэйиэккэлээн ылбахтыыр.

– Бывалай диэбиккэ дылы, Трус, Балбес уонна Бывалай тустарынан анекдоту кэпсиибин дуо?

– Кэпсээ-кэпсээ, Гена.

– Арай биирдэ Трус, Балбес уонна Бывалай, кабинеттаах тойоҥҥо киирээри, кэтэһэ олорбуттар. Көрүдүөргэ биир мас кириэһилэ уонна мас дьыбаан баар үһү. Бывалай дьыбааҥҥа сытынан кэбиспит, Балбес кириэһилэҕэ олоруммут. Трус эрэйдээх таах хаамыталыы сылдьыбыт.

«Мин эмээхсиним до-оп-доруобай, – диэбит кини. – Пахай, ити кириэһилэҕэ баппат». «Һы! – Балбес чөрөс гына түһэр. – Бу кириэһилэ диэхтээн! Мин эмээхсиним ити дьыбааҥҥа батара саарбах!» – «Бу дьыбаан диэхтээн! – дьонугар эргиллэн, Бывалай көөҕүнүүр. – Арыычча дьахтар хайдах дьыбааҥҥа батан олоруой? Мин, эмээхсиним туруусугун прачечнайга илдьибиппэр, ылбатахтара. Тааҥка чехолун сууйбаппыт диэбиттэрэ».

– Тааҥка чехолун?

– Суу-сууйбаттар, һа-һа-аа!

– һуу-уу-уу…

– Ребята, вы дадите спать, нет? – ороннор диэкиттэн кыйахаммыт саҥа дуорайар.

– Чэ, утуйдубут.

– Тааҥка чехолун… – ким эрэ билигин даҕаны күлэн кыччыгыныыра иһиллэр.

* * *

Тыаны солоон, маһын ыраастаан, сирин оҥорон, бурдук үүннэрэн, ас оҥорон аһыахха диэри киһи барахсан үтүмэн даа үлэни көрсөөхтүүр эбит! Бэл манна комбайнтан кэлбит, билбэт киһи көрүүтүгэр бэлэм курдук туораах бурдук, миэлиҥсэҕэ барыар диэри уонча суол бэлэмниир үлэни эрэйэрин уолаттар саҥа көрдүлэр. Көрдүлэр эрэ, бурдугу бэрийии ис кистэлэҥин – технологиятын билигин да билэ иликтэр. Манна куруусчуттары таһынан бурдук кууллуур, туора күрдьэҕинэн бурдук сыҕарытар ток иһинээҕи үлэлэргэ уонтан тахса медучилище устудьуонкалара бааллар. Курбуу курдук үрдүк уҥуохтаах, сырдык сэбэрэлээх нуучча, бааһынай кыргыттара. Кинилэр ханна эрэ, дэриэбинэ кытыытыгар «Коннай двор» (аата сүрүн, көньүүһүнэҕэ дуо?) диэҥҥэ олороллор үһү.

Биир киэһэ Телятниковтара сүтэн хаалар. Ханна дьөлө түстэҕэй? Бэҕэһээ киинэҕэ кэлин эрээккэ медучилищелары кытта олорбута, онон кыргыттарга бардаҕа диэн сабаҕалыыллар.

– Ити Витя үлэтин кыайбакка эстэр-быстар аҕай дии, уонна баран, хайаан түүннэри кыргыттарга сүүрэрэ буолла? – Гена бэркиһиир.

– Күнүскү үлэни кыайбатаҕын иһин, түүҥҥү сырыытыгар үчүгэй ини.

– Буолуо…

Ити кэпсэтииттэн уолаттар күлсэн ылаллар.

– Хайыыбыт, көрдүү барарбыт дуу?

– Эс, кэлиэ буоллаҕа. Маннык түбэлтэҕэ көрдөөбөттөр, – Слава сонньуйар.

Киһилэрин кэтэһэн, сээбэҥнээн, уур-нуур утуйбакка сытан, сылаалара таайан, утуйан хаалбыттар. Дьулаан хаһыыттан утуктан кэлэллэр.

– Ребятаа, из-избили-и!

Уоту холбуу охсубуттара, Витялара хаан-сиин буолан, мунна-уоһа дьуккуруйан, дьаабылаттаран кэлэн турар.

– Тыый, кимнээҕий?

– Ити буоллаҕына! – уолаттар ыксалынан таҥнан хачымахтаһаллар.

Сирэйдэрэ-харахтара турбута сүр. Сима, хайдах эрэ, ол күлүгээттэр манна кэлэн, таһырдьа сырсан күлүгүлдьүһэ сылдьалларын курдук саныыр.

– Бу атаҕастаан эрдэхтэрин! – Гена, киһи бэрдэ, оһоххо иилиллэн турар күлүүкэни сулбу таһытан ылар.

Сима, тугу эрэ, бэйэни көмүскэнэргэ сөптөөҕү көрдөөн, көрүөлээн элэгэлдьитэр.

– Бэйи тохтооҥ, омуннурумаҥ эрэ, уолаттар. Бастаан киһибитин истиэҕиҥ, – Слава дьонун уоскуталыыр. – Ну, расскажи толком, Виктор, что случилось-то?

…Витя коннайга, кыргыттарга тиийбит, онно үс олохтоох уолаттар бааллара үһү. Кини тиийээтин, кыргыттар преподавателлэрэ, сааһыра барбыт дьахтар тахсан, утуйдубут диэн, тахсыбыт оҕолору иһирдьэ ыҥыртаан киллэрбит. Уолаттары тарҕаһалларыгар эппит. Анараа уолаттар, сылдьымахтаан баран, ханна эрэ элэс гыммыттар. Витя барбакка, коннай таһыгар сылдьыбыт. Сотору Маруся сыбдыйан тахсыбыт. Иккиэн балачча турбуттар. Куустуһуу, уураһыы да баара. Онтон преподаватель тахсан, Ширяева Марияны ыҥыра сатаабыт. Виктордаах, эркиҥҥэ сыстан, биллибэккэ турбуттар. Кыргыттар бары тахсан, көрдөөн, кинилэри булан ылбыттар.

– Ты, чё? Обалдела? Завтра она позвонит и тебя отчислят!

– Пока не поздно, все в дом, марш! – били кинилэри туппут хотумсук кыыс дьаһайбытынан барар.

Кыргыттар, Марусяларын иннилэригэр уктан, киирэн хаалаллар.

Ыаллар утуйбуттар, онон-манан биирдиилээн түннүк уота кылайар. Витя ол уоттарынан сирдэтэн, төннөн иһэн, сөптөөх хайысхатын сүтэрэн кэбиһэр. Биир олбуортан обургу ыт тахсан, сыыһа-халты хабыалаабытыгар, хантан кэлбит түргэнэ буолла, олбуорунан ыттан, кыра хоспох үрдүгэр ойон тахсар. Ыт олустаабытыгар, дьиэттэн дьахтар тахсан, үөхсэ-үөхсэ, хата, ытын баайар.

– Шныряют тут, всю ночь, ироды!

Оннук муна-тэнэ, дэриэбинэ ытын барытын уһугуннаран, дуолан моргуору таһаара сырыттаҕына, хантан кэлбиттэрэ биллибэт, икки уол барыс гына түһэллэр. Кинини бастаан охсон-тэбэн көрөллөр, ол кэннэ, Витя кыайан сөптөөх харданы биэрбэтэҕэр, үөс батааска бэрдэрбэккэ, быһыта сынньан кэбиһэллэр…

Итини барытын, хайдах баарынан Витя кэпсээбэт. Кыргыттарга сылдьыбытын, төннөн истэҕинэ саба түһэн кырбаабыттарын, «хаһыалара биллибэтин» эрэ кэпсиир.

Өйдөрүн-төйдөрүн булунан, сүбэлэһэн көрбүттэрэ, бу түүн ол күлүгээттэри булуо суохтар. Таах дэриэбинэни аймаан, туһата суохха сата баһын тардыахтара. Ол эрээри төрдө-ууһа суох кырбанан хаалар эмиэ сатаммат.

– Сарсыарда сэбиэттэригэр тоҕо сууллан тиийэн, ол кырбаабыт дьону булуҥ диир баҕайыбыт дуу? – диир Слава, толкуйга түһэн.

– Хата, оннук дьаһанар эбиппит. Буруйдаахтары булан, эппиэккэ тарда иликкитинэ, үлэҕэ тахсыбаппыт диибит, – Гена харахтара лаампа уотугар суостаахтык килбэлдьиһэллэр.

3
{"b":"895126","o":1}