* * *
Тапталинам, привет!
Дууһам олох уоскуйбат, санаам барыта эйиэхэ. Оҕом сыыһа, төһө эрэ ахта сылдьаҕын. Олох умнан кэбистиҥ дуу? Хайдах эрэ күнүүлүөх санаам кэлэр, автобуска таах сибиэ бэйэм атаарбаккабын диэн кэмсинэбин.
Доҕорбор
Доҕорбор эйиэхэ анааммын
Ыллыахпын-туойуохпун баҕардым.
Олус диэн ахтыбыт омуммар
Айманар сүрэҕим дьиктитик.
Тапталга бигэнэн мин эмиэ
Уһуннук, дьоллоохтук олоруом.
Эйиэхэ анаабыт сүрэхпин
Чиэстээхтик, ыраастык толоруом.
Ахтар муҥун билэммин
Айманабын, доҕоччугуом.
Кэлиий миэхэ түргэнник,
Кууһуом, сыллыам барахсаммын.
Олунньу 10 күнэ. Киэһэ 22 ч. 06 мүн.
Димаҥ.
* * *
Инночкам, дорообо!
Киэһэ 10 ч. 55 мүн. Бүгүн үлэбиттэн кэлбитим, Вера «маама звони гынна» диэн үөртэ. Наһаа үөрдүбүт. Жаркой буһардым. Онтон бэйэҥ звоннаабыккар куоласкын истэн, бирээмэ көтүөхпүн кынатым эрэ суох. Мин кэргэним түүн кэлэр диэн үлэбэр күн аҥаара барбатым. Бүгүн бары да настырыанньа бөҕөбүт. Чэ күүтэн-күүтэн, ахтан-ахтан көрсүһэрбит аҕыйах чаас хаалла.
Күүскэ да күүскэ ууруубун-сыллыыбын.
Димаҥ. Олунньу 11 күнэ. 11 чаас 06 мүн.
* * *
Дорообо, күндүттэн күндүбүт, маамабыт Инна!
Сурук суруйан ахтылҕаммын таһаарабын, хайдах эрэ кэпсэтэ олорор курдукпун. Киэһэ аайы ночной ырбаахыгын сыллаан баран утуйабын, сытыҥ хаалан хаалбыт.
Чэ, бары үчүгэйи, дьолу-соргуну кытта Димаҥ.
Ууруубун-сыллыыбын, наһаа күүскэ таптыыбын. Олунньу 27 күнэ. Киэһэ 6 ч. 45 мүн.
* * *
Инночкам, привет!
Үтүө күн үүммүтүнэн, олунньу ый бүтэһик күнүнэн уруйдуубун-айхаллыыбын. Сааскы ылааҥы күннэр саҕаланаллара бу кэллэ, арай мин оҕом кэлиэн баҕарбат. Хаайтаран сытар сураххытын телефонунан истэбин. Наһаа да аҕынным, доҕоччуок, санаам барыта эйиэхэ. Олус да долгуйан барыах курдукпун. Эмискэ баҕайы хараастан ылабын, халлааным хараҥарар. Оҕолорум үөрэнэ бардылар, сарсыарда туран глазунья буһаран биэрдим.
Соҕотох хаалар наһаа куһаҕан эбит. Билиэппит умайарыгар тиийдэ, эн суоххун. Эйигинэ суох концерт соччото суох буолуо дии.
Чэ, көрсүөххэ диэри, ахтабын, таптыыбын. Ууруубун-сыллыыбын.
Димаҥ. Олунньу 28 күнэ. Сарсыарда 8 ч. 25 мүн.
* * *
Күндү киһим, Инночкам, привет!
Бу көрсөрбүт аҕыйах чаас хаалла, ол эрэн сурукпун син биир суруйан хаалабын. Маҕаһыыҥҥа тахса сырыттым, ону-маны ыла. Зина: «Туох алдьархайын үөрдүҥ?» – диир. «Тыый, Иннам кэлэн иһэр», – диэтим. «Ол да иһин», – диэхтиир. Кэлэргэр миин өрө сылдьабын, киэһэ собо сиэхпит.
Үөрүү
Бүгүн үөрүү, бүгүн дьол —
Маамабыт барахсан иһэр!
Оо, төһө эрэ үчүгэй буолар
Үөрэн-көтөн киирэриҥ,
Ахтан иэдэйбит дьону
Ууруу-сыллыы сылдьарыҥ,
Бу харахпар көстөн кэлэр
Күлүмүрдэс мичээриҥ.
Ол эрээри эмиэ толлобут
Маамабыт саҥатыттан,
Кини күөстүү оргуйан
Мөҕөн-этэн барарыттан.
Чэ, көрсөрбүт 1—2 чаас хаалла буолуо, этэҥҥэ айаннаа.
Өрүү бииргэ тапталыҥ Димаҥ.
Кулун тутар 4 күнэ. Понедельник. 9 күн буоллуҥ. Сарсыарда 8 ч. 45 мүн.
Күн аайы 2-лии суругу суруйдум.
* * *
Тапталлаах доҕорум Инна, привет!
Бүгүн сарсыарда 5 ч. Итииргээн уһугуннум, онтон хаһыат ааҕа сыттым уонна бу оҕобор сурук суруйан эрэбин. Төһө да ыраах сырыттаргын, санаабар субу баар курдуккун, ахтарым-саныырым күүһэ бэрт буолан, олох кууһа сытар курдукпун. Эйигин ахтарым бэрт буолан, уум олох көтөн хаалла. Доҕоччугуом, хаһан кэлэ охсон уоскутаҕын? Бэҕэһээ киэһэ телефонунан ахтыбытым ааһыар диэри кэпсэтэн наһаа дуоһуйбутум, олох субу баар курдуккун.
Чэ, бары үчүгэйи кытта оҕонньоруҥ Дмитрий.
Ахта-саныы, өйдүү-таптыы хаалабын. Ууруубун-сыллыыбын.
Муус устар 18 күнэ. Сарсыарда 6 ч. 47 мүн.
* * *
Ахтар-саныыр, өйдүүр, таптыыр, долгуйа күүтэр кэргэним Инна, дорообо!
Бу олус күүскэ ахтан, кэлэргэр тиийбэккэ сурук суруйан эрэбин. Хаһан да кыыһырсар буолумуох, туохпутун былдьаһыахпытый. Мин эйигин наһаа күүскэ, ис сүрэхпиттэн таптыыбын, ону бэйэҥ да сэрэйэр буолуохтааххын. Оҕом сыыһа, олох кыайан тэйсиэ суохпут, биир-икки күҥҥэ араҕыстыбыт да, ахтыһан барабыт. Оо, таптал, олус да күүстээх эбиккин, урут маннык олох буолбат этэ. Телефонунан куруук саанаҕын, «тиийдэхпинэ аахсыахпыт» диэн. Туох буруйбар? Олох өйдөөбөппүн, оонньуур быһыылаах дии саныыбын. Бэҕэһээ «Семейные узы» көрө-көрө: «Оо, дьахталлар үөннэр эбит», – дии саныыбын, ол мин оҕобор, конечно, сыһыана суох диэн эрэнэбин. Ол иһин олус күүскэ таптаан эрдэҕим буолла. Тапталбытын харыстыах, дьон ону-маны үлүннэрэн кэпсиирин итэҕэйимиэх, бэйэбит эрэ албыннаһымыах.
Тапталга буруй суох
Таптыырга буруй суох, доҕоруом,
Олуһун күүскэ да таптыыбын,
Кэрэчээн уостаргын уураары,
Күн аайы кэтэһэн эрдэҕим.
Аҕыйах хонукка арахсан,
Ахтыста сүрэхпит олуһун.
Омуннаах тапталга ылларан,
Олохпут уһуоҕа биһиэнэ.
Доҕоруом, эн бааргын мин сүрэхпэр,
Атыны букатын билбэппин,
Эрэнсиэх бэйэбит иннигэр,
Хаһан да сүтэрсибэт туһугар.
Сэтинньи 22 күнэ,
Димаҥ.
* * *
Сэгэрим, Иннам, привет!
Бу олох эрдэ уһуктан баран турдум. 5 ч. 40 мүн. уһуктубутум. Олох иэдэйииһикпин быһыылаах. Биир күнү нэһиилэ аһардым. Ахтарым бэрт, бу сир үрдүгэр таптыыр киһигинээн куустуһан сытар саҕа үчүгэй суох эбит. Чэ, хайдах эмэ тулуйар инибин. Кытаат, доруобай эрэ буол. Бары үчүгэйи кытта Димаҥ.
Күүскэ да күүскэ ууруубун. Арба, сыттыккар сытыҥ хаалбыт, ону сыллыы хоннум.
29/XI. 6 ч. 44 мүн.
* * *
Күндүттэн күндү киһим, Иннам, привет!
Эйигин санаан уум олох көтөн хаалла. Мантан түүн хаһыат ааҕар буоллум. Уопсайынан суох бириэмэҕэр кыайан утуйбакка сору көрдүм. Баар эрэ буоллаххына, утуйар эбиппин. Тоҕотун олох билбэппин. Оҕом сыыһа, суоҕуҥ наһаа куһаҕан, олох ылларан кэбиспиппин, күнү быһа эйигин санаан тахсабын, барахсаным тугу гына сылдьара буолла диэн. Халаатыҥ абырыыр, кэлэ-бара сыллыы сылдьабын. Ии, оҕом барахсан, төһө да мөхтөргүн олус күүскэ таптыыбын. Чэ, көрсөрбүт олох аҕыйах чаас хаалла, утуйа охсубут киһи.
Наһаа күүскэ таптыыбын. Ууруубун-сыллыыбын.
14/IV. Түүн 1 ч. 40 мүн.
Дорообо, таптыыр кэргэним Инна!
Сэгэрим, олох ахтан иэдэйдим, аҥаарым эрэ хаалла быһыылаах.
Көрсүһүү
Күүтэбин, доҕоруом, олуһун
Ол кэми, көрсүһүүнү,
Аҕынным даҕаны эйигин,
Күндү көмүс биэбэйим.
Үөрүүнэн толорор дьиэ иһин
Эн көрдөөх күлүүҥ өрүүтүн,
Чуҥкуйда дьиэбит эн суоххар,
Айманна дууһабыт барыбыт.
Кэлиий дуу, доҕоруом, түргэнник,
Уоскутууй сүрэхпит төлөнүн.
Долгуйар Дьокуускай сиригэр
Кэтэһэ хааллыбыт биһиги.