Бу санаатаҕына, Аппырыыс диэн аат киниэхэ иҥмитэ ырааппыт эбит. Арааһа, оҕо ииттэн уолланан, онтулара улаатыыта бадахтаах этэ. Бука, оччолорго үс-түөрт саастаах бэдиктэр буолуохтара ээ, уолларын кытта бииргэ оонньуур оҕолор Хабырыыс Дьөгүөрэбис Маппыайабы, ыык-ээх суох, быһата бэйэлэрин тылларыгар олордон «Аппырыыс Үөрэбис Ыайап» диэн ааттаан күлүү бөҕө буолбуттааҕа. Бастаан утаа Аппырыыс Үөрэбис аатыран, киэҥ эйгэҕэ саҥа биллибит киһи, сыллар аастахтарын аайы, улам эргэрэн диэбиттии, били аата кылгаан, сыччах Аппырыыһа эрэ хаалбыта кытта быдан ырааттаҕа эбээт. Билигин дьон сурукка киирэр аатын билэллэр эрэ, суох эрэ, саарбах.
Ааспыты эргитэ санаан оҕонньор сылаастык, бытыгын аннынан кистээн мүчүҥнээн ылла. Оҕолор барахсаттар аанньал тэҥэ дьон буоллахтара, санаабыттара тастарыгар, көрбүттэрэ харахтарыгар…
– Аппыйыыс эһээ, эйиэхэ кэлбиттэй! Байыаҥ үһү! – хатырыктаах маһы туора миинэн ат гына оонньообут биэстээх бэдиктэр, Мэхээлэптэр улаханнара Миичэ уонна кинилэр аттыларыгар олорор Сиидэрэптэр Баабыллайдара өрө көтөкөччүһэн тиийэн кэллилэр.
– Бай, Миичэ, кимнээҕий ол? – оҕонньор туоһуласта, туруон эрдэттэн ыарырҕаата.
– Эһээ, билбэтим ээ, оннооҕой бу биэйбит кэмпиэттэйэ хайдах эйэ, биһиэнин куйдук буолбатах. Көй эйэ, – дии-дии, хайыы-үйэ эмэн ыраатыннарбыт минньигэһин буордаах илиитинэн ороон, оҕонньор ытыһыгар соҕотохто ууран биэрдэ, төп-төгүрүгүнэн кылап-халап көрдө.
– Ээ, мин да тугун билиэмий, ас курдук ас ини, доҕор. Мэ-мэ, сиэ мантыккын, мин тииһим суох, – диэн оҕонньор уолчааҥҥа төттөрү уунна, мичээрдээн эрэ кэбистэ.
Баабыллай баара Миичэтин иннигэр быһа түстэ, эһээ оҕонньор кыра күрдьэх саҕа кэтит баппаҕайыттан ким хайа иннинэ сып гыннаран, айаҕар укта. Онтон уордайа охсубут уол, доҕорун иэстэһээри эккирэтэн, били мас атын кымньыылаан, сыыры таҥнары дьиэлэрин диэки иккиэн сырса турдулар…
* * *
Аанчык бүгүн бырааска бара сылдьан дьиҥнээхтик биллэ – кини ыарахан буолбут. Кыыс олус диэн үөрдэ. Кырдьыга, маннык эмискэ хат буолуом диэн күүппэтэҕэ да, ыраламматаҕа да эрээри, эдэр баҕайы быраас кыыс эмискэ:
– Мин көрөрбүнэн, ыарахан буолбуккун, 4–5 нэдиэлэни туруорабын, чахчытын УЗИ оҥордоххо билиэхпит. Эҕэрдэлиибин дуу, эрдэ диигин дуу? – диэбитигэр соһуйан олоро биэрбитэ уонна сирэйэ кып-кыһыл буола тэтэрбитэ.
Дьахтар аймах быһа ааспатах эрээри, хаһан да хайгыы-сөбүлүү көрбөт уустук-олуона остуолугар тахсарыгар мааҕын олус кыбыстыбыта билигин тоҕо эрэ ааһан хаалбыта. Арай түөстэригэр, хантан кэлэ охсубута буолла, биир кэм ип-итии хаан кутуллан киирэн өссө эбии долгуппута. Онто сирэйигэр кытта тиийэн кыыс кып-кыһыл буолбута. Сүрэҕэ битигирэччи тэппитэ, тута иһигэр туох эрэ олус күндү, сыаналаах таһаҕастаммыт курдук санаммыта.
– Махтанабын, эҕэрдэҕэр. Суох-суох, эрдэ буолбатах, саамай табыгастаах… – диэбитэ эрээри, Аанчык салгыы ситэри эппэтэҕэ.
Көнтөрүк үрдүк остуолуттан, тымныы тимир үктэлгэ тирэнэн, бэркэ сэрэнэн түспүтэ, тиэтэлинэн таҥнан барбыта.
Халаатын быакаччы курдаммыт быраас кыыс бэрт үөрүйэхтик эрэһиинэ бэрчээккилэрин тыастаахтык турута тыытан устуталаабыта, туох эрэ суурадаһыннаах иһиккэ бырахпыта, ыга хаппахтаабыта: «Ол аата ийэ буолабыт, сотору учуокка туруохпут уонна бииргэ кэтэниэхпит, кэлиэхтээх киһибитин күүтүөхпүт», – диэн уураахтаабыта. Кини истиҥник мичээрдээбитэ уонна кумааҕыга ийэ буолуохтаах эдэр дьахтар тугу толоруохтааҕын, тутуһуохтааҕын сиһилии суруйа олорбута.
Аанчык быраас кыыстан тугу эрэ үчүгэйи бэлэхтэппиттии санаан ылбыта. Ол иһин буолуо, кумааҕыга тиэтэллээхтик сыр-сыр тыаһыыр уруучука төбөтө кытта кини дьылҕатыгар кыттыгастаах курдуга. Мантан ыла кыыс соҕотох бэйэтэ аны иккиэ буолбуттарын туоһулаабыт бастакы суруйуу кини уйулҕатыгар итинник дириҥник хатаммыта.
Көрдөрөн тахсан, сатыы олорор уопсайын диэки хаампыта. Соһуччу сонунтан өмүттүбүтэ дьэ арыый ааһан, арааһы эргитэ санаан барбыта. Дьиктитин, кини киһини өйдүүр буолуоҕуттан соҕотох бэйэтэ сотору баҕайы иккиэ буолуохтара баар ээ. Эс, тоҕо иккиэ эрэ буолуой? Кини, Аанчык таптыыр уолун Толигы кытта үһүөлэр дии, оҕолорун олус күүтүөхтэрэ, таптыахтара. Кыыс буоллаҕына үүт-маас Толя курдук кыраһыабай, ыраас сэбэрэлээх буолуо. Оттон уол буоллун? Оччоҕо, оччоҕо… Аанчык бэйэтин курдук бэрт номоҕон, ис киирбэх да буоллун ээ. Соннук, кыыс булгуччу Толяҕа маарынныан наада эбит, наһаа кэрэ, нарын буола улааттаҕына, дьон бары хайгыы, сөҕө, мичээрдии көрүөхтэрэ турдаҕа. Кинини куруук үөрүү-көтүү арыаллыа, дьоллоох-соргулаах эрэ дьон тулалыа. Оттон уол ийэтин курдук дьүһүннээҕэ саамай сөп, киһиэхэ барытыгар харахха быраҕыллара булгуччу буоллаҕай? Син биир сириллэн туора да көрүллүө суоҕа эбээт.
Итинник баламат санаатыттан иһигэр бэйэтэ да кыбыстан, Аанчык иһийэ-бүгэ охсон, бэйэтиттэн бэйэтэ көҥөнөн, салгыы тугу да ыраламмат буола сатаата. Бэйи, киэһэни күүтүөххэ, Толя үөрэҕэ бүттэр эрэ уһуо суоҕа, булгуччу кэлиэҕэ. Оччоҕо Аанчык сэрэнэн эрээри, эмиэ соһуччу баҕайытык бу сонунун быктарыа. Оо, төһө эрэ үөрэр, уол кинини эмиэ олус таптыырын, күн аайы эппэтэр да, сүрэҕинэн сэрэйбитэ ыраатта. Оччотугар оҕолоноллоро кинилэр иккиэннэрин дьоллоро буоллаҕа…
Кыыс уопсайыгар кэлэн суунна-тараанна, аһаата уонна үлэтигэр барардыы оҥоһунна. Кини бу Оҕо дьиэтигэр үлэлээбитэ хайыы-үйэ сыл аҥаарыттан орто. Хоһугар иккиэлэр эрээри, анарааҥҥы кыыһа уоппускатыгар дойдулаабыта ыраатта, сотору кэлиэхтээх. Ол кэмҥэ Аанчык бэйэтэ олордо. Кырдьыга, соҕотоҕун буолбатах, кэлэ-бара Толик хонуктуур буолбута син ырааттаҕа.
Үлэлиир сирэ ырааҕа суох, субу уопсай кэтэҕэр турар аныгылыы мааны оҥоһуулаах, соторутааҥҥы тутуу дьиэ. Оҕолоро да диэн, эрэйдээхтэр бары быыкаалар, кини бөлөҕөр сүүрбэ биэстэр. Аанчык манна күһүн үлэҕэ киирэригэр үксүлэрэ эмиийдээх эрэ этилэр. Быраҕыллыбыт, сириллибит барахсаттары бытыылкаттан суосканан аһатар кини соруга этэ. Сууларын уларытан, сууннаран-ыраастаан, саҥалыы суулаан оронноругар сытыарар. Кими эрэ эмкэ илдьэр, кими эрэ уйатын туорайыгар ыйаммыт тыаһыыр оонньуурдарын сахсыйан саарата сатыыр. Ол икки ардыгар хайаларын эрэ эмкэ, массаж хоһугар таһар, атыттарын төттөрү аҕалар. Сытар оҕоҕо илиитэ хаһан да киһилии тиийбэт, биир кэм массыына курдук хаба тардан ылар – сүүрэр, ылар – суутун уларытар, ылар – аһатар, ылар – эмиэ төттөрү сытыарар.
Эрэй диэтэҕиҥ, ити хас биирдии хамсаныыта, ол аата үлэтэ, оҕолор эрэйдээхтэр ытабылларынан доҕуһуолланар. Ким эрэ ыҥырар, үҥсэргиир, ардыгар эмиэ да кыыһырар курдук ытыырын Аанчык аны арааран билэр буолбута. Инньэ да гыннар, хайыай? Сүүрбэ биэс кырачааҥҥа соҕотох ийэ буолар наһаа уустук. Дьиҥэр, этэҥҥэтэ буоллар, хас биирдиилэрин төрөппүт ийэ бэйэтэ чөкө, күнү быһа бүөбэйдиир аналлаах этэ. Кини икки илиитэ итиччэ элбэх оҕоҕо, хайдах да гын, син биир тиийбэт. Кып-кыра барахсаттар тот эрэ буолалларын хааччыйар кыахтаах. Сорохтор, сууларын уларытааккын, сонно илиттэхтэринэ да, аныгыскы уочаракка, Аанчык хаһан биир-биир барыларын бүтэриэр диэри, сыталларыгар эрэ тиийэллэр. Дьиҥэр, үлэ ирдэбилигэр этиллэринэн, барыта чааһынан болдьохтоох. Ол эрээри оҕо робот буоллаҕай, эн чааскар кыһаммат. Аһаабытын сыыһын сонно тута ииктээн баран хам аччык буола түһэр, тохтоло суох ытаан бэбээрэр эрэйдээҕи кини, түбүгүн быыһыгар кистээн, булгуччу эбии аһатар. Аһынара оччо. Тыынар тыыннаах эрэйдээх сыыһа-халты түспүтэ эн ханнык да быраабылаҕар баппат. Буолаары буолан төрүү иликтэриттэн тулаайах хаалбыт бу оҕолор…
Аанчык, оҕолорун аһынан, син биир быыкаатык да буоллар быыс булан, ааһан иһэн сууларын анныгар илиитин батары биэрэн, илийбитин-илийбэтэҕин бэрэбиэркэлиир. Инчэҕэй буоллаҕына, тута иккистээн уларыта охсор. Оччоҕо эрэ ытаан мэрбэҥнээбит сирэй, «һуу» гынан, мичээрдииргэ дылы гынар. Онуоха уһуннук ымманыйан туруоҥ баарай, кураанах суоскатын айаҕар угаат, кыыс салгыы сүүрүүнэн кэриэтэ атын дьаһалыгар ыстаннаҕына эрэ барытын кэмигэр толорор, бүтэрэр кыахтанар.
Ити өссө кыра диэн манна баар саастаах сиэстэрэ кини кэлээтин кытта сэрэппитэ. Оҕолор улааталлар, хамсаан, туран-олорон бардахтарына, ирдииллэрин биллэхтэринэ, ытабыллара үксүүр, көрүллэллэрэ эбии уустугурар. Ону да кыыс өйдөөбүтэ. Биирдэ эмэ илиитигэр ылан көтөхтөҕүнэ, иһиллээбиттии ах барар кырачааны, ама, тугу да билбэт диэҥ баарай? Кимнээҕэр бэркэ илиини араараллар, кыратык да чугаһаатаргын, соҕотохто хатааста, силим курдук сыста түһэллэр уонна, туох дииргин күүппүттүү, чуумпура иһийэллэр. Кып-кырачаан тарбахтарынан түөскэр хатана түһэллэр уонна эйэргээбиттии уу-хаар баспыт харахтарынан мичээрдээн муҥнаналлар. Сып-сырдык саһархайдыҥы харах, сороҕо күөх, сороҕо хара… эрээрилэр тоҕо эрэ бары биирдик, көрдөһөр-ааттаһар курдук көрөргө дылылар. Оччоҕо, хайа да бэйэлээх дьахтар, бу кырачаан барахсаны халбарыччы анньар кыаҕыттан ааһара буолуо ээ. «Эрэйдээхтэр ийэлэрин эрэйэллэр ээ, быһыыта» дии санаатаҕына, бэйэтинэн охсон, ийэтэ суох улааппыт оҕо сааһын санаан, уйадыйан ылааччы. Ол иһин ити туһунан санаабат буола сатыырга кини кэнники ыйдарга син мээнэ үөрэннэ.