Литмир - Электронная Библиотека
A
A

Доҕоро Владимир Карцев саҥа хайысхалаах научнай үлэтэ сэҥээриини ылан кандидатскай диссертациятын көмүскүү «Радио» институкка тиийэн сатамматаҕар Бэриэти ыҥыртарбыта. Онно кини исхиэмэ сырыытын билсиһэн баран Володя туохха сыыспытын чопчу ыйбыта, баар схеманы көннөрөн биэрбитэ. Ол табыллыбыта, ону ааһан өссө хайҕаммыта. Владимир Семенович наука хандьыдаата буолбута. Кини ситиһииттэн үөрэн, табаарыһыттан сөҕөн сууйдахтарын киэһэ: «Ну, Вперед, ну, Вперед! Какое правильное имя!» – диэн хаста да хатылаан, Бэриэти кууһан ылан эргичитэн үөрүүтүн биллэрбитэ.

Ол кэнниттэн Түбүктээхэптэн сүбэлэтэр, ыйытар элбээбитэ, исхиэмэ оҥорторуон баҕалаах уочарата да баар буо-лан ылара. Онон Бэриэт билиитин, сыыһаны була охсорун, ону быһа суолун тобулан оҥороро түргэнин туһунан институкка номох курдук кэпсээннэр элбээн барбыттара…

Командировкалар быыстала суох буолбуттара, сырыы кэҥээбитэ. Сойуус сибээһигэр үлэлиир Россия, Прибалтика, Украина куораттарын научнай уораҕайдарыгар ыйы-ыйынан сылдьара. Ол тухары Саха сирин уһук Барҕа дэриэбинэтин уолун билиитин-көрүүтүн, сатабылын сөҕөөччү көстөрө, элбиирэ. Сүбэлэтэр-амалатар даҕаны онтон итэҕэһэ суох этэ.

* * *

Саҥаны айыахха айылаах киһи элбэх бөҕө ээ, миигинниин биэс хааһах диэбиккэ дылы. Дьэ, ону олоххо киллэрэр олус да ыарахан, бадьыыстаах, эриирдээх буолар эбит. Маннык салгыы бардаҕына дойдубут Сэбиэскэй Сойуус барахсан сайдыыттан хаалара ырааҕа суох буолсу быһыылаах.

Барытын туорайдаһа, сатаммат, ханнык эрэ балаһыанньаҕа сөп түбэспэт, маннык стандарт суох диэн сабыта баттыыр бүрүкүрээт наһаа да элбэх эбит. Оттон, доҕоттоор, саҥа айыллыбыкка патент биэрэ охсон, ол оннук наадалаах «стандарт» диэннэрин иҥэрэр туох айылаах ыараханнааҕа буолла?! Тоҕо ол табыллыбатый? Ким да билбэт. Барыта чып кистэлэҥ быһыылаах. Бу бэрэбиэркэлиир дьонуҥ бары ааттаах-суоллаах, урукку өттүгэр өҥөлөөх кырдьаҕастар. Ол чыыннарынан-хааннарынан саба баттаан олороллор, кинилэр эппиттэрин, муҥур уһугар түмүк оҥорбуттарын утарсар киһи баара да биллибэт.

Дьэ дьикти! Арааһа, ити партиябыт тойотторо бары кырдьаҕастар мустан үөлээннээхтэрин эрэ истэр, кимиэхэ даҕаны сабардаппат балаһыанньалара букатыннаахтык олохтоммут курдугар тахсар. Бочуоттаналлара сөп. Ону ким утарыай, суох. Ол эрээри саҥаны утарсар, саба баттыыр дьону баҕас тохтотуох, туоратыах баара, сынньалаҥнарын үчүгэйдик тэрийэн баран…

Билэрэ-көрөрө элбэх, ымпыктаан-чымпыктаан ырытар исписэлиис буолан Бэриэт исхиэмэлэрэ сигналлары хас эмэ төгүл түргэнник, быһаччы тиэрдэр кыахтаахтара. Ол көстөн турар кырдьыгын үрдүнэн ханнык эрэ балаһыанньа утарар, эргэрбит «стандарт» көҥүллээбэт. Элбэх утарсыы, муҥур уһугар хаайтарыы буолар. Хайыаххыный – уларытыы, кэҥэтии буолар, онон сибээстээн өйдөөх-хаанынан сигнал бытаарыытын олохтуурга тиийэҕин!

Бэриэт Сиидэрэбис сэбиэскэй тутулу атыҥыраабыта – ханнык да дьыаланы анал үөрэхтээх исписэлиис эрэ би-лэрин, ол кырдьыгын билэн туран, ону партия эрэ билэр, сатаан дьаһайар, олоххо киллэрэр диэни илэ итэҕэйбэт буолбута. Бу сүөргү ситими кини олох сайдыытын туормаһын быһыытынан билиммитэ. Ол эрээри ону кэпсиир-ипсиир кутталын элбэх холобуртан көрбүтэ – инники олоҕун санаан дьаахханара, онно бастакы төрүөтүнэн кулаах эһэтин дьылҕата этэ.

«Сэбиэскэй Сойуус сайдыыттан хааллаҕына хайдах, туох буолан иһэрэ буолла?» – диэн ыйытыгы куруутун өйүгэр тута сылдьара.

5

Новосибирскай куоракка үөрэнэр саха ыччаттара сыл аайы сайыны көрсө ыһыахтыыллара. Бэриэт онно чох хара харахтаах, уһун суһуохтаах, сибэкки ойуулаах сиидэс былаачыйалаах, сэмэй баҕайытык тутта сылдьар курбуу курдук уҥуохтаах кыыһы бэлиэтии көрбүтэ.

Кыыс кини билэр дьонун, аммалары, кытта сылдьара, биир хампаанньа быһыылаахтара. Кини билсэр дьонун-сэргэтин көрсөн дорооболоһон, кэпсэтэн-ипсэтэн баран, сотору ол кыыс баар бөлөҕөр тиийбитэ.

– Дорооболоруҥ! – быйыл эргиэн институтун бүтэриэхтээх Амма ыччата Петя уонна кини кэргэнэ Света илиилэрин хардары-таары бобута харбаан эҕэрдэлэһээт, кыргыттар диэки хайыспыта. – Саргы, дорообо! Хайа хаһан сыа сиибитий? – үрдүкү куурус кыыһа табаарыстааҕын билэр, кинилэр холбоһоллорун курдук истибит буолан күлэ-үөрэ ыйыппыта. Кыыс кытаран хаалан баран: «Привет!» – диэн судургутук хардарбыта.

– Бу Сардаана диэн, мин биир дойдулааҕым, – Петя Бэриэт интэриэһиргии көрбүт кыыһын оргууй окумалыттан ылан бэттэх диэки чугаһатан билиһиннэрбитэ. – Биир нэһилиэкпит. Ксенофонтовтар диэн ыаллар мааны кыыстара. Мин курдук эмиэ эргиэн институтугар үөрэниэхтээх, ол эрээри кини үһүс кууруска быһа киирэр.

– Бай, ол хайдах? – Бэриэт кыыс сандаархай хараҕын утары көрөн туран, тугу да анаара барбакка ыйыппыта, онтон бэйэтэ да соһуйбута.

– Кооперативнай техникум кэннэ, – Сардаана быһаарбыта уонна илиитин утары ууммута.

– Үчүгэйдик үөрэммит оҕолорго салгыы үөрэнэллэригэр путевка биэрэллэр ээ, биһиэннэрэ. Онон кини быйыл үөрэххэ быһа киирэр. Бу манна билсэ кэлэ сылдьар, – диэн Петя сиһилии быһаарбыта.

– Олус үчүгэй! – Бэриэт кыыс илиитин туппутун ыһыктыбакка туран чахчы үөрэн, долгуйан туран эҕэрдэлээбитэ. – Аатыҥ да кэрэтэ бэрт дии. Амма бэлиэтэ бэйэтинэн турар, – диэн баран олус истиҥник мичээрдээбитэ.

Кыыс ити тыллартан кыбыстан имэ сардаана сибэкки курдук кытара кыыспыта.

– Мин буоллаҕына Бэриэт диэн уу сахалыы ааттаахпын, – кини сытыы бэйэтэ хайдах эрэ симиттибит курдук буолбута, илиилэрин ханна гыныан билбэккэ өттүктэрин сууралаабыта. Ол да буоллар син кыанан: – Манна сибээс институтун бүтэрэн баран ол институппар бэйэтигэр үлэлиибин. Онон куорат кырдьаҕас олохтооҕобун, – диэбитэ уонна бэйэбин наһаа арбанан эрэбин ээ дии санаан күлбүтэ буолбута.

– Бэриэт Сиидэрэбис улахан научнай-чинчийэр лаборатория тутаах, олус диэн наадалаах, тарбахха баттанар биир чулуу үлэһитэ.

– Петя, бээрэ, тохтоо, – Бэриэт табаарыһын илиититтэн тардыбыта.

– Тоҕо, доҕоор? Тугу эрэ сымыйанан кэпсиир буолламый… Барыта кырдьык, – диэн баран Сардаана диэки эргиллэн: – Космическай сибээс саҥа ситимнэрин көрдүүр, булар, ону олоххо киллэрэр биһиги өйдөөбөт дьыалабытынан дьарыктанар бэрт дьээбэ киһи, – диэбитэ итиэннэ дьэ ситэри кэпсээтим быһыылаах диэн тохтоон хаалбыта. Онтон күлэ-күлэ: – Сардаана, бу уолу үчүгэйдик көр, билис. Аны бэйэтэ киһи киэнэ бэрдэ, табаарыс, доҕор киэнэ талбыта, дьоһуна, – дии-дии, дьэ сиэрэ ситтэ диэбиттии Бэриэти санныттан таптайбыта.

– Адьас сибэтиэй бэйэтинэн кэлэн турарын курдук кэпсээтиҥ дии. Ити үлэм туһунан кырдьык. Онтон атына, оттон көстөн иһиэ буоллаҕа. Билистибит дии, – Бэриэт Сардаана кинини олус интэриэһиргии одуулаһа туралларын бэлиэтии көрбүтэ. – Бээрэ, салгыы тугу гынабыт?

– Сотору түһүлгэлээн олорон аһыырбыт буолуо. Эн ханнык хампаанньаҕа сыстар былааннаах сылдьаҕын?

– Мин соҕотох киһи ханна баҕарар сыстарым көҥүл буоллаҕа, – Бэриэт барыларын кэрийэ көрбүтэ. Сардааналыын харахтара харсыһа түспүтэ. – Атыҥыраабат буоллаххытына, эһиэхэ сыстыахпын сөп.

– Атыҥырыырбыт баара дуо? Аньыы даҕаны! – Петя өрө көтө түспүтэ. – Хата, ыҥыраары, биһиэхэ кыттыс диэн көрдөһөөрү гыммыппыт. Чэ бардыбыт, миэстэтэ булуоҕуҥ, – Петя бу сибилигин миэстэ булуохтуу олоотообута, онтон аны өй булунан. – Сардаана, эн Бэриэт биһиэхэ кыттыһарын утарбат инигин? – диэн бэрт дьээбэ ыйытыылаах буолан биэрбитэ.

– Эс, мин ол туох диэн? – Сардаана олус соһуйбута, хараҕа төгүрүйэ түспүтэ. Уолаттары хардары-таары көрүөлүү-көрүөлүү: – Ону мин тоҕо быһаарабын? Бииргэ сылдьар буоллаҕына сылдьар буоллаҕа дии. Эһиги табаарыскыт, эһиги быһаарыҥ ээ, – диэн баран, икки ытыһынан иэдэстэрин саба туттубута, туох дииллэрин кэтэһэн таалан турбута.

– Сөп, сөп, Сардаана, – Петя кыыһы холус соҕустук дьээбэлээбититтэн бэйэтэ даҕаны сонньуйбута. – Ити таах мээнэ, өскүөрүтүн! – диэн көннөрүммүтэ буолбута.

– Сардаана утарбат буоллаҕына, мин кыттыһан буоллаҕа, – аны Бэриэт ытаһа угааччы буолбута уонна Сардаана диэки эргиллэн хараҕынан имнэнэн ылбыта. Ол имнэнии киниттэн олох да ыйытыыта суох тахсан кэлбитэ. Ону кини атыҥырыах курдук буолан иһэн «буолбут сатаан төннүбэт» диэн өйүнэн хам баттаан кэбиспитэ.

4
{"b":"827530","o":1}