Инналаах Ася, уруккуларын, эдэр эрдэҕинээҕилэрин, курдук, ыллаан да ылаллар, ытаһа да сыһаллар. Биллэн турар, ытааһын-соҥооһун Иннаттан тахсар. Ася ис санаатын мээнэ ыһа-тоҕо сылдьыбат, барытын бэйэтигэр тута сылдьар майгылаах. Ол эрээри аһыныгас сүрэхтээх, өрүү көмөлөһө, өйдүү сатыыр истиҥ, эрэллээх доҕор. Дьүөгэлэрэ онон туһанан бары кыһалҕаларын илдьэ киниэхэ кэлбиттэрин билбэккэ да хаалаллар. Ася, хас биирдиилэрин болҕойон истэн, уоскутааччы, уһун киэҥ санааны угааччы буолан иһэр. Арыт: «Санааҕытын кыраттан түһэрэҕит, олохтон табыллыыны эрэ күүтэҕит, атаахтыыгыт», – диэн мөҕүтэлээн да биэриэн сөп. Кини даҕаны санаата-оноото оонньуура, араас кыһалҕаланан ылара ханна барыай. Халыҥ аймах, бииргэ төрөөбүттэрин оҕолорун туһугар кылаабынай кыһаллааччы эмиэ кини. Бэйэтэ оҕото да суоҕун иһин, уонча оҕолоох ийэ курдук түбүгүрэр. Бу күннэргэ киэһэ хойукка диэри олорон наскы, үтүлүк баайталыыр. Кыһын устудьуон балтыларыгар, бырааттарыгар түҥэтээри. Эдьиийдэрин иһирэх сыһыанын биир эмит оҕо өйдөөн, кырдьар, кыаммат сааһыгар сылаастык сыһыаннаһан, үүттээх итии чэй кутан биэрэрэ дуу, суоҕа дуу.
Инна эмиэ туох баар олоҕун үөрүүтүн, хомолтотун, үрүҥ, хара күннэрин дьүөгэтин кытта үллэстэн кэллэ. Бастакы кэргэнин, Ганятын, кытта олорон, арыгылыыра бэрдиттэн сотору-сотору арахсаары сананан Асяҕа сүүрэн кэлэр буолара. Ася барахсан нэдиэлэни нэдиэлэнэн ханна барбыта биллибэккэ сүтэн хаалар үгэстээх Ганяны салгыбакка, сылайбакка көрдөһөрө, булан ыллахтарына эмиэ тэбис-тэҥҥэ тыл-өс, сүбэ-ама буолан салгыы ыал буолалларыгар көмөлөһөрө. «Оҕолоргун тыыннаах тулаайах оҥортоору гынаҕын дуо? Эйиэнэ өссө иһэр эрэ, дьиэтигэр-уотугар айдаана суох, атаҕастаабат, олоро сатаа. Мин көрдөхпүнэ, дьахталлар үгүстэрэ эн курдук олороллор. Кини да сааһырда, нуорматын иһээхтээтэ, сотору түспэтийиэҕэ. Кырдьар сааскар чэй исиһэр киһитэ суох соҕотох хаалаары гынаҕын дуо? Уолуҥ кэргэннэнэн баран хаалыа, кыргыттарыҥ Вералаах Надяҥ да эйигин манаан олоруохтара суоҕа. Бэйэлэрин олохторун оҥостунуохтарын наада буолуо. Оччолооҕу аастыҥ, тулуй», – диэн инникигэ эрэл санааларынан кынаттаан иһэрэ. Ону баара Ганя эрэйдээх түспэтийэригэр тиийбэтэҕэ, эмискэ быара аккаастаан күн сириттэн күрэммитэ. Оҕолоро оруобуна оскуоланы бүтэрэн, салгыы үөрэххэ барар-кэлэр эппиэттээх кэмнэригэр соҕотох хаалбытыттан Инна бастаан олус ыксаабыта. Ол эрээри кини, оччоттон баччааҥҥа диэри ыал тутаах киһитэ, хайдах да түүрүнэн олорунан кэбиһэр кыаҕа суоҕа. Аны саҥа дьиэ туттан испиттэрэ ситэ бүппэккэ хаалбыта. Бэйэтин, Ганя да аймахтара «дьиэҕин бүтэртэр» диэн үгүөрү соҕус үп хомуйан биэрэн абыраабыттара.
Инна куоракка чэпчэки сыаналаах тутуу матырыйаалын, түннүк холуодатын, ааннары атыылыыр маҕаһыын баарын истибитэ. «Маҕаһыын дириэктэрэ Дмитрий Николаевич – биһиги улууспут уола, биир дойдулаахтарыгар ураты болҕомтолоохтук сыһыаннаһар», – диэн буолбута. Биир үтүө күн Инна ол маҕаһыыны көрөөрү анаан-минээн куоракка киирбитэ. Атыыһыт уолаттартан ассортименнарын билсэ, сыаналарын ыйыталаһа турдаҕына, Дмитрий Николаевичтара тахсан кэлбитэ. Үрдүк уҥуохтаах, толору, киппэ эттээх-сииннээх, харахха быраҕыллар эр киһи этэ. Кини Иннаны кытта «кэҕис» гынан дорооболоспута. Инна хара бастааҥҥыттан дьон тугу этэллэрин чуолкайдыырга быһаарынан, биир дойдулаахтар буолалларын тоһоҕолоон эппитэ.
– Биир дойдулаахтарым барахсаттар, таах да наһаалаан эрэҕит ээ. Дьэ, тугу ыйытаҕын? Эйиэхэ кэлэн аккаастыам дуо, букатын билиэн баран турабын. Кэргэниҥ бэйэтэ көрүөҕүн, маннык нарын-намчы киһи, атыыластаххына, сүгэн бараҕын дуо? – дии-дии, күлбүтэ-үөрбүтэ.
– Кэргэним суох, өлбүтэ сылтан орто. Ол иһин бэйэм сырыттаҕым, – Инна бөтө сыһа-сыһа саҥарбытыгар Дмитрий Николаевич ыксаабыта. «Бырастыы гын», – диэмэхтээбитэ, күүстээх, сып-сылаас ытыһынан Инна саннын аргыый имэрийэн ылбыта.
Бу кэнниттэн маҕаһыыҥҥа сороҕор бэйэтэ, ардыгар уолунуун Мишалыын элбэхтик тиэстибиттэрэ. Аны дьиктитэ диэн, Инна киирэн кэллэ да, Дмитрий Николаевич хонтуора хоһуттан бэйэтэ тахсан кэлэрэ. Атыылыыр уолаттара, киксибит курдук, ханна эрэ симэлийэн хаалаллара. Кырдьык, сыанатын элбэхтик түһэрэн атыылаан абыраабыта. Улам билсэн, Иннаны кытта хайдах эрэ ураты истиҥник, сылаастык кэпсэтэр, киһи санаатын көтөҕөрдүү, дьээбэлэһэр, хаадьылаһар этэ. «Соҕотох дьахтар диэн бириэмэ атаараары оонньоһон эрэр дуу?» – диэн Инна арыт кыһыйа-абара санаан кэлэрэ. Ол эрээри, бэйэтэ да өйдөөбөтүнэн, Дмитрий Николаевич истиҥ бэйэлээхтик харахтыын мичээрдээбитинэн тахсан кэллэҕинэ, куолаһын иһиттэҕинэ, долгуйан хаалар буолбута. «Хайа эрэ дьоллоох анала буолла?! Арыгыга ылларбатах, чөл өйдөөх-санаалаах, биир бигэ тыллаах эр дьон ончу атыннар ээ», – дии саныыра Инна. Атыылаһалларын барытын кыра-кыра ылан бүтэрэн, Инна маҕаһыыҥҥа киирбэт буолбута. Ол эрээри онтуттан тоҕо эрэ санаата түспүтүн, туга эрэ тиийбэт курдугун өйдөөн сонньуйан ылара. Дмитрий Николаевич сылаас, сымнаҕас көрүүтүн, эйэҕэс мичээрин санаан тахсарыттан бэйэтин аралдьытына сатыыра.
Биир күн дьиэтигэр үлэлии сылдьар дьон Иннаны эмиэ куоракка «командировкалаабыттара». Итэҕэс-быһаҕас син көстүбүтэ. Инна куораттыан иннинээҕи киэһэттэн ис-иһиттэн сүргэтэ көтөҕүллэн, киҥинэйэн ыллыы сылдьар буолбутуттан бэйэтин мөҕүттэ санаабыта. Сарсыныгар өтөрүнэн киэргэммэтэҕин киэргэнэн, оҥостон-туттан куоракка киирбитэ. Маҕаһыыҥҥа киирэригэр атыыһыт уолаттар бааллара. Инна, наадалаах табаарын ыйыта-ыйыта, хараҕа хонтуора хос диэки этэ, сүрэҕэ битиргэччи тэбиэлээн олороро. Сотору биир атыыһыт уол хонтуора диэки элэс гыммыта уонна тута төттөрү тахсан сүр ыксаабыт куолаһынан:
– Инна Тимофеевна, Дмитрий Николаевиһы хайаан да күүтэр үһүгүн. Базаттан айаннаан кэлэн иһэр. Эйиэхэ олус наадыйар үһү, – диэбитэ.
Инна соһуйан, үөрэн да хаалбыта. Сотору Дмитрий Николаевич ыксаан ахан киирэн кэлбитэ.
– Оо, маладьыас, күүппүккүн дии. Кэл эрэ, кабинеппын көрдөрүүм, – диэн хоһугар батыһыннарбыта.
Бу күнү Инналаах Дмитрий куоракка бииргэ атаарбыттара. Куорат биир чөкө ресторанын булан бэйэ-бэйэлэрин олохторун бүүс-бүтүннүү тоҕо тэбээн кэпсэппиттэрэ.
– Инна, миигин кыратык чэпчээн, холуочуйан этэр диэмэ. Эйигин көрсүөхпүттэн туох эрэ буоллум. Эр киһи элээмэтэ бэйэм туох эрэ дьаһалы ыллахпына сатанар дии сырыттахпына, ити уолаттар сотовайбар эн кэлбитиҥ туһунан биллэрдилэр. Уол оҕо курдук долгуйан, оннооҕор улахан суолталаах дьыалабыай кэпсэтиини быраҕан сүүрүүнэн кэллим. Кэргэммин кытта сыһыаммыт тымныйбыта ыраатта эрээри, туора хаамар туһунан толкуй суоҕа, – дии-дии, Дмитрий элбэҕи этиммитэ.
Инна, бүүс-бүтүннүү ыга куустарбыт дьикти иэйиититтэн иэдэйэн да олордор, кытаанахтык, кыһаллыбатах курдук тутта сатаабыта. Дьиэтигэр төннөн баран эрэй бөҕөтүн көрбүтэ. Дмитрий киниэхэ нэдиэлэни быһа төлөппүөннээбитэ. Инна кистээн ытыы-ытыы, оҕолорунан «Инна Тимофеевна тыаҕа барбыта, хас да хонон баран кэлэр» дэттэрэ-дэттэрэ, сыппыта. Нэдиэлэ бүтүүтэ Дмитрий Николаевич бэйэтэ тиийэн кэлбитэ. Бу кэнниттэн кинилэр арахсыбатахтара, үөскээн хаалбыт күүстээх иэйиини саба баттыыр күүһү хайалара да кыайан булбатаҕа.
Инна сотору-сотору хайдах да буолуон билбэт турукка киирэн ылаттаабыта. Уонча сыллааҕыта кини дьахтар сэбиэтин председателэ буола сылдьан ыал олоҕун алдьатаары тииһэр дьахталлары сэмэлээн, дьиэлэринэн-уоттарынан сылдьан элэ-была тыла баранара. Ол айыытыгар бэйэтэ ыал аҕатын, киһи кэргэнин «уоран», кистэлэҥ тапталтан дьоллоно сырыттаҕа. Оскуолаҕа учууталлыыра, сиэри-майгыны тутуһуннарар аналлаах идэлээҕэ суобас суутун өссө сытыырхатара. Хаста да олус ыксаан, буруйданан, Дмитрийи тэйитэ сатаабыта. Ол эрээри кини били индийскэй киинэҕэ көстөр, ырыаҕа-тойукка холбонор, кинигэҕэ кэпсэнэр дьиҥнээх тапталга, арааһа, дьэ кырдьык таҥара бэлэҕэр тиксэн баран онтон аккаастанар кыаҕа суоҕа. Дмитрий эмиэ бачча сааһыгар диэри кэргэнин таҥнарбатах, улаатан эрэр уолун сэмэтиттэн дьулайар буолан элбэхтик эрэйдэммитэ. Кини да бэйэтин буойа, тохтото сатаабыт түгэннэрдээх этэ.
Үһүс сылларыгар Инналаах Дмитрий, этэргэ дылы, харахтарын симэн, кулгаахтарын бүөлэнэн бииргэ буолбуттара. Кинилэри тула элбэх тыл-өс, сэмэ-суҥха тарҕаммытын сүрэхтэринэн да сэрэйдэллэр, биир бигэ быһаарыныыга кэлэн хаалбыттара. Уонна бу сиргэ төрөөн тапталы билбит, тапталга тиксибит дьахтардаах эр киһи «түөрт дьоллоох сылы түөрт хонук кэлэн ааһарын курдук чаҕылхайдык олорбуттара эбитэ үһү» диэбит курдук дьылҕаламмыттара. Дмитрий, бэйэтэ ааттыырынан, бу күн сиригэр көрсүбүт баарын-суоҕун, баайын-дуолун, тапталлаах Иннатын—»Тапталинатын» соҕотох хаалларан эмискэ сүрэҕинэн охтон олохтон барбыта, хаһан да бүтүө суох харах уутунан сууннарбыта… Күүтүллүбэтэх өттүттэн ааҥнаан кэлбит аһыыттан хаҕа эрэ хаалбыт Иннаны оҕолоро эрэ олох диэки тардыһыннарбыттара.