Халлаантан көп хаар аргыый кыыдамнаабытынан барда.
Былыргы айан суолугар
(Буолбуттан кэпсээн)
Тэрис ыйбыт айаҥҥа туттуллар үгэстэрин биһиги оҕо сылдьан үгүстүк истэрбит, суруллубатах сокуон быһыытынан тутуһарбыт. Арыт күһүҥҥү киэһэлэргэ өрүс кытыытыгар муһуннахпытына, онно сыһыаннаах кутталлаах да сэһэннэри сэһэргэһэрбит. Онтон тугу өйдөөбүппүнэн…
… Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии бүтүүтүн диэки, Охуоскай Бэрэбиэс Уус Маайа оройуонугар киирэр эрдэ-ҕинэ, Томпоттон төрүттээх, уон сэттэтин саҥа туолбут тулаайах уол Ааллаахтыыр суолунан Ньычаанда диэн күөлгэ курдары түһэн, балык собуотугар үлэҕэ киирээри сатыы баран испит. Ол баран иһэн киэһэрэн, сылайан да буоллаҕа буолуо уонна, баҕар, кэпсэтэр да киһини кэтэһэн, суол ортотугар ардахтан хаххаланар халтааматын балаакка курдук оҥостон утуйан хаалбыт.
Арай түһээтэҕинэ, хайа томторҕотун кэтэҕиттэн икки аттаах киһи көстөн кэлбит. Биирдэстэрэ хара аттаах, хара кыл бэргэһэлээх, хара сукуна сонноох, муннун анныгар тор курдук хойуу бытыктаах сааһыра барбыт хара бараан киһи, иккиһэ маҕан аттаах, сырдык таҥастаах, эдэрчи дьүһүннээх киһи үһү. Хара бараан киһи атыттан түһээт, халтаама сабыытын өрө тардаат, улаханнык уордайбыт куолаһынан: «Хайа, нохоо, туох буолан биһиги суолбутугар туора сыттыҥ? Киэр буол мантан!» – диэн ордоотообут. Уол баттатан, уһуктаары мөхсө сыттаҕына, били киһи: «Бу уолу илдьэ барарбыт дуу?» – диэн аргыһыгар туһаайан эппит. Онуоха аргыһа өҥөйөн көрөн баран: «Па, оҕото бэрт эбит. Олорбохтуу түстүн», – диэн хардарбыт. Харата турбахтыы түһэн баран: «Нохоо, биһиги сотору төннүөхпүт. Ол төннөрбүтүгэр манна суох буолуохтааххын», – диэбит.
Уол уһукта биэрэн, дьон барбыт сирдэрин диэки өҥөйөн көрбүтэ: сыыры таҥнары икки ат самыыта туртайан көстөн иһэн симэлийэн хаалбыт. Уол бэрт суһаллык хомунан, ыллыгынан ойуур быыһыгар түһэн айанын салҕаабыт.
Хойут, уонча сыл буолан баран, ол уол кэргэнэ түһээн үүт-маас ол дьону көрбүт. Ол күн бастакы оҕолоро күөлгэ ууга түһэн өлбүт.
Ол киһи кэлин сааһыран баран Күп нэһилиэгин Маарыла Төрдө үрэҕэр бултуу дуу, туох соругунан дуу тахсан баран, былыргы ыллык ойоҕоһугар балаакка тардынан утуйа сыппыт. Арай ол сыттаҕына, ыта үрэн тоҕо барбыт. Олоро биэрэн аанын быыһын сэгэтэн көрбүтэ: борук-сорукка биир дьуп-дьулугур синньигэс тэтиҥ ыты таба охсоору сабыы, курбуулана аҕай турар үһү. Ымыылаах ыт ол тэтиҥи, аһаран биэрэ-биэрэ, балааккаҕа чугаһаппакка үрэ сылдьыбыт. Бэрт өр оннук киирсэн баран, ыт саҥата, ханна эрэ ыраах иһиллэ-иһиллэ, сүтэн хаалбыт. Сарсыарда туран айаннаары гыммыта ыта кэлбэтэх, устунан оннук сүппүт.
Кэлин ити түбэлтэни дьоҥҥо кэпсээбитигэр, кырдьаҕастар «суол иччитэ моһуоктаабыта буолуо» дэспиттэр.
Бахсы Тойонун туһунан номохтон
Былыр-былыргыттан Боотур Уус ыччаттара ханна тиийбэтэхтэрэ баарай?! Удьуор утумун салҕаары, кэнчээри ыччаты тэнитээри, киһи-хара буолаары, хара тыаны батан бултаан-алтаан, иитэр-аһатар Иһэҕэйдэрин, Дьөһөгөйдөрүн оҕолорун ииттинээри үрэҕи-маары баһылаан, араас кыһалҕалары ааһан, модун санааларын булгуруппакка, өркөн өйдөрүн өһүлбэккэ, «Һай-һат» диэн саха буолан сандаарыйан, урааҥхай буолан ууһаан, тоҥус буолан туругуран баччаҕа диэри үүнэн-сайдан кэллэхтэрэ. Ол былаһын тухары кэккэ сылдьар дьонноругар, оҕолоругар сайыҥҥы буһук куйаас күннэргэ от үлэтин кэннэ киэһээҥҥи сынньалаҥҥа, кыһыҥҥы умайык тымныыга дьиэ ис-тас үлэтин кэннэ уһун түүннэргэ, дойду оҥостубут сирдэригэр, көмүлүөктэрин суоһугар сыралла төрөөбүт түөлбэлэрин сэһэнин сэһэргииллэрэ.
Былыр арҕаа улуус аата-суола биллибэт биир улахан алааһыгар ааттаах-күүстээх ойуун олорбута үһү. Бу ойуун алааһа өҥ-быйаҥ буолан сылын аайы ботуччу от кэбиһиитин ылар эбит. Ол сураҕа ол эргин олорбут биир баай, тойон киһини утуппат буолбут. Хайдах гынан ол ойуун сирин-уотун бэйэтигэр ылар толкуйугар түспүт. Араас аатырбыт-сураҕырбыт ойууттары ыҥыртаран ылан абынан-хомуһунунан өлөртөрө, үтүрүйтэрэ сатаабыт да, кыайбатах.
Сааһыары биир күн тоҕус ойууну мунньан күндүлээн-маанылаан, аһатан туран ойуун кэбирэх сирин булан, өлөр нэмин билэргэ дьаһайан кыырдарбыт. Ойууттара үс түүннээх күн кыыран баран, биир күн улуулара сууллан түспүт:
– Бу ойуун көннөрү апка-хомуһуҥҥа өлбөт үөстээх эбит. Арай икки тарбыйаҕы төрөөбүт ынах сыатын сиэтэҕинэ, өлөр ыйаахтаах эбит. Оннук ынах субу сотору кэминэн бу сиртэн ырааҕа суох биир ыалга төрүө, ону атыылаһан ылан аһатан-сиэтэн уотан, аны күһүн идэһэлэнэн баран, кэһии ыыттахха түмүгэ биллиэ, – диэн үлүгүнэйбит.
Тойон иһиттиэм-истибэтиэм диэбиттии, бары ойууттарын дойдуларыгар кэһиилээн, бэлэхтээн-туһахтаан ыыталаабыт итиэннэ чугастааҕы ыалларга араас соругунан хамначчыттарын-чаҕардарын ыыталаабыт.
Өлүү түбэлтэлээх, биир хамначчыта сарсыарда эрдэ уутун быыһынан иһиттэҕинэ, дьиэлээх дьахтар саҥата, кэргэнин уһугуннаран өттүккэ анньыалыы:
– Оҕонньоор, тур, тур! Иэдээн буолбут. Ынахпыт икки тарбыйаҕы төрөөбүт, – диэн ботугураабыт.
– Аргыый, хоноһо истиэ, ол да иһин иһэ ынайан, синньэ улахана бэрт этэ. Ыл тахсан, киһи-сүөһү уһукта, кэлэ илигинэ, биирин дьон көрбөт гына балбааҕынан таптайан кэбиһиэххэ, кэлин ханна эрэ тиэйэн илдьэн кистэниллиэ, – диэн буолбут.
Дьиэлээхтэр аргыый, тыас-уус иһиллии, бэрт түргэнник хомунан балаҕаннарын биир эҥээригэр турар сүөһүлэригэр тиийэн, эр киһи биир ньирэйи мөҕүһүннэрбитинэн киирэр аанынан таһырдьа дьөгдьөрүйэн хаалар. Сотору соҕус мас көтөҕөн киирэн, үөрэн-көтөн уотун күөдьүтэн, эмээхсинигэр уоһах алаадьыта астыырыгар дьаһайан, хоноһотун малааһын аһын аһатар аатыран уһугуннарар. Хоноһолоро малааһын аһын аһаан баран, бу ынаҕы атыылаһыы туһунан кэпсэтиини ыытар уонна тойонугар төннөр.
Мааһа табыллыбыт тойон сүөһүнү атыылаһан ылар, ньирэй диэнинэн эмтэрбэккэ, уотан баран сайыҥҥы-күһүҥҥү түбүктэр бүппүттэрин кэннэ, дьэ идэһэ оҥостон, балайда биллэр сыалаах ойоҕоһуттан быһа оҕустаран били ойуунугар кэһии гынан ыытар. Ойуун кэһиини тутан баран, киэһэ күөстэнэн аһаары олорон, биир сааһын ситэ илик дуу эбэтэр төбөтүнэн мөлтөх дуу уолугар туһаайан этэр:
– Дьэ, нокоо, мин дьабыммар көтөр күнүм-дьылым үүннэ. Өскөтө мин өлбүтүм кэннэ, ким эмэ атаҕастаары гыннаҕына эбэтэр атаҕастаатаҕына, мин уҥуоҕум араҥаһын тахсан удьаа хамыйаҕынан таптайаар, оччоҕуна мин кэлиэҕим, – диир да, били ынах сыалаах этиттэн быһа элийэн ылан ыйыстан иһэн, сыата куолайыгар туора туран хаалар да, тыына хаайтаран, хараҕын үрүҥүнэн-харанан көрөн баран, иҥиир ситиитин тартараат, сууллан түһэн өлөн хаалар.
Улуу ойууну бары сиэри-туому тутуһан араҥастаан кэбиһэллэр, уол онуоха-маныаха диэри соҕотоҕун олорор. Онтон сотору сыарҕа хаара түһэр, ону кытта тэҥҥэ били тойон баар буола түһэр.
Ол кэлэн, аны бу сир-дойду миэнэ, бас билиим буолар, оккун-маскын барытын ылабын диэн туран, аттаах-оҕустаах дьонугар дьаһал биэрэн, көрөн туран кэбиһиилээх отун тиэйтэрэн, дьонун иннигэр түһэн айаннаабытынан барар.
Уол эрэйдээх атаҕастатан, икки иэдэһинэн хараҕын уута субуруйа сүүрэ, сарылаабытынан, били удьаа хамыйаҕын харбаабытынан, аҕатын уҥуоҕар сүүрэр. Ол тиийэн ытыы-ытыы, аҕатын араҥаһын таптайан табырҕатар итиэннэ:
– Ыы-ый-ыыйбыа-ан! Аа-ай аайбыан! Бу күрүлүүр күнүс талаан бардахтарыа-ан. Көмөлөһүөх буолан баран, көмөлөспөтүҥ! Харыстыах буолан баран, харыстаа-батыҥ! – диэн аймаммыт.
Ону кытта, хантан кэлбитэ биллибэтэх, чугуун тыаһын курдук тыас иһиллибит да, арҕааттан хара холорук хаары ытыйбытынан, сир-халлаан силбэһиитэ ханан да көстүбэт ала буркунун түһэрэн, барбыт дьон туһаайыыларынан айанныы турбут.
Сотору соҕус дьон уолуйбут хаһыыта, ат кистээһинэ бөҕө дуораһыйан иһиллибит да, сыарҕалаах оттор өрө ытыллан тахсан алааһы биир гына ыһыллыбыттар. Өр дуу, өтөр дуу буолан баран, күүстээх тыал эмискэ уостан хаалбыт. Уол балаҕанын таһыттан көрө турдаҕына, онно-манна үрэллибит дьон бэрт түргэнник хомуллан, кэлбит сирдэрин диэки харбыалаһа турбуттар.
Тойон ол алаастан барыаҕыттан балаҕаныгар тиийбэтэх, аҕыйах чаҕар дьонун кытта үөр буолан, Бахсы тойоно аатыра сылдьыбыт. Хойутаан хараҥалаппыт айанньыттарга, эргэ быраҕыллыбыт өтөхтөргө көстөр буолбут.