Литмир - Электронная Библиотека

Маришка тугу истибитин отой да итэҕэйбэтэ. Олус соһуйда, бөтө бэрдэрдэ. Мэктиэтигэр кулгааҕа куугунаан, онуоха эбии мэйиитэ эргийэн, хоһун иһэ кус-хаас тойугунан туолан, күөдэллэнэн барда, хараҕа туймаарда. Ханна эрэ Аанчык чаҕаарар куолаһа айманар да айманар.

Онтон өй ылбыттыы, тулатын көрүммүтэ, оронугар чөкөллөн олорор эбит. Аанчык тугу эрэ айманарын, дакаастыырын тохтоппот. Арай хараҕын кырыытынан көрдөҕүнэ, Мария Ивановна икки хааһын түрдэһиннэрэн, көнө мунна кырыыланан, түннүгү мыҥыы турар эбит. Арааһа улахан толкуйга киирбит бадахтаах.

Тура түһээт, дьахтар эмискэ кыыс оронун кырыытыгар кэлэн, сэргэстэһэ олордо. Тугу да ыйыппакка, түннүккэ туран сааһылаабыт санаатын барытын тоҕо тэбээн кэбистэ:

– Дьэ, буолар да эбит. Хаһан эрэ ким эмэ Руслан кыыһын Миичигим таптаабытыттан оҕом маннык муҥҥа-сорго тэбиллиэ диэбитэ эбитэ буоллар, хаһан да итэҕэйиэ суох этим. Ол иһин эһиги хоскутугар тута киирээт, эйигин ханна эрэ көрбүт курдук санаабытым. Олох диэн дьэ дьикти… Аҕаҥ Руслан, оттон миэхэ убайым, миигиттэн биэс сыл аҕа этэ. Кини кырдык, ити эн эппитиІ курдук, олус үчүгэй киһи этэ. Оскуолаҕа киирэрбэр кини номнуо орто кылааска үөрэнэрэ. Ыал улахан оҕото буолан, куруук биһигини көрө-истэ сылдьара. Мин онуоха эбии олус атаах этим. Соруйан оҕолору кытта этиһэн, охсуһан баран, убайбар кэлэн үҥсээччибин. Оччотугар кини дьыаланы бэрт түргэнник быһаара охсооччу. Ол да иһин кинини дурда-хахха, эрэллээх эркин оҥосторум. Оскуолаҕа, университекка да сылдьан, арааһа, биир бастыҥ үөрэнээччи, устудьуон быһыылааҕа. Дьонум да киниэхэ олус эрэнэллэрэ. Бары кининэн киэн туттарбыт. Арай үөрэҕин бүтэрэн баран, аспирантураҕа ыҥырбыттарын аккаастаан кэбиһэн, барыбытын улаханнык соһуппута. Кимтэн да ыйыппакка, сүбэни-аманы көрдөөбөккө Чурапчылаан хаалбыта. Ол сүрүн төрүөтүнэн эн ийэҥ буоларын кэлин билбиппит.

Мырылаҕа бэһис кууруска практикалана тахсан баран, Наадьаны таптаабыт этэ. Ол иһин туох баарын умнан, тугу да быраҕан туран, дьонун тылын ылыммакка Чурапчылаабыта. Ол айыыта онон. Көр, оннук күүстээх тапталга ылларбыт этэ. Ону мин кэлин биирдэ өйдөөбүтүм. Оччолорго мин дьонум олус аймаммыттара. Ордук ийэлээх аҕам иэдэйбиттэрэ. Онтон ыла ийэҕин илэ хаама сылдьар абааһы кыыһыттан атыннык ааттаабат этилэр, толору киһинэн да аахпат быһыылаахтара. Мин эмиэ оннук дии саныырым.

Онтон кэлин оттомуран, олох олорон, Наадьаны аһына саныырым элбээбитэ. Сурах хоту этэҥҥэ олороргутун истэн, испэр үөрэр этим. Ол иһин улахан аньыыбытыгар-харабытыгар Миичик эйигин таптаатаҕа буолуо. Ама да оҕо сааһыттан эйигин балтым дии сылдьыбыта буоллар манныкка тиийэр үһүбүөт? Кыаммат-түгэммэт чугас дьоҥҥун тэйитэр, биллэн турар, иэстэбиллээх буоллаҕа…

Мария Ивановна ити курус уонна киһи өйүгэр тута дэбигис сааһыланан киирбэт кэпсээниттэн сылтаан Маришка элбэҕи эргитэ саныы сытта. Уйан, чараас дууһатыгар эмиэ да аймахтарыттан кэлэйэн, эмиэ да ийэлээх Миичиги аһынар санаата көбөн, бу кэпсии олорор эдьиийэ Мария Ивановнаны өйдүү сатыыр сырдык санаа сүүрээнэ өйүгэр охсулларга дылы. Арай өйдөөн көрдөҕүнэ, Миичик ийэтэ кини аҕатыгар олус да маарынныыр эбит. Оо, бу түгэҥҥэ арай аҕам аттыбар баар буоллун? Туох диэ эбитэ буолла?..

Маришкалаах Мария Ивановна хаан-уруу аймахтар, эдьиийдии-балыс буоланнар эбитэ буолуо, бэйэ-бэйэлэрин биир тыла суох өйдөстүлэр. Аттыларыгар арай туора киһи Аанчык, тугу да өйдөөбөтөҕө, арай айаҕа дьэ сабыллан, чуумпуран, эмиэ бэйэтин иһигэр элбэҕи эргитэ саныы, олох эридьиэстээх, ардыгар киһи өйүгэр үөйбэтэх-ахтыбатах өттүнэн кулахачыйа эргийбитин таайа сатыы олордо.

* * *

Аҕыйах хонугунан Миичик таҕыста. Коменданы уонна вахтёру кытта кэпсэтэн, сайабылыанньаларын бэрт түргэнник ыллардылар. Маришкалаах Аанчык туһунан этэ да барыллыбат. Ол туһунан Мария Ивановналыын билсибит күннэригэр тута быһаарсыбыттара. Онон Миичик тахсыбыт күнүгэр ийэлээх аҕата уолларын куорат киинигэр турар 3 хостоох дьиэлэригэр аҕалан, тото-хана аһатан баран, Маришка туһунан бэрт эрэйинэн кэпсээтилэр, хайдах табылларынан өйдөтө сатаатылар. Ол эрээри ийэлээх аҕатын киһини итэҕэппэт сэһэннэрэ Миичик өйүн түөрэ ытыйан кэбистэ. Онуоха ийэтэ ыксаан уолугар убайын хаартыскатын көрдөрдө да, киһилэрэ отой ылыммат курдук туттар. Кини иннигэр хаартыскаҕа олорор киһини билэр эбит эрээри, Маришка аҕата буоларын отой итэҕэйбэт. Дьоно соруйан кыыстан араараары ону-маны саҥараллар диэн өйө-санаата утарылаһар.

Онтон сылтаан киэһэ аны дьоно бэрт эрэйинэн Маришканы булан дьиэлэригэр аҕалан, уол иннигэр Маришка кыратыгар ийэлээх аҕатын кытта түспүт хаартысканы көрдөрдүлэр. Онно сырдык мичээрдээх, ыраас хааннаах кырачаан кыыһы түһэхтэригэр олордубуттарын көрөн, дьэ өйдүүр ийэтин убайа Маришка төрөппүт аҕата буоларын…

Миичик биирдэ өйдөммүтэ таһырдьа турар эбит. Дьоллоох Дьокуускай куорат киэһээҥҥи сөрүүн салгынын түөһүгэр толору эҕирийэн, арыыйда чэпчииргэ дылы гынна. Ол эрээри бу аҕыйах хонук иһигэр түргэнник уларыйа охсубут олоҕун кылгас кэрчигин өйүнэн-санаатынан, эт мэйиитинэн ылыныан баҕарбата. Хайдах Маришка кини балта, уруу-хаан аймаҕа буолуой? Эс, син биир киһи итэҕэйбэт…

Миичик чугас турар киоска диэки эрчимнээхтик хардыылата. Сиэбиттэн аҕыйах мөһөөхтөөҕүнэн хаа табаҕы уонна биир улахан иһиттээх пиибэни атыыласта.

* * *

Онтон ыла күн-дьыл Миичиктээх Маришкаттан ыйыппакка бэйэтин киэлитинэн оргууй устан истэ. Арай биир үтүө күн Миичик уопсайтан арыгылаан, охсуһан үүрүллүбүтүн, сааскы сессиятын саппатаҕын таһынан, биир да күн үөрэнэ кэлбэтэҕин туһунан Маришкаҕа дьүөгэтэ Аанчык, этэрбэс араадьыйатын туһанан, сурах хоту кэпсии оҕуста. Маришка эмиэ санааҕа ылларда. Убайыгар хайдах эмэ көмөлөһүөн санаталаата.

Биир киэһэ сыал-сорук оҥостон «саҥа» аймахтарыгар тиийдэ. Бэрт эрэйинэн дьиэлэрин булла. Үнүрүүн массыынанан сылдьыбыта да, саатар, суолун-ииһин быһа-таһы умнан кэбиспит. Биэс этээстээх таас дьиэҕэ кэлбитэ утары тимир домофон тоҥуйдук көрүстэ. Онуоха эбии квартиратын нүөмэрин чопчу билбэт. Хайдах киирэрин мунаара сатыы турдаҕына, хата, ыт оҕотун уһун быанан сиэтэ сылдьар кыра саастаах нуучча кыыһа тахсан биэрдэ. Түгэнинэн туһанан, Маришка иһирдьэ сылыпыс гынна. Сэрэнэн үктэнэн үһүс этээскэ таҕыста уонна хаҥас өттүгэр баар аан звоногун баттаата. Квартиратын 33-с нүөмэрдээҕин дьэ өйдөөн көрдө. Хаста да баттаабытын кэннэ тимир күлүүс хачыгырайа түһээт, дьэ аһылынна. Кыырыктыйбыт баттахтаах, сонос эрээри билигин да үтүө сэбэрэтин сүтэрэ илик саастаах эмээхсин иһирдьэттэн сыапка олуйуллубут аан нөҥүө кылайан көрөн баран, дьиктиргээбиттии Маришканы өр одууласта.

– Үтүө киэһэнэн… Мин бу Маришкабын ээ, Марина Ивановабын. Мария Ивановна баар дуо? – диэн дьиэлээх эмээхсинтэн толло соҕус ыйыталаста.

Онуоха анарааҥҥыта били маа бэйэлээх сымнаҕас сирэйэ таастыйан хаалла. Маришканы, уруккуттан билэр кыр өстөөҕүн соһуйа көрбүт курдук харахтара уоттанан, өтөрү-батары көрөн, баһыттан атаҕар тиийэ кыҥастаста.

– Кимиэхэ үтүө, кимиэхэ мөкү… Сытыган үөдэн, сирэҕэс, оҕобутун ситэри сиэбэккэ гынан баран, аны бүгүн кинини бүтүннүү ыйыста кэллиҥ дуо?! – диэн кэһиэҕирэ барбыт куолаһынан бөөҕүнээн, иннэ-кэннэ биллибэт кырыыс-сата тылларын кутан киирэн барда.

Маришка бөтө бэрдэрдэ. Куолайын туох эрэ бүөлүү анньан кэбистэ. Ону кытта икки иэдэһинэн хараҕын уута сүүрбүтүн билбэккэ да хаалла. Өйүгэр араас санаалар киирдилэр. Кини иннигэр хайалара турарын кыыс тута сэрэйдэ.

– Кимим баар диэҥҥин эн манна кэлэн, өссө дьон ыйыталаһа тураҕын?! Эмиэ ийэҕэр дылы илэ сиэхсит эбиккин. Биир оҕобор топпоккоҕут аны иккиспэр сананныгыт дуо?! Тыыннааҕым тухары икки харахпар көстүмэҥ! Урут даҕаны харалдьыкка хараарбыты, саахха төрөөбүтү ылымматаҕым, билигин да ылыммаппын! Киэр барыҥ! Баҕайылар, сиэхситтэр! Дьүгэлийиҥ! – дии-дии эмээхсин байааттаҥнаан тахсан, икки илиитинэн охсуох курдук салгыны хайыта сууралаата.

Маришка соһуччута бэрдиттэн саҥарар да, эппиэттэһэр да кыаҕын сүтэрэн, икки хараҕар тобус-толору уу баһыылаах тахсар аан диэки ыстанна. Таһырдьа тахсан, сымыһаҕын быһа ытыра-ытыра, атаҕастабыл уонна сэнэбил тыйыс тыынын төрөппүт эбэтиттэн толору билэн, оптуобус тохтобулун диэки сүүрэ турда.

11
{"b":"821318","o":1}