Литмир - Электронная Библиотека
A
A

«Сааскы ырыа таптала – дииллэр…»

Сааскы ырыа таптала – дииллэр
Сиргэ быкпыт ньургуһуну,
Лоокуут Ньургун дьоло – дииллэр
Хорсун кэрэ сибэккини.
Кини курдук, сырдык сааска
Ситэн-тупсан нуоҕайыахха,
Кини курдук өрө анньан,
Сайан-сырдаан нуурайыахха.
Көрбүт бары үөрэ түһэр,
Сүрэх тэбэн мөҕүл гынар,
Намчы-намчы ньуолах төбө
Нарын-нарын Ньургу кыыс.

«Тааттам нарын хатыҥа…»

Тааттам нарын хатыҥа
Талах уолу кууспута,
Таптыыр сүрэх ытыһын
«Тутус» диэхтии ууммута.
Онно, үрэх уутугар,
Уоттаах иэйии күлбүтэ,
Онно, сүүрүк атаҕар,
Уохтаах илдьит көппүтэ.
Маҥан намчы харылар
Эдэр талаҕы бигииллэр,
Тулам бары иһийэн
Таптал кыымын кистииллэр.
Үөһэ, мэҥэ халлааҥҥа,
Үрүҥ күнүм үҥкүүлүүр,
Үрэх чуумпу күлүгэр
Үрдүк иэйии уураһар.

Сайын

Куйаас тыынын бүрүнэн,
Кустук курун тардынан,
Чээлэй күөҕүн тэлгэтэн
Кэллэ сайын, илгийэн.
Хамсыыр бары көҕүйэн,
Халлаан эмиэ көҕөрөн,
Тулам бары киэркэйэн,
Хаамта сайын, сайбайан.
Ылбай олох салҕанан,
Ырам ыллыга аһыллан,
Күөгэл-нусхал тыыннанна,
Күөйэн-хаайан күөгэйдэ.
Сайын, сайын барахсан,
Сайыһыаҕым, ыксаама,
Сайын, сайын, биһигим,
Сатыылыахха, куотума.

«Күлүм-чаҕыл күнүм уота…»

Күлүм-чаҕыл күнүм уота
Күлэн-үөрэн мичилийдэ,
Куйаас-найаас саба кууһан
Күөгэл-нусхал тула түстэ.
Алаас аайы солко от
Аргыый-аргыый хамсаата,
Сиккиэр тыалым тарбаҕа
Оргууй-оргууй тараата.
Үрэҕим уута, мөлбөһүйэ,
Халлаан чэмэлин бүрүннэ,
Сөрүүн күлүк талах төрдүн
Сөрүү тардан, онно саста.
Өрүс эбэм тааһын сууйа
Кытыл устун ыкса сүүрдэ,
Дьэҥкир уута араас өҥнөөх
Кустук курун сайгыы турда.
Көҥүл көтөн, күөҕү үктээн
Эн биһикки көрүлүөх,
Самаан сайын кыл кылгаһын
Сатыы сылдьан кэм уһатыах.

«Уһун кыһын кылгаата…»

Уһун кыһын кылгаата,
Уһун тыына мөлтөөтө,
Утах уота сырдаата,
Уоһум күлэн ыртайда.
Лабаа хаара чаҕылла
Тоҥ умнаска дьэргэйдэ,
Харах саатыах дьиримэ
Хардыы аайы имнэннэ.
Саас иһэрэ билиннэ,
Санаам эмиэ киэркэйдэ,
Саҥа ырам тилиннэ,
Сонун баҕам күүһүрдэ.

Ардах

Ыадаһан ыанньыйбыт былыттар
Ыарахан ыарынан тэниһэн,
Ыыстыйбыт санаанан сундуһан
Ыргыһан кэллилэр үрдүбэр.
Күндээрэр күнүм кубарыппыт
Көҕөрөр күөҕүн кэбирэппит,
Кураанах буорун өрүкүппүт,
Куолайа кууран күкээрбит,
Куйаартан сииги эрэйбит,
Көбүөхтээн сэниэтэ эстибит,
Күөгэйэн, ардаҕы ааттаспыт
Көҕүөрдээх сирим барахсан.
Чаҕылҕан курунан таһыллан,
Чыпчаххай тыаһынан куһууран,
Хайыта бардылар былыттар,
Хаһыыра түстүлэр дьааһыннар,
Хатан-хабараан халлаантан
Халыс гынна уу муора,
Хатан сыппыт хара буорга
Хабах үллэн тэһэ барда,
Чоҕул таммах тэйэ-тэйэ
Чобуо битии тэптэ, тэптэ.
Куттас куттаах быкпат гына
Курбуу уота күлүмнээтэ,
Кэрэ-намчы көрбөт гына
Көҥдөй тыас лүҥкүнээтэ,
Иҥнэри барыах илиттэ
Түҥнэри барыах инчэттэ,
Лүҥсүйэн-лоҥсуйан олордо,
Лаппыйан-липпийэн биэрдэ,
Сүүрүктэр сүүрүгүрдүлэр,
Үрүйэлэр үҥкүрүстүлэр,
Хара уу халыйда,
Үрүҥ уу үлүннэ,
Олус омуннуран
Уоҕа хараата,
Уостан хаалла,
Халлаан халынна,
Үрүҥ Айыы тыынна.
Сир ийэ тилиннэ,
Симэҕин иилиннэ,
Сир киһитэ илгиһиннэ,
Сирэм күөх эргилиннэ.

Күһүн

Түүнүм кэллэ, барыйа,
Күнүм куотта, сыбдыйа,
Турдум манна, хомойо,
Барбыт кэммин бэрийэ.
Күһүн буолла, кытара,
Көмүс суола дыргыйа,
Көтөр санаа үрдүккэ
Көтөр курдук сапсына.
Сарсын кэлиэ, кылыйа,
Саҥа суолу арыйа,
Арай хаалыа, сайыһа,
Ааспыт сайын амтана.

«Лыҥкынас мин көмүс тапталым…»

Лыҥкынас мин көмүс тапталым
Лабааттан лабааҕа даҕайа ыллаата,
Сүүс араас куоласка ыһылла,
Күһүҥҥү үҥкүүгэ тэлээрэ кыттыста.
Айылҕам араҕас хараҕын уулара
Алары, алааһы бүрүйэ толордо,
Сайыҥҥы кэрэни сүтэрэр хомолто
Сиккиэргэ суулана кэриини кэрийдэ.
Күһүнүм, көмүһүм, кэтэспит уоскулаҥ,
2
{"b":"895136","o":1}