Мэлдьээкэй
Урааҥхай удьуора, түҥ уус төрүөҕэ, Маайыскай тоҥуһа, Эдьээн нэһилиэгин төрүт-уус киһитэ Уоһук Сахаарап бултууругар, атах тардыстан айанныырыгар үчүгэй аҕай сэниэлээх сылгыта суох буолан эрэйдэннэ. Булда уот кыһыл да, кырымахтаах хара да саһыл буоллун, адаар муостаах тайах да буоллун – кини миҥэ гына миинэ сылдьар соноҕосторо көлөөктөрүттэн, иҥиирдэрин сындааһына сымнаҕаһыттан, көрдөрбүтүнэн туран таһы сыа хаарга уйдаран, халыҥ хаары күрдүргэччи кэһэн куотан хаалан үгүстүк сииккэ сиэллэрэн, хаарга хаамтаран абартылар. Дьэ саҥа эккирэтэн бөтөрүҥнэтэн иһэн маар дулҕатыттан иҥнэн, батырчахтаа-бытынан умса тобуктуу түһэллэрэ ол суох, тоҥуу хаары оймоон баран иһэн, сотору соҕус уҥан, көлөһүннэрэ сарт түһэн, көбүөхтүү иннилэринэн да, кэннилэринэн да барар кыахтара суох буолан, хаарга сытынан эбэтэр кэннилэринэн чинэрийэн иччилэрин баттыы сыһан иттэни түһэллэрэ ол суох. Хаһан сылгы хаарга таалан сытан баран, оронон туран уоскуйуор диэри бултарын суола сойор, ардылара атан ыраатар. Онон, тута бултаммакка, атын туох эмэ албаһынан бултуохха диэри көччүйэллэригэр тиийэллэр. Уоһук бэйэтин сылгыларыттан биир эмэ үчүгэй уҥмат тыҥалаах, быстыбат быртылаах сылгы үөскүүрүн кэтэһэ сатаан кэбистэ да: биир кини санаатын толорор сылгы үөскээбэтэ, чугаһынан оннук сылгы баара биллибэтэ. Ол курдук санаа ымсыылаах сылдьан, Аммаҕа биир ааттаах баппатах атыыр үөскээбитин туһунан иһиттэ. Онон, туох ааттаах сылгыны сүрдээн-кэптээн кэпсииллэрин билээри уонна биэрэр буоллахтарына атыылаһаары, тутуу былдьаһан, өрүс турарын кытта түүлээҕин бастыҥын талан, бэрэмэдэйигэр хааланан, айаны тулуйуо диэбит соноҕоһун миинэн Аммалаата. Эдьээнтэн сүүрбэ көс сири түөрт күн наҕыллык айаннаан, бэһис күнүгэр күн ортото били баппатах атыырдаах ыалы ыйдаран тиийдэ.
Кэлээт да, ирэ-хоро чэйдээн баран, дьиэлээх киһиэхэ кэлбит соругун кэпсээтэ. Сыанатын ботуччу соҕус бысыһан ол күн бу ыалга хонно. Сарсыарда халлаан сырдыан быдан иннинэ туран, дьиэлээх тойон сылгыһыттара атыырдарын үүрэн аҕалан, үөрүн кытта хаһааларыгар хаайдылар. Тутан бас быалаан биэрээри гыммыттарыгар халыҥ куҥнаах хаҥыл ат туттарбакка үөрүн кыйдыы өрө холоруктана сырытта, хаарчахтарын сиэрдийэтин тоҕо көтөөрү куттаталаата. Кэлин сордоон-сордоон быыс күрүө иһигэр киллэрдилэр да, сылгылара бэриммэккэ кычыгыламмыттыы илин-кэлин атахтарынан тэбиэлэнэн, табыйан, тииһинэн түһүөлээн дьону олох чугаһаппата.
Тиһэҕэр тиийэн дьиэлээх тойон:
– Дьэ, миҥэ гынар атыырыҥ ити баар. Сылгы гыныах буоллаххына, бэйэҥ тутан биэр, – диэн дьаһайда.
Уоһук саҥата суох сылгыһыттартан атын бас быатын, үүнүн-тэһиинин ылан кыбыыкка иһигэр турар атыырга баадайан тиийдэ. Итиэннэ: «Нокоо, аргыый буол!!!» – диэбитинэн, атыыры сиэлиттэн харбаата. Саһаан үрдүктээх сүүнэ киһиэхэ сүр баттатан били баппатах атыыр хараҕын икки чанчыгынан бүлтэччи көрөн, уоһун ыртатан бөдөҥ тиистэрин килэппитинэн, тоҥон титирээбиттии салҕалыы, түөрт атаҕын өчөһүннэрэ баҕаналыы тэбинэн баран таалан хаалла. Уоһук бас быатын кэтэрдэн суларын сөллүбэт гына туом-туу баайаат, күрүө баҕанатыгар көнтөһүн эрийэ тардан хантаччы баайан кэбистэ. Ону кэтэһэн туран сылгыһыт уолаттар ат үүнүн кэтэрдэн, буутайдаан, өрөһөтүгэр хоноһолорун таба тэллэҕин сыһыары тардан ыҥыырдаан, холунун кытаанахтык баайан, сылгыны айааһааһын сиэрин-туомун ситэрдилэр. Ол күн Уоһук миинэн кэлбит соноҕоһун астаан аһаатылар-сиэтилэр, киэһэ хойукка диэри былыргы-аныгы сэһэни-сэппэни сэһэргэһэн хойутаан утуйдулар.
Нөҥүө күнүгэр хоноһо сөпкө соҕус туран, дойдутугар айанныыр чааһа кэллэ. Аатырбыт-сураҕырбыт атыыры тоҥус киһитэ хайдах миинэн барарын көрөөрү, ыраах-чугас ыаллар бары мустан атаараары тоҕо суулаһан таҕыстылар.
Уоһук тиэтэйбэккэ эрэ атыырын көнтөһүн сүөрэн, бүтэй ааныгар чугаһатта, туора тардыллан турар сүллүгэстэр аттыларыгар туран ат баһын быатын дэгин өттүттэн холбуу тутта. Атыыр, тулуйбатахтыы-тэһийбэтэхтии, тэпсэҥэлээн ылла. Сылгыһыттар сүллүгэһи сулбурута тардалларын кытта, атыыр бөтөрөҥ ойуунан таҕыста. Ону кытта бэдэр бэргэһэлээх, тииҥ кутуруга нээлбилээх, бүүчээн тириитэ сарын таҥас нээлбиктээх, бөрө үтүлүктээх, таба саҕынньахтаах, таба тыһа күрүмүлээх киһи атыыр ойоҕоһунан сүүрэн тэлэкэчийэн иһэн, ыарҕаттан көтөн тахсыбыт хабдьы курдук салгыҥҥа дайаат, лөглөс гына олоро түһэн быраһаайдаһан, уҥа илиитин өрө көтөҕөн кэннин хайыһан көрбөккө эрэ, ат туйаҕынан чигди хаары көҥү тэптэрэ уу дьоруонан битигиччитэ турда. Ону көрөн туран дойдулаах тойон:
– Оо, тэгил дойдуттан тэҥнээҕэ, хол дойдуттан холооннооҕо кэлбит эбит. Манна сылдьан дьон оттоох күрүөтүн алдьатан дьылга ыытыаҕынааҕар, атын үөр атыырдарын аймыаҕынааҕар, туора дойдуга баран туйгун атыыр буоллун, атын сиргэ баран ааттаах ат буоллун! – диэн ботуччу да соҕус сыанаҕа атыылаабытын бэркэ астынан туран алҕаата.
Уоһук күҥҥэ уоннуу көһү түһэн нөҥүө күнүгэр киэһэ хонугар өтөҕүн булла. Тымныы күн-дьыл ыган иһэр буолан, өр таалалыы сыппакка, суол-иис көрө таарыйа өтөҕүн таһынааҕы үрүйэлэри сыыйда, харыстыы соҕус дулҕалаах маардаах хочолору устатынан-туоратынан оймоото. Ол тухары ат улаханнык илистибитэ көстүбэтэ, сымнаҕас систээҕэ, дул-ҕаһыт-дьаппаһыт дьоҕурдааҕа билиннэ. Онтон дьэ ыырын кэҥэтэн ааттаах Ааллаах өрүс үрэхтэринэн, Аллан эбэ хаҥас кытылларын от үрүйэлэринэн тайааталаата. Ол аайы атыырын бииртэн биир дьоҕурун таһааран, майгытын билэн истэ. Сөхпүтэ диэн баар: биирдэ саһылы эккирэтэн ситэн тайаҕынан охсон бултуоҕуттан, сылгыта бэйэтэ иччитигэр оҕустарар түгэн биэрбэккэ илин туйаҕынан табыйан эбэтэр таптарбатаҕына тииһинэн түһэн моонньун булгу хадьырыйан бултаан биэрэр буолла. Хайа да бэйэлээх тайаҕы атахтаах оҥорбокко ситэн тиийэн, тойонугар тайыынан өтөрү түһэртэрэн бултатан абыраата. Онон, атыырын эллээн баран, Хардааччы диэн соргулаах ааты иҥэрдэ. Ол да буоллар тыа да талыы кыылларыгар уҥмат тыҥалаах, быстыбат бырталаах лөкөйдөр баар буолар эбиттэр.
Биирдэ Уоһук Эбэ мууһа турбутун кэннэ Кээлбик диэн от үрэххэ тайахтыы таҕыста. Ол күн бу соторутааҕыта кэлэн ааспыт лөкөй суолун көрөн үөрдэ, хайаан да эккирэтэн ситэн бултуурга сананан атын суолу батыһыннаран тиҥилэхтээтэ. Улгум бэйэлээх Дьөһөгөй оҕото ону эрэ кэтэспиттии, бугуһуйбут курдук иннин диэки түһүнэн кэбистэ. Арай кыыллара, бөрө курдук, барбыт тосхолун уларыппакка арҕаа диэки айанныы турбут. Уоһук ыраатаары гынныбыт ээ диэн ытырыктата санаан баран атыырыгар эрэнэн – эккирэппиччэ эккирэтиэххэ диэн атын айанын быспакка, тула өттүн көрө-истэ истэ. Күн аҥаарыттан ордук айаннаатылар да, лөкөй сынньаныах, тохтуох быһыыта биллибэтэ. «Төннүбэккэ сыыстым дуу», – диэн хаста да төннөөрү гынан баран тохтоон, атын сиһин сынньатан, тас саҕынньаҕын хонноҕун анныгар укта сылдьар уулларыллыбыт эһэ сыатыттан ойо ыстаан, буспут тайах этиттэн сыыйа тардан сиэн сэниэ ылан, ирэн-хорон, эрчимирэн баран атыырыгар хатаастан тахсан салгыы эккирэттилэр. Сотору соҕус кыһыҥҥы кылгас күн бүтэн, хараҥаран барда. Ону кытта Хардааччы кыыллара чугас баарын биллэрэн, уһуктаах кулгааҕын чөрөтөн сотору-сотору уҥа-хаҥас хамсатан иһиллиир курдук туттан иччитин сэрэппэхтээтэ. Субу киэһэ сиппэттэрин билэн уонна хараҥаҕа кыылын кытта бодьуустаһарын сылаарҕаан, Уоһук миҥэтин, титирик иэйэ аттыгар тохтотон, сойута таарыйа кураанах титириктэри тоҕута тардыталаан, мутуктарын тоһуталаан, тосторута үктэтэлээн сотору бэрт улахан кутааны отунна. Сылгытын илиҥҥи уҥа атаҕыттан көнтөһүнэн өртөөн хойуу өлөҥҥө ыытта. Маарыҥҥы аһыттан үссэнээт, тас саҕынньаҕын халтаама курдук тиирэн көхсүн хаххаланан, уотун көннөрөн биэрэ-биэрэ, нухарыйталаан ылла.
Сарсыарда сулустар хайысхаларынан быһааран эрдэ ту-ран, атыырын тутан, салгыы лөкөйүн сонордоон барда. Лөкөй да бөлүүҥҥү сиртэн улаханнык ырааппатах. Сарсыарда халлаан лаппа сырдыыта, Нуотара баһын ыраас маарыгар сотору-сотору онон-манан тыынара күдэриктийэн көстүтэлиир буолла. Атыыр да ол күдэриги көрөн, эбии холкутугар түспүт курдук буолла. Айанын эппэккэ да, бытаардыбакка да иннин диэки дьулуруйан истэ. Күнүһүөрү Амма сиһин тэллэҕэр дьааҥыттан киирбит атыыр ойуһар кырыа буолбут көхсө субу чугаһаан кэллэ. Аттаах киһи ыкса астаран кэлбитигэр, сэниэтэ эстибит лөкөй атаҕын баҕаналыы тэбинэн турунан кэбистэ. Киһи уһуну-киэҥи саныы барбакка, үөрүйэх киһи быһыытынан булдун хаҥас холун аннынан тайыытынан биирдэ супту түстэ. Лөкөй соһуйбуттуу иннин диэки ыстанан иһэн умса баран, сирэйинэн хаары хоруйда.