Кытылга тиксэллэрин кытта, туох эрэ туран ыараханнык таска тирэнээт, өтөх диэки хачыгырайа турда. Оҥочо тумса чэпчээбиттии эндэйдэ, оҕонньор уҥуор тахсыбытын кэмсинэ саныы, оҥочотун кытылга соһоот, балаҕан диэки харбыаласта. Ыраахтан иһэн көрдөҕүнэ: балаҕан аана аһыллан баран, сабыллан хаалла. Бэрт ыксалынан-тиэтэлинэн балаҕан аанын аһарын кытта, эмээхсин соһуйбут-өмүрбүт саҥата кутаалана түстэ:
– Атын күтүр!.. Арахпын да-а арахпын!..
Киирбитэ: остуолун үрдэ, иһитэ-хомуоһа ынах сааҕынан, буорунан туолбут. Ол туран көрдөҕүнэ, хаҥас диэки турар суораттаах чабычах күөрэйэн, иҥнэллэн киһи иһэрин курдук чамырҕаата. Оҕонньор итини көрөн, ааттаһан саҥарда:
– Кырдьаҕас, онто да суох арычча олорор дьону муҥнаама. Иннибит кылгаабыт, кэннибит уһаабыт дьоммут. Кэлбит сиргэр кэбэлий, төрөөбүт сиргэр төнүн.
Көстүбэт тугу да саҥарбакка, чабычаҕы талыр гына туора бырахта уонна тыаһа бэрт наҕыллык үктэнэн таһырдьа таҕыста. Киэһэ көстүбэттэрэ арахсар санаата суоҕун биллилэр. Онон хайыыр да кыахтара суох буолан, «сиэрдэрин-туомнарын» тутуспутунан бардылар. Кэлиҥҥинэн үөрэнэн да хааллылар.
Көмүс күһүн тиийэн кэллэ. Хас да хонуктаах ардах кэннэ, сытыы тыаллар түһүтэлээн мастар сэбирдэхтэрин суйдаталаабытынан бардылар. Көбүө оҕонньордоох төттөрү төрүт өтөхтөрүгэр көстүлэр. Онно да көстүбэттэрэ хаалбата. Уҥуор-маҥаар туорааһыҥҥа оҥочоттон түспэккэ олорсо сырытта. Онон, Көбүөлээх Истиэ көстүбэттэрин кытта кыстыыр буоллулар.
Төһө өр ити курдук эрэйдэнэн олоруохтара эбитэ буолла. Биир күн кинилэргэ ичээнинэн, отоһутунан, кыра ыарыыларга кыыран эмтиир арҕаа улуус киһитэ Көрбүө Ойуун тохтоото. Истиэ эмээхсин туспа ас-өлүү уурбутун көрөн, дьукаахтарын кэтэһэн ону-маны олоотоото да, атын киһи баара биллибэтэ:
– Хайа, дьукааххыт тоҕо биллибэт? Кими кэтэһэҕит? – диэн ыйытта.
– Ээ, ити хотоммут иччитигэр өлүүлээтибит. Быйыл сайыҥҥыттан күн аайы аһаппатахпытына, иһиппитигэр-хомуоспутугар ол-бу бөҕү-саҕы хаалыыр, сылгы, сүөһү куһаҕанынан тамнааттыыр, – диэн хардарда оҕонньор.
Көрбүө Ойуун иччи туһунан бэркэ сэргээн сураста, ол кэннэ дьиэ эргиннээҕини сэһэргэһэн баран, Көбүөҕэ хайыста:
– Дьэ, оҕонньоор, эһиги дойдугут булдунан-алдынан сураҕырар ээ. Онон, бу дойдуга бачча кэлэн баран, булдуттан амсайан бардахпына табыллар. Аҕыйах хонук эйиэхэ хонорбун баалаабат инигин?
– Тыый, ама, эн курдук кырдьаҕаһы, иннинэн сирэйдээҕи хоннорбот буолуохпут дуо? Эгэ эрэ буоллаҕа дии. Хонон, өрөөн бултаан аас, – Истиэлээх Көбүө күө-дьаа буолаахтаатылар.
Ити түүн эмиэ тарбыйахтара сөллөн сүгүн утуппата. Сарсыарда үүттэрин көрбүттэрэ: Айыы киһитэ аһыыр аһыттан ааспыт.
Күн ортото Көрбүө Ойуун Көбүөнү сиргин-уоккун көрдөр диэн чугас эргин бытархай булт көрө бардылар. Эбэ арыытыгар түөрт куобаҕы бултаатылар. Төннөн иһэн сынньана таарыйа уу аҕалбыт нэлгэтигэр олордулар.
– Бөлүүн дьукааххыт тыаһын-ууһун иһиттим да, бэйэтин көрбөтүм, – диэн саҕалаата Көрбүө. – Иччилэрим этэллэринэн, кыра быыс-хайаҕас быыһынан уоран көрүөхтээх үһүбүн. Оччоҕо эрэ көстүөхтээх үһү. Оннук үүтү-хайаҕаһы мутук оннун хос быысаһыытыгар көрдүм. Ол утарыта остуол тардан баран, куобаҕыҥ этиттэн ыгыччы соҕус буһаран уур. Онно көрдөхпүнэ, кыайан үүрэрбин—үүрбэппин быһаарыам. Сэрэйдэххэ, эһигини дэриэтинньик буулаабыт. Өскөтө ол дэриэтинньиги дьаһайар күннээх буоллахпына, мин бу улуус иһиттэн үс хонук иһинэн атын улууска күрээн тахсыахтаахпын. Онон, нэһилиэктэри кэрийэн куотар миҥэбин бэлэмнээ. Оттон бэйэҕит эмиэ малгытын-салгытын хомунан атын ыалы кытта дьукаахтаһан кыстыыргытын бэриниҥ. Бараргытыгар түннүгү-үөлэһи, ааны тэтиҥ маһынан кириэстии саайан баран, балаҕаҥҥытын уматан бараарыҥ. Оччоҕо дэриэтинньик дууһата эһигини батыһыа суоҕа. Чэ, ити курдук.
Ол киэһэ оҕонньор, Көрбүө эппитин курдук, эмээхсинигэр куобаҕын буһартарда. Утуйалларыгар остуолларын мутук хайаҕаһын утары тардан «хотоннорун иччитин» өлүүтүн уурдулар итиэннэ хосторугар бүктүлэр.
Көрбүө Ойуун хаптаһын быыстаах хоско киирээт, били үүтүнэн кэтээн сытта. Тыас-уус намырыйарын кытта, хотон аана аһылынна да, остуолга биллэ-биллибэт сүүнэ күлүк хааман кэллэ. Сандалыга турар кытыйалаах эттэн кум-хам ыстаан кимиритэн киирэн барда. Сотору соҕус күлүҥнүүр күлүк иһитин кураанахтаан баран, хотонугар төнүннэ.
Көрбүө көстүбэт иччи хайдаҕын-тугун билэн баран, нус-хас утуйан турда. Күн уота күүһүрүүтэ эмиэ бэҕэһээҥҥи арыыларыгар бардылар. Көбүө оҕонньор тугу кэтэһэ иһэрин билэр буолан, Ойуун кэпсэтиини саҕалаата:
– Оҕонньоор, мин кыайар кыылым эбит. Бэҕэһээ эппитим курдук, суол былаһын тухары дьону кытта кэпсэтэн, ааһа турар гына аттарда бэлэмнэт. Эн кэлиэххэр диэри эмээхсиҥҥэ доҕор буолан олоруом, көстүбэти хайдах гынан суох оҥорору тобулуом, – диэтэ.
Нөҥүө күнүгэр оҕонньор кыһыны туоруур чэй, табах, бурдук була улуус киинигэр аттанна. Уонча хонон баран, биир ат сэтиилээх, култайбыт бэрэмэдэйдээх төннөн кэллэ. Ойуун кини туттуутуттан-хаптыытыттан барыта бэлэм буолбутун өйдөөтө, онон, дьиэлээхтэргэ тыл көтөхтө:
– Ытык кырдьаҕастар, Добдурҕа ыйа буолла, эт ирбэт кэмэ кэллэ. Манна хонон-өрөөн барбытым бэлиэтигэр тиҥэһэҕитин хастаан, чоҕочута сиэх.
Оҕонньордоох уһата-кэҥэтэ барбакка, сүөһүнү сүүскэ охсон тэс гыннардылар да, иһиттэн, этиттэн ботуччу буһаран бурулаттылар. Көбүө сүөһүнү астыы сүпсүлгэнигэр сылдьан Көрбүөтүн сирэйин-хараҕын кэтии сырытта. Күөс оргуйа турар кэмигэр таһырдьа утуу-субуу таҕыстылар.
– Хайа, өссө туох тэрээһин нааданый? Туох албаһынан кыйдыыр буоллуҥ? – диэн дьиэлээх ыйытта.
– Ол нэмэ олох судургу эбит. Этитиилээх оруоһунан кыайдахпытына кыайабыт. Утуйар кэм чугаһыгар тахсан аккын ыҥыырдаар. Бэйэҕит томмот гына оҥостон, ампааргытыгар тахсаарыҥ. Сарсыарда халлаан сырдыар диэри онтон быгымаарыҥ, – диэтэ Ойуун.
Күөстэрин хоторон, аһаан, бэркэ астынан, тиҥэһэлэрэ куҥ-нааҕын хайҕаатылар. Эмээхсин иһити-хомуоһу хомуйуор, өлүү ас ууруор диэри Көрбүө көмүлүөк иннигэр олорон:
– Саам буораҕа сиигирэн, сүгүн-саҕын тэппэт буолан хаалла. Бу оруос сиэмэтин сииги тартара таарыйа симиэххэ эрэ, – дии-дии, ылахтаһар быһыынан саа уоһугар туорааҕы чуумпуурунан симтэ.
Көбүө оҕонньор ити кэмҥэ тахсан сэтиилэммит атын ыҥыырдаан кэбистэ. Үлэспиттэрин курдук, эмээхсинин киирэн соруйда:
– Истиэ, дьиэбит иһэ оргуйан сылааһа бэрт буолсу, киэһэнэн халлааммыт сылыйбыт курдук буолбут. Бүгүн тахсан ампаарбытыгар утуйуох.
Эмээхсин тугу да саҥарбакка, таҥас таһаарар түбүгэр түстэ. Ол курдук тахсан ампаардарыгар киирэн, ааннарын олуйан баран, чохороон сыыһын туппутунан, суос-суостарыгар бигэнэн хороһон олордулар. Сотору соҕус саа тыаһа ньиргийэ түстэ да, киһи сүүрэн тибигирэйэн ааста. Өтөр аты самыыга охсор тыас уонна соруйар саҥа иһилиннэ. Ону кытта ат туйаҕын тыаһа тус арҕаа битигирэйэ турда… Оҕонньордоох эмээхсин кулгаах-харах иччитэ буолан, бэрт кутталынан, титирэстээһин бөҕөнөн уһун түүнү атаардылар. Халлаан лаппа сырдаабытын кэннэ, харса суохтарын киллэрэн ампаардарыттан таҕыстылар. Сарсыардааҥҥы кырыаҕа туох да суолун булбатылар. Арай далга турар сылгылара от көрдөөн иҥэрсийдэ. Дьиэ аанын айаҕар кэлбиттэрэ, аан тэлэччи аһыллан турар эбит. Иһирдьэ аан модьоҕотун атыллаан киирбиттэрэ: остуол, кытыйа тус-туһунан иҥнэһэн сыталлар. Сандалы туһунан буорга үөс курдук хара хаан халыйбыт. Хааны батыһа көрбүттэрэ: улахан баҕайы хааннаах ытыс суола аан холуодатыгар бэллэччи олорон хаалбыт. Итини барытын Көбүөлээх Истиэ чуҥнаан үөрэтэ турдахтарына, соһуччу тымныы салгыны сатарытан ынахтара ыатаары маҥыраата. Хотонноругар киирбиттэрэ, ынахтара бэрт холкутук иччилэрин кэтии турар эбит.
Ити күн Көбүөлээх Истиэ сүрүн туттар малларын аттарын сыарҕатыгар тиэнэн, ынахтарын кэнниттэн сэтиилээн атын ыалга көстүлэр. Ол көһөн күккүрээн иһэн Көбүө түүн утуйбатаҕа таайан уонна былыт баттаан хааман иһэн нухарыйан ылла. Арай иһиттэҕинэ, өтөҕүн диэки: «Аны биир үйэнэн эргиллиэм!» – диэн саҥа дуорайан иһиллэргэ дылы гынна. Оҕонньор соһуйан ходьох гына түспүтэ: чугас соҕуһунан суор, хооҕургуу-хооҕургуу, ааһан эрэр эбит. «Дьэ, эргиллэн көрөөр, онуоха диэри хайа халдьаайыга тахсан сытарбыт биллибэт», – диэн сэтэрээт, Көбүө хардыытын эбэн биэрдэ.